10 месяцев назад 778
Баппаҕаайыга эдэр педагогтар тоҕуорустулар
Кулун тутар 14 күнүгэр Бүлүү улууһун Баппаҕаайы М.А. Алексеев аатынан оскуолатыгар «Молодые педагоги – радость полета» диэн VI региональнай куонкурус Баппаҕаайы оскуолата тѳрүттэммитэ 95 сылыгар уонна саха тылын, литературатын учуутала, кыраайы үѳрэтээччи, РСФСР үѳрэҕириитин уонна Саха АССР физкультуратын, спордун туйгуна, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Егор Сидорович Алексеев төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах буолла.
Е.С. Алексеев төрөөбүт нэһилиэкпит үөрэхтээһинигэр, историятын үйэтитиигэ сүдү кылааты киллэрбит энтузиаст учуутал этэ. Улуус, республика хаһыаттарын общественнай корреспондена. Кини нэһилиэк историятын хомуйуунан утумнаахтык дьарыктаммыта. Оскуолатыгар балаҕан туттаран, кыраайы үөрэтэр музейы тэрийбитэ. Суруйбут, муспут матырыйааллара нэһилиэк үбүлүөйдэригэр тахсыбыт кинигэлэргэ биир тирэх докумуон буолбуттара.
Егор Сидорович бэйэтин идэтигэр олус бэриниилээхтик төрөөбүт Баппаҕаайытын оскуолатыгар 50-ча сыл үлэлээбитэ, үгүс сыратын, билиитин оҕолорго анаабыта.
Бу маннык түмсүү-куонкурус сүрүн сыала диэн, Бүлүү, Горнай улуустарын оскуолалара уопуттарын атастаһалларыгар, үѳрэҕи сайыннарыыга билиилэрин хаҥаталларыгар, саҥа арыйыыларын билиһиннэрэллэригэр, талааннаах эдэр педагогтар үлэлэрин көрдөрөллөрүгэр усулуобуйа тэрийии, кѳмѳ – тирэх буолуу.
Күрэхтэhиигэ уопсайа 10 оскуолаттан 61 учуутал кэлэн кытынна: Бүлүүттэн 1, 3 №-дээх оскуолалар, ИТЦ «Кэскил» оҕо киинин коллектива, Баппаҕаайы, Халбаакы, Ѳкүндү, Чинэкэ, Горнайтан Солоҕон, Кировскай, С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх оскуолалара.
Бу күммүт иккис тэрээhинэ «Новая Вилюйская школа – 2030» диэн методическай күн буолла. Манна Лѳкѳчѳѳн, Дьѳккѳн, Баппаҕаайы, Бэрдьигэстээх, Кировскай, Өрт оскуолаларын уопуттаах учууталлара араас ньымалары, саҥа педагогическай технологиялары тутталларын үллэстэн, билиилэрин, дьоҕурдарын кѳрдѳрѳр аһаҕас уруоктарын ыыттылар.
М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатыттан алын кылаас учуутала Оленова Светлана Дмитриевна II-III кылаастарга саха тылыгар «Толкуйдаа, оонньоо, чиҥэт»; история учуутала Иванова Сардана Петровна VI кылааска «Киэн туттар дьоммут ааттарын сүгэр уулуссалар» диэн краеведение уруогун;
Лѳкѳчѳѳн А.И. Леонтьев аатынан оскуолатыттан омук тылын учуутала Малышева Мария Михайловна IV кылааска “Let’s remember” (Давайте вспомним); саха тылын уонна литературатын учуутала Николаева Варвара Георгиевна V кылааска «Оҕо куйуурдуу турара»;
Дьѳккѳн Н.А.Кондаков аатынан оскуолатыттан математика учуутала Васильев Афанасий Манчарович тохсустарга «Площади»;
Кировскай оскуолатыттан математикаҕа учуутала Дьяконова Лилия Владимировна технология уонна математика уруоктарынан ахсыстарга «Четырехугольники»;
Бэрдьигэстээх С.П. Данилов аатынан оскуолатыттан омук тылын учуутала Леверьева Виктория Владимировна үһүстэргэ «Страны мира»;
Ѳрт С.И. Тарасов аатынан оскуолатыттан биология учуутала Филиппов Владимир Русланович сэттистэргэ «Экологические факторы. Среда обитания организмов».
Оҕолор оҥоһуктарынан быыстапкаларын көрдөрдүлэр технология учууталлара: Дьөккөн орто оскуолатыттан Дьяконова Евдокия Павловна, Лөкөчөөн оскуолатыттан Туприна Варвара Алексеевна, Баппаҕаайы оскуолатыттан Алексеева Сардаана Афанасьевна, эбии үөрэхтээһин педагога Степанова Екатерина Васильевна.
Алексеев Егор Сидорович хаалларбыт баай матырыйаалын хомуйан быыстапкалаата педагог-библиотекарь Платонова Саргылана Семеновна.
Кэлбит учууталлар, оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин үлэһиттэрэ бары түмсэн, «Межулусное сетевое образовательное пространство: ориентиры и механизмы» диэн тиэмэҕэ аһаҕастык кэпсэттилэр.
Бүлүү, Горнай улуустарын үѳрэҕириитин салалтата кыттыылаах икки улуус сүрүн үлэлэрин, бырайыактарын билиһиннэрдилэр уонна бииргэ үлэлэһэргэ сүбэлэһии буолла, аныгыскы күрэххэ араас этиилэрин киллэрдилэр.
Эдэр учууталлар куонкурустара үс кѳрүҥүнэн ыытылынна.
Бастакынан «Полёт к успеху» дьыалабыай оонньууга хамаандалар кѳрүстүлэр. Сыала – соруга диэн, эдэр педагогтар профессиональнай таhымнарын үрдэтии, булугас, толкуйдаах буолуу, коллективынан бииргэ сомоҕолоhуу, айымньылаах үлэни сайыннарыы, түмсүүлээх, бодоруhар эйгэни тэрийии.
Кыттааччылар билиилэрин 4 түһүмэҕинэн тургуттулар: квиз оонньуу, тѳрѳппүтү кытта үлэ практиката, «Буриме» хоhоон суруйуу, «Триз» айар сорудаҕы толоруу.
Анал кубогунан наҕараадаланнылар:
I миэстэ – Бүлүүтээҕи Н.С. Степанов аатынан 3-с №-дээх орто оскуола хамаандата,
II миэстэ – Чернышевскай С.М. Васильев аатынан орто оскуолатын хамаандата,
III миэстэ – Горнай улууһун Кировскай орто оскуолата.
Иккиhинэн нэhилиэк «Эрэл» спортзалыгар 7 түһүмэхтээх спортивнай кѳрдѳѳх эстафетаҕа күрэхтэстилэр.
Үс бастыҥ хамаандалар анал мэтээллэринэн наҕараадаланнылар:
I миэстэ -Халбаакы П.И.Быканов аатынан орто оскуолата;
II миэстэ – Баппаҕаайы М.А.Алексеев аатынан оскуолата;
III миэстэ – Бүлүү Г.И. Чиряев аатынан 1-кы №-дээх орто оскуола.
Υһүс күрэххэ «Талааннаах учуутал барытыгар талааннаах» диэн культурнай программанан «Кэлэр кэм оскуолата» тиэмэни арыйыыга ананна.
Үҥкүүлээн, ыллаан, сыаҥкалаан, урукку, билиҥҥи, кэлэр үйэни көрдөрдүлэр.
I миэстэ – Бүлүү куоратын Г.И.Чиряев аатынан 1-кы №-дээх орто оскуола;
II миэстэ –Бүлүүтээҕи Н.И.Протопопова аатынан ИТЦ «Кэскил» оҕо киинэ;
III миэстэ – Кировскай орто оскуолата.
Куонкуруска экспертэринэн үлэлээтилэр: Н.А. Филиппова – бэрэссэдээтэл, Бүлүү улууһун үѳрэҕирии салаатын начаалынньыгын солбуйааччы, А.М. Степанова – Горнай улууһун үѳрэҕирии салаатын отделын начаалынньыга, Г.В. Иннокентьев – Бүлүү улууһун дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Э.С. Петрова – Бүлүү улууһун үѳрэҕирии салаатын информационнай-методическай отделын кылаабынай специалиһа, А.С. Самсонова – Ньурба улууһун Күндээдэ оскуолатын математикаҕа учуутала, Е.С. Алексеев сиэнэ, У.Н Никифорова – Баппаҕаайы оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала, Р.Р. Алексеева – Баппаҕаайы оскуолатын математикаҕа учуутала.
ССРС норуотун учуутала М.А. Алексеев «Саха ыччата аан дойдуга саамай цивилизованнай ыччаттартан биирдэстэрэ буоларыгар киниэхэ бары кыахтар толору бааллар» диэн бэргэн этиитинэн, эдэр педагогтарбыт идэлэригэр сатабылларын, үѳрүйэхтэрин, талааннарын, эппиэтинэстээхтэрин, кыайа тутар кыахтаахтарын толору кѳрдѳрдүлэр.
Хамаандалар бары кѳрүҥнэргэ кыттыбыттарынан түмүктэрэ:
I миэстэ – Бүлүү улууһун Баппаҕаайы М.А.Алексеев аатынан оскуолатын эдэр учууталларын хамаандата, 25 тыhыынча харчынан бирииhи Баппаҕаайы оскуолата туруорда.
II миэстэ – Горнай улууһун Кировскай орто оскуолатын хамаандата, 20 тыһыынча харчынан бирииhи Бүлүү улууһун үѳрэҕириитин салаата туруорда.
III миэстэ – Бүлүү куоратын Г.И.Чиряев аатынан 1-кы №-дээх орто оскуола хамаандата, 15 тыhыынча харчынан бирииhи Е.С. Алексеев аймахтара, сиэннэрэ туруордулар.
Маны таhынан анал номинациялар туттарылыннылар:
“Команда будущего” – Бүлүү улууһун Н.И.Протопопова аатынан «Кэскил» оҕо киинэ – 10 тыhыынча харчынан бирииhи Баппаҕаайы олохтоох дьаhалтата (баhылык Николаев Е.А.) туруорда;
“Креатив” – Бүлүү улууһун Чернышевскай С.М. Васильев аатынан орто оскуолата – 10 тыhыынча харчынан бирииhи Бүлүүтээҕи үѳрэҕирии салалтатын профкомуттан;
“Энергия года” – Бүлүү улууһун Халбаакы П.И.Быканов аатынан орто оскуолата – 10 тыhыынча харчынан бирииhи «Рекламир» Дьокуускайдааҕы рекламнай студияттан.
Онтон да атын хамаандалар көхтөөх кыттыыларын иһин харчынан бириэмийэлэри туттулар.
Бу күн кыттааччыларга барыларыгар айымньылаах, таһаарыылаах үлэ эйгэтэ тэрилиннэ. Эдэр учууталлар кѳрсүһүүлэрэ уопут үллэстиитинэн, доҕордоһуунан, истиҥ кэпсэтиилэринэн, биир идэлээхтэр түмсэн алтыhыыларынан түмүктэннэ.
Сырдатта Людмила Тарасова,
Баппаҕаайы оскуолатын учуутала,
«Кѳмүс бѳрүѳ» пресс-киин эдэр корреспонденнара
Илбэҥэ, Бүлүү.