Ойуунускайга анаан уһуллубут роликтар - Блоги Якутии

3 дня назад 673

Ойуунускайга анаан уһуллубут роликтар

Бүгүн халандаарга 11.11. чыыһыла. Сэтинньи 11 күнэ. Улуу убайбыт Ойуунускай төрөөбүтэ 131 сылын туолла. Барытыгар “1” сыыппара баарын курдук, кини үйэлэр тухары бастакы уонна бастыҥ буола туруоҕа.

Бу бэлиэ күҥҥэ, үгэс курдук, дьон кини пааматынньыгар тоҕуоруһа муһунна, мэҥэ бэлиэтигэр сибэкки дьөрбөтүн ууран сүгүрүйдүлэр, ахтан-санаан аастылар.

Оттон биһиги бүгүн Платон Алексеевич Слепцов-Ойуунускайга анаммыт уонна кини бэйэтэ суруйбут айымньыларыгар оҕолор уонна устудьуоннар устубут роликтарын таһаарабыт. Көрүҥ, үлэҕитигэр, үөрэххитигэр туһаныҥ.   

1983 сыллаахха «Эдэр коммунист» хаһыакка Багдарыын Сүлбэ «Мотуруоһа эмээхсин кылаата» диэн ыстатыйата тахсыбыта. Онно кэпсэнэринэн, Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгин олохтооҕо Матрена Михайловна Тимофеева өлбүтүн кэннэ, кини өрүү күлүүһүнэн хатыы сылдьар хоһун аһан киирбиттэрэ, сундуук турар эбит. Ол иһигэр ыраас өрбөххө туох эрэ кичэллээхтик сууланан сытарын арыйан көрбүттэрэ – Ойуунускай «Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо» олоҥхото эбит.

Ол туһунан сэһэргиир “Мотуруоһа кылаата” кинигэни Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу оскуолатын учуутала Сардаана Николаевна Васильева бэлэмнээн таһаартарбыта. Үөрэнээччилэрэ Павлов Сайаан, Жулияна Яковлева, Саша Егоров, Павлов Милан, Таныков Владик “ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы” буктрейлер күрэҕэр бу кинигэни билиһиннэрэр ролигынан кыттыбыттара. Оператор – Льюс Баретто.

Оттон бу “Доҕорбор Сүөкүччэҕэ” ролигы  Дьокуускай куорат Т.Г. Десяткин аатынан Бырамыысыланнай техникумун иһинэн үлэлиир “Альтаир” театральнай устуудьуйа оҕолоро оҥорбуттара. Салайааччылара Ольга Михайловна  Яковлева устудьуоннарын актер маастарыстыбатыгар бэркэ уһуйар буолан, бэйэлэрэ киинэ да устар кыахтаахтар, артыыс үөрэҕэр да туттарсыахтарын сөп курдук.

Ыраах Дьааҥы улууһун Эҥэ оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччилэрэ Бурцева Снежана, Тихонов Кирилл, Бурцева Нарыйа, Бурцев Ньургун норуодунай поэт Сэмэн Данилов “Ойуунускайдыын  кэпсэтии” хоһоонугар видеопоэзияларын көрүҥ (сал. Е.П. Заровняева). 

“Өрүөл кэриэһэ”. Бары нойосуус билэр хоһооммут. Бу хоһоону ити кыргыһыы буолбут Амма сириттэн, Сатаҕай нэһилиэгиттэн, Айаал Лукин өйтөн ааҕар (сал. Скрябина Христина Егоровна, Егорова Раиса Романовна).

Санатан эттэххэ, бу роликтар СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ “Саха сирин култуурата” айар холбоһугу кытта кыттыгас “ҺӨҔҮҤ “диэн саха тылын көҕүлүүр бырайыактарын чэрчитинэн ыытыллыбыт буктрейлер уонна видеопоэзия куонкурустарыгар киирбиттэрэ.

Добавить комментарий