Соҕотох бэйэтэ биир кыра нэһилиэк саҕа буола тэнийэр дьылҕата тартаҕа... - Блоги Якутии

11 месяцев назад 1132

Соҕотох бэйэтэ биир кыра нэһилиэк саҕа буола тэнийэр дьылҕата тартаҕа…

(Ленинград блокадатыттан босхолонуу 80 сылыгар)

Уруккуну умуннахха утумҥун, ааспыты аахайбатаххына тирэххин сүтэриэҥ… Кырдьыга да оннук. Наар бүгүҥҥүгэ бүктэххэ, инникини ыраланарга ычаҥ кыараҕас буолара чуолкай.

“80 сыл анараа өттүгэр Ленинград куоракка буолбут түгэҥҥэ тыһыынчанан көс ыраах сытар Саха Сирин олохтоохторо быһаччы сыһыаннаахтара дуо?”  – диэччи эмиэ баар буолуон сөп курдук…

Ол эрээри ити төрдүттэн сыыһа санаа буолар, тоҕо диэтэххэ, сэбиэскэй норуот түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах буолан Кыайыы үөрүүтүн билбиттэрэ. Онтон саха дьоно, саха норуота туора турбатаҕа. Сэрии дуораана хас биирдии ыал тэлгэһэтигэр киирбитэ, кыайыы туһугар оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ биир ньыгыл кэккэнэн тыылга харыларын ньыппарынан туран үлэлээбиттэрэ. Кыаллар эр дьоно бары кэриэтэ дьиҥ уоттаах сэрии хонуутугар дьол-эйэ иһин кыргыспыттара.

Блокада долгуна Сахабыт Сиригэр кырачаан оҕолору Оҕо дьиэлэригэр аҕалтаабыт эбит. Дьэ, санаан көрүҥ, 40-с сыллар саҥаларыгар, сэрии кэмигэр, төһөлөөх кыһалҕалаах, тоҥуулаах-хатыылаах, аччыктааһыннаах айаны айаннаан, Саха Сирин булбуттара буолуой?! Ленинград хас даҕаны оннук оҕото, Дьылҕа Хаан ыйыытынан, Өлүөхүмэ улууһун 1-кы Нөөрүктээйи нэһилиэгэр кэлбит.

Ханнык баҕарар киһиэхэ орто дойду олоҕо бэлэх буолан бэриллэр. Бу тугунан даҕаны кэмнэммэт күндүнү ийэ аҕа тапталлара айар. Оттон Ленинград куоратыттан кэлбит ол оҕо айан араллааныгар аата-суола, кимэ-туга биллэр гына суруллубут илииһин сүтэрэн, ПЛ диэн икки буукубанан сирдэтиллэн, Петрова Любовь диэн ааттанан, өйтөн ылыллан Михайловна дэнэн,  докумуон оҥоһуллан, саҥа олоҕун саҕалыыр.

Аны кэлин кыайыы буолбутун кэннэ, Ленинград дьоно, борохуотунан кэлэн, оҕолорун ылан барыыларыгар суох буолан биэриитэ – эмиэ кытаанах дьылҕа тургутуута салҕаммытын курдук өйдөнөр. Ол эрээри бу орто дойду олоҕор мээнэҕэ диэн туох да суоҕун туоһута буолан, Любовь Михайловна соҕотох бэйэтэ биир кыра нэһилиэк саҕа буолар дьылҕата тартаҕа дии санаатахха, сүргэ көтөҕүллэр. Бу билигин санаан көрдөххө, үөһээ айыылар барахсаттар кини бу ыарахан олоҕун сыаналааннар, биир бэйэтэ 14 оҕону (!) күн сирин көрдөрөн, силиһин-мутугун дириҥэтэн, Аал Луук маһын чэлгийэ үүннэрэригэр кыах биэрбиттэр.

Любовь Михайловна уонна кини оҕолорун, сыдьааннарын дьолугар кинилэр ыал кыыстара, күн бүгүн Хатас нэһилиэгин олохтооҕо, олохтоох дьаһалта үлэһитэ Игнатьева Наталья Игнатьевна Любовь Михайловна Попова-Петрова туһунан кэпсээни суруйбутун, Хатастааҕы оҕо ускуустубатын уһуйааччыта Анастасия Дмитриевна Охлопкова “Тускул” култуура киинин иһинэн үлэлиир “Үйэ” устуудьуйаҕа (А.В. Иванов, Н.В. Протасов, В.А. Чепалов) бастаан аудио киэбинэн уһултаран, онтон салгыы видео оҥорон, билигин хармааҥҥа угулла сылдьар дьоҕус электроннай кинигэ буолан таҕыста.

Бу куйаар-кодунан киирэн ааҕыаххытын сөп

 

Бу үлэбитин И.Д. Панаев аатынан Хатастааҕы модельнай бибилэтиэкэҕэ тэрээһин ыытан, ааҕааччы, көрөөччү болҕомтотугар таһаардыбыт. Манна Любовь Михайловна төрөппүт кыргыттара Светлана, Татьяна, Оксана Митрофановналар кэлэннэр, ахтыы оҥороннор, олус истиҥ иһирэх көрсүһүү буолла.

Биһиги, ааҕааччылар, бу саха норуотун култууратын, тылын-өһүн, сиэрин-туомун, өйүн-санаатын ылыммыт, уу сахалыы саҥарбыт, толкуйа кытта сахалыы буолбут үчүгэйкээн, үтүө далбарга – Любовь Михайловнаҕа – ис сүрэхпититтэн махтана санаатыбыт. Кини оҕолоругар саха суруйааччыларын айымньыларын дорҕоонноохтук доргуччу ааҕан, тыл-өс сүмэтигэр, сүөгэйигэр сөтүөлэтэн улаатыннартаабыт. Онон бу ыал оҕолоро “Төлкө”, “Көмүстээх үрүйэ” курдук улуу айымньыларбыт тыыннарыгар иитиллибиттэр, тыл минньигэһин билбиттэр. Кыра эрдэхтэриттэн бэйэ-бэйэлэрин көрсөн, ийэҕэ-аҕаҕа көмө тирэх буола улааппыттар. Аҕалара Митрофан Екимович эмиэ туох да ыарахантан, мэһэйтэн иҥнэн-толлон турбат эргиччи дьоҕурдаах, киэҥ көҕүстээх киһи эбит. Поповтар, бэл диэтэр, дьиэлэрин таһыгар аҕалара оҥорбут катоктарыгар, аҕалара бэйэтэ таҥан оҥорбут рупорынан ыҥырыллан, уруок ааҕа киирэллэр эбит. 

Дьэ, ити курдук көлүөнэ ситимин  туппут Поповтар ийэлэрин, эбээлэрин, хос эбээлэрин дьылҕатын туһунан кэпсээн, бүтүн сэбиэскэй норуот устуоруйатын биир страницата буолан үйэтитилиннэ уонна  ыччаты дойдумсах буолуууга иитиигэ-үөрэтиигэ, бу буола турар мүччүргэннээх быыһык кэмҥэ муммакка-тэммэккэ, туруулаһыы, тургутуу күннэрин-дьылларын тулуйарга көмө-тирэх буоларыгар итэҕэли үөскэттэ. 

Наталья Руфова.

Хатас, 2024 сыл.

Добавить комментарий