7 месяцев назад 1623
Дьол көтөрүн көрбүт тэҥэ сананныбыт…
90-с сыллар. Дэриэбинэҕэ кэнсиэр, киинэ кэлбэт буолбут, ол оннугар соһо сылдьар улахан хааһахтарыттан тута ороон атыылыыр дьон охсуллан ааһара элбээбит кэмэ. Олор албынныыллара да үгүһэ. Оннооҕор биирдэ биир киитэрэй “кэмэрсээн” кытайдар өлбүт киһини анараа дойдуга таҥаннаран ыытар түүппүлэлэрин, көстүүмнэрин бөһүөлэк олохтоохторугар барытын батаран барбыттааҕа. “Кылабачыйан тугун чэпчэкитий?!” – диэн, сыанатын да, ыйааһынын хайгыы-хайгыы ылбыт сарсыннарыгар ыһыах түһүлгэтэ бүтүннүү тууллан түспүт уллуҥ буолбут этэ…
Дьиикэй ырыынак оннук хобдох көстүүтүн, харчы туһугар бэйэ дьонун да харыстаабат, аһыммат буолбут хаҕыс сыһыаны көрө улаатан эрэр оҕолорго арай биир үтүө күн барыларыттан чыҥха атын айылгылаах, дьол көтөрүн, ыра санаа туоларын туһунан кэпсээннээх киһи тиийэн кэлбитэ. Бу олохтон туох эрэ эриэккэһи күүтэр сааспытыгар сылдьар романтик куттаах ыччат кини сэһэргиирин утаппыттыы умсугуйан истибиппит. Кэлин “Эдэр саас” хаһыакка бэчээттэппит “Кустугу ситтэрбиэн” диэн сэһэнин ааҕан, ол дьиибэ-дьээбэ киһибит, чахчы, ураты дьылҕалааҕын билбиппит.
Оччолорго И.Дьячковскай–Кыталык Уйбаан кэрэхсэбиллээх олоҕун омуннаах соҕус остуоруйата ыра санаа хайаан да туоларыгар итэҕэлбитин күүһүрдүбүт эбит буоллаҕына, Михаил Лукачевскай ону өссө бигэргэтэн биэрэр бэртээхэй киинэни устубут.
Чахчыта да, “Кыталыктаах кырдалым” – итэҕэл уонна эрэл киинэтэ. Ити икки баарын тухары киһи үрдүккэ талаһар дьулуура уостубат, модун санаата булгуруйбат, бигэ тирэҕэ халбаҥнаабат.
Алгыстаах аата да этэрин курдук, бу киинэҕэ сырыттахха, дьол көтөрдөрө үҥкүүлүүллэрин көрбүт тэҥэ сананаҕын, туох эрэ кэрэҕэ тиксибит курдук турукка куустараҕын: ырааска, сырдыкка, ыраҕа… Манна балыыһа маҥан палаатата кытта оннооҕор атын эйгэлээх: ыарыы ынчыга буолбакка, оҕо хатан күлүүтэ иһиллэр… Оттон антах төрөөбүт дойдутугар… сулустар кытта чугастар!..
Олох оҕо хараҕынан ойууланар буолан, кинини кытта тэҥҥэ күннээҕиттэн да дьиктини булан көрсөҕүн. Кырдьыга да, бурдук бааһынатыгар быраҕыллыбыт комбайн саваннаҕа көччүйэ сылдьар жираф курдук буолбаат?! Оччо үчүгэйгэ Баанньа тоҕо санаарҕыы олоруохтааҕый, өскө жираф, бегемот, носорог уо.д.а кыыллар кини киэҥ фантазиятыгар илэ хаама сылдьар буоллахтарына? Арааһа, ити биһиги бэйэбит тугу да болҕойон көрбөт буолбуппут быһыылаах, наар бириэмэ, үлэ, харчы сырсыытыгар сылдьан. Хаһан эрэ оҕо сылдьан син биһиги да былыттарга сылгылары, эһэлэри, куобахтары булар этибит буолбаат? Онтукабыт ханна сүттэ? Бээ, кыратык тохтуу түһэн, тыын ылан, тулабытын көрүнэн, бу баартан Баанньа курдук дуоһуйуоххайыҥ эрэ… Кини ыра санаа туолар күүһүгэр итэҕэлэ оннооҕор дьиппиэн майгылаах нүһэр аҕатын (Ньургун Бэчигэн) уһугуннарда, уйадытта, уулларда. Иккиэн көрдүлэр эбээт – кыталыктары! Илэ дуу, санааларыгар дуу… Ол эрээри иккиэннэрин дьол кустуга кууста…
Ити кустук курдук, бу киинэҕэ кэм, эйгэ, көстүү, түгэн ыпсыһар дьураата суох силбэһэллэр… Барыта оннук чараас… Бэл, киинэ хартыыната кытта үүт тураан… Туманнаах курдук ньыманан уһуллубут. “Бу түүл дуу, бит дуу?” диэх айылаахтык.
Хаһан эрэ мин М. Лукачевскай Байбал Сэмэнэп Уйбаан Арбыыта хоһоонноругар ырыаларынан туруорбут испэктээгэр сылдьыбытым. 2013 сыллаахха быһыылаах. Онно аан бастаан өйдөөбүтүм, кини илэ-чахчыны кытта абы-хомуһуну тэҥинэн дьүөрэлии тутарын. “Аптаах” режиссер бу да сырыыга кыаҕын, дьоҕурун, таһымын көрдөрдө… Кини мындыр көрүүтүн оператора Серафим Федоров бэркэ таба тутан уһулбута хайҕаллаах. Маныаха Сэмэн Аманатов настаабынньыктаабыт буолуохтаах..
Оттон киинэ бэйэтэ киһиэхэ дьайар аба-абылаҥа диэн – киһи дууһатын кылын таарыйан иитэригэр. Хайдах эрэ, үтүөнү эрэ оҥоруоххун, дьоҥҥо болҕомтолоох буолуоххун, судургуттан кэрэни булан көрүөххүн, хас биирдии түгэнтэн үөрүөххүн баҕаран кэлэҕин. Кырдьыга да, күннээҕи сүпсүлгэҥҥэ суураллан хааламмыт, ардыгар биһигиттэн биир истиҥ мичээри, эйэҕэс тылы эрэйэр дьоммутун аахайбакка хааларбыт баар суол. Неругай олбуорун аанын оҥорбуттарын, уутун баспыттарын, кыра уолчаан кинилиин кэпсэтэр буолбутун кэннэ, эмээхсин төһөлөөх сэргэхсийэ түстэй? Этэргэ дылы, хас да сылын ылан быраҕан кэбистэ. Киһиэхэ итинник кыра да наада эбээт!
Олох эргиирэ бу киинэҕэ ырылхайдык ойууламмыт. Оҕонньор сэһэргиир куолаһынан, оҕо анаарар толкуйунан ойууланар олохтон саҕалаан, Баанньа уонна Неругай доҕордоһууларыгар тиийэ барыта көлүөнэ быстыспат ситимин, солбуйсууларын бигэргэтэр. Биир барар, биир кэлэр… Ол эрээри букатын сүппэттэр… Ким эрэ өйдөбүлүгэр сөҥөн хаалаллар, кимиэхэ эрэ кыталык буолан көстөллөр…
Оо, кыталыктаах кырдал кырасыабайа кэмнээх буолуо үһү дуо? Онно барыта үчүгэй эбээт! Ол тэҥэ бу киинэҕэ мөкү, куһаҕан, өстөөх диэн эмиэ суох ээ! Арай… дьон тыла эрэ саамай утары күүс курдук бэриллибит: “ойоххун сиэбитиҥ”, “бу кэриэтин өлөн хаалара эбитэ буоллар”, “Неругай оҕолор кулгаахтарын быһар”, о.д.а. Ол эрээри ити оруна суох сирэй-харах анньыытааҕар оҕолор дьылҕалара быдан суолталааҕын өйдөөн, аҕалара көһөн барар уолҕамчы санаатын уҕарытан, уолаттарын улааппыт эйгэлэриттэн күрэппэт быһаарыныыны ылыммытын Билии күнүгэр тэринэр түгэннэрэ кэрэһилиир. Кини уолаттарын таптыыр. Бэйэтэ хайдах сатыырынан уонна иэйэринэн. Онтукатын биһиги кыһамньытыгар көрөбүт: баттыгы оҥорон туттарыгар, киэһэ ахсын тото-хана аһатарыгар, таҥастарын бэрийэригэр, оннооҕор чыпчахайдаах үөрэтэригэр-такайарыгар кытта. Ини-биилэр биир сутурук курдук тутуспутунан сылдьыахтаахтарыгар сүбэтэ, “элбэх тыл сымсах, аҕыйах тыл минньигэс” дииллэринии, бырааттыылар долоҕойдоругар күүскэ хатанан, аны Баанньаларын бырахпакка, бэйэлэрин кытта бииргэ сырытыннаран, уолчаан хаама охсор баҕатын өссө күөртээн биэрдилэр.
Бэйэтэ да сытыы уонна харса суох Баанньа саҥаны, сонуну билэргэ туох да аһара дьаныардаах. Аҕата төһө да баараҕай мас курдук бөдөҥ-садаҥ, толору уулаах буочуканы көтөҕө сылдьар бухатыыр буоллар, ис дьиҥэр олус уйанын кини оҕотук сүрэҕинэн бүтэйдии сэрэйэр. Ол иһин толлубакка, ылбычча киһи сатаан быһаарбат эриэхэбэй ыйытыыларынан көмөн, ыадаҥ соҕус аҕатын уолутан, ууга-уокка түһэрэн ылар. Ол кинилэри өссө ордук чугаһатар, утары күүстэр бэйэ-бэйэлэригэр тардыһалларын курдук.
Оттон ийэтэ – Баанньа аанньала (Ньургуйаана Шадрина). Сиэстэрэ Сибиэтэтээҕэр өссө сылаас, сырдык киһи эбитин кини тута бастакы күнүттэн өйдүүр. Оҕотун көрбөккө хаалан, оҥкучахха охторон эчэппитин сааһын тухары бэйэтигэр ыар буруй оҥостоохтообут. Ол сүгэһэрин өлөн баран биирдэ ыыппытын хара сордоох омуһахпыт иһэ биирдэ сыдьаайа түһэрэ сэһэргээтэ быһыылаах. Ол ньэгир долгуна, бадаҕа, Баанньаҕа охсулунна, онтон ыла хардыыттан хардыыны оҥорон барда…
Киинэ ис хоһооно Кыталык Уйбаан сэһэниттэн улахан атына суох. Мэлдьи олох кэрэтин көрдөрөргө сорунар Любовь Борисова буочара Алексей Амбросьевтыын (аччыгыйа) кыттыһан суруйбут сценарийдарыгар улаханнык биллэр. Оннооҕор бүтэһигэр Неругайга бу тухары биллибэтэх уола тиийэн кэлэр. “Хэппи энд” түмүктээх киинэтин режиссер М. Лукачевскай: “Один дома” курдук, сыл аайы дьиэ кэргэнинэн көрөргө ананар”, – диэн судургутук быһаарар.
“Один дома” киинэҕэ Ороһуоспа абыгар итэҕэйэр эбит буоллахтарына, манна дьолу түстүүр кыталыктар үҥкүүлэригэр. Эмиэ ити киинэҕэ курдук, икки соҕотохсуйар киһи – босхоҥ оҕо уонна аттыгар чугас дьоно суох кырдьаҕас – доҕордоһуулара киинэ сүрүн тутула буолар. Бу Баанньалаах Неругай курдук өйөнсөн сырыттахха, аҕата Дьуон даҕаны, бэрэссэдээтэл даҕаны соҕотохсуйуу соруттан сорсуйуо суох этилэр. Киһи киһинэн олорорун эдэр эмэнниин эйэлэрэ биир тыла суох быһаарар.
Сүрүн дьоруойдарбыт оҕолор буолан, киинэ ураты истиҥ уонна иһирэх. Баанньа убайдара буолбут Айысхаан Яковлев, Эрхаан Слепцов уонна кини доҕотторо бэрт итэҕэтиилээхтик оонньоотулар. Маныаха Туйаара уобараһын тоһоҕолоон этиэххэ сөп. Көрдөххө, арай, солуута суох курдук эрээри, бу олус амарах киһи улаатан эрэр. Баанньаҕа саамай чугас – кини. Иккиэн баҕа санааларын этээри, дьиэ үрдүгэр чөкөһөн олороллоро, көһөөрү гыммыттарын истэн сайыһара, бастакы атылын оҥорорун кини эрэ одуулуу турара, Неругайтан быыһыыра, кэнсиэргэ илдьэ барара – барыта киһини долгутар уйан түгэннэр. Кыталык Уйбаан биир дойдулааҕа, Амма Чакырын оҕото Миша Слепцов 8 саастааҕар бэркэ да оонньообут эбит. Дэлэҕэ норуоттар икки ардыларынааҕы «Золотой ворон» бэстибээлгэ «За выдающуюся роль и вдохновляющую историю» диэн анал бириэмийэни ылыа үһү дуо?!
Бу иннинэ “Карина” улахан экраҥҥа тахсыбыта. Эмиэ сүрүн оруолга – оҕо. Анаабыт курдук, иккиэн Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар утуу-субуу таҕыстылар. Киһи айылҕа оҕото буоларын өйдөтөр бу дууһалаах киинэлэри хайаан да көрүҥ диэн ыҥырабыт.
Анисия Иевлева
Хаартыскалар киинэ трейлериттэн.