"Бэртээхэй кинигэ" маастар-кылааска кыттыһан... - Блоги Якутии

1 год назад 290

“Бэртээхэй кинигэ” маастар-кылааска кыттыһан…

Бэс ыйын 16 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр оҕо суруйааччыларыгар, худуоһунньуктарга, уһуйааччыларга, учууталларга, төрөппүттэргэ анаан “Тобуруокап оҕо сааһа” диэн ыһыах ыһыллар.

Манна  буктрейлеры оҥорууга “Бэртээхэй кинигэ” диэн маастар-кылаас буолар эбит. СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ бу көрүҥҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕи ыыппыт буолан, сүбэ-ама буоларбытыгар көрдөспүттэрэ.

Бастатан туран, буктрейлер диэн айымньы сүрүн түгэннэриттэн таҥыллыбыт тэттик ролик буоларын өйдүөх тустаахпыт. Ис хоһоонун барытын сиһилии кэпсээн биэрбэккэ эрэ, таайтара соҕус этэн, бэйэлэрэ интэриэһиргээн ааҕалларын курдук умсугутуулаахтык билиһиннэриэхтээхпит.

Маныаха Сунтаар Элгээйитин олохтооҕо Күннэй Кириллина үлэтин холобурга аҕалабыт. Буктрейлер бу курдук буолуохтаах.

Ол эрээри Күннэй бэлэм хартыыҥкалары туһаммыт буолан, дьүүллүүр сүбэ анаан уһулбуттары инники күөҥҥэ таһаарбыта оруннаах. Үлэ бөҕөтүн көрүстэхтэрэ дии. Дьэ, онон биһирэммит үлэлэри көрүҥ.

Аны туран, билиҥҥи үйэҕэ көмпүүтэргэ уруһуйдаан, ойуулук буктрейлердары оҥоруу элбээбит.

 

Үлэлэри ырытан көрдөххө, буктрейлер уһуна 1 мүнүүтэ буолара ордук эбит. Аны туран, бары кэриэтэ айымньы  ис хоһоонун кэпсии сатаабыттар. Дьиҥэр, оннук буолуо суохтааҕын үөһэ бэлиэтээн ааспыппыт.  Итиэннэ сахалыы айымньыга сахалыы шрифт туһаныллара ордук. Уонна испэктээк курдук салҕанан баран иһэр сюжеттаах буолбакка, клип курдук, көстүүлэрэ түргэн-түргэнник уларыйан иһиэхтээх.

Тэҥнииргитигэр “ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы” куонкуруска ыыппыт буктрейлердары көрөргүтүгэр ыҥырабыт.

https://new.nlrs.ru/collections/3636?page=4

 Оттон ороһуларга махтанабыт, саҕалааһыны өйөөн, кинигэни аахтаран, буктрейлеры оҥоруу уопутун салгыы тарҕата сылдьалларыгар! Манна даҕатан эттэххэ, “ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы” куонкуруска ороһулар 3 үлэнэн кыттыбыттара.

Кырачаан Ирена Кардашевская “Туруйа уонна саһыл” диэн остуоруйаны пластилинынан оҥорбут этэ.

Оттон кыраайы үөрэтэр куруһуок оҕолоро омук операторын кытта көмпүүтэр кыаҕын бэркэ туһаммыттар.

Уонна “Иэйэхсит” түмсүү бибилэтиэкэни кытта анаан-минээн тыаҕа тахсан уһулан, тыйаатыр артыыстарын кыттыһыннаран, кылгас киинэ курдук оҥорбуттара кэрэхсэбиллээх.

Добавить комментарий