"Доҕордоһуу" түмэлэ: кэми, көлүөнэлэри, норуоттары ситимнээн - Блоги Якутии

9 месяцев назад 1613

“Доҕордоһуу” түмэлэ: кэми, көлүөнэлэри, норуоттары ситимнээн

“Хараабылы хайдах ааттыыгын да, соннук устуо” диэн этэллэринии, Өлүөнэтээҕи судаарыстыбаннай историко-архитектурнай заповедник-музей “Доҕордоһуу” диэн ил истиҥ иэйиитинэн илгийэр иһирэх ааттаах буолан, манна өрүү ыраахтан-чугастан араас омук дьоно тоҕуоруһа мустар, дуоһуйа сынньанан, астынан барар.

Чахчыта да, бу түмэл норуоттар доҕордоһууларын эйэлээх эйгэтин түстүүр  тосхолун түөрт уонча сыл кэриҥэ туллаҥнаппакка тутуһан кэллэ.

– 1632 сыл бэс ыйыгар Өлүөнэ өрүс бу эҥээр кытылыгар Петр Бекетов хараабыла тиксэр. Архангельскай помордарын мындыр барайыактарынан оҥоһуллубут ол устар аал, чопчулаатахха коч, маннык бөкүнүк түгэхтээҕэ үһү.

Итинник сымыыт курдук быһыылааҕа, муус ыктаҕына, кыбыллан хаалбакка, үрдүгэр олоро түһэригэр табыгастаах.

Дэлби ыалдьан, сылайан кэлбит дьону Лөгөй тойон, сахалыы сиэринэн, үчүгэйдик көрсүбүт диэн  кэпсэнэр. Ол аата биһиги Арассыыйа империятыгар күүс өттүнэн буолбакка, Окладниковтаах быһаарбыттарын курдук, баҕа өттүнэн холбоспуппут. Ону бэлиэтээн, музейы “Доҕордоһуу” диэн ааттаабыттара, – диэн кэпсээн саҕалыыр бу түмэли тэрийэр туһунан толкуйу олоххо киллэрбит Охлопковтар кыыстара, дьиэ кэргэн үйэлээх үлэтин салҕааччы Лариса Степановна Степанова.

– Ийэм Раиса Реасовна Кулаковская өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ кэбиниэттээх, холобур буолар үлэлээх саха тылын учуутала этэ. Суруйааччы бөҕөтүн таһааран, үөрэнээччилэри кытта көрсүһүннэрэрэ. Суорун Омоллоон үгүстүк сылдьара. Биирдэ кини ийэбэр: “Куорат бастаан турбут сирэ манна баарын Георгий Башарин кэпсиир. Онно музей тэрийиэххэ, эн дириэктэр  буол”, – диэн этэн соһуппут. Аҕам Степан Гаврильевич Охлопков, 5 отделениелаах “Лена сопхуос дириэктэрэ, ити идиэйэни биһирээн, көмөлөһөргө турунар. Тыа хаһаайыстыбатын оччотооҕу миниистирэ, онтон Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ М.Е. Николаевы көрсөн, былааннарын билиһиннэрэн, Михаил Ефимович өйөбүлүн ылан, 3 штаты уонна бу историческай суолталаах, кэрэ көстүүлээх, анаабыт курдук сиртэн 1500 гектар кэриҥэ иэннээх учаастагын аныырга уураах таһаарар. Дьэ, сирэ-уота быһаарыллыбытын кэннэ, норуот күүһүнэн күүстээх үлэ барар. 

Билигин “Доҕордоһуу” заповедник-музей барыта 28 эбийиэктээх эбит. Ол эбийиэктэри көрүү Өксөкүлээх Өлөксөй аспыт сэргэлэрин санатар тулааһынтан саҕаланар.

Онтон бастакы тохтобул – Сукурдуун Миитэрэй Чомчохой алааһыгар турбут балаҕана. Онно киирэн, 200-чэкэ сыллааҕыта орто сэниэ ыал хайдах дьаһанан олорбутун көрөҕүн.

Муус түннүктэр нөҥүө киирэр сырдык дьиэ ис бараанын, чахчы, былыргылыы көстүүлүүр, оччотооҕу кэмҥэ түбэспит курдук турукка киллэрэр… 

Салгыы ураһаны өҥөйөн ааһаҕын. Бу ураһаны Ем. Ярославскай аатынан судаарыстыбаннай түмэлтэн 1987 с. көһөрөн аҕалбыттар. Музей бастакынан дьэндэйбит эбийиэгэ буолар.

Аһыллыытыгар Нуучча тылын, литературатын уонна искусствотын күннэрин кыттыылаахтара – Сэбиэскэй Сойуус биллэр суруйааччылара –  кэлэн ыалдьыттаан барбыттар. Ол кэнниттэн айар, салайар, учуонай бастыҥ дьоммутун түмпүт “Уроки истории” култуурунай-маассабай тэрээһин түһүлгэтэ түстэнэр.

Норуоттар доҕордоһууларын уруйдуур көрсүһүүлэртэн үлэтин саҕалаабыт түмэлгэ түөрт үйэ бииргэ иллээхтик олорбут саха уонна нуучча омуктарын итэҕэллэрин сүдү бэлиэлэрэ – сэргэлэри кытта христианство кириэһэ – кэккэлэһэ туралларыгар хараҕыҥ хатанар.  

-Бастакы епископ Дионисий, ол эбэтэр Дмитрий Хитров, саха тылын бастакы грамматикатын оҥорбутун, малыыппалары (псалмы), итэҕэл учуобунньугун (катехизис) тылбаастаабытын билэҕит. Өссө ону Москубаҕа айаннаан тиийэн, бэйэтин үбүгэр бэчээттэппит. Сүгэн аҕалан, улуустарынан, хотунан эҥин сатыы сылдьан түҥэппит. Төрөөбүт тылбыт сайдыытыгар төһөлөөх улахан өҥөлөөҕүн санаан көрүҥ?! Оччолортон библияны сахалыы ааҕаллара. Онон түөрт үйэ бииргэ алтыһан олорон, нууччалары кытта биир сомоҕо күүс буолбуппутун кэрэһилиир бэлиэни Уус Алдан маастара И.И. Бурцев оҥорбута, – диэн кэпсиир түмэл хас биирдии экспонатын туһунан чааһы чааһынан кэпсиир кыахтаах Л.С. Степанова.

Саллар сааһын тухары норуоттар доҕордоһууларын өрө туппут, олоҕун тиһэх сылларыгар “Саҥа Кэс Тылы” сахалыы саҥардыбыт Суорун Омоллоон музейга кэлбит дьоҥҥо салгыбакка этэрэ эбитэ үһү: “Мы все люди одной планеты – матери Земли”, – диэн. Ити тыллар суолталара билигин өссө дириҥээн турарын санатардыы, кини төрөөбүт Тааттатын Ытык Таҥаһа алааһыттан көһөрөн аҕалбыт дьиэтин аара баран иһэн көрөн аастыбыт. Улуу киһибит итиннэ киирэн сынньанан, нуктаан ылара, сороҕор хоно да хаалара үһү.

Дьэ, онтон ыллык суолбут нууччалар кэлиилэрин кэпсиир хараабылга сирдээн аҕалла.

– Уһук Илиҥҥэ айан суолун арыйбыт аартык бу сир буоллаҕа эбээт: Бекетовтаах, Дежневтаах, Хабаровтаах, уо.д.а. айанньыттар бары манна тохтоон ааспыттара. Бекетов бастакы кэлии киһи буолбатах, хоруоҥка, оҕуруо, хаарыс солко диэн XV үйэттэн баар эбит буоллаҕына, кытайдарыҥ, дьоппуоннарыҥ эрдэттэн эргинэ-урбана кэлэ сырыттахтара дии. Биһиги да атыыһыттарбыт сырыылара киэҥ буолуохтаах. Бекетовыҥ бастакынан Саха Сирин туһунан сибидиэнньэни ыраахтааҕыга тиэрдибит уонна Арассыыйа империятын састаабыгар киирбиппитин бигэргэппит киһи буолар. Ол кэнниттэн 1638 сыллаахха манна аны Семен Дежнев тиийэн кэлэр. Ити кэмҥэ бу Ой Бэһинэн, Буойунунан, Элэһин Тумулунан, Синньэр Мыраанынан  тоҕус (ардыгар 12 дииллэр) уоллаах уонна соҕотох кыыстаах Өнүкүй баай олорбут. Ол соҕотох кыыһа – Абакайаада. Кинини Семен Дежнев кэргэн ылаары, ыраахтааҕыга хаста эмэ суруйан, үһүс сылыгар биирдэ көҥүллэтэр. Тоҕо диэтэххэ, оччолорго эдэр эрээри, олус муударай бастакы ыраахтааҕыбыт Михаил Федорович Романов Сибиир, хоту кыраай төрүт дьонноох-сэргэлээх буоларын туһугар айанньыттар олохтоохтору кыдыйбаттарын, кыргыттарын ойох ылбаттарын, илдьэ кэлбэттэрин туһунан ыйааҕы таһаарар. Ону кэһэр сатаммата. Ол иһин 1641 сыллаахха биирдэ Сэмэн Дежнев Абакайаадатынаан бэргэһэлэнэллэр. Кини ойоҕун, оҕотун быраҕан барбатаҕын туоһулуур суругу музейбыт үлэһитэ Зоя Ильинична Петухова архыыптан булан турардаах. Абакайаадатын бэйэтин курдук православнай итэҕэллээхтэри кытта буолбакка, сүөһүтүн сатаан көрбөтүнэн, кыра оҕолооҕунан, кини кыһын төннөн кэлиэр диэри аҕатыгар Өнүкүй баайга кыстыырыгар көрдөспүт эбит. Ол аата сыл аҥаарынан төннөрдүү сорунан барбыт. Ол эрээри  Азия-Америка силбэһэр сирдэрин арыйар айаныгар уһаан-тэнийэн, 19 сылынан эргиллэн кэлэр буолбаат? Абакайаада өлбүтүн кэннэ. Уолун илдьэ соҕуруу барар, онон сурахтара сүтэр…

Дьэ, ити курдук сиэрдээх сэһэни истэн баран, уоспаттан эстибит Зашиверскай куорат таҥаратын дьиэтин куоппуйатыгар тиийэн кэллибит.

Биир бэйэм саҥа биллим, бу Спасо-Зашиверскай таҥаратын дьиэтин айанньыт Ерофей Хабаров уола туппутун. Биир да тоһоҕото суох. Холобура, бу бөлчөҕөр үөһээҥҥи куолакаллаах чааһын барытын тардан-тутан турар эбит.

Ол уустук тутуулаах дьиэни 1991 сыллаахха Уус Алдан уустара бэйэлэрэ үтүгүннэрэн туппуттар. Архитектура дуоктара А.В. Ополовников бэйэтинэн кэлэн көрөн биһирээбит. Оттон дьиҥнээх дьиэтиттэн ордубут аҕыйах маһын Новосибирскайга илдьэн, ойуутуттан көрөн сөргүппүттэрин билэр буолуохтааххыт.

Сырыы баар буолла да, аны атыы-эргиэн тэнийэр. Ол сайдыыны Уркуускайтан утумнаах Басов атыыһыт дьиэтэ билиһиннэрэр.

Икки хос сабарайдаах, сиртэн 2 миэтэрэ үрдүктээх атахха турар сайыҥҥы дьиэ киэҥ даҕаны эбит! Аны сабараанньатын барытын сылгы сиэлинэн симтэрбит үһү. Арааһа, аһын-үөлүн муоста анныгар ууран харайарыгар, кутуйах үөскээбэтин диэн буолуо дуу?..

Чэйинэн эргиммит, Дьокуускайга “Детский мир” уонна 4-с маҕаһыыннар буола сылдьыбыт дьиэлэри туттарбыт меценат атыыһыт, бэйэтэ тулаайах буолан, кыаммат-кыаллыбат араҥа дьонун олус аһынар эбитэ үһү. Бу уораҕайыгар кинилэри приют курдук олордубут.

 Билигин манна, “Якутзолото” үбүлээн туттарбыт куоппуйа дьиэтигэр, араас сэдэх экспонаттар ааспыт кэм кэрэһиттэрэ буолан тураллар. Холобура, Марк Жирков оонньообут XIX үйэтээҕи фортепианотын, Суорун Омоллоон кэргэнэ Надежда Шепелева ыйан биэрэн, II Хомустаах ыалын олбуоруттан 1998 сыллаахха тиэйэн аҕалбыттар. Хаарыан үчүгэй таах быраҕылла сыыспыт…

Биир хос саха туттар тэрилигэр, малыгар, таҥаһыгар анаммыт. Манна Төҥүлү ууһа Михаил Ильич Попов удьурҕайтан иһиттэрэ болҕомтону ордук тартылар. Итинник улахан удьурҕайы булар да уустук ини…

“Доҕордоһууга” тас дойдулартан кытта кэлэллэр эбит. Ол иһин Саха Сирин төрүт олохтоохторун билиһиннэрэргэ биир хоһу анаабыттар. Уопсайынан, Суорун Омоллоонноох Раиса Реасовна Хотугу норуоттар музейдара баар буолуон баҕараллара эбитэ үһү. Хаһан эмэ ол баҕа санаалара туолуо диэн эрэнэбит…

   Саха бастыҥнарын уонна бастакыларын туһунан кэпсиир хоско үөрэнээччилэр үгүстүк сылдьаллар эбит. Научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ кыттар дакылааттарыгар матырыйаал хомуйаары.

“Былыргы бөһүөлэк” диэн комплекска Мэҥэ улууһун кулубата Баһылай Пономарев Туруйалаах алааһыгар Манчаарыттан саһарга анаан туттарбыт мэндиэмэннээх башнятын куоппуйата, “Кэрэни көрбүт” киинэҕэ көстүбүт Кычкин суруксут ампаара, XVIII үйэтээҕи дьиэ, о.д.а. эбийиэктэр бааллар.

Ити курдук, ааспыт кэм омоон суолунан хааман, эдэр саас хатан күлүүтүнэн доҕуһуолламмыт, көрүнэн-нарынан көҥүл тыыммыт сынньалаҥ сиригэр баар буола түһэбит.

Манна таһырдьа астанар, хаҥкылыыр, сырылыыр сирдэр, банаҥҥа, квадроциклга, акка хатааһылыыр өҥөлөр, быһата, күнү быһа чэбдик  салгыҥҥа көччүйэргэ араас аттракционнар үгүстэр. Сыаналарын билиһиннэрдэххэ:

Дьон-сэргэ, оҕо аймах сөбүлээн сылдьар сиригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи араас тэрээһиннэр ыытыллаллар.  Ол курдук, бу олунньуга хаар, муус оҥоһуктарга күрэх буолан ааспыт. Хаарга Атастыров Алквиад Павлович, Петров Святослав Гаврильевич (Таатта), мууска Иван Иванович, Игорь Ильич Мохначевскайдар (Төхтүр, Мэҥэ Хаҥалас) бастаабыттар.

-Бу кулун тутар 23 күнүгэр хаарга оонньуулар күрэхтэрэ 24-с төгүлүн буолар. Бастакытын 1998 сыллаахха ыытыллыбыта. Оччолорго Раиса Реасовна этэрэ: “Сотору таһырдьа оонньуур оҕо ахсааннаах буолуоҕа”, – диэн. Кырдьык, төлөпүөҥҥэ күнү быһа олороллор дии. Ол иһин эти-хааны сайыннарар күрэхпит суолтата сылтан сыл өссө улаатан иһэр.

Сайынын “Суорун суолунан” хонуктаах квест-оонньууга түмсээччилэр. 30-с чыыһылаҕа аҕам саастаахтарга нуучча култууратын фестивалын тэрийиэхтээхпит, – диэн үлэ-хамнас кэпсэтиитинэн экскурсиябытын түмүктүүбүт.

         Кэрэхсэбиллээх кэпсээнин иһин Лариса Степановнаҕа махтанан баран, сырылыы ойбутум. Оттон ааҕааччыларбар санатабын, музейга комплексыгар Пушкин каартатын төлөөн киириэххитин сөп.

Сырыыларын сырдаттылар Соргулар. Суотту, 2024

Добавить комментарий