3 года назад 178
Выставка «Кэрэҕэ сүгүрүйэ…»
Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлигэр РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх артистката, саха биллиилээх, чаҕылхай талааннаах ырыаһыта Анастасия Петровна Лыткина 95 сылыгар аналлаах «Кэрэҕэ сүгүрүйэ…» быыстапка үлэлиир.
Анастасия Лыткина Варшава куоракка ыччаттар уонна студеннар аан дойдутаа5ы V фестивалларыгар бүтүн Советскай Союз аатыттан кыттыбыт, саха ырыатын аан дойдуга бастакынан иһитиннэрбит, саха музыкальнай искусствота, культурата сайдарыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит, онон олох олорбут, онон дьолломмут киһинэн буолар.
Анастасия Петровна кулун тутар 22 күнүгэр 1927 с. Алаҕар нэһилиэгэр Чурапчы улууһугар төрөөбүтэ. Тоҕус сааһыттан төрөөбүт улууһугар оскуолатын уус-уран көрүүлэригэр кыттар этэ. Дьиэ кэргэнэ Дьокуускайга көһөн, Пионердар дьиэлэрин иһинэн ырыа уонна үҥкүү ансаамбылыгар дьарыктаммыта. 1940 с. Өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы оҕо уус-уран айымньытын көрүү олимпиадатыгар жюри биһирэбилин ылбыта. Ол кэмҥэ Анастасия Лыткинаны музыкальнай драмтеатрын үлэһиттэрэ – концертмейстер П.К. Розинская, ырыа коллективын салайааччыта М.Н. Жирков, хормейстер В.П.Попов – бэлиэтии көрөн, 1943 с. театрга хор артыыһын үлэтигэр ыҥырбыттара. 1944 с. Свердловскайга М. Мусоргскай аатынан Ураллааҕы государственнай консерваторияҕа үөрэнэ барбыта. Консерваторияны 1949 с. үөрэнэн бүтэрбитэ.
Анастасия Лыткина толорбут партиялара: Туйаарыма Куо («Ньургун Боотур» М.Н. Жирков, Г.И. Литинский), Татыйык («Хотугу сибэкки», Г. Григорян), Ньургуһун («Лоокуут уонна Ньургуһун», Г. Григорян), Саргы («Манчаары туһунан тойук», Г. Комраков, Э.Алексеев), Гюльчохра («Аршин мал Алан» У. Гаджибекова), Наташа («В Бурю» Т. Хренников), Софья («Галька», С. Монюшко). Ыллаабыт ырыалара: «Эҕэрдэ ырыата» (З. Винокуров мел., С. Данилов тыл.), «Лена биэрэгэр» (З. Винокуров мел., Н. Сергеев тыл.) «Чуумпу киэһэ» (Г. Комраков мел, С.Тарасов тыл.), «Тупса тур, Дьокуускай» (Г. Комраков мел., М. Тимофеев тыл.) о.д.а.
Быыстапка СахаАССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананар. Быыстапкаҕа турдулар түмэл фондатыттан А.П. Лыткина кэнсиэргэ кэппит платьята, хаартыскалара, грампластинкалара, кэнсиэр программалара уонна бэйэтэ тутта сылдьыбыт маллара.
Бу үөрүүлээхт тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар Анастасия Петровна Лыткина сиэн быраата, государственнай-гражданскай сулууспа ветерана, Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгин бочуоттаах гражданина Валерий Васильевич Лыткин, кини кэргэнэ «Сайдам» кинигэ издательствотын директора, бочуоттаах меценат Марфа Петровна Лыткина, аймаҕа Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа,үлэ ветерана Иннокентий Алексеевич Лыткин, сиэнэ Антипин Юрий Петрович кэргэнинээн Александралыын, балыс оҕото Наталья Дмитриевна Платонова, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Татьяна Афанасьевна Гоголева уонна Ытык Бахсы, Алаҕар олохтоохторо.
Быыстапка муус устар 16 күнүгэр дылы туруоҕа. Күндү Дьокуускай куорат олохтоохторо уонна ыалдыттара Анастасия Петровна Лыткина олоҕун уонна айар үлэтин сырдатар, кэрэһилиир быыстапкабытын кэлэн көрүҥ диэн ыҥырабыт!