3 года назад 202
Светлана Филиппова: «Кистэлэҥҥэ сылдьыбыт докумуоннар көҥүлгэ таҕыстылар»
Кулун тутар 10 күнүгэр бүтүн Арассыыйа үрдүнэн Архыып күнэ бэлиэтэннэ. Онуоха Дьокуускай куораппыт архыыбын үлэтин, үлэһиттэрин, тугунан тыынан олороллорун билэ Строителлэр уулусса 18 нүөмэригэр баар дьиэҕэ бара сырыттым.
Онон бүгүн күндү ааҕааччыларбар Дьокуускай куорат муниципальнай архыыбын салайааччыта Светлана Афанасьевна Филиппованы кытта кэпсэтиибин билиһиннэриэм.
Үлэбит оргуйан олорор
Бу сыллар устата улахан үлэни оҥордубут. Барыта 131 пуонда баар, онно 34 795 дьыала киирэр. Архыып үлэтин биир сүрүн соруга – докумуоннары үчүгэйдик харыстаан илдьэ сылдьыы. Хас биирдии докумуон киһиэхэ улахан суолталаах, биэнсийэҕэ тахсарыгар, биэнсийэ кээмэйэ төһө буолара манна кэлэн ылбыт ыспыраапкаларыттан улахан тутулуктаах, манна хараллан сытар буоллаҕына, үлэлээбиттэрэ барыта көстөр. Ону таһынан сир боппуруоһугар кэлэллэр: хаһан ылбыттара, кимиэхэ суруллара (правоустанавливающие документы), архыып ыспыраапката, выписката барыта юридическай күүстээх докумуон буолар. Ону барытын харыстаан илдьэ сылдьыахха наада. Муниципальнай архыыпка Дьокуускай куорат администрациятын управлениеларын уонна департаменнарын, ону таһынан куорат кытыытынааҕы нэһилиэктэр, федеральнай уонна муниципальнай билигин үлэлии сылдьар да, тохтообут да тэрилтэлэр, тэриллиилэр докумуоннара хараллан сытар. Олох уруккуттан харалла сытар докумуоннартан эттэххэ, Дьокуускайдааҕы тирии-атах таҥаһа оҥорор-таҥастыыр комбинат, ол иһигэр “Красный кожевник” Артыал 1936-1956 сс. докумуоннара уонна куорат остолобуойдарын, рестораннарын треһин 1938 сыллааҕы докумуоннара баар.
Архыып докумуоннара биир сиргэ хараллан сытыахтаахтар. Олохтоох дьаһалта докумуоннара, архыыба саамай элбэх, ону барытын харайан, көмүскэллээх буолалларын туһуттан икки сыллааҕыта иккис хранилище оҥорбуппут уонна барытыгар видеокамера туруортаабыппыт.
Сылга нэһилиэнньэттэн үс тыһыынчаттан тахса ыйытык (запрос) киирэр, онтон 2 500-2 800 үлэлээбиттэрин туһунан ирдэһэллэр, биэнсийэҕэ тахсаары, үлэлэрин ыстааһын аахтараары, хамнастарын бигэргэттэрэллэр, оттон тыһыынчаҕа тиийбэт ыйытык сиргэ-уокка сыһыаннаах, даача, гараас, сир боппуруоһа о.д.а.
Архыып буоларбыт быһыытынан, үлэбит сүрүн туһаайыыта комплектование. Куорат улаата турар, тэрилтэ бөҕөтө, урбаанньыктар эбиллэллэр. Докумуону архыыпка харайар инниттэн биһиги кинилэргэ көмөлөһүөхтээхпит, архыып хайдах буолуохтааҕын, тэрилтэлэр архыыбы хайдах салайыахтаахтарын быһаарыахтаахпыт. Дьыаланы наардааһыҥҥа үөрэтиэхтээхпит, баран көрүөхтээхпит уонна тэрилтэлэрбит ахсааннарын чуолкай билиэхтээхпит. Куоракка биһиэхэ комплектование источниктара буолар 88 тэрилтэни кытта ыкса үлэлиибит, ол тэрилтэлэр докумуоннарын наардыырга, оҥорууга, харайыыга архыып үлэһиттээх буолуохтаахтар.
Уларыйыы-тэлэрийии кэмигэр ааспыт үйэ 90-с сылларыгар үгүс тэрилтэлэр архыыпка туттарбатах дьыалалара элбэх. Онон, дьон-сэргэ биэнсийэлэригэр тахсалларыгар наһаа оҕустараллар. Ол хатыламматын иннигэр билигин үлэ сөптөөхтүк барыахтаах, ити өттүгэр үлэбитин күүһүрдүөхтээхпит, комплектованиены кытта үлэлэһиэхтээхпит. Архыып саамай сүрүн үлэтэ – учуот, харайыы, комплектование. Учуот уонна харайыы – барытын сааһылаан тута сатааһын. Комплектование диэн тэрилтэлэри кытта үлэлэммит докумуоннары көрүү, дьыала оҥоруутун тэрилтэҕэ хайдах барыахтааҕын үөрэтии. Ол барыта биһиги үлэбитигэр саамай сүрүн сорукпут буолар.
Күһүн куорат баһылыга Евгений Григорьев архыып үлэтигэр улахан болҕомто ууран, биһиэхэ анаан кэлэн, көрөн-истэн, кэпсэтэн, сүрүн соруктары туруоран барбыта. Онно бэйэбит толкуйдаабыт уопсастыбаннай бырайыакпытын билиһиннэрбитим, кэпсээбитим. Ол бырайыак ис хоһооно куорат бочуоттаах гражданиннарыгар ананар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ куораппытыгар 31 бочуоттаах гражданин баар. Куорат бочуоттаах олохтоохторо диэн бары биллэр, аатырбыт, куоракка үлэ бөҕөтүн үлэлээбит, улахан кылааттарын киллэрсибит дьон буоллаҕа. Онон кинилэр докумуоннарын биһиэхэ архыыпка ууруохха наада диэтим. “Коллекция личных документов Почетных граждан г. Якутска”. Ол үлэ саҕаланна – докумуоннарын көрөбүт, ылабыт, архыыпка харалтаҕа уурабыт уонна быыстапка оҥоробут. Ааспыт нэдиэлэҕэ ол бырайыакпыт быһыытынан Архыып күнүгэр анаан бастакы быыстапка буолан ааста.
Быыстапкабыт бастакы дьоруойун билиһиннэрэр буоллахха, саха норуотуттан аан бастакынан РСФСР үтүөлээх архитектора, саха архитектуратын саҕалааччыта, П. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Дмитрий Иванович Саввинов. Кини куораппытыгар оҥорбут сүрүн үлэлэриттэн билиһиннэрэр буоллахха: СӨ Бырабыыталыстыбатын дьиэтэ, Олохтоох дьаһалта, Саха тыйаатыра, “Лена” гостиница, “Якутгражданпроект” институт, ЛОРП дьиэтэ, куораппыт олорор дьиэлэрэ, Дьокуускай уонна Ньурба куораттар гербэлэрин ааптара о.д.а.
Быыстапкаҕа Дмитрий Саввинов бэйэтинэн кыттыыны ылбыта сүрдээх долгутуулаах уонна үөрүүлээх этэ. Биһиги бу бырайыакпытын тапталлаах куораппыт 390 уонна Саха АССР 100 сылынан кылааппытын киллэрэр сыаллаах саҕалаатыбыт.
Биһиэхэ куораты, тыа хаһаайыстыбатын, куорат кытыытынааҕы нэһилиэктэри сайыннарыыга дьыалалар харалла сыталлар. Бу оччолорго барыта бырайыагы ааспыт, экспертизаны барбыт, олоххо эрэ киирэллэрэ хаалбыт докумуоннар. Барыта научнайдык дакаастаммыт. Устудьуоннарга, эдэр учуонайдарга наһаа наадалаах докумуоннар. Ол курдук, куорат социальнай сайдыыта, куорат схемата, ууну-хаары ыраастааһын барыта баар. Өссө троллейбуснай линия баар буолуохтааҕын, 100 троллейбуһу ылыахтаахтарын туһунан докумуон 1979 сыллаахха оҥоһуллубут эбит. Маны барытын транспорт хайдах сайдан барыахтааҕын Ленинград бырайыактыыр институтуттан кэлэн анал исписэлиистэр оҥорбуттар. Бу барыта урут кистэлэҥҥэ уурулла сылдьыбыт докумуоннар билигин көҥүлгэ таҕыстылар, олору дьэ саҥа үөрэтэ сылдьабыт. Ол докумуоннар быыстарыгар 200 сыл анараа өттүнээҕи “План областного города Якутска, утвержденный в 1821 году” диэн докумуону булан сөхтүбүт.
Докумуоннарбыт барыта анал температурнай эрэсиимҥэ тураллар, салгына, төһө сииктээҕэ, инчэҕэйэ барыта хонтуруолланар, сурунаалга суруллан иһэр.
Үгэстэн туораабаппыт
Кэпсэтиигэ архыып кылаабынай исписэлииһэ Анна Николаевна Атастырова кыттыһар: “Кэлэктиип дьоно бары биир киһи курдук санаанан үлэлии сылдьабыт. Араас үгэстэри тутуһабыт, сайын хайаан да ыһыах ыһабыт, сахалыы былаачыйаны сайбаччы кэтэн кэлэбит. Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр, сахалыы диктааҥҥа икки төгүл ситиһиилээхтик кытынныбыт, бу үгэспитин салгыыр санаалаахпыт. Декада ыытабыт, национальнай бүлүүдэлэри астаан аҕалабыт. Архыып үлэһитин күнүгэр оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр уруһуй куонкуруһа ыыттыбыт. Күһүн куорат күнүгэр анаан балаҕан ыйыгар #Якутск – близкая вечность…# диэн быыстапка туруорбуппут. Ону куорат олохтоохторо улаханнык сэҥээрбиттэрэ.Үлэбит, былааммыт өссө да элбэх.
Биһиэхэ үлэлэригэр бэриниилээх, киэҥ билиилээх дьон үлэлииллэр. Ол курдук, салайааччыбыт Светлана Афанасьевна Филиппова – СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Гражданскай судаарыстыбаннай сулууспа туйгуна, Айталина Афанасьевна Захарова – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэлээх, СӨ архыып дьыалатын туйгуна, Ольга Николаевна Матаркина – “Гражданскай килбиэн” бэлиэлээх, Варвара Анатольевна Захарова – СӨ архыып дьыалатын туйгуна. Быйыл үлэһиппит Ольга Сергеевна Аксененко култуура министиэристибэтин Бочуотунай Грамотатынан наҕараадаланна. Ити курдук, салайааччыбыт Светлана Афанасьевна улахан дьаһалынан, сатабыллаах салалтатынан архыып ирдэбилин барытын тутуһан, толорон, күргүөмнээхтик үлэлии-хамсыы сылдьабыт.
Толору текст “Киин куорат” хаһыат саайтыгар тахсыбыта: https://kiinkuorat.ru/articles/svetlana-filippova-kistele-e-syldybyt-dokumuonnar-k-lge-ta-ystylar
Биһигини Телеграмҥа ааҕыҥ: https://t.me/kiin_kyorat_gazeta
“ВКонтакте” группабыт: https://vk.com/kiinkuorat