4 года назад 156
С наступающим Днем Рождения Первого Президента Республики Саха (Якутия)!
13 ноября Первый Президент Республики Саха (Якутия) М.Е. Николаев отмечает очередной День Рождения!
Вашему вниманию статья Почетного гражданина Республики Саха (Якутия) К.Е.Иванова “М.Е. Николаев – реформатор Якутии нового времени” на якутском языке
Фотографии с интернета
М.Е.Николаев — Саха сиригэр аныгы үйэ реформатора
Фото
Петра Оконешникова
Бириэмэ олус түргэнник барар. Ол дьалхааннаах дьыллар: обществоҕа бүтүннүүтүгэр, уруккута улуу государствоҕа баһа-атаҕа биллибэт политическай киирсиилэр, түгэҕэ көстүбэт түһүүлээх экономическай турук, торума биллибэт туманынан сабыллыбыт барыахтаах суолбут, былытынан бүрүллүбүт инники кэскилбит, бүрүүкээн ааспыттара хайы-үйэ отучча сыл буолла. Дьэ билигин, арыый уоскуйан олорон, ол дьыллар хайдах ааҥнаан кэлбиттэрэй, үйэлэргэ эрэ общество сайдытыытыгар кэлэн ааһар дириҥ, уодаһыннаах политическай уонна экономическай кризиһи туорааһыҥҥа буолбут түгэннэри ыраҥалаан, ыараҥнатан көрөргө тоҕоостоох кэм үүннэ.
Икки үйэлэр кирбиилэригэр Россияҕа, урукку Советскай Союз территориятыгар барытыгар буолан ааспыт событиелары, бастатан туран, дойдуну салайыыны илиилэригэр тутан олорбут киин салайар органнар алҕастарыттан тахсан турар. Дойдуну салайыыны күүскэ кииннээһин, олохтоох салайар органнары, үөһэттэн кэлбит дьаһаллары туохтан да тутулуга суох механическай толорооччуларга, олохтоох былаастары көрүнньэҥ былааска кубулутааһын, обществоны бүтүннүүтүн суос-соҕотох идеологияҕа бас бэриннэрии кэннэкиннэн сөбө суоҕун көрдөрбүтэ. Россия норуоттара дойдуга көҥүл санааны киллэриини суос соҕотох идеологическай адаҕаттан босхолонууну ирдээбиттэрэ. Общество сайдыытын саҥалыы, демократическай төрүккэ олоҕуран салайыыны модьуйбуттара. Политологтар, историктар этэллэринэн, ол кэмҥэ дойду салалтата сыыйа демократическай сайдыыга киирии суолун тутуспута буоллар, бары прогрессивнай, демократическай күүстэри бэйэтин тула түмэн, сомоҕолоон, аныгылыы эттэххэ, араас политическай күүстэри консолидациялаан коалиционнай салалта принцибин тутуспуттара буоллар, биһиги дьылҕабыт арыый атын, сиэрэ суох улахан экономическай охсууну, социальнай долгуйууну ылбакка эрэ, саҥа суолу тутуспут буолуо этибит. Ол эрээри, биһиги дьылҕабыт обществоҕа политическай утарыта туруу, экономиканы садаҕалааһын суолунан барбыта.
Саха АССР тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ М.Николаев уонна Сунтаан райисполкомун бэрэссэдээтэлэ К.Иванов.
Сунтаар с., 1982 с.
Бу ыстатыйабар экономическай, социальнай сайдыы кризистэрин көрдөрөр сыыппаралары холобур быһыытынан аҕалбаппын. Урут мин ыстатыйаларбар көрдөрөн турабын уонна билигин ону дьон-сэргэ өйдөөбүт кэмэ. Ити үлүскэннээх сылларга аан дойду биир бөдөҥ судаарыстыбатын тутула күөрэ-лаҥкы баран, саҥа төрдүттэн атыннык дьаһанан олорууга киирии мунуулаах-тэниилээх кэмигэр, Саха сиригэр общественнай хамсааһыны иилээбит-саҕалаабыт, Саха сирин олохтоохторун быстыыттан-ойдууттан араҥаччылаан, дойдуну салайыы төрүт атын, аныгылыы былааһын бириэмэтигэр уонна саамай сөптөөхтүк олохтообут, экономиканы табыгастаах суолга киллэрбит, саха норуотун чулуу киһитэ Михаил Ефимович Николаев 83 сааһа туоларынан сибээстээн, кини үлэтин-хамнаһын көрө-билэ уонна биир кэмҥэ үлэлэһэ сылдьыбыт киһи быһыытынан, бу кылгас ахтыыны суруйабын. Михаил Ефимович кылгас ыстатыйаҕа кыайан этиллибэт, бэйэтин төрөөбүт норуотун, саха сирин бары олохтоохторун туһугар оҥорбут сүдү өҥөтүн историктар уонна библиографтар киэҥник арыйыахтара. Аан дойду алдьатыылаах сэриитин кэнниттэн Германия государствота силигилии сайдыбыт кэмигэр, 1968 сыллаахха, эбэтэр ФРГ тэриллибитэ 20 сылын кэнниттэн, канцлер Эрхард Людвиг кини аатыгар сүгүрүйүү улааппыт кэмигэр, этэн турардаах: “Германия саҥа государственноһын төрүттээбит, экономика саҥалыы сайдыытын акылаатын уурбут, дойдуну аан дойду үрдүнэн политическай сойуолааһынтан таһаарбыт бастакы канцлербыт Конрад Аденауэр баар. Кини реформатор. Оттон реформаны сыччах улуу киһи, эбэтэр бары өттүнэн чаҕылхай кыахтаах киһи ситиһиилээхтик олоххо киллэриэн сөп. Оттон биһиги кини дьыалатын салҕаабыппыт”, – диэн. Бу этиини билигин даҕаны араас государственнай деятеллэр үлэлэрин сыаналааһыҥҥа, салайар көлүөнэлэр быстыспат сибээстэрин көрдөрүүгэ үтүө холобур быһыытынан араас дойдуларга тутталлар.
Биһиэхэ Советскай Союз кэмиттэн саҕалаан, үтүө салайааччыларбытын үйэтитиигэ сыыһа сыһыан баара. Бастаан Хрущев Сталины үөхпүтэ, онтон саҕалаан, Президент Ельциҥҥэ тиийэ дойду салайааччыларыгар политическай деятеллэр көлүөнэлэрин убаастабыллаах утумнаһыылара олохтоммокко кэлбитэ. Көлүөнэлэр икки ардыларыгар итинник сыһыан ыччаты иитиигэ, салалтаҕа сөптөөх политиканы кэскиллээхтик, утумнаахтык ыытыыга улахан мэһэй буолара чахчы. Аныгы Россия уонна Саха сирэ бэйэбит остуорайабытыгар туох да баһааҕырдыыта да, киэргэтиитэ суох сыһыаннаһарбыт, норуот чулуу бэрэстэбиитэллэрин олохпутугар, ыччаппытыгар холобур овгостор кэммит кэллэ. Манна даҕатан этэр буоллахха, М.Е.Николаев саха чулуу дьоннорун үтүө ааттарын тилиннэриигэ уонна үйэтитиигэ элбэх быһаччы үлэни ыыппыта. 1994 с. муус устар 27 күнүгэр «О восстановлении справедливости в отношении репрессированных в 20-30 годы представителей якутского народа» диэн саха интеллигенциятын репрессиялааһыны сэмэлиир туһунан Российскай Федерация Президенин анал ыйааҕа тахсарын ситиспитэ. Итини этэн туран, мин тус бэйэм туох да саарбахтааһына суох, Саха сирин остуоруйатыгар государственноһы олохтообут, норуот хаһаайыстыбатын салайыыны аныгылыы суолга таһаарбыт, норуотун быстыыттан-ойдууттан өрүһүйбүт Максим Кирович Аммосов кэнниттэн Михаил Ефимович Николаевы, республика бастакы Президенин, иккис реформатор быһыытынан сыаналыыбын уонна республика үгүс олохтоохторо ити сыанабылы кытары сөбүлэһиэхтэрэ диэн эрэнэбин.
Дьэ, билигин кини төрөөбүт республиката сайдарын туһугар оҥорбут үтүөлэрин барытын аахпакка эрэ, кини республика салайааччытын быһыытынан үлэтин сыаналааһыҥҥа бэйэм санаабын этиэм этэ.
Мин 1990 сыл саас ССРС Верховнай Советын аймалҕаннаах, хабыр мөккүһүүлээх съеһин кэмигэр ССРС Верховнай Советын депутаттара, республика салалтата буолан түмсэммит, дойдуга буола турар быһыы-майгы, инники кэскилбит туһунан санаа атастаһар, кэпсэтэр этибит. Онно Верховнай Совет председателэ М.Е.Николаев, ССКП обкомун I секретара Ю.Н.Прокопьев эмиэ кытталлара. Онно көрдөхпүнэ, М.Е.Николаев дойду балаһыанньата олус ыараабытын, салалта общество модьуйуутун кытары аахсара, экономиканы салайыыга, ССКП Политбюрота обществоҕа буола турар событиеларга күүс өттүнэн буолбакка, өй-санаа өттүнэн орооһоро наада буолбутун этэр этэ. Биирдэ мин дьиэбэр съезд кэнниттэн М.Е.Николаевы уонна Ю.Н.Прокопьевы ыалдьыттата ыныртаатым. Онно көҥүл кэпсэтии буолла. Юрий Николаевич эмиэ уруккутуттан өйө-санаата уларыйбытын бэлиэтии көрбүтүм. Политбюро сорох боппуруостарга сыыһарын, ордук идеологияҕа атын санааны истэр, аахсар наадалааҕын, сорох боппуруостарга демократтар ирдииллэрин кытары сөбүлэһэрин этэрэ. Перестройка соруктара дьон өйүгэр-санаатыгар бытааннык киирэрин сөбүлэһэрэ көстүбүтэ. Онон дойду уопсай политическай балаһыанньатын сыаналааһыҥҥа ыалдьыттарым позициялара чугас соҕус этэ.
Оттон республикабыт балаһыанньатыгар, инники сайдар кэскилигэр дьоннорум көрүүлэрэ олох атын буолан таҕыста. М.Е.Николаев автономия статуһа олус намыһаҕын, ону үрдэтэргэ, союзнай республикалар таһымнарыгар чугаһатарга, сайдыы үгүс боппуруостарын быһаарыыга республика бэйэтэ бырааптанарын туруорсарга эттэ.
ССКП обкома, райкомнар ГКЧП кэнниттэн, 1991 сыл атырдьах ыйын 23 күнүттэн Россия Президенин ыйааҕынан үлэлэрин тохтоппуттара. Ю.Н.Прокопьев ликвидационнай хамыыһыйаны салайбыта. Үлэлиэн баҕалаах партийнай кадрдар бары сөптөөх миэстэлэрин булан үлэлээбиттэрэ. Үгүстэрэ М.Е.Николаев чугас көмөлөһөөччүлэрэ, биир санаалаахтара буолан, саҥа олоҕу тутуу активнай кыттыылаахтара буолбуттара. Юрий Николаевич ликвидационнай комиссиятын үлэтин кэнниттэн тутатына М.Е.Николаев сорудаҕынан, Обком бастакы секретарын хамнаһын кээмэйинэн хамнаһы олохтоон туран, эппиэттээх дуоһунаска – Дальнай Востокка народнай депутаттар ассоцияларыгар Саха сириттэн представителинэн анаммыта.
Уруккута партийнай аппарат үлэһиттэрэ Власов В.М., Штыров В.А., Мучин М.В., Слепцов Б.Д., Матвеев А.С., Протодьяконов С.А., Соломов Н.И., Ларионов Е.М., Пахомов И.О., Борисов С.С., Кириллин В.В., Охлопков Ф.Г., Красноштанов В.Ф., Томтосов А.А. бастакы Президент бөдөҥ реформаторскай уларытыыларын олоххо киллэриигэ активнайдык үлэлээбиттэрэ.
Кини хамаандатыгар урукку биллиилээх хаһаайыстыбаннай, научнай үлэһиттэр киирсэн, республика бөҕө туруктаах саҥа рыночнай төрүккэ олоҕуран салаллар экономикатын сайыннарсыбыттара: Павлова В.Г., Кычкин Е.Д., Десяткин Т.Г., Рудаков В.В., Солдатов Л.А., Баулин А.В., Эстерлейн Э.Я., Борисов Е.А., Попов Д.Д., Бурнашов Р.А., Николаев Н.В., Данилов А.П., Сухомясов И.Г., Корякин К.К., Ларионов В.П., Егоров Е.Г., Илларионов А.П., Алексеев В.Г., Иванов В.Н., Сивцев И.С., Миронов Д.Н., Кайдышев Ю.В., Каратаев Н.Н., Петряков А.А., Мигалкин А.В., Федоров М.М., Борисов Н.Ф., Яковлев М.М., уо.д.а. Норуот култууратын, өйүн-санаатын сайыннарыыга Борисов А.С., Данилов С.П., Сивцев Д,К.-Суорун Омоллоон, Михайлова Е.И. саҥалыы хайысхалаах айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ.
Ыарахан кризис бүрүүкээбит кэмигэр нэһилиэнньэ социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолуутугар бастакы Президент М.Е.Николаев туруорбут соругун олоххо киллэриигэ таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ: Акимов А.К., Готовцев Ю.А., Винокуров Н.М., Жиркова Д.Н., Григорьева Л.Н.
Республика аатын-суолун аан дойду таһымыгар таһаарыыга Артамонов В.П., Мигалкин А.В., Рожин И.В., Божедонова А.Н., Сидорова Е.А., Томскай Г.Н. айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ.
Республика бөҕө акылаатын түһэрсиигэ саҥа талааннаах ыччаттар тахсыбыттара: Назаров С.Н., Ким-Кимэн А.Н., Тимофеев Н.С., Васильев К.И., Ильковский К.К., Членов В.М., Данчикова Г.М., Михальчук И.Ф., Жирков Е.П., Данилов В.П., Винокурова У.А.
Саха сирин сайдыытын остуоруйатыгар ордук бэлиэ түгэннэринэн историческай суолталаах уопсай сайдыыга тосту уларытыылаах икки кэми бэлиэтиэм этэ. Ол 1922 сыл, гражданскай сэрии кэнниттэн, дойдуга быстыы-ойдуу бириэмэтигэр Саха сиригэр автономия статуһун иҥэрии, саҥа государственноһы олохтооһун. Ол кэнниттэн государствоны, экономиканы салайыыга реформаны ыытыы. Бу сүҥкэн суолталаах дьаһаллары саҕалаабыт, салайбыт киһинэн чопчу Максим Кирович Аммосов буолар. Кини саха норуотун чаҕылхай, уһулуччулаах политическай, государственнай деятелин быһыытынан бигэтик биһиги остуоруйабытыгар киирдэ. Ону ситэрии-хоторуу, умнуллубаттык үйэтитии дьаһаллара 90-с сылларга ыытыллыбыттара.
М.Е.Николаев Cаха АССР Суверенитетын декларациятын туһунан дакылааттыыр. 1990 с., балаҕан ыйын 25 к.
Оттон Саха сирин сайдыытыгар иккис историческай суолталаах кэрдиис кэминэн 1990-91 сыллартан саҕаланан ыытыллыбыт государственноһы, экономика сайдыытын саха норуота уонна аҕыйах ахсааннаах төрүт норуотугар омук быһыытынан цивилизацияҕа тардыһыыларын, норуот быһыытынан өйдөрө-санаалара уһуктуутун кэминэн ааҕабын. Ити кэм чахчы Саҥа Саха сирэ төрүттэммит кэмэ. Биһиги республикабыт экономическай өттүнэн туруктаах, демократическай уонна сокуоннарга олоҕуран сайдар Россия республиката буоларын туһунан бэйэбит Конституциябытыгар ыйыллыбыта. Республиканы салайыы, сайыннарыы тускулларын төрдүттэн уларыппыт чулуу лидербит республика бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев буолар. Кинини мин аныгы үйэ дьиҥнээх реформаторын быһыытынан сыаналыыбын.
1990 сыллар дойду экономикатыгар ыарахан кэмнэр этэ. 1991 сыл бэс ыйыттан, өссө В.С.Павлов правительствотын кэмигэр, сыана үрдээһинэ саҕаламмыта. Инфляция процесстара үрдээтэр үрдээн барбыттара. Оҥорон таһаарыы таһыма балысханнык түспүтэ. РСФСР Миниистирдэрин Советын Председателэ И.С.Силаев отставкаҕа тахсыбытын кэннэ, Россия Президенэ Б.Н.Ельцин өссө премьер-министр эбээһинэһин толорбута. Онтон сотору Егор Гайдар правительство баһылыга буолбута. Егор Гайдар правительствоҕа ананаат, бэйэтэ эппитин курдук, «шоковай терапия» көмөтүнэн реформаны түргэтэппитэ. 1992 сыл тохсунньу 1 күнүттэн сыананы босхо ыыппыта. Дьэ бу маннык экономическай кризис сатыылаабыт, сыана босхо барбыт, инфляция илбиһирбит усулуобуйатыгар М.Е.Николаев республика бюджетын бөҕөргөтөргө уонна толорон иһэргэ бары күүһүн уурбута. Улахан туруорсуу түмүгэр, 1991 сыллаахха айылҕа ресурсаларын туһаныы иһин Россия бюджетыттан 2,8 млрд солкуобайы ылбыппыт. Бу М.Е.Николаев государственнай суверинитет туһунан Декларацияны ылыныы кэнниттэн маҥнайгы дьоһуннаах ситиһиитэ этэ. Ити, бастатан туран, нэһилиэнньэ социальнай өттүнэн харысхаллаах буолуутугар туһаныллыбыта. Дойду үрдүнэн, ордук Россия хоту регионнарыгар, Дальнай Востокка экономика туруга мөлтөөн, дьон олоҕо-дьаһаҕа ыараан балаһыанньа улам уустугуран испитэ.
Саха сиригэр нэһилиэнньэ олоҕун материальнай илгэтин таһыма 1990 сыл түмүгүнэн 1989 сылы кытары тэҥнээтэххэ 3 төгүл аччаабыта. Республика экономикатын «штопортан» таһаарыыга, дьон олоҕун быстыыттан-ойдууттан харыстааһьпгҥа уталытыллыбат уонна быһаарыылаах дьаһаллары ылар наадата тирээн кэлбитэ. Олунньу 26 күнүгэр 1991 сылга «Саха Социалистически Республикатын государственнай статуһа» диэн сокуон ылыллыбыта. Ол сокуон сир, сир баайын уонна норуот хаһаайыстыбатын бары салаатыгар баай-дуол барыта республика бас билиитэ буоларын быһаарбыта. Союзнай министерстволарга бас бэринэр бары бөдөҥ промышленнай тэрилтэлэр мантан ыла республика дьаһалыгар киирэллэрин биллэрбитэ. Онтон кулун тутар 2 күнүгэр 1991 с. «Саха сиригэр бас билии туһунан» сокуон ылыллыбыта. Онон государственнай суверенитет туһунан Декларация суһаллык олоххо киирэн испитэ.
Декларация сокуону таһаарар, толорор уонна судебнай былаастары араартааһын принцибигэр олоҕурбута. Итиэннэ үлэлии олорбут былаас структуратын уларыта охсор сорук турбута. Былаас структуратын төрдүттэн уларытыы Саха республикатыгар Президент дуоһунаһын олохтооһунтан саҕаламмыта. Норуот бүттүүнэ талбыт республика бастакы Президенинэн М.Е.Николаев буолбута. Саҥа Конституцияны бэлэмнээһин күүскэ барбыта, Президент конституционнай комиссия салайааччыта этэ. Саҥа Конституция, биллэрин курдук, 1992 с. муус устар 2 күнүгэр бигэргэтиллибитэ. Чахчы буолбутунан даҕаны уонна саҥа Конституция да быһыытынан, 1990-с сылларга республика олоҕор буолбут бөдөҥ экономическай уонна общественно-политическай уларыйыылар М.Е.Николаев аатын кытары сибээстээхтэр.
Кини былаас оруолун быдан үрдүк таһымҥа таһаарбыта, норуокка ордук чугаһаппыта. Республика салалтатын Россия киин былааһын кытары сибээстэһии үрдүкү былааҥкатын хаһааҥҥытааҕар да бөҕөргөппүтэ.
Дойду Президенэ Б.Н.Ельцин Саха сиригэр иккитэ кэлэ сылдьыбыта, ССРС Правительствотын председателэ В.С.Павловтан саҕалаан, Россия Правительствотын салайааччылара сылдьыбыттара. Туһалаах көрсүһүүлэр, түмүктээх кэпсэтиилэр буолбуттара.
М.Е.Николаев туруорсуутунан сыччах Саха сирин сайыннарыыга аналлаах Россия Президенин элбэх ыйаахтара, Правительство уураахтара тахсыбыттара. Ол барыта биһиги республикабыт экономиката сайдыытыгар, нэһилиэнньэ олоҕо көмүскэллээх буолуутугар, саха норуотун уонна Саха сирин бары олохтоохторо төрүт культуралара, тыллара-өстөрө сайдарыгар, норуот үөрэҕириитэ, доруобуйа харыстабыла, наука сайдарыгар, тас дойдулары кытары сибээс күүһүрэригэр туһуламмыта. Маны ситиһиигэ уонна олоххо киллэриигэ саха чулуу уола, дьиҥнээх реформатор Михаил Ефимович Николаев туох баар күүһүн-уоҕун, өйүн-санаатын, сүрэҕин төлөнүн анаата. Төрөөбүт Сахатын сирэ сайдыытыгар киллэрбит дьоһуннаах кылаатын, үтүөтүн-өҥөтүн дьиҥнээхтик үйэтитэр наада. Оннук дьаһаллары олохтооһун республика бары олохтоохторун истиҥ өйөбүлүн ыларыгар саарбахтааһын суох.
Кылгас ыстатыйаҕа чулуу политическай, государственнай деятель, дьиҥнээх реформатор Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт норуотун иннигэр оҥорбут сүҥкэн үтүөтүн кыайан сырдаппаккын. Историктар, ученайдар кырдьыктаах баар архив докумуоннарыгар олоҕуран, кини олоҕун, үлэтин, норуотун туһугар оҥорбут үтүөлэрин салгыы дириҥник үөрэтэн, кэлэр үүнэр көлүөнэ ыччаттарга үтүө үөрүйэх буоларын туһугар сөптөөх үлэ барыа диэн эрэнэбин.
2020 с.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах олохтооҕо К.Е.Иванов
“Улуу Илгэ айан”, ааптар – Наталья Михалева – Сайа
Моя страница в Дневниках якт ру.:
https://nikbara.ykt.ru/
Мой сайт (в процессе строительства):
https://nikbara.ru/
Просьба подписаться на мой канал “Николай Барамыгин” на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
Я в Инстаграме @nb2015p
Персональная страница в “Фейсбуке”:
https://www.facebook.com/nikbaramygin/
«Одноклассниках»
https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте»
https://vk.com/nbaramygin
“Твиттер”
https://twitter.com/NBaramygin