4 года назад 142
Он внес большой вклад в технологию добычи алмазов
В преддверии 100-летия родной республики, жители Республики Саха (Якутия) должны вспоминать своих выдающихся земляков, внесших огромный вклад в развитие родной республики!
Вашему вниманию статья Почетного гражданина Республики Саха (Якутия) Климента Егоровича Иванова о талантливом горном инженере из народа саха Александре Николаевиче Степанове на якутском языке (статья опубликована 9.04.2021 в газете “Сунтаар сонуннара”).
Алмааһы хостооһун технологиятын баһылааһыҥҥа кылаатын киллэрбитэ.
Алмаас диэн күндүттэн күндү айылҕа баайа. Былыр улуу судаарыстыбаларга ыраахтааҕылар хоруоналарын алмааһынан киэргэтэллэрэ. Төһөнөн бөдөҥ, күн уотунуу күлүмүрдүүр алмаас киэргэллээх даҕаны, соччоннон ыраахтааҕы былааһа күүстээҕин көрдөрөрө.
Дьэ, итинник сыаналаах айылҕа баайа хаһан, ханна, кимнээх арыйбыттарын бэркэ билэбит. Кинилэр ааттара элбэхтик иһилиннэ.
Алмааһы хостооһун үлэтэ Саха сиригэр Мииринэй куоракка 1956 сыл тохсунньу 5 күнүгэр ССРС Миниистирдэрин Советын анал уурааҕа тахсыаҕыттан саҕаламмыта. Уураах ылыллар кэмигэр алмаас саппааһа эрэ кумааҕыга ойууламмыта. Оттон алмааһы хостооһун үлэтэ ыытыллыахтаах сиригэр лиҥкинэс тайҕа быыһынан булчуттар ыллык суоллара эрэ баара.
1958 сылтан саҥа тутуллан эрэр Мииринэй нэһилиэнньэлээх пуунугар ыркый ойуур саҕатыгар “Трест Якуталмаз” диэн хаптаһыҥҥа суруллубут биллэрии ыйаммыта. Дьэ, онтон ыла саҥа куораты тутууга, алмаас промышленнаһын сайыннарыыга үлэ күөстүү оргуйбута. В.Н. Тихонов, Л.А. Солдатов, Е.Н. Батенчук салайааччылаах тутааччылар, энергетиктар, буору, кумаҕы хаһааччылар үлэлэрэ тигинээн-таҕынаан, алмааһы хостуур промышленность саҥа салаата күүстээх тэтиминэн сайдыбыта.
Алмааһы промышленнай төрүккэ олоҕуран хостооһуҥҥа урут Советскай Союзка суох кумахтан, таастан, рудаттан алмааһы арааран ылар технологияны сайыннарыы соруга турбута. Ити эппиэттээх үлэ саамай быһаарыылаах кэмигэр Сахабыт Сирин биир киэн туттуохтаах киһибит Степанов Александр Николаевич кыттыбыта. Ити технология арылла уонна олоххо киирэ илигинэ алмааһы бөдөҥ кээмэйинэн хостуур кыаллыбатын киһи барыта өйдүүр дьыалата.
Саха талааннаах горнай инженера Степанов Александр Николаевич олоҕуттан сырдатар тоҕоостоох. Кини олоҕун суола эдэр ыччакка үтүө холобур буолуон сөп.
Александр Степанов 88 сыл анараа өттүгэр Сунтаар оройуонун 2 Бордоҥ нэһилиэгин Марба бөһүөлэгэр колхозтаах ыал кэргэнигэр төрөөбүтэ. Ол саҕана кыра, дьадаҥы колхозтарга дьон олоҕо-дьаһаҕа олус ыарахан этэ. Аҕа Дойдуну көмүскүүр улуу сэрии кыһалҕалаах сыллара сатыылаан ааспыттара. Аҕата Николай Константинович сэриигэ ыҥырыллан 5 сыл устатыгар уоттаах кыргыһыы ортотугар сылдьыбыта. Ийэтэ Ирина Николаевна 6 оҕотун кытары хаалбыта. Хомойуох иһин, сэрии ыар сылларыгар 3 оҕото ыалдьаннар олохтон туораабыттара. Аҕата Николай Константинович сэрииттэн кыайыы көтөллөөх төннөн колхозка үлэҕэ ситиһиилээхтик кыттыбыта. Кэнники сылларга бөдөҥсүйбүт колхозка ревизиялыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Александр Николаевич аҕатыттан үлэҕэ дьулуурдаах буолууга, чиэһинэй, уопсай дьыала иһин бэриниилээх буолууга үөрэммитэ.
Олох араас ыарахан сылларын, эриирдээх-мускуурдаах кэмнэри этэҥҥэ туораабыт, биэс төрөппүт оҕолорун дьылҕаларын сөптөөх суолга туруортаабыт ийэлээх аҕатын туһунан Александр Степанов дириҥ махталынан ахтар.
Кырдьан даҕаны олорон төрөөбүт-үөскээбит алааһын Марбаны, оҕо сааһыгар сүүрбүт-көппүт үтүө айылҕалаах Кулуһуннааҕын, Нээлбиктэтин, кэлин нэһилиэк киинэ Сардаҥа бөһүөлэгэ буолан килбэйбит, кэрэ көстүүлээх Бүлүүтүн биэрэгин ахтан-санаан ааһар.
Кини үөрэммит Сунтаар орто оскуолатын оччотооҕу салалтатыгар олоҕун суолун буларыгар көмөлөспүттэрин үрдүктүк сыаналыыр. Ол курдук, 10-с кылаас үөрэнээччилэрин салгыы үрдүк үөрэххэ киирэллэригэр сүбэ курдук санаа атастаһыытын ыыталлара, оройуоҥҥа биллэр араас идэҕэ специалистары кытары көрсүһүннэрэллэрэ. “Арай биирдэ Ньурбаттан анаан ыҥырыллыбыт Амакинскай экспедиция үлэһиттэрин кытары көрсүһүүгэ олус ылыннарыылаахтык Москватааҕы горнай институту уонна эмиэ Москватааҕы өҥнөөх металлар уонна көмүс институттарын бүтэрбит специалистар эттилэр-тыыннылар. Мин кинилэр сүбэлэригэр “ыллараммын” балай эмэ толкуйдаан бараммын, горняк буоларга быһаарыммытым уонна 1952 сыллаахха үөрэхпин бүтэрээт, онно тиийэммин экзамен туттарсан Москватааҕы горнай институкка үөрэнэ киирбитим” – диэн астына ахтар. Оскуоланы бүтэрэр оҕолорго үөрэхтэрин салгыылларыгар эрдэттэн сөптөөх сүбэ-ама, анал дьаһал наадатын бэлиэтиир.
Эрдэттэн быһаарыммыт буолан, үрдүк үөрэҕин бүтэрэригэр үчүгэй бэлэмнээх специалист буоларга дьулуура күүстээх этэ уонна ситиһиилээхтик үөрэнэн 1957 сыллаахха сиртэн хостонор руданы байытыыга инженер-технолог идэтин ылбыта.
Дойдутугар кэлэн Дьокуускайга госуниверситет техническай факультетыгар үлэлиир, лекция ааҕар. Онтон 1959 сыллаахха “Якуталмаз” трест салайааччыта В.И. Тихонов бэйэтинэн ыҥыран ылан Миирнэйгэ саҥа тэриллибит научнай-лабораторияҕа маастарынан аныыр. Онон кини алмаас хостооһунун элбэтиигэ төһүү күүс буолуохтаах лаборатория үлэтин тэрийсибитэ. Ол кэмҥэ Советскай Союзка алмаастаах рудалары байытыыга бэйэбит технологиябыт суох этэ. Онон бу уустук уонна алмаас промышленнаһын сайыннарыыга сүрүн ньыманы арыйыыны, үлэҕэ киллэриини саҕаласпыт уонна олоххо киллэрсибит үтүө өҥөлөөх биир дойдулаахпыт Александр Николаевич Степанов буоларын билиэх тустаахпыт. Кини салайар “Якутнипроалмаз” институтун иһинэн үлэлиир лабораторията рудаттан алмааһы араарар аппараттары, мэлииһэлэри арыйбыта. Анал мэлииһэлэр көмөлөрүнэн руданы үлтүрүтэр, онтон рентгеновай аппараттар көмөлөрүнэн алмаас тааһы арааран ылыы ньыматын олоххо киллэрсибитэ. Ити технология бастаан Миирнэйгэ 2-с, 3-с, 4-с фабрикаларга үлэҕэ киирбитэ. Онтон Удачнайга сылга 12 мөлүйүөн тонна руданы үлтүрүтэн, онтон алмаас тааһын арааран 14-с нүөмэрдээх фабрикаҕа алмааһы хостооһун сүрүн ньыматын быһыытынан күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии турар.
Александр Николаевич Мирнэйгэ үлэлиирин устатыгар бииргэ үлэлээбит, саҥа арыйыылары оҥорсубут горняк идэлээх коллегаларын Михаил, Ольга Злобиннары, Геннадий Тумаковы, Галина Николаеваны, Владимир Зуевы, Владимир Жуковскайы, Владимир Скриннигы алмааһы хостооһун технологиятын баһылааһыҥҥа киллэрсибит үтүө өҥөлөрүн үрдүктүк сыаналыыр. Ол кэмнэртэн, кини олоҕун суолугар уларыйыылары таһаарбыт биир түгэни чорботон ахтар.
“Якуталмаз” салалтата, ССРС өҥнөөх металлургиятын Министерствата 1964 сыллаахха алмааһы хостооһуну кэҥэтэр, элбэтэр соругу күүскэ туруорбута. Ити сыл кулун тутар ыйга ССРС норуотун хаһаайыстыбатын сайыннарыы Үрдүкү Советын бэрэссэдээтэлэ В.Э. Дымшиц Мирнэйгэ кэлбит. Кини 2-с фабрика үлэтин кытары билсибит. Ону киэҥник билиһиннэриигэ, көрдөрүүгэ, дакылааттааһыҥҥа Александр Степановка сорудах бэриллибитин толорбут. Сарсыныгар “Якуталмаз” трест салайааччыта В.И. Тихонов кинини бэйэтин кабинетыгар ыҥырбыт уонна эппит: “Дымшиц 3-с фабрика тутуутун түргэтэтэргэ уонна эйигин онно директарынан аныырга сорудахтаата. Онон эн 3-с фабрика директарынан ананаҕын. Коллективкын тал, үлэһиттэргин үөрэт уонна фабриканы түргэнник үлэҕэ киллэр” – диэбит. Онтон ыла ити үрдүк, эппиэттээх дуоһунаска үлэлээн барбыт. 1967 сылга 3-с фабрика оҥорон таһаарыыта кэҥээн, 4 мөлүйүөн тонна руданы сылга хостообут уонна 12-с, 14-с, 16-с фабрикалар тутуллууларыгар үөрүйэх уонна тирэх буолбут. Өр сыллаах ситиһиилээх үлэтин уонна алмааһы хостооһуҥҥа саҥа технологияны уонна ньымалары олоххо киллэриигэ оҥорбут үтүөлэрин иһин 1970-с сыллаахха Александр Николаевич Степановка ССРС Министирдэрин Советын уурааҕынан В.Ленинскэй бириэмийэ лауреатын үрдүк аата иҥэриллибитэ.
Итинник үрдүк наҕараадаҕа тиксибит киһи Саха Сиригэр аҕыйах. А.Н. Степанов дойдуга алмаас промышленнаһа сайдыытыгар тус бэйэтин киллэрбит кылаатын үрдүктүк сыаналааһын бэлиэтэ буолар.
Онтон бэйэтин салаатыгар киэҥ билиилээх , улахан үөрүйэхтээх Александр Николаевич Степановы ССРС өҥнөөх
металлургия Министерстватын киин аппаратыгар Мокваҕа көһөрөллөр. Кини бэйэтин идэтинэн туһалаахтык үлэлээн 1982 сылга ССРС госпланын Киин аппаратын өҥнөөх металларга отделыгар алмааска кылаабынай специалист быһыытынан үлэлээбитэ. Ол саҕана үрдүкү салайар уорганнарга кадрдары анааһыҥҥа олус улахан суолта бэриллэрэ. Холобура, Александр Николаевич этиллибит үлэтигэр ананыан иннигэр ССКП КК, ССРС Госпланын Коллегиятын мунньаҕар бигэргэтиллибитэ. Дьэ, итинник кытаанах сиидэлээһини ааһан модун Министерства – ССРС Госпланын үлэһитэ буолбута уонна билигин Россия Госдуматын дьиэтэ буолан турар, Москва килбэйэр киинигэр бэйэтин үлэтин салҕаабыта.
Дойду үрдүкү салайар уорганнарыгар – Министерстваларга үлэлээһин хабаанын, эппиэтинэһин дьон-сэргэ өйдүүр. Масштаба киэҥинэн ону ойуулуур уустук уонна маассабай ааҕааччы интэриэһин тардыбат. Александр Николаевич бэйэтин анаммыт үлэтин эйгэтин дириҥник билэр, ити уустук алмаас промышленнаһын тэрийиигэ уоппуттаах буолан, ситиһиилээхтик үлэлээбитэ уонна коллегаларын үрдүк сыанабылларын, ытыктабылларын ылбыта.
1992 сыл от ыйыгар “Якуталмаз” трест оннугар “Россия – Саха алмазтара” диэн сабыылаах акционернай хампаанньа тэриллибитэ, Салайар аппарата 1993 сыл тохсунньу 1 кунүттэн үлэтин саҕалаабыта. Акционернай хампаанньа президенинэн Рудаков Валерий Владимирович анаммыта. Кини Александр Степановы Мирнэй куоракка “Якуталмаз” трескэ дириэктэринэн үлэлээбит буолан үчүгэйдик билэр этэ. Онон Рудаков В.В. Александр Николаевыһы ыҥыран ылан хампаанньа Кэтээн көрөр Советыгар сэкэрэтээринэн үлэлииригэр көрдөспүтэ. Ол сүрүн биричиинэтэ А.Н. Степанов алмааһы хостооһун үлэтин төрдүттэн билэрэ, Дойду өҥнөөх металлар Министерстватыгар, ССРС Госпланыгар үлэлээбит уоппута уонна Республика олоҕун-дьаһаҕын, салайааччыларын тус бэйэтинэн билэрэ көмөлөспүт буолуохтаах. Кини ити дуоһунаска ананыыта үлэтигэр учуоттанарыгар улаханнык көмөлөспүтэ. Ырыынак усулуобуйатыгар “Алроса” акционернай хампаанньаны алмааһы хостуур, алмааһы харайар , алмааһы атыылыыр тус-туһунан тэрилтэлэргэ үс аҥыы араарыыга, Республика өлүүлэһэр акциятын аччатарга араас политическай, экономическай сүүрээннэр күүскэ туруммуттара. Ону утарылаһыыга “Алроса” хампаанньа биир сомоҕо буолуутугар Республика өлүүлэһэр акцията оннунан хаалыытыгар А.Н. Степанов сыралаах үлэни ыытыспыта. Хампаанньа үлэтин сүрүннээһин, үбү-харчыны дьаһайыы боппуруостара барыта Кэтээн көрөр комиссияҕа мунньахтарыгар көрүллэрэ. Онно көрүллэр боппуруостары республика интэриэстэрин учуоттаан бэлэмниирэ уонна итэҕэтиилээхтик суруллубут буолан, Комиссия сөптөөх быһаарыылары ылара. Онон А.Н. Степанов 17 сыл устатыгар “Алроса” АК наблюдательнай советыгар сэкиритээринэн үлэлээн, хампаанньа рынок усулуобуйатыгар тигинэччи үлэлиирин, акционердар, ол иһигэр Саха Сирэ, интэриэстэрин харыстааһыҥҥа дьаныардаахтык үлэлээбитэ.
Көлүөнэлэр ситимнэрэ салҕанар, Саха Сирин чаҕылхай уолаттара, ССРС, Российскай Федерация таһымыгар ситиһиилээхтик үлэлээн, төрөөбүт дойдуларын сайдыытыгар киллэрбит өҥөлөрүн үрдүктүк тутуохтаахпыт, кинилэри дьиҥнээх патриот буоларга холобур оҥостуохтаахпыт.
Александр Николаевич билигин Москва куоракка бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Кэргэнэ Галина Портнягиналыын өссө Москватааҕы горнай институкка бииргэ үөрэнэ сылдьан сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолбуттара. Олоҕун аргыһа Саха Сиригэр Алмаас промышленнаһа сайдыытыгар кылаатын киллэрсибит өҥөлөөх. Уоллара Сергей Александрович Москватааҕы госуниверситеты бүтэрэн, учёнай идэтин талан, билигин Норуоттар Доҕордоһууларын Россиятааҕы университетын профессора.
Былыр сахаларга итэҕэл баар эбит: кыталык көтөн ааһарын дуу, хонууга түһэн үҥкүүлээн күөгэлдьитэрин көрбүт киһи дьоллоох буолар диэн. Тыа сирин оҕото Александр Степанов ийэтинээн сир хорута сылдьан үрдүлэринэн кыталыктар элиэтээн кэлэн, күөл кытыытынааҕы кырдалга олоро түспүттэр, киһи өйүттэн сүппэтинии үҥкүүлээн күөгэлдьиспиттэр. Онуоха ийэтэ булууктаах оҕуһу сиэтэн иһэр оҕотугар Александрга эппит: “Тоойуом, эн дьоллоох киһи буолуоҥ!”. Ийэтин этиитэ кэс тыл буолан Александр дьылҕатыгар кытаанахтык хатаммыт. Дьэ, кырдьык даҕаны ийэтин иэйиилээх алгыһа туолбут. Олоххо кэлбит аналын толорон, сир үрдүгэр күндүттэн күндү алмаас таас хостооһунугар кыттан, төрөөбүт Сахатын Сирин сайдыытыгар үтүмэн үрдүк үтүөнү-өҥөнү оҥорбут Александр Николаевич Степанов.
Бэйэтин талаанынан, дьоҕурунан, олоххо дьулуурунан, кэпсээбитин курдук, үрдүк чыпчааллары ситиспит биир дойдулаахпыт Александр Николаевич доруобай буоллун, дьоллоох олоҕо өссө даҕаны уһаатын. Эн өр сылларга сыраҕын биэрэн туран дьаныардаахтык үлэлээн ситиспит олоҕуҥ чыпчаала аныгы кэм эдэр ыччатыгар үтүө холобур буолуохтун!
Климент Иванов
СӨ бочуоттаах гражданина.
Муус устар ый 2021 сыл.
Статьи К.Е.Иванова в моем дневнике:
Как создавалась гранильная отрасль Якутии?
Взгляд ветерана на современное развитие республики
НЕСКОЛЬКО УТОЧНЕНИЙ ПОСЛЕ ПРАЗДНИЧНЫХ ФАНФАР
Журналистика любит правду! Климент Иванов о “Саханефтегазе”!
Евгения Исаевна Михайлова – яркий представитель якутской интеллигенции!
Память о большом друге Республики Саха (Якутия)
Что нельзя упускать в Год патриотизма
Фрументий Сафронов – как пример для третьего возраста!
Статья Климента Иванова о выдающемся сыне Олёкминского улуса!
Боевые заслуги легендарного снайпера И.Н. Кульбертинова должны быть достойно оценены.
Николай Никитич Яковлев – ветеран, хозяйственник, руководитель!
Много сделал для своей республики!
о Ю.В.Кайдышеве
ИЗ СЛАВНОЙ ПЛЕЯДЫ КОМСОМОЛЬСКИХ ЛИДЕРОВ
о А.И.Михееве
Истинный патриот, славный сын народа Саха!
о П.Д.Осипове
Его труд – яркий пример служения своему народу!
о М.Н.Евсееве
Она была гордостью народа!
о А.Я. Овчинниковой
К 95-летию Гаврила Иосифовича Чиряева!
Начало пути Республики Саха (Якутия)
о М.Е.Николаеве
Климент Егорович Иванов о трудовом героизме ветеранов тыла
ПОСВЯТИЛ СЕБЯ СЛУЖЕНИЮ РОДИНЕ
об Е.Г.Егорове
Воспоминание о талантливом человеке.
об Н.И.Харитонове – Чуор
К 100-летию Героя Советского Союза Николая Кондакова!
“…Вы можете меня считать русским якутом!”
об И.И.Петрове
В трудные годы он вывел республику на путь развития!
о С.З.Борисове
Крестьянская философия: Руководитель должен чувствовать аромат кумыса и вкус свежего мяса!
о Т.Г.Николаеве
Родом из Малой Мархи! 75 лет Василию Михайловичу Власову.
Что нам дал государственный суверенитет Республики Саха (Якутия)?
С наступающим Днем Рождения Первого Президента Республики Саха (Якутия)!
Третий век наслегу: продолжить развитие!
Когда начнем уважать свою историю? К истории аграрных отношений в РС (Я).
Соболезнование от ветеранов государственной службы семье и близким В.М.Членова
Соболезнование семье и близким В.Р.Дарбасова
Руководитель золотоносного Алдана!
Якутский воин, укреплявший обороноспособность Родины
Моя страница в Дневниках якт ру.:
https://nikbara.ykt.ru/
Мой сайт:
https://nikbara.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» –
NikBara
Просьба подписаться на мой канал “Николай Барамыгин” на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
Я в Инстаграме @nb2015p
Персональная страница в “Фейсбуке”:
https://www.facebook.com/nikbaramygin/
«Одноклассниках»
https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте»
https://vk.com/nbaramygin
“Твиттер”
https://twitter.com/NBaramygin