Почетный гражданин республики Климент Иванов об истории создания АК "АЛРОСА" - Блоги Якутии
Архив автора

3 года назад 130

Почетный гражданин республики Климент Иванов об истории создания АК “АЛРОСА”

В преддверии 100-летия родной республики, жители Республики Саха (Якутия) должны вспоминать своих выдающихся земляков, внесших огромный вклад в развитие родной республики!

Вашему вниманию статья Почетного гражданина Республики Саха (Якутия) Климента Егоровича Иванова об истории создания АК “Алмазы России – Саха”, свидетельство непосредственного участника событий, лично подписавшего первый документ о совместном владении Российской Федерации и РС (Я) алмазодобывающим комплексом Якутии (на якутском языке).





АЛМААСТАН ТЫЫН КИЛЛЭРИНИИ

Эппитим курдук, 1992 сыл тохсунньу 30 күнүгэр республика Үрдүкү Сэбиэтэ урут ылыллыбыт сокуоннарга олоҕуран «Российскай Федерация уонна Саха Республикатын икки ардыларыгар бас билиини тыырсыы туһунан» уураах ылыммыта. Онтон кэлин, элбэх туруорсуу түмүгэр, «Российскай Федерация уонна Саха Республикатын икки ардыларыгар бас билиини тыырсыы туһунан» сөбүлэһиигэ Россия президенэ Б.Н. Ельцин уонна Саха Республикатын президенэ М.Е. Николаев илии баттаабыттара. Кэлин ити докумуон «АЛРОСА» АХ тэриллэригэр, онтон 1993 сыл тохсунньутугара «АЛРОСА» АХ-ҕа сүрүн фондалары арендаҕа биэрэргэ төрүт докумуон буолбута.

Алмаас хостуур тэрилтэни акционернай хампаанньаҕа кубулутан тэрийэр туһунан толкуй М.Е. Николаевка 1991 сыл сэтинньи ыйыгар киирбитэ. Ол иннигэр кини атын государстволарга бөдөҥ хампаанньалар үлэлэрин үөрэппитэ, ол иһигэр «Де Бирс» ТНХ үлэтин. М.Е. Николаев ити кэмҥэ алмаас промышленноһын үлэтин уларытан тэрийии араас варианнарыгар чугас көмөлөһөөччүлэрин кытары санаа атастаһыытын тэрийэрэ. Онно В.М. Власов, А.Д. Кириллин, Л.А. Сафонов, Т.Г. Десяткин, В.В. Рудаков, В.В. Пискунов, В.П. Ларионов, А.С. Матвеев, В.Ф. Красноштанов уонна мин кэпсэтиилэргэ кыттар этибит. Онон «АЛРОСА» АХ тэрийэр туһунан толкуй кэллэктиибинэй дьүүллэһии түмүгэр Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ М.Е. Николаев кэбиниэтигэр үөскээн тахсыбыта диэн чуолкайдаан этэбин. Онтон Б.Н. Ельцин 1991 сыл алтынньы ый бүтэһигэр М.Е. Николаевтыын көрсүһүүлэригэр алмаас промышленноһын акциялыыр туһунан биир санааҕа кэлбиттэрэ. Ол кэнниттэн ити хайысханан хамсааһын күүһүрбүтэ. 1991 сыл сэтинньи 15 күнүгэр Россия Президенин ыйааҕынан РСФСР Комдрагмета тэрил-

либитэ.

Республика Үрдүкү Сэбиэтин Президиума алмааһы хостуур акционернай хампаанньаны тэрийэргэ наада буолар докумуоннары бэлэмнииргэ Миниистирдэр Сэбиэттэригэр сорудах биэрбитэ. Ити докумуоннары бэлэмнээһини В.Ф. Красноштанов, А.С. Матвеев, А.Д. Кириллин сүрүннээбиттэрэ. Үрдүкү Сэбиэттэн кураторынан В.М. Власов буолбута. Итиннэ сүбэлэһиигэ В.В. Пискунов, Л.А. Сафонов кыттыбыттара.

Экономикаҕа, үп салаатыгар биһиги специалистарбыт Е.Г. Егоров, З.А. Корнилова, Р.А. Бурнашов, А.А. Кугаевскай, Р.Г. Госфельд, С.Д. Пономарева, А.П. Данилов уо.д.а. алмаас хампаанньатын тэрийэргэ наадалаах докумуоннары бэлэмнэспиттэрэ. Юридическай өттүнэн хампаанньаны тэрийиини бигэргэтэр докумуоннары оҥорууга В.Н. Прокопьев, А.П. Илларионов, Н.Ф. Борисов үлэлэспиттэрэ.

Оттон хампаанньаны тэрийэргэ наада буолар нормативнай докумуоннары Москваҕа үп, экономика, бас билии министиэристибэлэрин департаменнарын кытары сөбүлэһиннэриигэ актыыбынайдык А.С. Матвеев, Р.А. Бурнашов, З.А. Корнилова, З.С. Федорова кыттыбыттара.

Дьэ, ол түмүгэр 1991 сыллаахха ахсынньы ыйга Миниистирдэр Сэбиэттэрэ Үрдүкү Сэбиэт Президиумун дьаһалын толорон «Якуталмаз» научнай-производственнай холбоһугун тэрийэр туһунан 625 №-дээх уурааҕа тахсыбыта. Бу докумуон саамай сүрүн уратыта диэн – бу тэрилтэни бас билээччилэринэн икки өрүт этэ: биир өттүттэн – РСФСР,

иккис өттүттэн – САССР. Ити түгэн республика хостонор баай промышленноһыгар бэйэтэ бас билиилээх буоларын бастакы түбэлтэтэ этэ уонна республика промышленность салаатыгар бэйэтэ бас билиилээх буоларыгар суол соломмута.

«Якуталмаз» НПХ генеральнай дириэктэринэн Л.А. Сафонов анаммыта. Онтон Россия киин биэдэмстибэлэрин кытары сөбүлэһиннэрэн баран, мин, республика совминын бэрэссэдээтэлин быһыытынан, уонна А.И. Головатай, РСФСР үбүн миниистирин солбуйааччы, буоламмыт «Якуталмаз» НПХ устаабын бигэргэтэн илии баттаабыппыт. Ити түгэн «Алроса» АХ тэрийиигэ саҥа хардыы быһыытынан сыаналаныан сөп.

Саха сирэ Россия салалтатын кытары саҥа сиэрдээх сыһыаннаһыытын бэлиэтинэн буолбут түбэлтэ туһунан кэпсиим. Ол саҥа сыһыан кэрэһитинэн 1991 сыл ахсынньы 11 күнүгэр Москваҕа Сэбиэттэр дьиэлэрин хурустаалынай саалатыгар 241,8 караттаах бөдөҥ алмааһы РСФСР Гохраныгар харалларыгар анаан Саха сирин делегацията РСФСР прези-

денигэр Б.Н. Ельциҥҥэ туттарыыта буолбута. Онно миигиттэн ураты өссө «Якуталмаз» НПХ генеральнай дириэктэрэ Л.А. Сафонов, кини солбуйааччыта С.И. Зельберг бааллара. Алмааһы М.Е. Николаев «Көҥүл Россия» диэн ааттаан туран туттарбыта. Ити түгэн Россия президенэ Б.Н. Ельцин «Айылҕа баайын туһаныыга Саха ССР полномочияларын туһунан» 277 №-дээх укааһын илии баттааһыныгар сөп түбэһиннэриллибитэ. Ити укаас быһыытынан Саха сирин остуоруйатыгар аан бастаан хостоммут ювелирнай алмаас уонна көмүс 10% (кэлин ити бырыһыанулааппыта), техническэй алмааһы барытын республикаҕа хаалларарга быһаарбыта. Ити укаас сүрүн балаһыанньаларын Б.Н. Ельцин уонна М.Е. Николаев арыый эрдэтээҕи көрсүһүүлэригэр быһаарсыбыт этилэр. Ол да буоллар укаас бырайыагын сүрүн министиэристибэлэри кытары сөбүлэһиннэриигэ М.Е. Николаев бэйэтэ сылдьыспыта. Министиэристибэлэр алларааҥҥы департаменнарын кытары сөбүлэһиннэрии эрдэ ыытыллыбыта. Миниистирдэр бэйэлэрэ илии баттыыллара хаалбыта. Укаас хаһан баттаныахтааҕын, бириэмэ ыгарын билэр этибит, ахсынньы 11 күнүгэр диэри сөбүлэһиннэриини барытын оҥоруохтаахпыт. Укаас бырайыагар Б.Н. Ельцин бу докумуон ылыллыахтааҕын туһунан санатар илии баттааһына уонна туһааннаах департаменнар бигэргэппит сыһыарыылар баар буолан үп уонна экономика миниистирдэрэ мөккүөрэ суох, холкутук илии батаатылар. Дьэ, доҕоор, РСФСР Гохранын

салайааччыта Е.М. Бычков эйэҕэстик көрүстэ, кэпсэтии көнөтүк барда, ол гынан баран, киһибит, политическай түмүктэрэ бэйэтигэр омсолоох буолуо дии санаата быһыылаах, илии баттыыртан аккаастанна. Эбиитигэр укаас бырайыагар «сөбүлэспэппин» диэн суруйан кэбистэ. Михаил Ефимович эгэлгэ тыл арааһын эттэ даҕаны, киһитэ иннин биэрбэтэ. Хайыахпытый – тахсан бардыбыт. Онтон ол кэмҥэ госсекретарь диэндуоһунастаах бырабыыталыстыба баһылыгын оруолун толорор Г.Э. Бурбулиска тиийдибит. Бастаан киһибит Бычков аккаастаабыт илии баттааһынын көрөн баран, чугурҕахтаата, саарбахтаата. Ол эрээри, М.Е. Николаев ылыннарыылаах тылын иһиттэ, ону ылынна уонна илии баттаата. Хайа, уонна Бурбулис бэйэтин начаалынньыгын Б.Н. Ельцины билэрэ сыттаҕа дии – өскөтүн кини докумуоҥҥа толотторорго этэн илии баттаабыт буоллаҕына, ол аата оннук буолуохтаах диэн.

Дьэ, республика олоҕор олус суолталаах «Көҥүл Россия» диэн бөдөҥ алмааһы туттарыах иннигэр түбүгүрүүбүт итинник түгэннэрдээх этэ.

Алмаас туттарыытын церемониятын кэнниттэн Б.Н. Ельцин барыбытын нөҥүө улахан саалаҕа ыҥырда. РСФСР бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ, ол иһигэр Е. Гайдар, Г. Бурбулис, Е. Бычков эмиэ бааллара. Боротокуол отделын начаалынньыга укаас бырайыага угуллубут паапкатын Б.Н. Ельциҥҥэ аҕалан туттарда. Арай, Борис Николаевич укаас бырайыагын таһааран бары көрдүннэр диэн соруйан нэлэҥнэттэ уонна эҕэлээхтик туттан олорон эттэ: «Бары илии баттаабыттар эрээри, Бычков утарбыт, Николаев сөбүлэспит». Онтон дьон болҕомтотун тардан тохтуу түһэн баран: «Оччоҕуна Ельцин эмиэ сөбүлэһэр», – диэн баран укааска илии баттаан кэбистэ. Бука бары ытыс таһынныбыт. Дьэ, оттон бу укаас биһиги республикабытыгар аан бастаан били хостоммут алмаастан, көмүстэн өлүүбүтүн бэйэҕэ турар сыанатынан эрэ илдьэ хааларбытын тас өттүнэн сиртэн хостонор баай иһин төлөбүр бэрээдэгин сүрүн фондалары арендалааһыҥҥа сыанатын олохтооһуҥҥа республикаҕа быраап бэриллибитэ уонна ити укаас биир балаһыанньатынан Саха сирэ алмааһы хостооһуҥҥа саҥа тэриллиэхтээх акционернай хам-

паанньа биир сүрүн кыттыылааҕынан буолара быһаарыллыбыта.

Ити этиллибит 277 №-дээх укааска «Якуталмаз» НПХ оннугар акционернай хампаанньаны тэрийэр туһунан чуолкайдык ыйыллыбыта. Дьэ, аны ол кэнниттэн Россияҕа «Якуталмаз»НПХ-ны үс аҥыы араарарга, хостуур, сортировкалыыр уонна харайар, чочуйан ювелирнай бородууксуйаны оҥорор уонна атыылыыр тус-туһунан хампаанньалары тэрийэр наадалааҕын туһунан айдаарбыттара уонна ону олоххо киллэрэргэ мөхсүбүттэрэ. Онон кинилэр Саха сирин күүстээх биир сомоҕо алмааһын промышленноһыттан матара сатаабыттара. Ити киирсиигэ эмиэ элбэх үлэ барбыта. Биир акционернай хампаанньаны тэрийэргэ диэн мөккүһүүгэ республика өттүгэр оччотооҕу «Росалмаззолото» корпорация генеральнай дириэктэрэ В.В. Рудаков, уруккута «Якуталмаз» холбоһук генеральнай дириэктэрэ, онтон ССРС государственнай промышленнай тэрилтэлэрин уонна холбоһуктарын ассоциацияларын вице-президенэ В.В. Пискунов, «Якуталмаз» НПХ генеральнай дириэктэрэ Л.А. Сафонов өйөбүллэрэ улахан оруоллаах этэ. Кинилэр бэйэлэринэн алмаас промышленноһын сайдыытыгар улахан кылааттарын киллэрбит дьон уонна Саха Республикатын дьиҥнээх патриоттара этилэр. Кинилэр эмиэ «АЛРОСА» АХ тэриллиитин хара маҥнайгыттан күүскэ өйөөбүттэрэ.

Бастаан Россия президенин укааһа «Россия алмаастара» акционернай хампаанньаны тэрийэр туһунан» диэн ааттаан бэлэмнэммитэ. Ити укаас бэлэмин Б.Н. Ельцин РСФСР бырабыыталыстыбатын солбуйар бэрэссэдээтэлэ Ю.В. Скоковка соруйбут этэ. М.Е. Николаев Ю.В. Скоковы кытары көрсүһэн ити укаас бырайыагын дьүүллэһиилэригэр икки

төгүл сылдьыбытым. Мин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан үлэлиир кэммэр Ю.В. Скоков эмиэ депутат этэ. Кини экономическай реформалар хамыыһыйаларын чилиэнэ этэ, оттон мин былаанныыр, бюджет политикатын хамыыһыйатыгар үлэлээбитим. Онон кинини урут мунньахтарга депутаттар ортолоругар көрсөр этим. Олус боростуой, кэпсэтэр дьонугар болҕомтолоох этэ. Оттон бу көрсүһүүлэр бириэмэлэригэр көрдөхпүнэ, уруккутун курдук эбит. Бырайыакка «Россия алмаастара» хампаанньа тэрийээччилэрэ үһүөлэр этэ: Россия, Саха сирэ уонна НПХ үлэһит кэллэктиибэ. Скоков кэпсэтии саҕаланыытыгар Б.Н. Ельцин байыаннай сулууспалаахтар социальнай көмүскэллэрин фондугар 5% акцияны биэрэргэ эппитин тириэртэ. Үлэ кэллэктиибигэр 25% уонна «Алмаззолото» корпорацияҕа 5% көрөр наадалааҕын эппитэ. Российскай Федерация уонна Саха Республиката онтон ордугун тэҥҥэ үллэстэллэрэ наада диэн буолла. Михаил Ефимович сүнньүнэн ити вариаҥҥа сөбүлэспитэ. Оттон Скоков Ю.В. анал сибээс каналынан Б.Н. Ельцини кытары сибээстэһэн акциялары үллэстии ити бырайыагын кэпсээбитэ уонна кини сөбүлэҥин ылбыта. Ахсынньы ый 20 күнүгэр Саха Республикатыгар президент быыбара буолбута, М.Е.Николаев республика бастакы президенинэн эрэллээхтик талыллыбыта, В.А. Штыров вице-президент буолбута. Республика Ю.В. Скоковка акционернай хампаанньаны тэрийии былаанын 1992 сыл кулун тутар 8 күнүгэр бигэргэппитэ. Онно бэлэмнэнии үлэтинэн дьарыктанарга президент В.А. Штыровка сорудахтаабыта. Элбэх үлэ кэнниттэн конференция 1992 сыл от ыйыгар ситиһиилээхтик барбыта. Конференция кэмигэр хампаанньа акциятын өлүүтүгэр этиилэр киирбиттэрэ. Ону Российскай Федерация бырабыыталыстыбатын бэрэстэбиитэлэ П.П. Мостовой, М.Е. Николаев уонна В.А. Штыров конференция быыһыгар сүбэлэһэннэр биир санааҕа кэлбиттэрэ уонна конференция ону биһирээбитэ. Онон акция бүтэһиктээх үллэһиллиитэ маннык буолбута: Российскай Федерация уонна Саха Республиката 32-лии %, алмаастаах провинциялар экологияларын тупсарарга аналлаах 8%, байыаннай сулууспалаахтар көмүскэллэрин фондатыгар 5%, үлэ кэллэктиибигэр 23%.

«АЛРОСА» АХ бастакы президенинэн В.В. Рудаков талыллыбыта. Хампаанньа үлэтигэр ордук ситиһиилээхтик президеннэр В.В. Рудаков, А.Д. Кириллин уонна В.А. Штыров үлэлээбиттэрэ. Хампаанньа үлэтин туормастаһааччылар, кинини киин былааска аҥаардастыы бэриннэрэ сатааччылар өссө да уоскуйбатахтара. Ордук ити быһыы 1997-1999 сылларга чуолкайдык көстүбүтэ. Мин «АЛРОСА» АХ кэтээн көрөр сэбиэтигэр 1994-2001 сылларга куруук кыттыбытым, маҥнай Москваҕа постпредынан үлэлиир кэммэр бырабыыталыстыба сорудаҕынан, онтон 1999-2001 сылларга кэтээн көрөр сэбиэт чилиэ-

нин быһыытынан. Хампаанньа салалтата ити дьылларга сатабыллаах уонна республиканы кытары түмсүүлээх үлэтин түмүгэр бэйэтин үлэлиир хайысхатын уларыппатаҕа, ол иһин кини республика бюджетын дохуотун сүрүн толорооччунан буолбута уонна республика ол дьылларга сайдыытын сүрүн усулуобуйатынан, тупсаран эттэххэ – республика экономикатын «көтөр кынатынан» буолбута. Итинэн сибээстээн мин олохпор тиксибит биир түбэлтэ туһунан кэпсиим.

Москваҕа Россия Федерация президенин иһинэн республика бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн үлэлиир кэммэр 1994 сыл күһүн Россия генеральнай прокуратуратыттан төлөпүөннээтилэр уонна эйиэхэ ордук наадалаах боппуруостарга анал следователь тиийиэ, онно эн 1991 сыллаахха «Якуталмаз» НПХ устааба туохха олоҕуран илии баттаммытыгар быһаарыы биэрэҕин диэтилэр. Следователь кэлэн ыйыталаста, көрдөрүүбүн суругунан биэрэрбэр эттэ. Эппитим курдук, «Якуталмаз» НПХ устаабын үс буолан – Россия үбүн миниистирин бастакы солбуйааччы А.И. Головатай, генеральнай дириэктэр Л.А. Сафонов уонна мин баттаабыппыт. Ону туохха олоҕуран бүтүн Россия баайыгар суудайан аҥаардас Саха Республикатын туһатыгар былдьаатыгыт диэн эриһиилээх буолла. Ону мин холкутук эппиэттээтим уонна суругунан быһаарыы биэрдим: оччотооҕуга республика Үрдүкү Сэбиэтэ ылыммыт сокуоннарыгар, ону тэҥэ Российскай Федерация уонна Саха Республикатын икки ардыларыгар ылыллыбыт экономическай сөбүлэһиилэргэ олоҕуран илии баттаабытым диэн. Мин дьолбор, ол кэнниттэн Россия прокуратуратыттан миэхэ претензия суох этэ. Кэлин истибитим, Л.А. Сафоновтан эмиэ итинник быһаарыы ылбыттар этэ. Онон Саха Республиката Россия президенэ Б.Н. Ельцин өйөөһүнүнэн, олохтоох салалта чуолкай уонна сорунуулаах туруорсууларын, дьаһалларын түмүгэр «АЛРОСА» АХ үлэтэ саҕаламмыта уонна кини сайдыыта билигин салҕанар.

К.Е. Иванов,

Саха Республикатын бочуоттаах олохтооҕо

Особая благодарность Эдуарду Пономареву за подготовку статьи к публикации в моем Дневнике.

Статьи К.Е.Иванова в моем дневнике:


Как создавалась гранильная отрасль Якутии?


Взгляд ветерана на современное развитие республики


НЕСКОЛЬКО УТОЧНЕНИЙ ПОСЛЕ ПРАЗДНИЧНЫХ ФАНФАР


Журналистика любит правду! Климент Иванов о “Саханефтегазе”!


Евгения Исаевна Михайлова – яркий представитель якутской интеллигенции!


Что творится в ОАО «АЛРОСА»?


СОЗИДАТЕЛЬ НОВОЙ ЯКУТИИ.


Память о большом друге Республики Саха (Якутия)


Что нельзя упускать в Год патриотизма


Фрументий Сафронов – как пример для третьего возраста!


Статья Климента Иванова о выдающемся сыне Олёкминского улуса!


Боевые заслуги легендарного снайпера И.Н. Кульбертинова должны быть достойно оценены.


Николай Никитич Яковлев – ветеран, хозяйственник, руководитель!


Много сделал для своей республики!

о Ю.В.Кайдышеве


ИЗ СЛАВНОЙ ПЛЕЯДЫ КОМСОМОЛЬСКИХ ЛИДЕРОВ

о А.И.Михееве


Истинный патриот, славный сын народа Саха!

о П.Д.Осипове


Его труд – яркий пример служения своему народу!

о М.Н.Евсееве


Она была гордостью народа!

о А.Я. Овчинниковой


К 95-летию Гаврила Иосифовича Чиряева!


Начало пути Республики Саха (Якутия)

о М.Е.Николаеве


Климент Егорович Иванов о трудовом героизме ветеранов тыла


ПОСВЯТИЛ СЕБЯ СЛУЖЕНИЮ РОДИНЕ

об Е.Г.Егорове


Воспоминание о талантливом человеке.

об Н.И.Харитонове – Чуор


К 100-летию Героя Советского Союза Николая Кондакова!


“…Вы можете меня считать русским якутом!”

об И.И.Петрове


В трудные годы он вывел республику на путь развития!

о С.З.Борисове


Крестьянская философия: Руководитель должен чувствовать аромат  кумыса и вкус свежего мяса!

о Т.Г.Николаеве


Родом из Малой Мархи! 75 лет Василию Михайловичу Власову.


Городу Олекминску – 385!


Что нам дал государственный суверенитет Республики Саха (Якутия)?


С наступающим Днем Рождения Первого Президента Республики Саха (Якутия)!


Климент Иванов о родной школе


Третий век наслегу: продолжить развитие!


Когда начнем уважать свою историю? К истории аграрных отношений в РС (Я).


Соболезнование от ветеранов государственной службы семье и близким В.М.Членова


Соболезнование семье и близким В.Р.Дарбасова


Руководитель золотоносного Алдана!

о Ябловском Н.Р.


Якутский воин, укреплявший обороноспособность Родины

о Петрове А.Я.


Он внес большой вклад в технологию добычи алмазов

о Степанове А.Н.


Он защищал сердце нашей Родины – город Москву!

о Макарове Д.С.

Моя страница в Дневниках якт ру.:

https://nikbara.ykt.ru/

Мой сайт:

https://nikbara.ru/

Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии

Главная


Мой канал в «Яндекс Дзен» –

NikBara

Просьба подписаться на мой канал “Николай Барамыгин” на Ютуб!


https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин

И на мои аккаунты в социальных сетях!

Я в Инстаграме @nb2015p

Персональная страница в “Фейсбуке”:

https://www.facebook.com/nikbaramygin/

«Одноклассниках»

https://ok.ru/profile/500676253992

«В контакте»

https://vk.com/nbaramygin

“Твиттер”

https://twitter.com/NBaramygin

Добавить комментарий