7 часов назад 232
Бастыҥ олоҥхоһуттарга — анал ааттар, истипиэндьийэ, бириэмийэ
Олоҥхо күнүгэр бастыҥ олоҥхоһуттары наҕараадалаатылар. Ол курдук, Ил Дархан анал истипиэндьийэтин Туоһу суруктарын Сунтаартан Владимир Данилов, Чурапчыттан Сусанна Лазарева, Дьокуускайтан Любовь Платонова, Мэҥэ Хаҥаластан Гаврил Спиридонов, Дьааҥыттан Мария Стручкова, Тааттаттан Людмила Цой туттулар.
Олоҥхо дэкээдэтин тэрийэр кэмитиэт анал ааттарын ыллылар:
«Олоҥхону бастыҥ толорооччу» — Аксинья Степанова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Г.Г. Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин исписэлииһэ, быйылгы “Олоҥхо-баттл” телевизионнай куонкурус кыайыылааҕа;
«Олоҥхоҕо бастыҥ уһуйааччы» — Мария Афанасьева, Сунтаар улууһун Кутана оскуолата, эбии үөрэхтээһин педагога;
«Олоҥхо мецената» — Владимир Егоров, “СӨ үүнэр көлүөнэтэ” тус сыаллаах пуонда генеральнай дириэктэрэ;
«Олоҥхону бастыҥ тарҕатааччы» — Галина Попова-Санаайа, к.п.н., Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет бэрэпиэссэрэ;
Олоҥхо иккис 10 сылын бэлэмнээн ыытыыга СӨ национальнай тэрийэр кэмитиэтэ 2024 сыл түмүгүнэн оҕолорго бастыҥ олоҥхоһуттары ааттаата:
Александров Дамир (Сунтаар улууһун Кутана оскуолата);
Максимова Сайаана ( Чурапчы улууһун Болтоҥо оскуолата);
Дмитриева Күннэй (Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх оскуолата);
Суханов Айаал (Бүлүү улууһун Тааһаҕар оскуолата);
Иванов Арсен ( Уус Алдан улууһун Тулуна оскуолата).
Олоҥхо ассоциацията саамай элбэх оҕону олоҥхоҕо уһуйбут Таатта улууһун “Олоҥхо” ассоциациятыгар (сал И.А. Сивцева) бэйэтин бириэмийэтин туттарда.
Уус-уран театральнай кэлэктииптэр, норуодунай тыйаатырдар уонна Олоҥхо дьиэлэрин ортолоругар ыытыллыбыт “НОО!” өрөспүүбүлүкэтээҕи театральнай I бэстибээл бириэмийэтин лауреаттарынан буоллулар:
“Омуннаах олоҥхо уһулуччу испэктээгэ” – Ньурбатааҕы култуура уонна норуот айымньытын киинин иһинэн үлэлиир Олоҥхо дьиэтин «Оҕо Дьулаах Бухатыыр» олоҥхо-испэктээгэ (сал. Розалия Тихонова).
“Режиссер кылаан чыпчаал үлэтэ” – Данил Осипов, “Хорсун-хоодуот Хатан Боотур” олоҥхо-испэктээк (Мэҥэ Хаҥалас улууһун Д.Ф. Ходулов аатынан Норуот айымньытын дьиэтэ);
“Кыраҕы харахтаах дьүһүйээччи” – Саргылаана Кириллина, “Сыанаканан сыһыылаах, холуопканан хонуулаах Сылгы уола Дыырай Бэргэн” олоҥхо-испэктээк (Амма улууһун У.Г. Нохсоров аатынан Абаҕатааҕы духуобунас киинин иһинэн үлэлиир норуодунай тыйаатыр);
“Олоҥхо таҥаһын таба көрөөччү” – Надежда Сабарайкина, “Ньургун Боотур” олоҥхо-испэктээк (Таатта улууһун П.В. Толстяков аатынан Чөркөөхтөөҕү норуодунай тыйаатыр);
“Бастыҥ Айыы бухатыыра” – Анатолий Иванов (“Айдааннаах айаннаах, ала буурай аттаах Мохсоҕоллой Боотур” олоҥхо-испэктээк (Үөһээ Бүлүүтээҕи Олоҥхо дьиэтэ);
“Олоҥхо дойдутун кэрэ куота” – Христина Осипова, “Ыас хара аттаах, күүстээх-уохтаах Толлуман Бухатыыр” олоҥхо-испэктээк (Бүлүү улууһун “Тааһаҕар олоҥхоһуттара” театральнай кэлэктиип);
“Адьарай бииһин атамаана” – Константин Третьяков, “Сыанаканан сыһыылаах, холуопканан хонуулаах Сылгы уола Дыырай Бэргэн” олоҥхо-испэктээк (Амма улууһун У.Г. Нохсоров аатынан Абаҕатааҕы духуобунас киинин иһинэн үлэлиир норуодунай тыйаатыр);
“Холобур буолар холонон көрүү испэктээгэ” – “Дьорҕостой Бэргэн” оҕолорго аналлаах олоҥхо-испэктээк ( Хаҥалас улууһун Өктөм орто оскуолатын театральнай кэлэктиибэ, сал. Т.А. Давыдова, А.Д. Яковлева);
“Түөлбэ уратытын көрдөрөр бастыҥ испэктээк” – “Торгандуун Маатаа” (Анаабыр улууһун М.П. Решетникова аатынан Сааскылаах норуодунай тыйаатыра, сал. М.М. Зыкова);
“Төрүт дорҕоону тарҕатааччы” – “Эйгэ”, “Чэмэлэкэ” театральнай кэлэктииптэр, “Очуллаан-Чочуллаан” олоҥхо-испэктээк ( Амма улууһун Е.Захарова аатынан Култуура киинэ);
Бу күн Олоҥхо дэкээдэтин арыйар үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ мустубут бар дьону олоҥхону үйэтитиигэ уонна тарҕатыыга үлэлэһэр, өйүүр, көҕүлүүр уонна суолдьут сулус курдук салайан иһэр бас-көс дьоммут кэлэн эҕэрдэлээтилэр.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников:
— Олоҥхо дэкээдэтин бырагыраамата олус киэҥ хабааннаах. Хас биирдии тэрилтэттэн, үөрэх кыһатыттан саҕалаан, олоҥхоҕо аналлаах тэрээһиннэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытылла тураллар. Бүгүн төһөлөөх элбэх нэһилиэккэ олоҥхону истии буолбута буолуой? Ити буолар норуоппут сүппэт баайа, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр сүдү күүһэ, олоҥхо тыыннаах буолуутун туоһулуур көстүү.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков:
-Олоҥхо уонна ыһыах быстыспат ситимнээхтэр. Сахалар элбэхтик көччүйбэтэх, көрү-нары эккирэппэтэх, олох туһугар тардыспыт омукпут. Бу дьалхааннаах кэмҥэ ыһыахпытын утарыах курдук саҥартыыр, көр-күлүү курдук өйдөөччүлэр көстүтэлииллэр. Ыһыах төрүт сүнньэ – олоххо тардыһыы, ол туһугар үрдүкү Айыылартан көрдөһүү сиэрин-туомун тутуһуу. Онон төһөнөн олох ыарыыр да, соччонон төттөрүтүн саха көмүскэнээри, арчыланаары, ыһыах ыһар үгэстээх.
Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев:
-Быйыл Олоҥхо тыйаатыра Индия былыргы драматура, поэта Калидаса “Шакунтала” поэматынан “САХААНТАЛА” диэн олоҥхо-испэктээги туруорбута. Ону Индия премьер-миниистирэ бүтүн аан дойдуга бэлиэтээн эттэ, махталын биллэрдэ. Бу буолар олоҥхобут биһиги омук быһыытынан баарбытын киэҥ эйгэҕэ таһаарар күүһэ-кыаҕа. Ол иһин ыччаппытын олоҥхоҕо уһуйа, “Ноо!” дии туруохха.
Ил Дархан сүбэһитэ Андрей Борисов:
-Олоҥхобут дэкээдэтэ Агафья Еремеевна Захароваҕа ананар. Оччотооҕуга Парижка, 19 сыл анараа өттүгэр, ЮНЕСКО биһиги олоҥхобутун киһи аймах чулуу айымньытынан бигэргэтэригэр, онно турууласпыт Александр Жирков, Василий Иванов, Елизавета Сидорова, Евгения Михайлова уонна Агафья Захарова, кэлэр кэми көрөрдүү, бу сырдаан тураллара мин харахпар хатанан хаалбыт. Кырдьыга да, Агафья Еремеевна научнай үлэлэригэр, ыстатыйаларыгар наар суруйара — “закодированные послания через века” диэн. Ол аата олоҥхоҕо, саамай сүрүнэ, итэҕэлбит баар.
Андрей Саввич тутулла турар Эпос киинин угуйугун көрдөрбүтүгэр, саала иһэ ытыс тыаһынан хабылла түстэ. Чахчыта да, норуоппут сүппэт-симэлийбэт дьылҕатын түстүүр дыбарыас дьэндэйэн эрэр эбит, доҕоттоор!
Дьоро киэһэ Хаҥалас улууһун Өктөм оскуолатын үөрэнээччилэрин толорууларыгар «Дьорҕостой Бэргэн» диэн аныгылыы тыыннаах олоҥхо-испэктээгинэн түмүктэннэ.
Бастакы хаартыска А.Сорокин, онтон атына Михаил Эверстов-Соргу түһэриилэрэ.