Уҥуох уустара - Блоги Якутии

7 месяцев назад 2788

Уҥуох уустара

       Сахабыт сиригэр тымныы айылҕабыт, олорор дьиэлэрбит, аныгы таҥас-сап чарааһа, билиҥҥи ас-үөл, кэлиҥҥи дьаҥ-дьаһах, араас хамсык да дьайыыта буолуо, сүһүөх ыарыыта олус элбээтэ, тэнийдэ.

       Биһиги аныгы мэдиссиинэбит маннык түгэҥҥэ төһө бэлэмнээҕий? Бу ыйытыыга мин: «Бэрэпиэссэр килииникэтэ» толору эмтиир кыахтаах”, – диэн харданы биэриэхпин сөп. Элбэх киһини атаҕар чиҥник туруорар килииникэ аһыллыбытыгар биһиги СӨ доруобуйа харыстабылыгар кылаабынай травматолог-ортопед бырааһа, мэдиссиинэ билимин дуоктара, бэрэпиэссэр  Геннадий Анатольевич Пальшиҥҥа махтанабыт.

     Килииникэ 2017 сыллаахтан үлэлиир. Бастакы эпэрээссийэлэрин 2019 сыллаахха оҥорбуттар. Урукку өттүгэр эпэрээссийэлэммит киһи атын быраастарга салгыы эмтэнэ барара. Ол оннук эмтэнии төһө үчүгэй түмүгү биэриэй? Оттон бу килииникэ толору үтүөрүөхтэригэр диэри эпэрээссийэлээбит дьонун уһуннук кэтээн көрөр. Уопуттаах быраастар «эмтиир быраас – эмтэнээччи» диэн бэйэ-бэйэҕэ итэҕэйсии уонна эмтэнэргэ эрэл үөскүүр ньыматынан үлэлииллэр.

Эмискэ күөрэйэр хамсык кэмигэр харыстанар эрэсиими,  ыраас салгын дьон санаатын өрө көтөҕөрүн учуоттаан, килииникэни куораттан тэйиччи туппуттар.

       Бу килииникэ сылтан сыл аайы сайдан-тупсан иһэр. Ол курдук, 2021 сыллаахха хирургическай инструменнары үрдүк хаачыстыбалаахтык ыраастыыр саҥа тэрилинэн хааччыллыбыттар. 2020-2021 сыллар ыпсыыларыгар «Остенил» аахсыйанан хас эмэ сүүһүнэн киһиэхэ көмөлөспүттэр. Маныаха ОМС «Травматология уонна ортопедия» диэн бырагырааматынан эмиэ эмтииллэр: 2019 с. – 5 квота, 2020 с. – 10 квота, 2021 с. – 55 квота көрүллүбүт.

Килииникэҕэ Саха сириттэн уонна Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн квотанан босхо уонна төлөбүрдээх эмтэниини ааһаллар. Уҥуох ыарыытын араас көрүҥүн эмтииргэ бу килииникэҕэ аныгы мэдиссиинэ саамай саҥа, хаачыстыбалаах эмтэрин, эрчийэр тэриллэрин («Акласта» золендраты, клеточнай плазмолифтинг терапияны, PRP-терапияны о.д.а.), Кэриэйэттэн аныгы матырыйаалларынан туһаналлар. Эмтэнииҥ көдьүүстээх буоларын туһугар эрдэттэн эпэрээссийэ иннинээҕи көрүүнү сыныйан ыыталлар.

        Уһук Илин уокурукка 15-с сылын кылаабынай травматолог быраас, бэрэпиэссэр Геннадий Анатольевич Пальшин олус боростуой майгылаах, балаатаҕа мэлдьи күлэ-үөрэ киирэр, кими баҕарар кытта хаһааҥҥыттан эрэ билэр киһитин курдук кэпсэтэр эбит. Нууччалыы саҥарарын ыарырҕатар дьон кини сахалыы сүрдээҕин өйдүүрүн, саҥаран да ыларын хайгыыллар.

Геннадий Анатольевич мэлдьи бэйэтин билиитин үрдэтинэ, саҥаттан саҥаны көрдүү сылдьар, омук миэдиктэрин кытта билсэр, ыкса сибээһи тутуһар. Киниттэн мин «Остенил» аахсыйаны ыйыттым:

– «Остенил» аахсыйа билигин ыытыллыбат. Гиалуроновай кислотаны ньиэмэстэртэн ылан, хас эмэ сүүһүнэн киһини эмтээбиппит. Оттон маннык килииникэни аһан үлэлэтэр санаа 2011-2012 сылларга үөскээбитэ. Ол сыл Швейцария Базель куоратыгар командировкаҕа бара сылдьыбытым. Чааһынай килииникэҕэ эпэрээссийэлэри, саҥа протезтары көрдөрбүттэрэ. Килииникэбитин онно баар килииникэ курдук туттарбытым. Арай анараа сылаас буолан, массыыналара аһаҕас сиргэ турар. Оттон биһиэхэ тымныы, ол иһин үлэһиттэрбэр анаан, килииникэ бастакы этээһин гараж гына оҥорторбутум.

Кэриэйэ матырыйаалын PRP-терапияҕа туттабыт. Кэриэйэ пробиркаларыгар эмтэнээччи хаанын ылан, центрифугаҕа эргитэбит, оччоҕо тромбоцикка уонна плазмаҕа арахсар, тромбоцитынан сүһүөх ыалдьар сиригэр укуоллуубут. Уолум Виталий Геннадьевичтыын Индияҕа баран, тобук эпэрээссийэтин үөрэппиппит, протеһы оҥорон таһаарыыны толору көрбүппүт. Биһиги билигин дьоммутугар Индияҕа оҥоһуллубут американскай протезтары туруорабыт. Соторутааҕыта Турцияҕа сылдьан, протезтары ыларга дуогабар түһэрсибитим. Индийскэй протезтарбыт «Meril Orthopedies» хампаанньаттан кэллилэр, онон кэлэр чэппиэртэн иэччэх сүһүөҕэр эпэрээссийэлэри оҥоруохтаахпыт. Саҥа матырыйаалга бастакы эпэрээссийэ булгуччу соҕурууттан үөрэхтээх бэрэстэбиитэл баарыгар оҥоһуллар.

   Килииникэ 18 сытар миэстэлээх. 2024 сылга биһиги элбэх квотаны көрдөөбүппүт, онуоха 200-тэн тахса квотаны биэрбиттэрэ. Бу иһигэр 160 тобук протеһа киирэр. Биһиэхэ дьон эмтэнэн үтүөрэрэ, икки атаҕынан хаамар буолара ханнык да хайҕабылтан ордук, – диэн Геннадий Анатольевич кэпсээнин түмүктүүр.

  Мин бэйэм икки төгүл Кэриэйэҕэ эпэрээссийэлэммит буоламмын: “Биһиги эдэр быраастарбытыгар олус дириҥ билиилээх оҕолор эмиэ бааллар, ол эрээри биһиэхэ аныгылыы хаачыстыбалаах тэрил, матырыйаал тиийбэт”, –  диирим. “Арай мэдиссиинэбит ити Кэриэйэҕэ курдук тэриллэринэн-тээбириннэринэн хааччылыннар, биһиги да быраас оҕолорбут  аар-саарга аатырыа этилэр”, – диэн өссө 2014 сыллаахха этэн турабын. Бу килииникэҕэ ити санаабын өссө бигэргэттим. Күһүн тастан эмтэнэрбэр, миигин Андрей Константинович Орлов диэн эдэркээн быраас ылыммыта. Киһи уйулҕатын курдат көрөр эмчиккэ түбэһииҥ – эн дьолуҥ. 

        Андрей Константинович, эн хаһааҥҥыттан быраас буолуом дии санаабыккыный?

–        Мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, биологияҕа, химияҕа туйгуннук үөрэнэр этим. Онон эбэтэр химик, эбэтэр быраас буоларым чуолкай этэ. Уонна бэйэбэр тус матыып баар курдуга. Ийэм миигин төрүүрүгэр, быраас буруйунан бу күн сириттэн бараахтаабыт. Аҕам быраастары мөҕүттэрин кырабыттан истэрим. Кини быраастарга сыһыанын уларытаары, бу идэни талбытым. Быһаарыныыбын эппиппэр: “Ийэҕэр түбэспит эрэ быраас курдук буолаайыккын”, – диэбитэ. Онон мин Х кылааска ким-туох буоларбын билэр этим. Бастаан ис уорганнары эпэрээссийэлиир хирург буолуом дии саныырым. Устудьуоннуу сылдьан реанимацияҕа медбраттаабытым. Онно сылдьан, анестезиология, реаниматология үчүгэй салаа дии санаабытым. Оттон мединституту бүтэрэрбэр, “травматолог буолабын, киһини икки атаҕар туруорар үлэҕэ сырабын биэрииһибин” диэн бигэтик санаммытым.

–        Бастакы эпэрээссийэҕин өйдүүрүҥ буолуо…

–        Аан бастакы эпэрээссийэбин ординатураҕа үөрэнэ сылдьан, хомурҕана тостубут киһиэхэ пластина баарын ылбытым. Сатанна диэн, үөрүү бөҕө этэ. Аны докумуоҥҥа бэйэҥ ааккын эпэрээссийэлээбит быраас быһыытынан суруйуу – эмиэ ураты долгутуулаах түгэнэ. Мединституту 2018 с. бүтэрбитим, икки сыл ординатурабын өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с нүөмэрдээх балыыһаҕа ааспытым.

Геннадий Анатольевичка ортопед-травматолог буолаары үөрэммитим. Ординатура кэмигэр миигин бэлиэтии көрөн, килииникэтигэр ыҥырбыта. Манна 2020 сылтан үлэлиибин. Виталий Геннадьевич (бэрэпиэссэр Геннадий Анатольевич улахан уола): “Артоскопия хайысхатынан үлэлиэҥ этэ”, – диэн сүбэлээн, миинньискэни ыраастыырга үөрэммитим. Эпэрээссийэҕэ иккиэн киирэрбит. “Хайаҕастары бэйэҥ оҥор, бэйэҥ манан киир” эҥин диэн, аттыбар туран, барытын ыйан-кэрдэн, сүбэлээн-амалаан, сорох түгэҥҥэ көрдөрөн биэрэн, элбэххэ үөрэппитэ.

2021 сыллаахха Новосибирскайга үөрэххэ ыытаннар, миинньискэ эпэрээссийэтин бэйэм оҥорор көҥүлү ылан кэлбитим. Эндопротезтары олордор улахан эпэрээссийэлэргэ бастаан ассистенынан киирэрим, билигин онно эмиэ көҥүллээхпин.

– Хас эпэрээссийэни оҥорбуккун ааҕаҕын дуо?

– Сылга, быһа холоон, 50-ча артоскопическай эпэрээссийэни оҥоробун. Ол аата сүһүөҕү арыйбакка эрэ, кыра хайаҕаһынан оптикалаах камераны киллэрэн, мониторунан көрөн оҥоруу. Манна үлэлээбит кэммэр тус бэйэм эпэрээссийэм 400-тэн, оттон ассистеннаабыппын эҥин аахтахха, 1500-тан таҕыстаҕа буолуо. Килииникэҕэ сылга ортотунан 300-400-тэн тахса эпэрээссийэни оҥоробут. Сүрүн үлэбит – эндопротеһы олордуу. Миинньискэ сэдэх эпэрээссийэҕэ киирсэр. Уопсайынан, үлэбит 80 %-на – эндопротеһы олордуу, 10 %-на – миинньискэни ыраастааһын, 10 %-на атын эпэрээссийэлэр: санныга, атах көннөрүүтүгэр, Hallux Valqus (халюс вальгус), илиигэ, тарбахтарга о.д.а.

– Квота көрүллүүтэ хайдаҕый?

– Бу сылга 200-тэн квота көрүллүбүтэ. Оттон былырыын 150 квотаны биэрбиттэрин, балаҕан ыйыгар барытын оҥорон бүтэрбиппит. Онон алтынньыга 30-40 квотаны эбии көрдөөн ылбыппыт. 160 квота – эндопротез; 59 квота – уустугунан 4-с таһымнаах эпэрээссийэ: уҥуох көннөрүүтэ, маадьаҕар атаҕы көннөрүү, халюс вальгус, о.д.а; 19 квота – уустугунан 3-с таһымнаах эпэрээссийэ: артоскопия – миинньискэни ыраастааһын. Оннук, артоскопияҕа олус аҕыйах квота көрүллэр. Дьиҥэр, сылга 300-тэн тахса квотаны оҥоруохпутун сөп ээ.

      Эдэркээн ортопед-травматологтар Андрей Константинович, Ньургун Вячеславович уонна медперсонал үлэлэрин ис сүрэхтэриттэн таптыыллара, кыһамньылаахтара өтө көстөр. Сиэстэрэлэр сарсыарда балаатаҕа эҕэрдэлээбитинэн, оннооҕор «Аламай күн сыламынан!» диэбитинэн киирэллэрэ олус да күндү. Быраастарбыт уонна  Геннадий Анатольевич киэһэ хойукка диэри үлэлииллэрин, баскыһыанньата да суох курдуктарын сөҕө санаабыппыт. Төһө сылайалларын санаан эрэ көрүөххэ сөп. Ол эрэн, үлэттэн дьоллонуу, дуоһуйуу баарын килииникэ үлэһиттэрин сирэйдэриттэн-харахтарыттан көрөбүт. Андрей Константинович: «Сылайан бөҕө буоллаҕа дии. Ол эрээри дьоҥҥо үчүгэйи оҥорбуппун таҥара учуоттуо дии санаатахпына, сылаам ааһарга дылы буолар», – диирин истэн, үтүө үтүөнэн эргиллэригэр бигэ эрэнэҕин.   

       Эмчит син биир уйулҕа үлэһитин тэҥэ буоларыгар 2014 сыллаахха Кэриэйэттэн итэҕэйэн кэлбитим. Ол санаабын бу килииникэ үлэһиттэригэр эмиэ биллим. Атын да эмтэнээччилэр эмиэ маннык санаалаахтар. Регина Большедворская этэринэн: «Килииникэ үлэһиттэрэ мэлдьи мичээрдээн көрсөллөр, эйэҕэстэр, килииникэ иһэ наһаа ыраас. Үлэлэрин таптыыллара биллэр. Эпэрээссийэ кэмигэр наһаа көрдөөх этэ, онон олох куттамматаҕым». Марина Лаврентьева, биэнсийэлээх, Алдантан кэлбит: «Клиника – супер! Врачи и девочки все МОЛОДЦЫ! Для консультации можно сюда приехать. Теперь хочется всем посоветовать, хочется всему миру рассказать!». Марина: “Быраастар сыыһа тутууларыттан илиим үстэ тоһунна, бу килииникэни билбэт этим, биир эмтэммит дьахтар ыйбыта, онон сөптөөх эмтэниини ыллым”, – диэн кэпсиир.

      «Бэрэпиэссэр килииникэтэ» сырдык, сылаас эйгэлээх. Бу дьиэ иһигэр бэйэ-бэйэҕэ эйэлээх, ыарыһахха амарах сыһыан салгына сайа охсор. Мин эпэрээссийэбэр наар үрдүүр хааным баттааһына кыратык да үрдээбэтэҕиттэн үөрбүтүм, ол курдук кэпсэтэн-ипсэтэн, уоскулаҥ туругар киллэрэн, барыта уурбут-туппут курдук туттан-хаптан оҥороллорун киһи хайгыыр эрэ.

Кып-кыра уҥуоҕу саайар тыас тимир ууһун балтатын курдук тыастааҕын олус дьиктиргээбитим. Эрбээн, быһан, тоҥсуйан, тигэн, иһигэр туттаһыктары уган, эмиэ да уҥуохтан бэйэтэ туспа уус-уран оҥоһуктары оҥорор ювелирдар, эмиэ да уҥуох уустара кинилэр эбит диэн санааҕа кэлбитим.

Үрүҥ күнтэн алгыстанан,

Маҥан уотунан арчыланан,

Сах таҥаралаах саха

Төрүт уус дьонуттан

Ханыы-сыдьаан тардыһан,

Аныгы үйэ модьоҕотугар

Кыымынан сандаарар

Кыыһар кыһа уоттаах

Үрүҥ аанньаллар –

Уҥуох уустара –

Балталыыр тыастара,

Элийэ эрбиир

Тэриллэрин дьүрүскэнэ

Дьол ырыатын уһаарар.

Сүрэххэ күөртээх –

Күн Дьөһөгөй оҕото,

Улуу Суорунтан

Иҥэриммит идэҕэр

Сүппэт-оспот, суураллыбат

Бар дьон махтала

Саргыны салайдын,

Уруйу тускулаатын!

           Махталы кытта Ирина Харайданова, үрдүк категориялаах учуутал, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

 Томпо, Кириэс Халдьаайы.

Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ.

Добавить комментарий