Атаҕастабыллаах кырдьык туһунан - Блоги Якутии

10 месяцев назад 686

Атаҕастабыллаах кырдьык туһунан

Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалатыгар Гаврил Иннокентьевич Адамов-Сайдам саҥа тахсыбыт “Атаҕастабыллаах кырдьык» кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.

Дьон элбэх кэлбит. Мин кинигэни атыылаһарбар, Гаврил Иннокентьевич: “Тылла этээр”, – диэбитэ. Ол иһин кинигэни кытта билистим. Син эттээх кинигэ буолбут. Олоххо буолбут чахчыларга олоҕуран суруллубут историческай роман  эбит.

Урут оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпытына, Степанов Иннокентий Васильевич диэн дириэктэрбит саха тылын үөрэтэрэ. Биирдэ Аркадий диэн уолу туруоран ыйытта: “Роман диэн тугуй?». Онуоха уолбут төбөтүн имэриммэхтээн баран: ”Роман диэн кэпсээн буолан баран, элбэх лиистээх», – диэн хоруйдаабыта. Биһиги күлсэн тоҕо барбыппыт, бэйэбит да соччо билбэтэрбит. Онуоха учууталбыт: “Сыана буолан баран, аҕыйаҕын биэрэбин, “икки”’, – диэбиттээҕин санаан кэллим

Гаврил Адамов-Сайдам айымньыта ”элбэх лиистээх” кэрэхсэбиллээх роман эбит. Онон сыанам да “5” буоллаҕа.

Муннукка кутуйах курдук олорорбун өйдөөн көрбөтөх, онон бу тыл этиэхтээх санаабын сайыннаран суруйан эрэбин.

Айымньы тыла-өһө үчүгэй, ааҕыллымтыа. Аннотацияҕа этиллэринэн, икки иэдээн – Чурапчы көһөрүүтэ уонна Туой Хайа ууга тимириитэ – кэпсэнэр.

Туой Хайа уола Сэмэн Мэҥкээрэп Чурапчыга училищеҕа үөрэнэ кэлэн, Чурапчы кыыһа Анисьяны кэргэн ылан, дойдутугар илдьэ барар. Иккиэн үөрэхтэрин бүтэрэн учууталлыыллар.

Оччотооҕу айан иэдээннээх буоллаҕа, суол суох, бырыы да бадараан. Атах таҥаһа, саппыкы инчэйэн тулуйбат үлүгэрэ. Хата, үчүгэйдик имиллибит ынах тириитэ тууппулата абырыыр. Ыйы быһа айаннаан тиийэллэр. Хата, таба баар буолан, кыыс олорсон абыранар. Дьэ, ону итэҕэйэбин. Билигин да суол үчүгэйигэр айанныыр сылаалаах буолуохтаах, ырааҕа сыттаҕа. Туой Хайа ураты үчүгэй айылҕатын ааптар биһирээн суруйар.

Төрөппүттэрэ ыраах Чурапчыттан кэлбит кийиит кыыһы сүрдээх үчүгэйдик көрсөллөр. Чурапчы диэн ханан да баарын билбэттэр. Паром диэни истэн соһуйаллар: “Ол хас эмэ массыынаны биирдэ тиэйэр туох айылаах улахан борохуотай?” – дэһэллэр.

Үчүгэйдик ылсан үлэлии сырыттахтарына, ГЭС тутуллар, онон “Эһиги дэриэбинэҕит ууга тимирэр” диэн иэдээннээх сурах кэлэр. “Бары көһөҕүт!” – диэн буолар. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Бастаахап Миитэрэй Мэхээлэйэбис итини олоххо киллэриэхтээх, дьону аҕытаассыйалыахтаах. Бэйэтэ иһигэр төһө да утардар, кыһыл билиэт баартыйа сорудаҕын толорууну ирдиир.

 Оттон кырдьаҕас учуутал, сэрии кыттыылааҕа Бэриэскин Мэхээлэ Дьөгүөрэбис утарсан муҥнанар да, дойду ыытар бэлиитикэтин, салайааччыларын утарсан туһа суох.

Ася мунньахха дибдийэллэрин, оҕо эрдэҕинэ бэстилиэтинэн остуолу охсо- охсо, байыаннай киһи: “Хоту көһөҕүт!” – диэн күргүйдүүрүн санаан кэлэр. Эмиэ оннук курдук быһыы-майгы, күүс өттүнэн көһөрүү…

Хайдах курдук кырдьаҕас учуутал, фронтовик үлэлээбит оскуолатын кытта харах уулаах быраһаайдаһарый? Хас муннугун айах тутан аһатан. Баартыйа этэрэ барыта сөп буолбатах диэн санаан, баартыйаҕа киирбэтэх, хомуньуус буолбатах эбит. Ол иһин санаатын аһаҕастык этэр.

”…дойдубут барахсан баай дойду. Онон даҕаны сэрии сылларын этэҥҥэ ааспыппыт. Атын сирдэргэ хоргуйуу, быстарыы элбэх этэ диэн истэр тухары этэллэр”, – диэн сэрии кыттыылааҕа Мэхэйиил Дьөгүөрэбис этэр. Баар чахчыны көрдөххө, Сунтаарга Чурапчытааҕар элбэх киһи хоргуйан өлбүтэ дэнэр. Чурапчылар барахсаттар күүс өттүнэн хоту көһөрүллэн, элбэх киһи хоргуйан, тоҥон суорума суолламмытын билэбит. Ол аата Сунтаарга сэрии саҕана элбэх өлүү-сүтүү тахсыбыт буоллаҕа. Ол эрэн Туой Хайа, чахчы, бултаах-астаах буолан, өлүү-сүтүү элбэҕэ суох буолуон сөп. Улахан оройуон буоллаҕа, атын нэһилиэктэргэ тахсыбыт өлүү-сүтүү элбэх сыыппараны тэбэн эрдэҕэ.

Мин төрөөбүт сирбэр ”Трудовой” холкуос бэрэссэдээтэлэ Кынаачай Чомчоеву олохтоохтор олус ытыктаан, махтанан, билиҥҥээҥҥэ диэри ахталлар. Ол үөрэҕэ суох Кынаачай, сахалыы мындыр өйүнэн тобулан, сэрии сут саҕана куораттан кэриэйи аҕалан олохсутан, оҕуруот аһа бөҕөнү үүннэттэрбит, күөллэргэ балык ыаматын куттаран үөскэтэн, дьонун хоргуппатах туохха да кэмнэммэт өҥөлөөх. Табахха нолуок суоҕун билэн үүннэттэрэн, куоракка тиийэ эргинэн, ас-таҥас аҕалан, дьонугар түҥэппит. Оннук өйдөөх салайааччы сир аайы суох буоллаҕа.

Бу ромаҥҥа Гаврил Адамов баар чахчыны туһааннаах сиргэ сөпкө киллэрэн, айымньы историческай буоларын ситиһэр. Холобур, Александр Иванов бүтэһик ыһыахха тустан кыайарын. Александр Николаевич Монреаллааҕы Олимпиадаҕа кыайыы иккис үрдэлигэр туран, төрөөбүт-үөскээбит Туой Хайатын уйадыйа ахтарын.

Төрөөбүт түөлбэлэриттэн арахсар аймалҕаны суруйааччы бэрт итэҕэтиилээхтик ойуулуур.

Чэ, киһи барахсан ханна баҕарар тиийэн, силис тардан олохсуйуон, дэриэбинэ да тутуон сөп, төһө да төрөөбүт дойдутун, түөлбэтин аҕыннар. Саамай иэдээнэ – өбүгэ ситимиттэн тэйии, өбүгэлэрин уҥуохтарын ууга тимирдии. Хаһан даҕаны онно кэлэн сүгүрүйэн ааспат алдьархайа.

Валентин Распутин ”Прощание с Матёрой” айымньытын санатар. Эмиэ итинник быһыы-майгы.

«Прости нам, господи, что слабы мы,

непамятливы и разорены душой.

С камня не спросится, что камень он,

с человека же спросится»

Валентин Григорьевич Распутин, «Прощание с Матёрой»

Биллиилээх режиссербут Андрей Борисов ити айымньыны Москубатааҕы МХАТ- ка туруорбута киэҥ биһирэбили ылбыта. Финалыгар киһи уҥуохтара ууга курулуу-харылыы тимирэн, кириэстэрэ адаарыйан уста сылдьаллара дьулаан хартыына буолуо, төрөөбүт дойдуну таҥнарыыга тэҥнээх көстүү.

Көрөөччү наһаа уйадыйа Матёраны кытта бырастыыласпыта. Олус күүстээх түмүк диэн сыаналаабыттара.  Дьэ, ону итэҕэйэбин.

Биһиги да, хаһан да көрбөтөх, кэрэ айылҕалаах Туой Хайаны, ыраас уулаах Чуона үрэҕи кытта итинник курдук бырастыылаһабыт…

Гаврил Адамов биһиги аҕабыт Егор Неймохов устудьуон эрдэхтэн аллар  атаһа этэ. Чурапчыттан командировкаҕа кэллэҕинэ, Гаврил биһиэхэ түһэн хонон-өрөөн ааһара. Дьэ, оччоҕо этэ дии, итии чэй иһэ-иһэ, сэһэн-кэпсээн тимэҕэ сөллөрө, хоһоон ааҕыллара, ырыа ылланара. Олох литэрэтиирэ дьоро киэһэтэ буолара.

Егор Петрович ыллыырын наһаа сөбүлүүрэ. Оттон Гаврил Иннокентьевич олус күүстээх куоластаах, артыыс да буолуон сөптөөх ырыаһыт. Кини ыллаатаҕына, остуолга турар курустаал иһит лыҥкыныы түһэрэ. Урут хаһан эрэ аахпыттаахпын, улахан ырыаһыттар куоластарын тональноһын, нотатын, диапазонун сөптөөхтүк тутан ыллаатахтарына, курустаал иһит хампы барара, алдьаталлара үһү диэн. Гаврил оннук да алдьатыа эбитэ буолуо. Ону баара, сэбиэскэй саҕана курустаал иһит сэдэхтик көстөр дэписсиит, күндү иһит буоллаҕа, ол иһин мин, хаһаайка киһи, харыһыйарым кэмнээх буолуо дуо, улахан уочаракка туран ылбыт мааны иһиппин. Билигин саныыбын ээ, оччолорго эспэримиэннээбит киһи хайыа эбитэ буолла диэн. Арааһа, алдьатыа эбитэ буолуо. Биһиги дьиэбитигэр элбэх киһи, ол иһигэр ырыаһыттар ыалдьыттаабыттара. Ырыа бөҕө ылламмыта. Биир да киһи курустаал иһити лыҥкынаппытын өйдөөбөппүн.

Өссө биир сөҕөрүм, Гаврил Иннокентьевич наһаа маанытыттан. Хаалтыһын сарсыарда аайы хаттаан баанан барара. Биһиги биирдэ баайан баран өһүлэ сатаабаппыт.

Дьэ, бу айымньы Гаврил Адамов-Сайдам Чурапчы көһөрүүтүн, Туой Хайа тимириитин реквиема буолла диэтэхпинэ, арааһа, сыыстарбатым буолуо. Дьон сэҥээрэн ааҕыа диэн эрэнэбин. Кэргэним доҕоругар, Гаврил Иннокентьевичка, айымньылаах, ситиһиилээх үлэни, үчүгэй чэгиэн туругу, бэйэтигэр, чугас дьонугар дьолу- соргуну баҕарабын!

Мария Неймохова.

09.03.2024 с.

Добавить комментарий