Киинэ устуута саҕаланна - Блоги Якутии

3 месяца назад 1464

Киинэ устуута саҕаланна

Өрөбүлгэ Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр Трудовойугар барыахтаах этибит. Мэйиктэн биһигини ыла кэлэ испит массыынабыт Горнай Аһыматыгар чугаһаан иһэн алдьанан хаалбыт. “Хата, кэлэн иһэн алдьаммыт, баран иһэн алдьаммыта буоллар, куһаҕан буолуо этэ”, – дэстибит.

Оскуола дириэктэрэ Николай Анисимович Саввинов, бэйэтинэн саппаас чаас булан, түүннэри кэлэн оҥорбуттар. Онон сарсыныгар күнүс биир чаас диэки Дьокуускайтан хоҥуннубут. Оҕону таһар микроавтобус. Аара Горнай Маҕараһыгар тохтоон аһаатыбыт.

Мин нухарыйбыппын. Биирдэ уһуктубутум, массыынабыт турар, уолаттар бары тахсан үмүөрүспүттэр. Ону түннүгүнэн көрөбүн: таһырдьа күһүҥҥү хараҥа сатыылаабыт, уолаттар сүүстэригэр кэппит банаардара, төлөпүөннэрэ эрэ сырдыыр. Массыына хаҥас өттүнэн аллара киирэн хасыһаллар. Ааһан иһэр массыыналар тохтоон ыйыталаһаллар, ордук улахан массыыналар туоһулаһан ааһаллар. Оттон саха уолаттара тохтоотулар да, тута оҥорсубутунан бараллар. Сомоҕолоһуу диэн манна баар эбит – суоппардарга. Тыйыс айылҕабыт үөрэттэҕэ.

Саҥа саппаас чаас таһааран, холбуу сатыыллар да, соччо сөп түбэспэт быһыылаах. Тыйаатыр уолаттара көрөн турбаттар, тэбис-тэҥҥэ оҥорсубутунан баралларын сөхтүм. Артыыс Павел Ченянов, гафер Валерий Винокуров (киинэ уотун-күөһүн режиссёра) олох профессионал курдуктар. Суоппар Эдуард Иванов, мичээрдии-мичээрдии, уолаттары көрөр. Артыыс уолаттар барахсаттар тыаттан төрүттээхтэрэ биллэр, барытыгар дьоҕурдаахтар, артыыспыт диэн көрөн турбакка, барытыгар харса суох ылсан иһэллэрэ үөрдэр.

Икки тэрилтэн биири таҥнылар да, массыына үлэлээбэтэ. Зоя Петровна Багынанова биһиккини массыына тохтотон ыыттылар.

Дьөккөн диэн дэриэбинэҕэ тиийдибит. Онно икки пассажирдар түстүлэр. Биирдэһэ саҥа аллайар: “Эн Зоя Багынановаҕын дуо? Куоласкыттан биллим”, – диир.

Суоппарбыт биһигини Хампаҕа аҕалла. Онно эдэр артыыстарбыт Сандааралаах Васяны көрсөн, Култуура дьиэтин дириэктэрэ Антонина Сухановаҕа тиийдибит. Кини урут оҕо сылдьан Зоя Петровналаах куукула тыйаатырын оонньуутун көрдөрбүттэриттэн умсугуйан, сөбүлээн, бэйэтэ куукуланан дьарыктаммыт. Идэ оҥостон, айанныы сылдьар «Дьоллоох оҕо саас» диэн  куукула тыйаатырын төрүттээбит эбит. Сырдык хааннаах бааһынай далбар хотун үөрүү-көтүү бөҕө буолла, сонно алаадьы буһаран сырдьыгынатан аһатта. Ийэтэ биллэр норуот эмчитэ Раиса Варламова-Хатан олохтон туораабытын кэннэ, аҕатын дойдутугар Ингушетияҕа, онтон Чечняҕа баран кулуупка үлэлээбит. Онно аатын уларыттаран, Суханова Тамила Микаиловна диэн буолбут. Билигин дойдутугар төннөн, Хампа Арыылаах нэһилиэгин «Эрэл» норуот айымньытын киинин салайааччытынан үлэлиир эбит.  Артыыс үлэтэ, чахчы, умсугутуулааҕын Тамила дьылҕатыгар көрөбүт. Зоя Петровна киниэхэ ол кыымы сахпыт үтүөлээх эбит. Ол иһин олус истиҥник үөрэн көрүстэ.

Кыратык сытан сынньанан ыллыбыт. Аны массыынабыт оҥоһуллан, дьоммут тиийэн кэллилэр. Хата, Хампабыт суоппара сүбэлээн, боруобаты быһа холбоон, массыынаны өрөмүөннээбиттэр. Бэнсиини мотуорга хачайдыыр тэрилэ алдьаммыт. «Саха сатаабатаҕа суох» диэн этии оруннааҕын онно биллим.

Үөһээ Бүлүүгэ биэрэккэ алта чааска кэллибит.

Сэттэҕэ маҥнайгы паромунан эбэни туораан, Трудовойбутун 10 ч диэки буллубут. Суоппар Эдуард Ивановка, оскуола дириэктэрэ Николай Анисимович Саввиновка махтанабыт. Итинник мүччүргэннээх түгэҥҥэ этэҥҥэ айаннаан кэлбиппитигэр. Суоппарбыт кэргэнигэр эппит: «Куорат икки баабыската итиччэ уһун түүннэри айаҥҥа биирдэ да сылайдыбыт диэн тылы эппэккэ кэллилэр», – диэн. Кырдьык, эдьиийим Зояҕа, 82 саастаах киһиэхэ, айан ыарахан буолуо, оттон мин киниттэн уон сыл балыс киһи буоллаҕым. Итиччэ массыына ыытаннар аҕалалларыгар махтанар эрэ буоллахпыт, хайаан хомуруйуохпутуй?!

Зоя Петровна 60 сыл артыыстаан, айан бөҕөҕө, сороҕор атынан, сороҕор тыраахтарынан, үксүн грузовой массыына кузовыгар олорсон сырыттаҕа. Онон үөрүйэх.

Трудовойбутугар икки утуйар куорпуһу, остолобуойу бэлэмнээбиттэр, сып-сылаас. Былырыын сылдьыбыт буолан, эдьиийим биһикки олох дьиэбитигэр кэлбит курдук сананныбыт. Аспытын аатырбыт оһуохайдьыт, култуура улуустааҕы салалтатын салайааччыта Сахайта Мойтохонова бэлэмнээбитин ылан кэлбиппит.

Кэлээт да, сытыахпыт дуо, аччык дьону аһатаары, ас буһарар түбүгэр түстэхпит дии.

Манна Давыдов Данил олорор, оҕо лааҕырын көрөр-истэр. Биһигини үөрэ-көтө көрүстэ. Остолобуой улахан электрическэй билиитэтин хайдах холбууру көрдөрдө. Аспытын буһара охсоммут, ону хабыалаат, оҕолор киинэлэрин уста ыстаннылар, бириэмэ ыгым.

Киинэни ханан устуохха сөбүн оҕолор быһааралларын истэн, Данил Давыдов массыынатынан тиэйэ сылдьан ыйан биэрэр, сирдиир. «Кырдьаҕас киһибин», – диир. Туоһуласпытым, олох да мин оскуоланы бүтэрэрбэр икки саастаах оҕо эбит. Артыыстары кытта алтыһан, бэйэтэ да сэргэхсийэн мичээрдии сылдьар.

Биһиги астарын бэлэмнээт, Зоя кийиитэ Марианна Уйгуров Николай диэн быраатын УАЗ-игынан Далырдаатыбыт. Уйгуров өссө урут «Кыйаар мохсоҕоллоро» диэн киинэ уһулларыгар көмөлөспүт, бэйэтэ киһиргэс тустуук оруолун бэркэ оонньообута. Ол иһин Марианна: “Кэлэн көмөлөс”, – диэн ыҥырбыт эбит. Тугу барытын сатыыр көмүс илиилээх.

Далырга идэтийбит циркачтары бэлэмнээбит Ефросинья Егоровна Софронова туһунан суруйар сорудахтаахпын. Кини дьиэтэ урукку интэринээт оннугар баар эбит.

Кэпсэтэн баран, улахан убайбыт Василий Петрович Багынанов кыыһа Татьяна дьиэтигэр, артыыска Сандаара дьонугар, бардыбыт. Үс мас бүтэй күрүө быыһынан кыбылла-кыбылла киирэ сатыы турдахпытына, күтүөт Николай тахсан, күрүөтүн аһан киллэрдэ. Балтыбыт Татьяна куоракка кыргыттарыгар барбыт. Күтүөт Николай Федотов соҕотоҕун олорор.

“Дьэ, күтүөт да күтүөт!” диэн астынабыт. Бэйэтэ Боотулууттан төрүттээх. Соторутааҕыта Боотулууга саҥа оскуола тутуллан, үөрүүлээх аһыллыыта буолбута. Онно Хотугу Осетия хомуньуустарын баартыйатын салайааччыта Кюльчиев Маркс диэн киһи эҕэрдэ ыыппыт. Кини Благовещенскайга тыа хаһаайыстыбатын үнүстүүтүгэр Федотов Николайдыын бииргэ үөрэммиттэр. Оччолорго Сэбиэскэй Сойуус хайа баҕарар муннугуттан араас омук кэлэн үөрэнэрэ. Баардаах буолан, Кюльчиевы куурус ыстаарыстата оҥордохторо.  Эҕэрдэтигэр Николайбытын “куурус дууһата, кута, үөрэх туйгуна” этэ диэбит уонна итинник үчүгэй устудьуону, үлэһити иитэн, үөрэтэн таһаарбыттарын иһин Боотулуу оскуолатын учууталларыгар ис сүрэҕиттэн махтаммыт уонна саҥа оскуола аһыллыытынан эҕэрдэ эйэҕэһин ыыппыт. Николайы үөрэппит кырдьаҕас учууталлар төһө эрэ үөрдүлэр. Олох атын, Кавказ омук киһитэ, саханы хайҕыыра наһаа үчүгэй буоллаҕа. Николайы устудьуон да, исписэлиис да, улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын да быһыытынан дэгиттэр үчүгэй диэн хайҕаабытын кытта сөбүлэһэбин.

Николайдаах 5  кыыстаахтар, олору батыһыннара сылдьан оттуур, дьиэ ис-тас үлэтин оҥорор, оннооҕор бултууругар кытта илдьэ сылдьар эбит. Оннук айылҕаҕа сырытыннаран, үлэҕэ үөрэтэн иитэн, кыргыттара бары үрдүк үөрэхтэнэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Саамай кырата Сандаарата былырыын Москваҕа Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищены туйгуннук үөрэнэн, кыһыл дипломнаах бүтэрэн, билигин Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын биир кэрэ эдэр артыыската.

Николай ынах этэ бэрсэн, артыыстарбытын саха миининэн аһаттыбыт. Кэлэрбитигэр эмис чыыр бэрсэн, кыһан, строганина сиэтибит. Онон олох маладьыас диэн үөрэбит.  

Аны ыксалга буолан, көстүүмнээх чымыдааны умнан ылбакка, героинябыт таҥаһа суох буолан ыксата сырытта. Сандаара аҕатын ыҥыран, Далырга тиийэн, таҥас көрдөөн була оҕуста, сороҕо “Трудовойтан” көһүннэ. 50-с сыллардааҕы таҥас-сап билиҥҥиттэн уратылаах бөҕө буоллаҕа. Оччолорго уолаттар бары кэриэтэ түөһүгэр, көхсүгэр сиэрэй таҥас киллэһиктээх, иннинэн тимир сомуоктаах хара кууркалаах буолаллара. Ону билигин хантан булуоҥуй? Хата, Зоя Петровна дьүөгэтэ, Тааттаттан төрүттээх норуот маастара Люция Степановна Кривошапкина таҥас быстаҕастарыттан тикпитин кылаабынай дьоруой кэттэ. Уобараһын, ол кэминээҕи тыыны сыччах ити куурка толорутук тиэрдэр.

Оҕо сылдьан Тиитэби итинник кууркалаах сылдьарын көрөрүм. Ону Васильева Нюта диэн оччотооҕуга оскуола оҕото тикпит эбит. Люция Степановнаны наһаа сөҕөбүн. Тыйаатыр куттаах, хоһоон тапталлаах далбар хотун диэн. Урут Алампа тэрээһинин ыыппыппытыгар, 4 артыыскаҕа буор-босхо сахалыы былаачыйа тикпитэ.

Мас тыыны Уйгуров Николай Мэйиктэн тиэйэн аҕалбыта абыраата. Онно сүрүн дьоруойдарбыт хатааһылыыр сыаналара уһулунна. Оттон кыыс акка олоруохтаах. Аты Далыртан буллубут. “Киэһэ биэскэ кэлээр”, – диэбиттэрин, сылгыһыппыт сарсыардаттан кэлэн олох бэлэм. Сандаара билэр мииммит ата эбит, ол иһин тута олордо.

Уопсайынан, дойдубут дьоно барахсаттар көх-нэм буолан, ис сүрэхтэриттэн кыһаллан көмөлөһө сылдьаллара киһини үөрдэр. Артыыстар да сүргэлэрэ көтөҕүллэн оонньууллар.

 Сылгыһыппыт Тарасов Володя диэн Тарасов Сэргэй кыра уола эбит. Мин Толя диэн убайын, кыра убайым Павел кини Кеша диэн убайын кытта оскуолаҕа биир кылааска үөрэммиппит. Оттон Володя биһиги балтыбыт Альбиналыын бииргэ үөрэммиттэр. Володя бэрт сэргэх киһи буолбут, кэпсиирэ элбэх. Убайым доҕоро Кеша барахсан ковидтан бараахтаабыт. Үйэтин тухары кэргэнинээн, Далыр биир кэрэ кыыһа Нюталыын, Мииринэйгэ олорбуттара, оҕо-уруу, сиэн баһаам дьоно. Кеша авиатехник идэлээх этэ.

Эдьиийим Зоя дьүөгэтин Маруся уола Славик көрсөн, бичиэнньэ астаабытын “артыыстары аһатыҥ” диэн биэрдэ. Барахсан анаан-минээн буһарбыт.

Оһуохай тылын этээччи Егоров Захар уола Дима хамсыы сылдьар собонон күндүлээтэ. Ону ыһааран сырылатан, артыыстарбытын аһаттыбыт. Егоров Захары оһуохайга биһиги аҕабыт Петр Багынанов үөрэппит эбит. Биһигиттэн ити ахтан аһарбыт балтыбыт Альбина аҕата, убайбыт Өлөксөй,  оһуохайдыыра, атыттар мэлигирбит. Саатар, артыыс идэлээх киһи Зоя оһуохайдыа, тойуктуо эбит, ол суох.

Киэһэ Мэйиккэ бардыбыт. Онно эдьиийим уола Николай Федотович Потапов дьиэ-уот тэринэн, быр-бааччы олорор. Сахалыы да аанньа саҥарбат куорат уола, Мэйик кыыһа Марианнаны таптаан, кэргэн ылан, түҥ тыа сирин кыра дэриэбинэтигэр олохсуйда, түөрт оҕону төрөтөн, сиэн бөҕөлөөх. Икки этээстээх улахан дьиэлээх. Оҕо сылдьан Абаҕаҕа да тахсан сайылаабат, «Что я там буду делать, хвосты коровам крутить что ли?” – диир бэйэтэ тыа киһитэ буолбут. Саха тыйаатырыгар кылаабынай режиссерунан өр сылларга үлэлээбит РСФСР, Саха АССР үтүөлээх артыыһын Федот Потапов соҕотох уола Николай 9 ыанар ынаҕын кэргэнэ аллергиялыыр буолан бэйэтэ ыыр. Олох үөрэттэҕэ. Үйэтин сүөһү иитиитигэр анаата.

Николай соҕотох уола Александр аҕатыгар сүрдээх улахан хотону аныгы матырыйаалынан тутан биэрбит, абыраабыт. Ити курдук, Николай Мэйик сис ыала буолан олорор. Эйэлээх дьиэ кэргэни көрө-көрө, киһи эрэ үөрэр, астынар.

Александр – турбут-олорбут уол оҕото. Үлэһит бэрдэ, сылгы иитэр, пилорамалаах, өссө фермер буолаары, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин граныгар киирсэ сылдьар. Былаана баһаам. Сахалар итинник ыччаппыт тыа сирин өрө тардыахтара диэн эрэл санаа үөскүүр. Үрдүк үөрэхтээх учуутал, спортсмен Александр аҕатыгар Николайга: ”У меня крестьянские гены проснулись”, – диэн, фермер буолаары сылдьар. Кырдьык, да оннук буолуо.

Киниэхэ, хайдах эрэ, эһэтин Федот Потапов энергията баар курдук. Үлэни үмүрүтэ охсор баҕата, тугу барытын кэрэ көстүүлээх буоларыгар дьулуһара, ол туһуттан үлэһиттэриттэн кытаанахтык ирдиирэ, ылсыбыт дьыалатын ис сүрэҕиттэн дууһатын ууран туран кыһаллан үлэлиирэ. Дьүһүнэ да эһэтинии, киһи ыччаттаахпын диир ыччата.

Александр Мэйиккэ киирэр аартыкка «Мэйик – мин дойдум» диэн кыһыл сүрэхтээх бэлиэни көҕүлээн тэрийэн оҥорторбут. Өссө онно, дьон сынньана олоро түстүн диэн, ыскамыайкалаах. Итинник сурук дэриэбинэ аайы баар да, бу сурук олох уратытык көстөр.

 Баай, талым астаах остуолга олорон, тото аһаан утуйдубут.

Сарсыныгар ааптарбыт Баһылай Титов бюһугар бара сырыттыбыт, аһаттыбыт, хаартыскаҕа түстүбүт.

Бюст кини аатынан култуура киинин иннигэр турар. Онтон дьаһалта хонтуоратыгар киирэн, нэһилиэк баһылыга Иван Игоревич Яковлевы көрүстүбүт.

Баһылык үрдүк уҥуохтаах, ис киирбэх дьүһүннээх, олохтоох тыллаах-өстөөх эдэр киһи эбит. Чэй иһэ-иһэ, истиҥник кэпсэттибит. Кэккэ боппуруостарбытын быһаартардыбыт.

Дьаһалта түннүгүнэн наһаа үчүгэй үрүҥ субалаах хатыҥнар сэлэлии үүммүттэр. Бүөтүр Тобуруокап ырыатын санаталлар.

Мааны мастар,

Маҥан мастар

Хоҥкуй-нуоҕай

Хатыҥнар…

Ол кэннэ пааркаҕа тахсан, аатырбыт бөҕөс Буучугурас саҥа бюһун көрдүбүт. Талааннаах скульптор Николай Чоччасов оҥорбут.

Сэрии бэтэрээннэригэр аналлаах өйдөбүнньүккэ Сталин, Жуков мэтириэттэригэр киһи хараҕа хатанар.

Аттыгар холкуостаахтарга, үлэ бэтэрээннэригэр аналлаах истиэндэҕэ былыргы тимир булуук ууруллубут. Үлэ бөҕөтүн көрсүбүт тэрил буолуохтаах.

Трудовойбутугар бардыбыт, дьоммут суохтар, съемкаҕа сырыттахтара. Дьоммут кэлэригэр остуолбутун тартыбыт.

Ити курдук былааммытын толорон, күнүс Далыр баһылыга Георгий Егорович Иванов дьаһайан ыыттарбыт икки массыынатынан улуус киинигэр айаннаатыбыт.

Бу сырыыга Үөһээ Бүлүү Дьаһалтатын дьыалатын бэрийээччи Михаил Михайлович Егоров уонна култуура управлениетыттан Сахайта Мойтохонова кэпсэтэннэр, спортивнай оскуола микроавтобуһунан сымнаҕастык айаннаатыбыт. Балаҕан ыйын 27 күнүгэр сарсыарда репетицияҕа, Саха судаарыстыбаннаһын күнүн тэрээһинигэр, артыыстар хайаан да баар буолуохтаахтар. Киэһэ ”Маһары Бозеков” испэктээх туруохтаах.

Былырыын сайын эдьиийим Зоялыын, балтым Сандааралыын “Трудовойга” оҕо лааҕырыгар волонтердаабыппыт.

Онно Зоялаах Сандаара артыыс маастарыстыбатыгар оҕолору үөрэппиттэрэ, мин литэрэтиирэ туһунан кэпсээбитим. Ол түмүгэр оҕолор бэйэлэрэ Тимофей Сметанин «Күөрэгэй» драматынан мультик киинэ оҥорбуттара. Туох баар дьоруойдарын, декорациятын бэйэлэрэ уруһуйдаан, хамсатан, саҥардан, устан, монтажтаан, таҥан уонча хонугунан бүтэрэн, атаарыы киэһэҕэ төрөппүттэригэр көрдөрөн үөрдүбүттэрэ.

Онно кыттыбыт оҕолор ити түгэни үйэлэрин тухары умнуохтара суоҕа, артыыс да буолбаталлар, айар кыым өйдөрүгэр сөҥнөҕө. Ол туһаттан атыны аҕалбата чуолкай. Бу уста сылдьар киинэбит маҥнайгы кыыма ол кэмҥэ саҕыллыбыта олоххо киирэн эрэр.

Биһиги куоракка барарбытыгар, сүөгэй, моонньоҕон атыылаһан, кэһиилээх төннүбүппүт. Оттон быйыл онтубут табыллыбата. Сир аһа олох үүммэтэх. Аны үүтү туппат буоланнар, ыаллар ынахтарын ыабакка толооҥҥо үүрбүттэр. Төһөлөөх үүт, сүөгэй, ас-үөл таах хаалара буолуой?! Далырга баран иһэн, торбос ийэтин эмэ сылдьарын соһуйа көрбүтүм. Биһиги оҕо эрдэхпитинэ ити улахан буруй буолара: «Көрбөккөҕүт ньирэйи эмтэрбиккит”, – диэн. Онтубут ыаллар кыһалҕаттан ынахтарын босхо ыыталлар эбит. Ыабыт үүттэрин ханна гыныахтарай, арыы собуота суох. Ити кыһалҕа  өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барытыгар турар буолуохтаах, Далырга, Трудовойга эрэ буолбатах дии саныыбын. Хата, Мэйиккэ Марианна кэһии сүөгэй биэрэн үөртэ.

Далыр оскуолатын олоҕун туһунан устар киинэбит эһиил улуус төрүттэммитэ 90, Улуу Кыайыы 80 сылларыгар ананар. Оччолорго Далыр орто оскуолатыгар өрөспүүбүлүкэ аатырбыт педагогтара үлэлээбиттэрэ: ССРС норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев, өлбүтүн кэннэ СӨ норуодунай учуутала буолбут Василий Софронович Долгунов, норуот педагогикатын түмэлин төрүттээбит Константин Спиридонович Чиряев, бырааттыы Василий, Николай Семенович Еремисовтар, кэргэннии Галина Андреевна, Владимир Петрович Судиновтар, Варвара Семеновна Иванова, Василий Саввич Ксенофонтов, Андрей Иванович Донской, педагогическай наука кандидата Александр Александрович Миронов уо.д.а.

Зоя Петровна үөрэммит кылааһа наһаа көхтөөх этэ. Икки норуоднай артыыс, икки суруйааччы, биллэр суруналыыстар уонна атын да үлэһиттэр иитиллэн таҕыстахтара. Ол туһунан талааннаах суруйааччы айымньыларынан уһуллар киинэ дьон кэрэхсэбилин ыллар диэн эрэниэҕи баҕарыллар. Бу киинэни талааннаах эдэр режиссёр Павел Ченянов устар. Кини быйыл устубут 12 мүнүүтэлээх «Вахтовик» киинэтэ Арассыыйа бэстибээлигэр бастаата.

Оттон бу саҥа уһулла сылдьар киинэнэн биһигини үөрэппит, инники олоххо сирдээбит учууталларбыт барахсаттарга махталбытын биллэрэбит.

 Сүрүн дьоруой Василий Титов – Аҕа дойду Улуу сэриитин төгүрүк тулаайаҕа.

Кинини соҕотох оҕотун фроҥҥа сүтэрбит эбэтэ, интэринээт минньигэс астаах повара Кэтириинэ эмээхсин ииппитэ. Сэбиэскэй былаас көмөтүнэн киһи хара буолан, биллэр суруйааччы, суруналыыс буола үүннэҕэ. Онон бары өттүнэн дойду бэлиэ дааталарыгар сөп түбэһэр киинэ буолуо.

Саҕалааһын баар, мин көрүүбэр куһаҕана суох. Ордук ити тыыга көстүүнү уйадыйа көрдүм, наһаа лиричнэй сыана. Аны эдэр артыыстар дьүһүннэринэн прототиптарыгар наһаа мыйгынныыллар.

Салгыыта да итинник тэтимнээхтик, ситиһиилээхтик бардар диэн баҕа санааҕа кэллим. «Хорошее начало – половина дела» диэн былыргы грек бөлүһүөгэ Платон этиитин өйдүү түстүм.

Мария Неймохова

27.09.2024 с.

Добавить комментарий