Учуутал уонна уhуйааччы сылын түмүктүүбүт - Блоги Якутии

1 год назад 388

Учуутал уонна уhуйааччы сылын түмүктүүбүт

Хас биирдии киһи олоҕор, дьылҕатыгар учуутал олус улахан оруолу ылар. Учуутал киһи дууһатыгар, ѳйүгэр-санаатыгар, үлэтигэр-хамнаһыгар олоҕун усталаах туоратын тухары сирдьит буолан хаалар.

2023 сыл Арассыыйаҕа Учуутал уонна уhуйааччы сылынан биллэриллиэҕиттэн, Баппаҕаайы оскуолатын учууталлара, иитээччилэрэ араас таhымнаах куонкурустарга ситиhиилэрэ элбэх.

 Учуутал уонна уhуйааччы сыла түмүктэнэн эрэринэн, М.А. Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатын 2023-2024 үѳрэх дьылын былааныгар олоҕуран, ахсынньы ыйга эдэр уонна уопуттаах учууталлар идэтийбит таhымнарын тургутар уонна кѳрдѳрѳр сыаллаах аhаҕас уруоктары ыытыы күрэҕэ буолан ааста.

 Дьүүллүүр сүбэҕэ оскуолабыт дириэктэрэ В.В. Макаров, дириэктэри үѳрэх уонна иитэр үлэ чаастарыгар солбуйааччылар А.И. Матвеева, А.И. Пахомова, метод холбоhуктар салайааччылара Р.Р. Алексеева, А.С. Винокурова, И.Н. Жиркова үлэлээтилэр.

Барыта 7 паара учуутал уонна уhуйааччы кыттыыны ылла. Учууталлар араас ньыманы, кѳрүҥнэри туттан, ураты уруоктары ыттылар: физкультура уруогун VIII кылааска гимнастика хамсаныыларыгар эрчийдилэр; ОБЖ уруогун VIII кылааска «Пожарная безопасность» тиэмэҕэ дьиҥнээх атрибуттары туттан, араас ситуациялартан быыhанар холобурдары кѳрдѳрѳн үѳрэттилэр; X кылааска «Жизнь организмов в разных материках» диэн интегрированнай күрэхтэhии-уруок тэрийдилэр; IX кылаас кыргыттарыгар технология уруогар «Ковровая вышивка» диэн олус интэриэhинэй иис кѳрүҥэр уһуйдулар; нуучча тылыгар IX-XI кылаастарга «Браво, зачет!» диэн ОГЭ, ЕГЭ бэлэмнэниигэ аналлаах ураты уруок буолла; VIII кылааска ыыппыт «Биhиги нэhилиэкпит историята» уруоктарыгар оҕолор көмпүүтэргэ «Сортуол – Илбэҥэ» маршруту оҥорон холоннулар;  VI–VIII кылаас оҕолоро сахалыы таҥастаах, музыкальнай инструменнарга оонньоон, «Хомус – национальнай инструмент»  диэн сиэр-туом тутуhуннарар дьарыкка  сырыттылар.

Аhаҕас уруоктары ыытыы түмүгүнэн «Бастыҥ уруок» кыайыылаахтара – нуучча тылын уонна литературатын эдэр педагога Ю.Н. Макарова, настаабынньыга С.Н. Николаева.

Кыттыбыттарга барыларыгар номинациялары, бэлэхтэри туттардылар:

Физкультура учууталлара Е.Е. Степанов, настаабынньыга М.К. Константинова – «Лучшая технологическая карта урока».

А.А. Антонов (ОБЖ), настаабынньыга Н.Н. Тарасов (производственнай үѳрэхтээhин маастара) – «Лучший практико-ориентированный урок».

Н.Е. Степанова (химия, биология  учуутала), настаабынньыга Д.Н. Андреева (география учуутала) – «Лучшая методическая разработка урока».

С.А. Алексеева (технология), настаабынньыга Л.М. Константинова (дириэктэр сүбэhитэ) – «Лучший творческий урок».

П.А. Алексеев (информатика учуутала), настаабынньыга С.С. Платонова (библиотекарь) – «Лучший интегрированный урок».

М.И. Афанасьева (эбии үѳрэхтээhин педагога), настаабынньыга У.Н. Никифорова (саха тылын, литературатын  учуутала) – «Лучшая практика  наставничества».

Оскуолабытыгар бу сылы түмүктүүр үѳрүүлээх тэрээhиҥҥэ оскуола кэлэктиибэ бары мустан бэлиэтээтибит. Алын кылаас үѳрэнээччилэрэ хорунан, «Күндүл» этно-устуудьуйа оҕолоро сахалыы ырыаларынан эҕэрдэлээтилэр. Оскуола дириэктэрэ В.В. Макаров  Учуутал уонна уһуйааччы сыла элбэх ситиhиилээх уонна үчүгэй түмүктэрдээх ааhан эрэринэн  эҕэрдэлээн туран, хас биирдии педагогка анал номинациялары уонна бүтүн Арассыыйатааҕы предметинэн олимпиада муниципальнай түһүмэҕэр кыайыылаахтары бэлэмнээбит учууталларга улуустааҕы үѳрэҕирии салаатын начаалынньыгын грамотатын  туттартаата.

Олохтоох дьаhалта баhылыга А.Е. Николаев куруук ситиhиилээх, үрдүк кѳрдѳрүүлээх оскуола буоларбытыгар баҕа санаатын этэн, нэhилиэк олоҕор, үлэтигэр ѳрүү кыттар, күүс-кѳмѳ буолар учууталларга махтанан, И.Н. Жирковаҕа, М.Е. Кириллинаҕа, М.К. Ивановаҕа Махтал суруктарын, бэлэхтэрин туттарда.

Бу сылга биhиги оскуолабыт  учууталлара  ѳр сылларга үрдүк бэриниилээхтик үлэлээбиттэрин түмүгэр үрдүк наҕараадалары туппуттара:

биология,  химия учуутала Платонова Мария Ивановна   “Почетный работник сферы образования РФ” бэлиэ;

алын кылаас учуутала Оленова Светлана Дмитриевна “Саха Өрөспүүбүлүкэтин үѳрэҕириитин систиэмэтин туйгуна” бэлиэ;

нуучча тылын уонна литературатын учуутала Винокурова Алина Семеновна, өрөспүүбүлүкэ 100 учууталын иhигэр киирсэн, 100 тыhыынча суумалаах анал бириэмийэ.

М.А. Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатын учууталлара талан ылбыт идэлэринэн айымньылаахтык үлэлииллэр, уларыйа турар үѳрэх систиэмэтин саҥа  ирдэбиллэрин тутуhан, үлэлэригэр табыгастаахтык туhаналлар, оҕолор инники суолларын түстээн, олох киэҥ аартыгар үктэнэргэ бэлэмнииллэр, билиини биэрэргэ үѳрэтэллэр-уһуйаллар.

Людмила Тарасова,

М.А.Алексеев аатынан

Баппаҕаайы оскуолатын учуутала,

Илбэҥэ, Бүлүү

Добавить комментарий