Оҕолор Пушкины ааҕаллар... - Блоги Якутии

1 год назад 652

Оҕолор Пушкины ааҕаллар…

Музей норуоттар икки ардыларынааҕы күнүнэн, итиэннэ кыраайы үөрэтэр музейбыт тэриллибитэ 45 сылынан, Мэҥэ Алдаҥҥа Түмэл нэдиэлэтэ ыытылла турар.

Бастакы тэрээһин “Ночь в музее” чэрчитинэн ыам ыйын 20 күнүгэр буолла. Оскуола оҕолоро улуу суруйааччы А.С. Пушкин хоһооннорун нууччалыы тылынан ааҕыыга күрэхтэстилэр. 

Тэрээһини музей үлэһитэ, Е.П. Неймохов бииргэ төрөөбүт кыра балта А.П. Ефремова иилээн-саҕалаан астыктык ыытта.

Балаһыанньа быһыытынан, бастаан үрдүкү кылаастарга эрэ диэн этэ. Ону истэн, алын сүһүөх кылаастарбыт: “Биһиги эмиэ кыттабыт”, – диэбиттэрэ. Онон икки бөлөҕүнэн – улахаттар уонна кыралар – күрэхтэстилэр.

 Куонкурус Суруйааччы скверигэр буолла. Саха норуодунай суруйааччыта Е.Неймохов бюһун иннигэр туран аахтылар. Бюст икки өттүгэр Пушкин кэмин саҕанааҕы банаар остуолбалара тураллара – тэрээһин тиэмэтигэр дьүөрэтик көһүннэ.

Хата, халлааммыт сарсыардаттан ардыах чинчилээҕэ да, ардаабатаҕа, ол оннугар тымныы баҕайы тыаллааҕа. Хайыаҥый, Томпоҥ хоту сир буоллаҕа.

Оҕолор барахсаттар бэлэмнэнэн аҕай кэлбиттэр. Маҥан ырбаахылаахтар, маанылара сүрдээх. Улуу Пушкин алыптаах тылларын ис-истэриттэн иэйэн-куойан туран ааҕан иһитиннэрдилэр.

Кыралар наһаа дуоспуруннаахтык туттан ааҕаллар. “И ныне дикий тунгус… ” диэн Пушкин хоту норуоттары барыларын эппит буолуохтаах, ол туолла –  сахалар Пушкин хоһооннорун сөбүлүүллэр.

Биири бэлиэтии көрдүм, аныгы саха оҕолоро нууччалыы олох ыраастык, акцена суохтук саҥаралларын. Былыр биһиги “ээ, ыы”, “ээтаа” диэн саҥарарбытыттан чыҥха атын. Тыа сирин оҕолоро да буоллаллар, нууччалыы үчүгэйдик билэллэр. Кыракый кыысчаан долгуйан тылын умуннар да, уолуйбакка син толору аахта. Олох киһи “кыайыыга дьуулур иһин» бирииһи биэриэх айылаах.

 Урут итинник тэрээһиннэргэ уолаттар мэниктииллэрэ, хоһоон ааҕалларыгар баттахтарын имэринэллэрэ, кэтэхтэрин тарбаналлара эбэтэр халлаан диэки көрөллөрө, ол кыбысталларын кистии сатаан буолуо. Аныгы оҕолор сүр дьоһуннук, боччумнаахтык тутта-хапта сылдьаллар.

 Оҕолорго улуу Пушкин поэзиятыгар тапталы иҥэрии уһуйааччылар сыралаах үлэлэрин үтүө түмүгэ. Учууталлар Т.П. Неймохова, Ф.В. Колодезникова, А.Ю. Захарова, В.В. Бурцева, С.П.  Сыромятникова оҕолору үчүгэйдик бэлэмнээбиттэр дии санаатым. Кыттааччылар бары Пушкин мэтириэтэ ойуулаах сэртипикээти туттулар.

Кыраларга I миэстэни  Иванов Арсен ылла, II м – Аммосова Намыына, III м – Варфоломеев Роберт.

Улахаттарга Шубина Саша бастаата, Хоноёхов Юра иккис буолла, VIII кылаас кэлэктиибэ үһүстээтэ. Миэстэлэспиттэргэ харчынан бириис туттарылынна.

Ити курдук, Мэҥэ Алдаҥҥа Поэзия киэһэтэ Е.Неймохов бюһун иннигэр буолбута миэхэ Москуба куоракка А.С. Пушкин пааматынньыгын анныгар поэттар Е.Евтушенко, А.Вознесенскай, Р.Рождественскай уо.д.а. 60-с “ириэрии” сылларыгар хоһоон ааҕалларын санатта.

Маннык ааҕыылар Суруйааччы скверигэр сылын аайы ыытыллаллара үгэс буолара буоллар диэн баҕа санаа кыыма кылам гынан ааста…

Мария Неймохова,

Мэҥэ Алдан, Томпо

Добавить комментарий