Эрэл көмүс далаһатын устун... - Блоги Якутии

2 недели назад 866

Эрэл көмүс далаһатын устун…

         “Олох суолун хайыһар трассатыгар холуохха сөп. Биир түгэҥҥэ старт бэриллэр уонна ханна эрэ хайаан да биэтэгэ кэтэһэр. Трасса түһүүтэ-тахсыыта суох буолбат, сыырдары дабайыылаах, иҥнэри сирдэринэн ааһыылаах, хабылык-халтархай хаардардаах”.

Итинник диэн киирии тылтан – олох уонна хайыһар суолун тэҥнии тутан  хоһуйууттан саҕаланар – өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр хайыһардьыт, 9 төгүллээх чөмпүйүөн, Саха сирин спордун сайдыытыгар сүҥкэн өҥөлөөх Анастасия  Семеновна Михайлова туһунан “Эрэл көмүс далаһата” диэн кинигэ.

         Бу кинигэ биһирэмэ, бар дьоҥҥо билиһиннэриитэ сэтинньи 1 күнүгэр Национальнай библиотека историческай саалатыгар буолан ааста. Киһи бөҕөтө кэлбит.

Тыл эппит дьон бары: “Син балачча халыҥ кинигэни биир тыынынан аахтыбыт”, – диэн бэлиэтээтилэр.

Ол, бастатан туран, Анастасия Семеновна куруук күлэ-үөрэ сылдьар  сайдам-сайаҕас майгытын курдук, кинигэтэ эмиэ ааҕарга олус чэпчэкитик  суруллубутуттан. Этэргэ дылы, хайыһары кэтэн баран анньынныҥ да, тохтообокко бара турарыҥ курдук, бииртэн биир сонун, ханан да хатыласпат  ахтыылар утум-ситим солбуһан кэлэн иһэллэр. Олор бары холбоон, киһи дьылҕатын туһунан уочарка аҥаардаах айымньы буолан тахсыбыт. Бүтүн роман. Ситиһиигэ көҕүлүүр мотивационнай кинигэ да диэххэ сөп. Ону аҥаардас аата да кэрэһилиир – “Эрэл көмүс далаһата”. Олох араас тургутууларыгар киһи ыгылыйбакка, ыксаабакка, ыһыллыбакка, ЭРЭЛ көмүс далаһатын устун чиҥник үктээн, иннин хоту баран иһиэхтээҕин туһунан.

“Бу кинигэни Настя миэхэ балыыһаҕа сытар кэммэр аҕалан биэрбитэ. Оруобуна бириэмэтигэр ананан кэлбит кинигэ курдук этэ. Санаа баттала буола сылдьар кэммэр ааҕан бараммын, Эдьиийим олоҕор араас ыараханы – тапталлаах кэргэнин ыарыытын, хара санаалаахтар ньүдьү-балай балыырдарын – намчы бэйэлээх санныгар сүгэһэр оҥосто сылдьыбытын, хайдах курдук күүстээх санаатынан ону кыайбытын, мындыр өйдөөх, истиҥ доҕоттордоох, таптыыр дьиэ кэргэннээх буолан, барытын аһарыммытын ааҕан бараммын, мин эмиэ кини курдук тулуйуохтаахпын, санаабын сааһыланыахтаахпын, чугас дьонум, оҕолорум, сиэннэрим, аймахтарым туһугар салгыы олоруохтаахпын диэн бигэ санааны ылыммытым”.

Бу балты тэҥэ күндү киһитэ суруйбут. Анастасия, чахчы, күүстээх санаалааҕын аҥаардас бу 2015 сыллааҕы хаартыска да туоһулуур: СӨ спордун министиэристибэтин иһинэн тэрилтэлэр салайааччыларын кэккэлэригэр Анастасия соҕотох Далбар Хотун буолара.


Дьэ, ити курдук бу күн Анастасия Семеновна үтүө хаачыстыбаларын, оҥорбут өҥөтүн, олоххо ситиһиитин, таһаарыылаах үлэтин, киһи быһыытынан килбиэнин бэлиэтээн, элбэх киһи истиҥ үтүө тыллары киниэхэ анаата. Итиэннэ бары кинигэни суруйбут уонна бэлэмнээн таһаарбыт Зинаида Архиповаҕа махталларын биллэрдилэр.

Кинигэ тыла-өһө киһи дууһатын кылын таарыйар ураты хомоҕойун, тас көстүүтүттэн да сырдыгынан сыдьаайарын, бу матырыйаалынан киинэ сценарийа суруллуон сөбүн эттилэр, кинигэни ахтыы хомуурунньугар кубулуппакка, сайдан баран иһэр сюжеттаах айымньы курдук тиһэн таһаарбытын хайҕаатылар.

Өссө биир кэрэхсэбиллээҕэ, бу кинигэҕэ иһинээҕитэ диэн суох. Ол оннугар олоҕун суолун хайыһар трассатын курдук ойуулаан көрдөрбүттэр уонна онно сүрүн түгэннэри бэлиэтээбиттэр.

Чахчыта да, манна ким суруйбута суолталаах буолбатах эбээт, сүрүнэ – кинилэр ахтыылара Анастасияны киһи, доҕор, ийэ, кэргэн, эдьиий, балты, спортсмен, салайааччы быһыытанан арыйарга аналлаахтар.

        Ол иһин кинилэр уонна ааптар кэпсээннэринэн тыа сирин 10 оҕолоох ыалын кыыһа, ситиһиилээх киһи буолаары, үөрэҕи батыһан, дойдутуттан тэйэн, хайыһар суолугар туран,  элбэх харгыстары туораан, кыайыыга дьулуспутун, алтыспыт дьонуттан уонна көрсүбүт араас түгэннэриттэн үчүгэйин эрэ бэйэтигэр ылынан, үүнэн-сайдан испитин туһунан умсугуйа ааҕаҕын уонна кинигэ дьоруойунан киэн туттаҕын,  холобур оҥостоҕун.

         Бу кэннигэр хаалбыт хайыһар трассатын курдук олоҕун суола аны мантан ыла көнө, киэҥ уонна өссө үрдүк чыпчаалга тахсар дабайыылаах буоллун!

ТЭРЭЭҺИН ТҮГЭННЭРИТТЭН

Презентацияны иилээн-саҕалаан ыыппыт суруналыыс Анисия Иевлева, Анастасия Семеновна кэргэнэ, көҥүл тустууга уонна хапсаҕайга спорт маастара Анатолий Михайлов, кинигэ ааптара Зинаида Архипова.
СӨ спордун миниистирэ Леонид Спиридоновтыын
Анастасия Михайлова дьиэ кэргэнэ
Аанньал тэҥэ дьүөгэлэрэ – сибэкки кыргыттара
Кинигэ сүрэхтэннэ – кыһыл лиэнтэ быһылынна!
Кэргэнэ Анатолий Михайлов аймахтара
Төрөөбүт Уолбатын дьоно
Ытыктыыр тренерэ Г.К. Дьячковскай кэргэнэ Анна Степановна уонна Лөгөй спортивнай оскуолатыгар бииргэ үөрэммит доҕотторо
“Сардаана” спортивнай кулууп художественнай гимнастикаҕа уһуйуллааччылара (сал. Зоя Павлова)
СӨ хайыһарга федерациятын аатыттан Екатерина Никитина эҕэрдэлиир
“Азия оҕолоро” оонньуулар аккредитационнай хамыыһыйатыгар бииргэ үлэлээбит Филипп Пестряков кинигэ туһунан санаатын үллэстэр
“Урожай” уопсастыбалар: Михаил Друзьяновтыын
Хайыһарга дьарыктаабыт кыргыттара
Спорт адаптивнай көрүҥнэригэр киин кэлэктиибэ. Анастасия бу тэрилтэ бастакы дириэктэрэ
Дьахталлар хамсааһыннарыгар өрүү көхтөөхтүк кыттар
Мойохоостор төрүччүлэрин үөрэппит ытыктыыр күтүөтэ Афанасий Николаевич уонна кини кэргэнэ Антонина Степановна Дьяконовтар
Көмө-тирэх буолбут дьонугар өрүү махталлаах. Жулары кытта.
Спорт аргыстаах доҕоттор көрсүһэр түгэннэрэ
Спорт сайдыытын туһугар туруулаһар биир идэлээхтэрэ
СӨ физкультуратын уонна спордун үтүөлээх үлэһитэ, РФ физкультуратын уонна спордун туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына Анастасия Михайлова

  Михаил Соргу түһэриилэрэ.

 

Добавить комментарий