1 год назад 611
Сайдыыга үктэл
Итинник диэн девизтээх «Трудовой-81» оҕо сынньалаҥ лааҕыра Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр нэһилиэгин Кулуһуннаах сиригэр-уотугар баар «Трудовой» учаастакка аһыллан үлэлээтэ. Манна мин эдьиийбинээн, Саха норуодунай артыыһа Зоя Багынановалыын, волонтер быһыытынан үлэлээн кэллибит.
Оо дьэ, дойдубут барахсан айылҕата муҥутуур тупсан турара: кэрэтэ, салгына ырааһа, чэбдигэ, чуумпута наһаа да үчүгэй этэ!
«Трудовой” учаастакка 1981 с. оҕо лааҕырын тэрийбиттэр эбит. Оччолорго сынньалаҥ буолбакка, үлэ лааҕыра буолуохтаах диэн сэрэйэбин. Онно сылдьыбыт оҕолор улаатан баран, үчүгэйдик санаан, «Трудовой-81» диэн ааттаан, оҕо лааҕырын сөргүттэхтэрэ буолуо. Сөҕүөх иһин, 1981 сылтан дьиэлэр бары чөллүк, түннүктэрин тааһа, бэл, электрическэй лаампалара кытта алдьаммакка турбуттар. Дьиэлэрин аныгы матырыйаалынан бүрүйэн, эбии остолобуой дьиэни тутан, үлэҕэ киллэрбиттэр.
Биһиги үһүс сезоҥҥа үлэлээтибит. Оройуон араас нэһилиэктэриттэн, Дьокуускайтан тиийэ 27 оҕо кэлэн сынньанна.
Лааҕыр персонала бары эдэрдэр, наһаа көхтөөх сэргэх дьон. Утуйар корпустар, остолобуой, сынньанар дьиэ, баанньык, душ, бассейн – барыта биир олбуор иһигэр баар. Аһылыктара сибиэһэй, тотоойу, дьиэ аһылыгын курдук минньигэс, күҥҥэ биэстэ аһаталлар. Остолобуойга оҕолор ааттара суруллубут, “Экран эмоций” баар. Онно күҥҥэ иккитэ үөрбүт эбэтэр хомойбут сирэйи ойуулууллар. Үксэ үөрбүт сирэй буолар.
Ону тэҥэ «Трудовой 81” оҕо лааҕырын летопиһа” диэн альбом ыйаммыт. Онно күнүнэн туох санаалаахтарын суруйуохтаахтар, уруһуйдуохтаахтар. Күн түмүгэр бүгүн туох событие буолбута суруллан, лааҕыр күннүгэ (дневнигэ) тахсан кэлэр. Оҕолор үксүн смайликтары уруһуйдууллар.
Оҕолор күн солото суох араас дьарыктарга, тэрээһиҥҥэ сылдьаллар. Ол курдук, туризм, ориентирование сатабылларыгар үөрэнэн, каска кэтэн, сыап иилинэн, тыа устун сүүрэллэр. Дьэ, бу оҕоҕо олус наадалаах үөрэх. Тыа сиригэр хайдах муммакка, кулуһун оттон, балаакка туруоран, экстремальнай усулуобуйаҕа олорору үөрэтии – үчүгэй хамсааһын.
Аны артыыс Зоя Багынанова, итиэннэ сиэн балтыбыт, быйыл Щепкин аатынан театральнай училищены туйгуннук үөрэнэн, кыһыл дипломунан бүтэрбит, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын труппатыгар үлэҕэ киирбит Сандаара Федотова оҕолору актер маастарыстыбатыгар, сатаан тыыныыга, саҥарарга үөрэттилэр.
Тимофей Сметанин “Күөрэгэй” остуоруйатын куукуланан бэлэмнээн, киинэ уһуллулар. Куукулалары, декорацияны оҕолор бэйэлэрэ оҥорон оонньоттулар, хамсаттылар, саҥартылар.
Көрөбүн ээ, оҕолор барахсаттар хайдах курдук олох үлүһүйэн туран, харахтара уоттанан оонньуулларын. Бириэмэ наһаа ыгым, оҕолор испэктэккэ оонньуу үөрүйэҕэ суохтар, дьоҕурдарынан талыллыбатах көннөрү оҕолор. Ону үөрэтэ охсон, оонньотон, куукулалары бэлэмнээн устан, киинэ таҥан оҥорор манан дьыала буолбатах буолуохтаах.
Оҕолор олох уобарастарыгар киирэн, ис сүрэхтэриттэн оонньоотулар. Искусство кэрэ эйгэтигэр оҕолору уһуйуу туһаттан атыны аҕалбата чуолкай. Төһө даҕаны кэнэҕэһин олохторун атын эйгэнэн салҕааталлар, кэрэни кытта билсибиттэрэ үчүгэй буолуохтаах. Ханнык да идэҕэ кэрэни киллэрии айымньылаах үчүгэй үлэ төрүөтэ буолуо диэн саныыбын. Ити чааһыгар үһүс сезоҥҥа сынньаммыт оҕолор табылыннылар. Уонна хаһан норуодунай артыыс бэйэтин уоппускатыгар сынньаммакка, буор-босхо волонтердаан оҕолору дьарыктыай?!
Зоя Петровна даҕаны төрөөбүт алааһыгар кэлэн, сирэйдиин-харахтыын сырдаата, оҕолору кытта алтыһан дуоһуйда, киинэтэ табыллыбытыттан үөрдэ. Хайа да өттүттэн туһалаах сынньалаҥ, үлэ буолла. 81 саастаах киһи З.П.Багынанова, бэйэтин бодотун тардынан, этэҥҥэ сырытта, күүс-уох, эниэргийэ ылынна диэн үөрэбин.
Сандаара Федотова улахан остуоруйаны сүрүн сюжетын алдьаппакка «кыптыыйданан» кылгаппыта, туруорбута, кини артыыс эрэ буолбакка, режиссер талааннааҕын туоһулуур.
Бу идиэйэни биһиги өссө хамсык ыарыы иннинэ толкуйдаабыппыт. Төрөөбүт дойдубутугар тапталбытын, махталбытын кураанах тылынан эрэ буолбакка, дьыаланан биллэрэбит диэн. Зоя Петровна үйэтин тухары театрга артыыстаан кэллэҕэ, онтон атын сатыыра суох курдук. Ол иһин оҕолору бэйэтин идэтигэр уһуйарга сананнаҕа. Хамсык ыарыы намыраабытын, ааспытын кэннэ, быйыл бырайыакпытын олоххо киллэрдибит.
Зоя Петровна саас гастроллуу кэлэ сылдьан, Үөһээ Бүлүү үөрэҕин управлениетын салайааччыта Спиридон Олегович Борбуевка эппитэ. Ону Үөһээ Бүлүү салалтата өйөөн, айаммыт ороскуотун уйунна. Онон баһылык В.С. Поскачиҥҥа, баһылык солбуйааччыта Л.С. Тойтоноваҕа, Үөһээ Бүлүүтээҕи үөрэх управлениетын салайааччыта С.О. Борбуевка, ити управление иитэр үлэ, эбии үөрэхтээһин отделын сэбиэдиссэйэ А.Н. Овчинниковаҕа, Далыр оскуолатын дириэктэрэ М.Р. Семеновка, Далыр нэһилиэгин баһылыга Г.Е. Ивановка, уо.д.а. күүс-көмө буолбут биир дойдулаахтарбытыгар махталбыт муҥура суох.
Аны түбэһээри түбэһэн, быйылгы сылы дойду Президенэ В.В. Путин Уһуйааччы уонна настаабынньык, Ил Дархан А.С. Николаев Үлэ сылларынан биллэрбиттэрэ оруобуна буолла. Профессиональнай артыыстар Зоя Багынанова, Сандаара Федотова оҕолору театр эйгэтигэр уһуйдахтара, үлэлэрин, идэлэрин билиһиннэрдэхтэрэ.
Аны бу хамсааһын, бачыым курдук, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн киэҥ өйөбүлү ыллар, хас выпускник төрөөбүт түөлбэтигэр, биир дойдулаахтарыгар тугунан көмөлөһөбүн диэн сыал-сорук туруорунан үлэлиирэ буоллар, төһө эрэ үчүгэй буолар этэ. Көлүөнэлэр ситимнэһиилэрэ тахсан кэлиэ этэ, оҕолорго лааҕыр сүрүн девиһэ – “Сайдыыга үктэл” – буолуо этэ.
Лааҕырга араас тэрээһиннэри ыыттыбыт. Ол курдук, Нептун күнүгэр театрализованнай дьүһүйүү, күрэх наһаа көхтөөхтүк барда, бары да астынныбыт. Оҕолор мааскаларын эмиэ бэйэлэрэ оҥоһуннулар. Нептуну Үөһээ Бүлүүтээҕи Оҕо технопаркатын спортивнай туризмҥа педагога Мытыкынов Александр Васильевич диэн бэйэтэ да улахан астык көрүҥнээх учуутал оонньоото.
Маҥан куудара баттаҕа, бытыга үрэллэн, көмүс хоруоната, үс салаалаах көмүс атырдьаҕа кылбайан, перламутровай раковина моһуоннаах тронугар олороро, дьэ, астык көстүү. Кини кыыһын Русалканы Сандаара Николаевна Федотова, бэйэтэ да кэрэ бэйэлээх кыыс, халлаан күөх баттахтаах, онтугар кыһыл көмүс кыра хоруонатын сэгэччи иилиммит, күлүмүрдэс дьууппалаах кыыс – биир кэрэ персонаж.
Пират оруолун харабылбыт, П.Н.Тобуроков аатынан Нам орто оскуолатын физкультураҕа учуутала Кузьмин Николай Валерьевич оонньоото. Олох атлет көрүҥнээх, кыраһыабай дьүһүннээх уол пират таҥаһын кэтэн, кыһыл, хара өҥнөөх плаһа тэлимнээн, киһи эрэ хараҕа хатанар уола хаан буолан сөхтөрдө. Кикимора – кута-бадараан хотуна – омсолоох геройу эмиэ Оҕо технопаркатын педагога Корякина Айталина Степановна толордо. Ис-иһиттэн энергетикалаах, дьэ, дьиҥнээх киһи дьулайан көрөр болуота сарыыссатыгар кубулуйда.
Оҕолор үс хамаанданан хайдыстылар. Улахан кыргыттар бары – русалкалар, төбөлөрүгэр үрүҥ көмүс күлүмүрдэс диадемалаахтар, кыра кыргыттар – баҕалар, төбөлөрүгэр от күөҕэ баҕа сирэйэ мааскалаахтар, уолаттар, биллэн турар, пираттар, бары былаат бааммыттар, онтуларыгар киһи баһын уҥуоҕа (череп) бэлиэлээхтэр.
Дьэ, уонна хамаанданан бэйэлэрин билиһиннэрии, ырыа-тойук, күрэх. Театрализованнай дьүһүйүүбүт үтүө санаалаах пират Русалканы кикимораттан быыһыыр, Нептуҥҥа төнүннэрэр. Оҕолор кикимораны бырастыы гынан, бары доҕордоһуу оһуохайын үҥкүүлүүллэр. Этээччи – Үөһээ Бүлүү И.Н.Барахов аатынан орто оскуола 7 кылааһын үөрэнээччитэ Пахомова Юлиана. Бүтэһигэр Нептун кыһыл көмүс күлүүс туттарар, ууга оонньууру көҥүллүүр. Ол кэннэ оҕолор таҥастара сытыйыар диэри дуоһуйа уунан ысыһаллар.
Аны биир киэһэ «Королевская ночь” күрэх буолла. Эмиэ бэрт сэргэх тэрээһин буолан, бары «король”, “королева” аатырдылар, быһата, доҕордоһуу кыайда.
Лааҕыр сабыллыыта үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааста. Оҕолор бэлэмнэнэн, кэнсиэр көрдөрдүлэр. Аныгы оҕолор биирдиилээн ыллаабаттар эбит. Барыта бөлөҕүнэн үҥкүүлээн хамсана-хамсана, рэп курдук ыллыыллар. Икки кыыс хотугу норуоттар үҥкүүлэрин толордулар. Кинилэргэ көх- нэм буолан, көрөөччү оҕолор тэбис-тэҥҥэ үҥкүүлэһэллэр. Ыллаатахтарына ыллаһаллар. Төрөппүттэргэ «Күөрэгэй» киинэлэрин көрдөрдүлэр. Оҕолор барахсаттар наһаа доҕордоспуттар быһыылаах, баралларыгар төрөппүттэрин массыыналарыгар олорбокко, уопсай оптуобуска олорсон, бары бииргэ арахсалларыттан уйадыйан ыла-ыла айаннаатылар.
Лааҕыр оҕолоро анаан муспут курдук талааннаахтар, спортивнайдар. Максимов Тимур, Доҕордуурап Кирилл туран эрэ сальтолыыллар, олох кыанар уолаттар. Биир оҕо “Үөһээ Бүлүү, көҥүл тустуу” диэн суруктаах футболкалаах, сэрэйдэххэ, оройуон сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ. Биир оҕо эмиэ “Үөһээ Бүлүү” диэн суруктаах футболкалаах, ол “Инникигэ хардыы” (“Шаг в будущее”) күрэҕэр кыттыбыт эбит. Кырыкыйтан сылдьар Прокопьев Савва диэн сытыы бэйэлээх олох комик оҕо баар, этэҥҥэ сырыттаҕына, искусствоҕа чугас, сыһыаннаах киһи тахсыа. Прокопьев Харысхан диэн наһаа сэргэх чоҕулуйбут уол баар. Маҥнай актыбыыстаан иһэн, тохтоон чуумпуран хаалла. Онтубут эбэтэ иитээччи буойбут эбит. Эдьиийэ Прокопьева Сандаара «Күөрэгэйгэ» маачаха буолбута. Наһаа сэргэх оҕолор, иккиэн герой оҕолору оонньуохтарын сөп дии санаатым. Дьүһүннэрэ үчүгэй, темпераменнаахтар. Чаҕылысов Чаҕыл Мичилович диэн ааттыын чаҕылхай оҕо баар. Көрдөхпүнэ: «Чаҕыл-Мичил”, – диибин.
Хаччагаева Мария диэн нарын кыыс Күөрэгэй буолбута, Зоя Петровнаны кытта дьиҥнээх көмүлүөк оһох иннигэр олорон уһулуннулар. Котоконова Юлия диэн кэрэчээн кыыс оҕолорго үҥкүү хамсаныытын көрдөрөр, үөрэтэр. Онтон кэнсиэрт кэннигэр сылдьан үҥкүүлүүр. Үөрэтэр киһи инники да күөҥҥэ сылдьыан сөбө, оннук наһаа сэмэйин хайҕыы көрдүм.
Литература туһунан кэпсээтэхпинэ, болҕомтолоохтук истэр, сэҥээрэрэ көстөр. Кэнэҕэһин суруйааччы да буолан тахсыа. Суруйааччылар Петр Тобуроков, Баһылай Титов, Егор Неймохов туһунан кэпсиирбитигэр, “кинилэр эмиэ эһиги курдук, тыа сиригэр үөскээбит, үөрэммит, куорсун анньыммыт дьон. Онон эһиги эмиэ сыал-сорук туруоруннаххытына, үчүгэй, билиилээх, биллиилээх дьон буолуоххут, киһи сатыырын киһи сатыахтаах, бэйэҕитигэр эрэллээх буолуҥ” диэн санааны саҕабыт диэн. Бэйэҕит дьылҕаҕыт бэйэҕит илиигитигэр.
Никифорова Виктория диэн эйэҕэс оҕо баар, наар мичээрдээн мичилийэ сылдьар, өрүү дорооболоһор. Оһуокай этэр кыыс Пахомова Юлиана бэрт чөллөркөй куоластаах, талааннаах оҕо эбит. Дьокуускайтан Айыы кыһата оскуола үөрэнээччитэ Елегяев Дима сынньана сылдьар. Үөһээ Бүлүүттэн игирэ уолаттар Ариан, Вилиан Борисовтар бааллар.
Бары да наһаа үчүгэй оҕолор. Айар дьоҕурдара уһуктан, сайдан аһылыннылар быһыылаах дии санаатым. “Волшебная сила искусства” буоллаҕа.
Лааҕыр салайааччыта Христофорова Элина Эрнстовна – Үөһээ Бүлүү үөрэҕириитин управлениетын үлэһитэ. Онтум мин Далыр орто оскуолатыгар миигиттэн биир кылаас анныкы үөрэммит, Дүллүкүттэн сылдьар Христофоров Гоша кийиитэ эбит. Уола Христофоров Иван Георгиевич, Үөһээ Бүлүү Ю.Н.Прокопьев аатынан орто оскуолатын информатикаҕа учуутала лааҕырга суоппардаата. Программист идэлээх буолан, киинэбитин кини таҥан, монтажтаан таһаарда, айар дьоҕурдааҕын көрдөрдө. Эһэтин аатын сүкпүт харааччы көрбүт оҕолоро Гоша лааҕырга сынньана сылдьар.
Иитээччинэн Оҕо технопаркатын эбии үөрэхтээһин педагога Варламова Веролина Васильевна, кини кэллиэгэтэ, инники ахтан аһарбыт кикиморабыт Корякина Айталина Семеновна уонна Саха театрын артыыската Федотова Сандаара Николаевна буолан үлэлээтилэр. Персонал атын үлэһиттэрэ – М.К. Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннара. Организаторынан Терентьева Вилена Семеновна араас оонньуулары бэркэ тэрийэн үлэлээтэ. Вилена диэн аата Владимир Ильич Лениҥҥэ туох да сыһыана суох. Аҕата Үөһээ Бүлүү, ийэтэ Хаҥалас, икки эбэни Вилюй-Лена ааттарын холбоон, Вилена диэн таһаарбыттар эбит. Бэйэтэ да чоҕулуччу көрөн, үчүгэйкээн бэйэлээх. Зоя Петровна Виленаны “театроведческай үөрэххэ үөрэн” диэн сүбэлиир, уопуттаах артыыска Вилена испиктээги ырытар, анааластыыр дьоҕурдааҕын сэрэйдэҕэ.
Психологунан ХИФУ психология салаатын 2 кууруһун устудьуона, Хороттон сылдьар Семенова Мария Спиридоновна үлэлээн, бэртээхэй быраактыканы барбыта саарбаҕа суох.
Эмчитинэн Дьокуускайдааҕы медколледжы бүтэрбит Иванова Сайаана Спиридоновна үлэлээтэ. Маҥнай көрөн баран, оскуола оҕото дии санаабытым. Дьоҕус уҥуохтаах кэрэ нарын кыысчаан. Онтум анал үөрэхтээх медик эбит.
Минньигэс астаах асчыппыт – Мэйик оҕо уһуйаанын повара Игнатьева Туйаара Юрьевна. Чахчы, үлэтигэр бэриниилээх профессионал. Кини көмөлөһөөччүтэ – Далырга ыаллыы олорбут Татьяна, Николай Акимовтар сиэннэрэ Дьоллоохова Анна Павловна, ХИФУ устудьуона эбит. Көрөөт да, дьүһүнүнэн майгыннаппыппыт. Акимовтар хааннара, тупсарыллыбыт вариана диэн.
Чэ, итинник курдук бэрт үчүгэй кэлэктиипкэ үлэлээтибит. Бары да эдэр буолан наһаа көхтөөхтөр, тэбис-тэҥҥэ ылсан иһэллэр. Этиэҥ эрэ кэрэх, ону сүүс төгүл сайыннаран, тупсаран оҥорбутунан бараллар. Эмчит Сайаана кумааҕынан уу сибэккитин лилияны кырыйар. Повар Туйаара Юрьевна кыһыл көмүс күлүүс фольгатын сыһыарар. Повар киһи илиитигэр дьоҕурдаах буоллаҕа.
Бары биир киһи курдук лааҕыр олоҕо сэргэх буоларын туһугар кыһаллаллар. Ону барытын тэрийээччинэн, лааҕыр иллээх- эйэлээх, айымньылаах олоҕун тыынын түстээччинэн лааҕыр начаалынньыга Элина Эрнстовна буолар. Өссө ол быыһыгар Дьокуускайга Ленин болуоссатыгар ”Сахалето” фестивальга Сандаара Федотовалыын баран отчуоттаан кэллилэр. Эдэр дьон диэх курдук, куораттан кэлээт да, лааҕыр сабыллыытын тэрээһинигэр кыттыһан бардылар.
Биһиги эдьиийбинээн өтөхпүтүн баран көрдүбүт. Эһэбит Бааҕынаан кинээс дьиэтин сэбиэскэй былааска бэлэхтээбитэ, онно кулууп, кэлин, былырыыҥҥа диэри маслоцех буолан турбута.
Сүүстэн тахса сыллааҕы тутуу диэтэххэ, сэнэхтик турар. Ханан да иҥнэл-таҥнал түспэтэх. 15 бөдөҥ бэрэбинэнэн эргиппиттэр, бэрт улахан дьиэ эбит. Оччолорго туруорбах балаҕаннар күөннэригэр сүрдээҕин көстөрө буолуо. Олох кубик курдук көнө эркиннэрдээх дьиэ. Өссө сарайдааҕа (кырыыһалааҕа) буоллар, олох кэмҥэ-кэрдиигэ билиниэ суох эбит. Ол оннугар кэлин туппут сыһыарыы пристройдара иҥнэйбит. Эһэбит дьиэтин, чахчы, уус дьон чиргил маһынан тутан, баччаҕа диэри сэнэхтик турдаҕа. Өрөбөлүүссүйэни, гражданскай сэриини, икки аан дойду сэриитин, араас сут дьыллары уҥуордаан кэллэҕэ. Эдьиийим биһикки ити дьиэни реставрациялаан, музей, култуура киинэ оҥорбут киһи диэн баҕа санаалаахпыт.
Лааҕыр оҕолорун испэктээгин, кэнсиэрин итиннэ көрдөрөр төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй?! Истиэнэтигэр “Трудовой” төрүт олохтоохторун туһунан информация, хаартыска стендэлэри оҥорон ыйаан. Өссө урукку “Трудовой” дьиэлэрин макетын, кимнээх олорбуттарын суруйан оҥорбут киһи – эдэрдэр өбүгэлэрин умнубакка өйдүү сылдьалларыгар, төрөөбүт түөлбэҕэ тапталы иҥэрии сүрүн төһүүтэ буолуо этэ. Дьиэ акылаатын, өһүөтүн хаптаһынын уларытан, муосталаан, оһохтоон биэрдэххэ, кырыыһатын туттахха, түннүктэрин туруордахха, син сатаныа этэ дии саныыбын. Быйылгы Ил Дархан биллэрбит Үлэ сылыгар ааттыын ”Трудовой” учаастагар ити дьиэни үп көрөн сөргүтэллэрэ буоллар – улуу дьыала буолуо этэ.
Аттыгар “Трудовой” олохтоохторо Отовтар, Семеновтар, Көмүстүүрэптэр сыдьааннарын көҕүлээһиннэринэн, көмөлөрүнэн Аҕа дойду улуу сэриитин буойуттарыгар, тыыл бэтэрээннэригэр аналлаах стела туруорбуттара. Аттыгар сэрии, сут дьылларыгар ким да хоргуйан өлүүтүн таһаарбатах уһулуччу үтүөлээх ”Трудовой” колхоз бэрэссэдээтэлэ Игнатий Чомчоевка аналлаах махталлаах дьоно-сэргэтэ оҥотторбут өйдөбүнньүк мэҥэ таастара турар.
Эдьиийбинээн Көмүстүүрэбэ Татьяна Сергеевнаҕа ыалдьыттаатыбыт. Эдьиийбит тэҥэ саныыр Александра Никитична Семеноваҕа-Куударааска сырыттыбыт. Кэлэрбитигэр киирэн тахсыбыппыт, эбэлэрэ педагогика бэтэрээнэ Валентина Захаровна Осипова куоракка баран, сиэннэр бэйэлэрэ дьиэһиттээн олороллор. Бэһис кылааска үөрэнэр кыыс тиэстэ мэһийэн, лэппиэскэ астыы турар.
Тохсус кылааска үөрэнэр уол миин буһараары, эт киллэрдэ. Уолбут аата, соһуйуохпут иһин, Кындыл- Иван Гоголев буолан биэрдэ. Кындыл поэзиятын сүгүрүйээччитэ, Гоголевтар дьиэ кэргэннэрин истиҥ доҕордоро Зоя Петровна Багынанова бэркэ үөрдэ-көттө. Саха норуодунай поэта Иван Гоголев-Кындыл төрөөбүт күнүгэр төрөөбүт эбит. Кындыл барахсаҥҥа норуотун таптала итинник сөҕүрүйбэт, аата ааттана турар.
Уолтан ким буолуон баҕарарын ыйытабын. Киһим ”повар” диэн соһутта. Наһаа минньигэстик астыыр эбит. Тарбахов, Габышев курдук асчыт повар буолаар дэстибит. Бу оҕолор бэйэлэрэ дьиэһиттээн, астарын астанан олороллоро хайҕаллаах, ол эрэ буолуо дуо? Кырдьаҕас хос эбэлэрин, оронтон турбат сытар Куударааһы бүөбэйдииллэр. Дьэ, кытаанах дьыала, сытар ыарыһаҕы көрүү улахан да киһиэхэ ыарахан сорук. Өссө клубника үүннэрбиттэринэн күндүлээтилэр.
Оҕолор барахсаттар ис-истэриттэн сырдаан, сүрдээх сэмэйдэр, үлэһиттэр. Куорат оҕолорун итинник иитиэххэ баара дии санаатым.
Өссө Баскачыын Байбал Уйбаан, Люба диэн оҕолоро “Трудовойга” дьиэ туттан олохсуйбуттар, оттон сиэнэ Анна оҕо лааҕырын харабынайа Давыдов Данил Николаевичтыын икки этээстээх, дьиэ иһигэр туалеттаах, душтаах улахан дьиэ туттан, быр-бааччы олороллорун астына көрдүбүт, ыалдьыттаатыбыт, кинилэр кыыстара Марианна Зоя Петровна уолунаан Геналыын көмөлөөннөр, Рада Кононова режиссердаан устубут ”Кыйаар мохсоҕоллоро” киинэлэригэр Ыра санаа кыыс оруолун толорбута.
Баскачыын Байбалы суруйааччы Баһылай Тиитэп ”Оһохчуттар” диэн кэпсээнигэр киллэрбитэ, оскуолаҕа сылдьан Баһылай оһох тутарга Байбалтан үөрэммитэ, кирпииччэлэрин баспытаатал Елизавета Евгениевна Спиридонова (Далыр аҕабыытын Евгений Винокуров кыыһа) салайыытынан Зоялаах оскуола оҕолоро үктүүллэрэ. Баскачыын Байбал ыччаттара “Трудовойга” олохсуйбуттарын олус сэргии, үөрэ көрдүбүт.
Эдьиийбинээн дуоһуйа сынньанан, тыа чэбдик салгынынан тыынан, бэркэ сэргэхсийэн, бу ”Трудовой-81” лааҕыр оҕо сайдыытыгар бэртээхэй үктэл буолла диэн санаалаах куораппытыгар айаннаатыбыт.
Мария Неймохова.
Атырдьах ыйа, 2023 сыл.