Якутский воин, укреплявший обороноспособность Родины - Блоги Якутии
Архив автора

4 года назад 85

Якутский воин, укреплявший обороноспособность Родины

В преддверии 100-летия родной республики, жители Республики Саха (Якутия) должны вспоминать своих выдающихся земляков, внесших огромный вклад в развитие родной республики!

Вашему вниманию статья Почетного гражданина Республики Саха (Якутия) Климента Егоровича Иванова о якутском воине, внесшем большой вклад в укрепление обороноспособности Родины, Алексее Петрове из Сунтарского улуса. (на якутском языке)





Советскай армияны бөҕөргөтүүгэ кыттыспыт саха буойуна.

Улуу өрүс уута уҕарыйбакка биир күдьүс устарын курдук, дьыл-күн, бириэмэ тохтообокко иннин диэки дьулуһар. Олоҕу уһансар дьоннор көлүөнэлэрэ уларыйар.

Ол эрээри, бириэмэ төһө даҕаны суккуйа устубутун иһин, көлүөнэлэр ситимнэрэ быстыбат. Үлэлээн-хамсаан ааспыт чаҕылхай дьон олохторо саҥа көлүөнэ ыччакка холобур буолан бэриллэллэр. Үтүө санаалаах ыччат дьон өбүгэлэрин сырдык ааттарын умнубаттар, бастыҥтан бастыҥнар ааттарын өрө туталлар, олоххо, үлэҕэ холобур оҥостоллор. Дьэ оччоҕуна, бириэмэ төһө даҕаны сыыйыллан аастар, бастыҥ дьон холобурдара саҥа олоҕу уһансаллар.

Мин бүгүн, сэбиэскэй армия кистэлэҥ үлэлээх чааһыгар өр сылларга сулууспалаабыт, ол иһин аата-суола киэҥник биллэ илик биир дойдулаахпыт, чулуу буойун Алексей Яковлевич Петров туһунан кэпсииргэ сананным.

Алексей Петров Сунтаар улууһун Түбэй Дьаархан нэһилиэгэр төрөөн улааппыта. Онтон 1952 сыллаахха Сунтаар орто оскуолатын үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. 7-с кылаастан саҕалаан нуучча, аан дойду классик суруйааччыларын айымньыларын умсугуйан туран ааҕара. Кэлин ити дьарыга билиитин-көрүүтүн кэҥэппитэ, олоххо тардыһыытын күүһүрдүбүтэ.

10-с кылааһы бүтэрээт үс сыллаах Оренбургдааҕы зенитнай-артиллерийскай училищены икки сыл үөрэнэн, 1954 сыллаахха үрдүкү разрядынан бүтэрэн, “лейтенант” званиятын ылбыта уонна эдэр талааннаах офицер зенитнай-артиллерическай батарея взводын командирынан Советскай армияҕа сулууспатын саҕалаабыта. Кинилэр взводтарыгар Советскай армияҕа аан бастаан С-75 зенитнай ракетнай система үлэҕэ киирбитэ. Онно взвод командирын таһынан саҥа ракеталарга старшай технигынан сулууспалаабыта. Онон Алексей Петров сахалартан эрэ буолбакка, Советскай Союзка ракетаны сэрии сэбин быһыытынан олоххо киллэрбит дьоннортон биирдэстэрэ буолар. Онон биһиги биир дойдулаахпытынан киэн туттуохтаахпыт.

Онтон талааннаах байыаннай специалиһы таба көрөннөр, Москваҕа байыаннай инженернай радиотехническай Академияҕа үөрэххэ ыыталлар. 1963 сыллаахха туйгуннук үөрэнэн Академиятын бүтэрэн “Радиоэлектроникаҕа байыаннай инженер” идэтин ылбыта. Бу Академияны туйгуннук үөрэнэн бүтэрбит байыаннай специалистары ССКП КК уонна ССРС Правительстватын ыҥырыытынан дойду салайааччыларын кытары Кремльга көрсүһүүгэ сылдьар чиэскэ тиксибитэ. Онно Н.С. Хрущеву, Ю.А. Гагарины сирэй көрсөн турардаах.

Үрдүк инженернай үөрэҕи бүтэрэн баран Петров А.Я. байыаннай сулууспатыгар өссө үрдүк эппиэттээх үлэни толорбута- Московскай байыаннай уокурук салгынтан көмүскэнэр (П.В.О.) зенитнай-ракетнай точкатын кылаабынай инженерын, полка командирын солбуйааччытын үрдүк эппиэтинэстээх сулууспалыыр дуоһунаска анаммыта.

Ити бириэмэҕэ аан дойду балаһыанньата сытыырхайбыт кэмэ этэ. АХШ ядернай сэрии сэбинэн өттөйүүлэрин кэмигэр Советскай армия, ордук Москватааҕы байыаннай уокурук, саҥа сэрии сэбин баһылааһыныгар, үрдүк алдьатыылаах атомнай буомбалартан харыстаныы, саҥа ракеталар көмөлөрүнэн төттөрү атаакалааһын ньымаларын үөрэтиигэ, Советскай саллааттары саҥалыы сэбинэн сэриилэһиигэ дьоҕурдарын үрдэтиигэ киэҥ далааһыннаах үлэ барбыта. Алексей Петров команднай састаапка баар буолан, саҥа сэрии сэбин иҥин-дьаҥын билбитэ, советскай саллааттар көмүскэнэр, сэриилэһэр дьоҕурдарын үрдэтиигэ унньуктаах үлэҕэ сылдьыбыта. Онтон ракетнай биригээдэ командирын солбуйааччытынан сулууспалаан, Советскай Армияҕа ордук кыамталаах зенитнай ракеталары үлэҕэ киллэрсибитэ. Онно АСУ ракетнай система бойобуой сыалга автоматизированнай ньыманнан туттулларын олохтоспут тугунан да сыаналаммат үрдүк өҥөлөөх.

Дьэ билигин Советскай Армия кэккэтигэр үрдүк дуоһунастарга, эппиэттээх сорудахтары толорууга сылдьыбыт, биһиги киэн туттар, талааннаах байыаннай инженер Алексей Яковлевич Петров мүччүргэннээх сырыыларыттан ылан билсиэҕиҥ.

Ядернай сэрии сэбин туттууга байыаннай үөрэххэ кыттыыта.

1954 сыл атырдьах, балаҕан ыйдарыгар Оренбург байыаннай училищетын бүтэһик сыллаах курсаннара ядернай сэрии сэбин боруобалааһыҥҥа байыаннай үөрэххэ кыттыбыттара. Үөрэх Оренбург уобалаһын Тоцкай оройуонугар буолбута. Ити байыаннай үөрэҕи легендарнай полководец Г.К. Жуков ( оборона миниистирин бастакы солбуйааччы) салайбыта. Ити улахан байыаннай үөрэҕи эрэллээх, анал бэлэмнээх сиртэн Н.С. Хрущев, дойду тутаах салайааччылара, армия, флот   командирдара, бөдөҥ учуонайдар кэтээн көрбүттэр. Ити кэрэһэлиир дойду дьылҕатыгар быһаарыылаах байыаннай үөрэх буолбутун. Байыаннай чаастар эрдэттэн күүскэ бэлэмнэммиттэр: атомнай бомба эстиэхтээх сириттэн тус-туһунан ыраах учаастактарга, араас муосталар, тоннеллар, тус туһунан оҥоһуулаах суоллар, сүөһүлэр, дьоннор хорҕойор сирдэрэ бэлэмнэммиттэр. Тус туһунан кээмэйдээх сирдэргэ араас техникалары туруортаабыттар. Ити барыта кэлин байыаннай үөрэх кэнниттэн, хайдах тулуйбуттара, эмсэҕэлээбиттэрэ дириҥник үөрэтиллибиттэр. Курсаннар, ол иһигэр Алексей Петров, атомнай бомба үлтү тэптэриллиэн биир ый иннигэр байыаннай үөрэх миэстэтигэр тиийбиттэр. Бомба эстиитигэр билии-көрүү өттүнэн, психологически бэлэмнэммиттэр. 20 килотонна күүстээх атомнай бомба 1954 сыл балаҕан ыйын 14 күнүгэр үлтү тэптэриллибит. Бомба күүһэ американецтар хиросима уонна Нагасаки куоракка туттубут бомбаларыгар тэҥнээх эбит. Үлтү тэптэрии сарсыарда 9 ч. 15 мүн. буолбут. Онно Алексей Петровтаах үлтү тэптэрии кииниттэн 6 км. ыраах аһаҕас окопаҕа түгэҕэр противогаз кэтэн баран сыппыттар. Хаһан даҕаны билбэтэх күүстээх салгын охсор күүһэ ньиргийэн ааспыт. Онтон уолаттар ойон туран, эрдэттэн бэлэмнэммит тоннель иһигэр турбут ГАЗ-63 массыынаҕа сүүрэн тиийэн олорбуттар да, бомба эстибит сирин диэки ыстаннарбыттар. Олус үрдүк унаар буруо тэллэй курдук үүнэн тахсыбыт. Үөрэтии былаанын быһыытынан эрдэ оҥоһуллубут маршрутунан төннүбүттэр. Тула туох да көстүбэт быыл сатыылаабыт. Араас тутуулар, техникалар иҥнэри-хаҥнары барбыттар. Сыппыт окопаларын төннөн кэлэн нэһиилэ булбуттар. Үөрэх былаанын быһыытынан үрдүлэринэн самолет бөҕө көппүт, аттыларынан танка бөҕө курулаан ааспыт. Эрдэ былааннаммыт сыалларга артиллерия бөҕө ытыалаабыт. Тула өттүбүт уотунан умайда, сытар сирбит сэрии сэбин охсуутуттан титирэстииргэ дылы гынна. Ити барыта эрдэ былааннаммыт байыаннай үөрэх олоххо киириитин көстүүтэ этэ. Ити үлүгэр ханнык да киһи уйулҕатын хамсатар улуу күүстээх Советскай армия байыаннай үөрэҕэ 6 чаас устатыгар барбыта. Бүтэһигэр байыаннай үөрэх ситиһиилээхтик түмүктэммитин туһунан үөрүүлээх иһитиннэрии кэллэ- диэн ол түгэни Алексей Яковлевич долгуйан олорон кэпсээтэ.

Ити байыаннай үөрэх- Советскай Союз, кини армиятын иннигэр саҥа эпоханы арыйбыта. Аан дойдуну Советскай Союз атомнай бомбаламмытын, кинини сир шарын хайа баҕарар уһугар тириэрдэр кыахтаах үрдүгүнэн ыраахха диэри көтөр самолеттардаммытын туһунан сурах тилийэ көппүтэ. Сытыырхайбыт аан дойду балаһыанньата көнөр суолга турбута. Саха норуотун килбиэннээх уола Алексей Петров ону көрөөччүнэн эрэ буолбакка, ону олоххо киллэрээччинэн буоларын салгыы кэпсиэҕим.

Интернациональнай иэһи кыраныысса тас өттүгэр толоруу:

Вьетнамҥа.

1960-1970 сыллар усталарыгар Вьетнам сиригэр буолбут сэрии Азия континеныгар хаһан даҕаны буолбатах алдьаныыны-кээһэниини, өлүүнү-сүтүүнү аҕалбыта. Вьетнам норуотун иһигэр иирсээн тахсыбыта. Онтон сэриигэ АХШ киирсибиттэрэ. Хабараан киирсии сытыырхайан испитэ. 1965 сыллаахха АХШ “Этиҥ сиргэ төкүнүйэр” ( Катящийся гром) диэн ааттаммыт Хотугу Вьетнамы үлтүрүтэр сыаллаах салгынтан буомбалааһыны саҕалыыр. АХШ сэриилэрэ ииккис аан дойду сэриитигэр туттубут буомбаларынааҕар элбэх бомбаны Хотугу Вьетнам сирэ американецтар буомбалааһыннарыттан кэмэ-кэрдиитэ суох алдьатыыны, нэһилиэнньэ өлүүтүн көрсүбүттэрэ.

Дьэ ол быһылааннаах кэмҥэ 1966 сыл кулун тутар ыйыгар А.Я. Петров сулууспалыыр полката социалистическай Вьетнамҥа көмөлөһө быраҕыллыбыта. Онно тиийээт, зенитнай ракетнай полканы Вьетнам армиятыгар аан бастаан тэрийбиттэрэ, ракетчиктары үөрэтэр киин тэрийбиттэрэ, Советскай ракеталарынан сэбилээбиттэрэ. Вьетнамскай полканы үс ый бэлэмнээн, үөрэтэн, сэбилээн уоттаах сэриигэ кытыннарбыттара.

Ити барыта күннэри-түүннэри сменаннан тохтоло суох үлэ түмүгэ этэ. Московскай уокурук ПВО специалистара Алексей Петров салалтатынан биһиги ракеталарбытын боевой позицияҕа таһаарбыттара. Үөрэҕи ылбыт Вьетнам саллааттара, биһиги специалистарбыт расчеттарынан 45 зенитнай ракеталар, 24 американскай бойобуой самолеттарын суулларбыттара. Ити сэриигэ Вьетнам салдааттарыгар кыайыыга эрэли үөскэтэр, бэйэ күүһүгэр эрэнэр санааны эрчимирдэр көрдөрүүлээх (показательнай) ытыалааһыннар этэ. Ону биһиги биир дойдулаахпыт А.Я. Петров сүрүн тэрийээччи буолбута.

Барыта 9 ый устатыгар уоттаах сэрии ортотугар Алексей Петров тэрийсибит ракетнай полката ситиһиилээхтик американецтары утары сэриилэспитэ. Элбэх американскай самолеттары сууллартаабыта. Сэрии Вьетнамецтар туһаларыгар түмүктэниитигэр быһаарыылаах оруолу ылбыта. 274-х Вьетнам народнай армиятын зенитнай ракетнай полката “Геройдуу полка” үрдүк аатын ылбыта.

Алексей Петров Вьетнамнааҕы кырыктаах сэриигэ сылтан ордук кэмҥэ сулууспалаабыта уонна бырааттыы норуотугар бэйэтин интернациональнай иэһин ситиһиилээхтик толорбута. Бастыҥ Советскай байыаннай көмөлөөччүлэр ортолоругар (8 киһи иһигэр) Вьетнам социалистическай республикатын Президенэ Хо ши мин приемыгар сылдьыбыта уонна махталын ылбыта.

Вьетнам сэриитин уодаһынын өйдүүр наадаттан биир эрэ холооһуну аҕалабын: Ол кэмҥэ Соҕуруу уонна Хотугу Вьетнам нэһилиэнньэтэ 19 мөлүйүөн эбит буоллаҕына ити сэриигэ 2,5 мөл. киһи өлбүтэ., хас даҕаны мөлүйүөн киһи бааһырбыта.

Саха чулуу уола Алексей Яковлевич Петров хайдахтаах курдук хорсун быһыыны оҥорбутун итинтэн даҕаны өйдүөххэ сөп.

Алжирга сулууспалааһын.

1960-с сылларга уруккута Франция холуонньатыгар Хотугу Африка дойдуларыгар быһыы-майгы сытыырхайбыта. Ордук Алжир сиригэр. Францияҕа де Голль Президент эрдэҕинэ Алжирга балаһыанньа күөстүү оргуйбута. Норуот көҥүл судаарыстыба буоларга туруммута. Алжирга олохсуйбут элбэх ахсааннаах францистар ону утарсыбыттара. Бэрт эрэйинэн хаан тохтуулаах гражданскай сэрии халбарыйбыта. 1962 сыл кулун тутар 18 күнүгэр Алжир көҥүл судаарыстыбаннан биллэриллибитэ. Ол эрээри аан дойду бөдөҥ судаарыстыбалара онон сибээстээн Алжир тула балаһыанньаны сытыырхаппыттара. Алжиры күөмчүлүү сатааһын АХШ, НАТО даҕаны өттүттэн салҕанан испитэ. Советскай Союз Хотугу Африкаҕа интэриэһэ эмиэ күүһүрэн испитэ. Үһүс Президенинэн Алжирга Х. Бумедьен диэн Советскай Союзка чугас соҕус сыһыаннаах киһи талыллыбыта. Онон Алжир сэбилэниилээх күүһүн сайыннарарга биһиги дойдубут ылсыбыта. Онно эмиэ үрдүк байыаннай билиилээх Алексей Петров 1972 сыл алтынньы ыйыгар Алжирга зенитнай ракетнай чаас командирын сүбэһитинэн, зенитнай ракетнай техникаҕа советскай специалистар салайааччыларынан сулууспалаабыта. Алжир народнай армиятын ПВО сулууспатын тэрийиигэ, кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ лоп курдук иики сыл үлэлээбитэ. Үчүгэй үлэтин бэлиэтээн, АНДР Президенэ Х. Бумедьен дыбарыаһыгар ыҥыран махталын этэн турар. Ити түбэлтэ биһиги биир дойдулаахпыт Алексей Петров Алжирга тиийэн советскай норуот аатыттан интернациональнай иэһин чиэстээхтик толорбутун кэрэһэлиир.

Дойдутугар кэлэн 1975 сылтан 1982 сылга диэри ПВО кылаабынай штабын иһинэн Киин офицерскай үөрэхтээһин группатыгар үлэлээн, советскай армияҕа аныгы ракетнай техника сэбилэниигэ киириитигэр кылаатын киллэрбит өҥөлөөх. Кини 1982-1990 сылга диэри Москавтааҕы В.И. Ленин аатынан байыаннай-политическай Академияҕа старшай преподаватель быһыытынан үлэлээбитэ, сэбилэниилээх күүстэргэ үрдүк бэлэмнээх кадрдары бэлэмнэспитэ.

Кини Советскай Армия полковнига, Бойобуой Кыһыл Знамя, “Мужество” орденынан наҕараадаламмыта. Вьетнам “Доҕордоһуу” медаль, СССР, Российскай Федерация 15 медалларын кавалера.

Алексей Яковлевич мүччүргэннээх, хорсун байыаннай олоҕо, киин байыаннай үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр ситиһиилээх үлэтэ Саха Сирин аныгы ыччатыгар үтүө холобурунан буолар.

Кэргэнэ Дина Даниловналыын 62 сыл устатыгар дьоллоохтук олорбуттара. Хомойуох иһин, кэргэнэ Дина Даниловна, кыыһа Марина ааспыт сыл сайыныгар ыарахан ыарыыттан утуу-субуу олохтон туораабыттара. Ол Алексей Яковлевич олоҕор улахан охсуу буолла. Уола Владимир тутуу инженера, икки сиэннээх, икки хос сиэннээх.

Алексей Яковлевич 87 сааһын туолан, Москва куоракка бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Киниэхэ, саха чулуу киһитигэр өссө даҕаны уһуннук олороругар баҕа санаабытын тириэрдэбит. Эн олорон кэлбит олоҕуҥ саха норуотун киэн туттуута.

Климент Иванов

Саха Өрөспүүбүлүкэтин

бочуоттаах олохтооҕо.

Кулун тутар 2021 сыл.

Статья вышла в газете “Сунтаар сонуннара” от 19 марта 2021 г.

Статьи К.Е.Иванова в моем дневнике:


Как создавалась гранильная отрасль Якутии?


Взгляд ветерана на современное развитие республики


НЕСКОЛЬКО УТОЧНЕНИЙ ПОСЛЕ ПРАЗДНИЧНЫХ ФАНФАР


Журналистика любит правду! Климент Иванов о “Саханефтегазе”!


Евгения Исаевна Михайлова – яркий представитель якутской интеллигенции!


Что творится в ОАО «АЛРОСА»?


СОЗИДАТЕЛЬ НОВОЙ ЯКУТИИ.


Память о большом друге Республики Саха (Якутия)


Что нельзя упускать в Год патриотизма


Фрументий Сафронов – как пример для третьего возраста!


Статья Климента Иванова о выдающемся сыне Олёкминского улуса!


Боевые заслуги легендарного снайпера И.Н. Кульбертинова должны быть достойно оценены.


Николай Никитич Яковлев – ветеран, хозяйственник, руководитель!


Много сделал для своей республики!

о Ю.В.Кайдышеве


ИЗ СЛАВНОЙ ПЛЕЯДЫ КОМСОМОЛЬСКИХ ЛИДЕРОВ

о А.И.Михееве


Истинный патриот, славный сын народа Саха!

о П.Д.Осипове


Его труд – яркий пример служения своему народу!

о М.Н.Евсееве


Она была гордостью народа!

о А.Я. Овчинниковой


К 95-летию Гаврила Иосифовича Чиряева!


Начало пути Республики Саха (Якутия)

о М.Е.Николаеве


Климент Егорович Иванов о трудовом героизме ветеранов тыла


ПОСВЯТИЛ СЕБЯ СЛУЖЕНИЮ РОДИНЕ

об Е.Г.Егорове


Воспоминание о талантливом человеке.

об Н.И.Харитонове – Чуор


К 100-летию Героя Советского Союза Николая Кондакова!


“…Вы можете меня считать русским якутом!”

об И.И.Петрове


В трудные годы он вывел республику на путь развития!

о С.З.Борисове


Крестьянская философия: Руководитель должен чувствовать аромат  кумыса и вкус свежего мяса!

о Т.Г.Николаеве


Родом из Малой Мархи! 75 лет Василию Михайловичу Власову.


Городу Олекминску – 385!


Что нам дал государственный суверенитет Республики Саха (Якутия)?


С наступающим Днем Рождения Первого Президента Республики Саха (Якутия)!


Климент Иванов о родной школе


Третий век наслегу: продолжить развитие!


Когда начнем уважать свою историю? К истории аграрных отношений в РС (Я).


Соболезнование от ветеранов государственной службы семье и близким В.М.Членова


Соболезнование семье и близким В.Р.Дарбасова


Руководитель золотоносного Алдана!

Моя страница в Дневниках якт ру.:

https://nikbara.ykt.ru/

Мой сайт:

https://nikbara.ru/

Мой канал в «Яндекс Дзен» –

NikBara

Просьба подписаться на мой канал “Николай Барамыгин” на Ютуб!


https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин

И на мои аккаунты в социальных сетях!

Я в Инстаграме @nb2015p

Персональная страница в “Фейсбуке”:

https://www.facebook.com/nikbaramygin/

«Одноклассниках»

https://ok.ru/profile/500676253992

«В контакте»

https://vk.com/nbaramygin

“Твиттер”

https://twitter.com/NBaramygin

Добавить комментарий