Айааччы-настаабынньык-чинчийээччи - Блоги Якутии

2 года назад 379

Айааччы-настаабынньык-чинчийээччи

Педагог уонна настаабынньык сылыгар түбэһиннэрэн, Балыктаах орто оскуолатын базатыгар үрдүкү категориялаах нуучча тылын учуутала Ангелина Николаевна Говорова айар-отчуоттуур сэминээрэ ыытылынна.

Учуутал өр сыллаах үлэтин көрдөрөр сэминээригэр улуустан барыта 17 нуучча тылын учуутала кэлэн кыттыыны ылла.

Күн бастакы аҥаарыгар Ангелина Николаевна икки уруогу ыытта.

Бастакы уруокка V-VI кылаас оҕолоро И.С. Тургенев уонна А.П. Платонов айымньыларыттан сүрүн геройдары – Герасимы уонна Юшканы – бары өттүттэн ырытан, чинчийэр үлэни оҥордулар.

Иккис уруокка оскуоланы быйыл бүтэрээччилэр бу буолаары турар ЕГЭ биир сүрүн көрүҥэр – өйтөн суруйууга – ураты хайысхатын толорон көрдөрдүлэр.

Күн иккис аҥаарыгар учуутал түһүмэҕин “Айааччы-настаабынньык-чинчийээччи” диэн ааттаан, бастаан “Тыл хоһууна” бырайыак үлэтин бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ Бурнашова Анна Филаретовна, Молукова Сардаана Степановна, Цыпандина Күннэйэ Николаевна кэрэхсэбиллээхтик арыйдылар.

Ангелина Николаевна сэттис сылын эдэр педагогтар оскуолаларын настаабынньыгынан үлэлиир. Быйыл 7 эдэр педагогтаах эбит. Настаабынньык сэминээригэр бу эдэр учууталлар аныгы информационнай технологиялары практическай үлэҕэ туһаныыны кэпсээн, мустубут дьон сэҥээриитин ыллылар.

Алын кылаас учууталлара Стручкова Татьяна Артуровна “Метод Мастермайнд в образовании”, Говорова Алина Гаврильевна  “Игрофикация”, английскай тыл учуутала Кривошапкин Айаал Иванович “Онлайн-переводчики и их правильное применение”, история уонна обществознание учуутала Тарабукин Петр Владимирович “Конструктор дистанционного урока Coreapp.ai”, биология уонна химия учуутала Габышева Яна Ильинична “От урока к исследовательской деятельности”, музыка учуутала Павлов Василий Иннокентьевич “Использование сайта xminus.me для создания фонограммы” диэн тиэмэлэргэ уопуттарын үллэһиннилэр.

Сэминээр түмүгэр учуутал оҕолору кытта чинчийэр үлэтин сырдатар “Вместе думаем, размышляем, исследуем” диэн кинигэтин биһирэмэ буолла. Бу тэрээһин ис сүрэхтэн тахсар тылларынан доҕуһуолланан, олус истиҥник ааспытын сэминээр кыттыылаахтара астына бэлиэтээтилэр.

Ангелина Николаевна быйыл учууталынан үлэлээбитэ 35 сыла. Кини кылаас салайааччытынан үлэлээн, биэс выпусктаах. Түөрт оҕо иһирэх ийэтэ, сиэннэр эйэҕэс эбээлэрэ. Кэргэнэ Геннадий Гаврильевичтыын сүөһү-ас ииттэн, тыа ыалын сиэринэн быр-бааччы олороллор. Балыктаах бөһүөлэгин биир ытыктанар ыала буолаллар.

Ангелина Николаевна доруобуйатын көрүнэн, сарсыардаттан хаалыктаах  хаамыынан күнүн саҕалыыр. Туруктаах буолууга хаамыы туһатын бэлиэтээбитин билинэр. Ыарыыга ылларбакка, куруук чэгиэн сылдьарга чугас дьонугар дьарыктаналларыгар сүбэлиир.

Мария Захарова,

Балыктаах, Мэҥэ Хаҥалас.

Добавить комментарий