Воспоминания о ярком человеке - Иване Васильевиче Николаеве - Бытык Уйбаан. - Блоги Якутии
Архив автора

3 года назад 259

Воспоминания о ярком человеке – Иване Васильевиче Николаеве – Бытык Уйбаан.

В преддверии 100-летия родной республики, жители Республики Саха (Якутия) должны вспоминать своих выдающихся земляков, внесших огромный вклад в развитие родной республики!

Вашему вниманию статья Почетного гражданина Республики Саха (Якутия) Климента Егоровича Иванова ”

Киһи килбиэҥнээҕэ Николаев Иван Васильевич – Бытык Уйбаан туһунан ахтыы.

” о ярком представителе руководителей сельского хозяйства Якутской АССР внесшем большой вклад в развитие ряда улусов родом из Нюрбинского улуса.





Киһи килбиэҥнээҕэ Николаев Иван Васильевич – Бытык Уйбаан туһунан ахтыы.

Соторутааҕыта “Тэтим” радио Альбина Тарабукина “Үлэ – дьол” диэн биэриитигэр биир дьоһуннаах сонуну иһиттим. Чурапчы улууһун баһылыгын А.Т. Ноговицын көҕүлээһининэн урут үлэлээн ааспыт, аныгы олохпут төрдүн уһансыбыт, өлбөөдүйбэт өҥөлөөх совхоз директордарыттан биирдэстэрин Семен Иванович Сергеевы чиэстээтилэр, махтал бастыҥын, эҕэрдэ истиҥин эттилэр. Улуус баһылыга урукку совхоз директэрдэрэ дэриэбинэлэр сайдыыларыгар киллэрбит оҥолорун үрдүктүк тутан, анал сквер оҥороллорун биллэрдэ. Бу улахан суолталаах дьыала. Билигин биһиги төһө даҕаны атын общественнай системаҕа олордорбут, урукку көлүөнэ үтүөкэн үлэһит дьоно оҥорон хаалларбыт өҥөлөрүнэн туһанабыт. Ол саҕана тыа хаһаайыстыбата, сир – уот, туох баар баай – дуол судаарыстыба бас билиитэ этэ. Тыа сирин сайыннарыы, дьон олоҕун көрүү – истии, тутуу араас көрүҥүн ыытыы барыта судаарыстыба суотугар совхозтарынан ыытыллара. Үбэ – харчыта тыа хаһаайыстыбатын министерствотын нөҥүө совхозтарга быһа кэлэрэ. Оройуон Советтара, партия райкомнара ону сүрүннүүр эрэ этилэр. Онон совхоз директордарын суолтата олус улахан этэ. Кыахтаах, сатабыллаах совхоз директордара элбэҕи ситиһэллэрэ.

Уһун бириэмэ ааспытын кэннэ толкуйдаатахха, киһи олоҕун остуоруйата элбэх дьону кытары ситимнэһэн, үлэлээн – хамсаан ааспыт кэмнэргиттэн үөскээн тахсар. Өйдөөн – санаан кэллэххинэ өркөн өйдөөх, кытаанах дьулуурдаах, сатабыллаах дьаһаллаах чулуу дьоннор үлэлээн ааһахтаабыттар.

Урут даҕаны, билигин даҕаны олох бэйэтэ туран эрэ сайдыбат. Ханнык даҕаны кэмҥэ олох сайдыыта салайар дьонтон быһаччы тутулуктаах. Республика киинигэр даҕаны, ыраах тыа сиригэр даҕаны саҥаны саҕар, үтүөнү үксэтэр, олохторун дьон уйгута тупсарын туһугар анаабыт дьоннор бааллар. Кинилэр ааттарын үйэтитэр, үлэлиир ньымаларын холобур оҥостор туһунан кэпсэтии саамай сөптөөх.

Киһи ойуччу тутан сыаналыан сөптөөх, хорсун – хоодуот сырыылаах, туппута табыллар, дьаһайбыта оннун булар уратылаах, Саха биир дьоһуннаах уолун Иван Васильевич Николаев – Бытык Уйбаан туһунан ахтан – санаан ааһарга соруктанным. Быйыл ыам ыйыгар кини төрөөбүтэ 90 сылын туолбута.

Арай биирдэ хоту Абый оройуонугар үлэлиир кэммэр 1969 сыллаахха партийнай – хаһаайыстыбаннай актив мунньаҕар ыҥырылынным. Якутскайга кэлэн гостиницаҕа миэстэ ылаары уочаракка турдум. Иннибэр эмиэ мунньахха кэлбит, сааһыра барбыт, оччотооҕунан мааны таҥастаах дьоннор тураллар. Уһун уҥуохтаах, кыһыл саһыл тыһа бэргэһэлээх, саҥарбыт – иҥэрбит, муннун анныгар хап – хара бытыктаах, көрөргө астык быһыылаах – таһаалаах киһиэхэ ордук мин хараҕым хатанна. Кэпсээннэриттэн сылыктаан совхоз директордара быһыылаах дии санаатым. Сыыстарбатах эбиппин. Сарсыныгар дьонтон истэммин, ол саҕана республикаҕа киэҥник биллэн эрэр Таатта оройуонун «Коммунизм» совхоз директора Иван Васильевич Николаев эбит.

Мунньахха тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын боппуруоһугар киэҥ кэпсэтии буолла. Бастыҥ совхозтар дириэктэрдэригэр тылы биэртэлээтилэр. Производствоны сайыннарыыга төһүү күүс быһыытынан бастыҥ уоппуту олоххо киллэрии, соҥкуоталаһыыны тэрийии туһунан кэпсэтии күүскэ барда. Дьэ, доҕоор, бастыҥ совхозтар дириэктэрдэрэ Жирков С.Г., Николаев И.В., Яковлев М.Р., Николаев В.А. утуу – субуу тахсаннар тыл эттилэр. Оччотооҕу тылы – өһү сааһылаан саҥарары ирдэнэр кэмҥэ соччо сөп түбэспэт этиилэр баар буоллулар. Туора да киһи өйүгэр хатанар курдук, ол эрээри ылыннарыылаах этиини Иван Николаев, Марк Яковлев эттилэр. Үлэлэрин уоппутун тас өттүгэр, туһалаах этиилэр бириэмэтигэр өйөммөттөрүн, боппуруостары быһаарыыга бытаарыылар тахсалларын туһунан райкомнарын кириитикэлээн ыллылар. Мин үрдүкү үлэ эйгэтигэр саҥа үктэнэр эдэр киһи улаханнык сэҥээрэ иһиттим, этиилэрин сорох өттүн өйбөр хатаатым.

Иван Васильевич Николаев «Коммунизм» диэн бөдөҥсүйбүт колхозка бэрэсэдээтэлинэн, онтон совхоз буолтун кэннэ дириэктэринэн 9 сыл устата үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Республикаҕа бастакы агробөһүөлэги кини көҕүлээн туттарбыта. Республикаҕа биир бастыҥ үлэлээх совхоз киинэ Харбалаах аныгылыы көрүҥнээх, олорорго тупсаҕай дьиэлэрдээх, уһаайбалардаах, типовой бырайыагынан тутуллубут социальнай хайысхалаах тэрилтэлэрдээх буолан, олохтоохтор үөрүүлэрэ үрдээбитэ. «Таатта Харбалааҕа дуо?” – диэн Саха сиригэр киэҥник биллибитэ. Ааспытын кэннэ аҕыннахха, көнө сүрүннээх салалта, итэҕэһин тулуйбакка этэр – тыынар Иван Васильевиһы оччотооҕу ССКП райкомун салалтата сөбүлээбэтэҕэ. Ону билэн, куоттарар тэҥэ, тыа хаһаайыстыбатын министрэ Шадринов Н.В. Обкомҥа этии киллэрэн Сунтаарга «Элгээйи» совхоз дириэктэрин солбуйааччытынан анаппыта. Судургу, быстах санаата суох Иван Васильевич «эр санаатын булгуруппатаҕа».

Москваҕа К.А. Тимирязев аатынан институтка биир кэмҥэ үөрэммит уонна уруккаттан даҕаны үлэһит быһыытынан билсэр буоланнар, совхоз диэриэктэрэ Павлов Н.Н. үөрэ – көтө көрсүбүтэ. Сир оҥоһуутугар, сүөһү аһалыгын оҥорон таһаарыыга солбуйааччынан, кылаабынай агрономунан анаабыта, «уҥа илиитинэн» оҥостубута. Ленин орденнаах, республикаҕа биир бөдөҥ «Элгээйи» совхозка ити эппиэттээх дуоһунаска 8 сыл устатыгар ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, дьон – сэргэ ытыктабылын ылбыта.

Оччолорго райсовет исполкомун бэрэсэдээтэлэ оройуон хаһаайыстыбаннай тэрилтэлэрин салайар үлэһиттэрин кытары чугастык алтыһарым. Үлэ туругун кэтээн көрөрүм. Итэҕэһи биллэхпинэ, мунньахтарга буолбакка, көҥүл кэпсэтиигэ бэйэм санаабын кинилэргэ көмөлөһүү быһыытынан этэр буоларым.

Ол курдук, Иван Васильевыһы кытары чугастык дьэ билсибитим. Быһаччы этэбин: өр сылларга совхоһу салайар үлэҕэ эриллибит буолан, тыа сирин олоҕор киэҥ билиилээҕэ, тыа хаһаайыстыбатын салайыыга баай уоппуттааҕа өтө көстөрө. Киэҥ өйдөөх – санаалаах сайдыы инники суолларын анааран көрөр буолара. Онно сир оҥоһуутун технологиятын, информация бары көрүҥүнэн кэтээн көрөрө. Ону олоххо киллэриигэ дьулуһара. Ол курдук, ходуһалары көрүү – истии, тупсаран оҥоруу, күөлсүтүү, өр сыллаах оттору быһыы, сүөһүгэ элбэх битэмииннээх, үрдүк хаачыстыбалаах аһылыгы бэлэмнииргэ кыһаллара. Сүөһүгэ тиксэр аһылык кормовой единицатыгар тиийэ бэйэтинэн ааҕара. Кини тус бэйэтин эбээһинэһэ эрэ буолбакка, атын специалистары кытары бииргэ үлэлээн, ити соругу толорору кытаанахтык хонтуруоллуура. Онон «Элгээйи» совхоз тыа хаһаайыстыбатын бородуукталарын оҥорууну үрдэтэригэр Иван Васильевич тус бэйэтин оруола улахан этэ. Дьэ онон, кини ситэ дьаһайбатаҕыттан ханнык эмэ тугэҥҥэ совхоз сайдар кыаҕа толору туһаныллыбатаҕын туһунан биир кэмҥэ 7 сыл үлэлээбитим устатыгар этэр кыаҕым суох.

Иван Васильевич киһи быһыытынан элэккэй майгылааҕа. Араас сэһэни-ыаһаҕы, көрдөөх кэпсээннэри сэргиир буолара. Санаата көтөҕүлүннэҕинэ бэйэтэ даҕаны ирэ-хоро кэпсиирин сөбүлүүрэ. Элгээйигэ иллээх-эйэлээх ыал дьиэлэригэр сылдьан, минньигэс алаадьыларын амсайан, сылаас чэйдэрин иһэр буоларым. Кэргэнэ Надежда Семеновналыын, үс кыра оҕолорунуун дьоллоохтук олорбуттара. Таатта Харбалааҕар олорбут сылларын иэйэн – куойан кэпсиир этилэр. Дьонноро үлэһиттэрин, үтүө майгылаахтарын холобур гынан ахтар-саныыр этилэр.

1984 сыллаахха оройуон туруорсуутунан «Ньурба» совхозтан арааран «Күндээдэ» совхоз тэриллибитэ. Райком I сэкэритээрэ Томтосов А.А. туруорсуутунан Николаев И.В. саҥа тэриллибит совхозка дириэктэринэн анаммыта. «Саҥа совхоз сирэ-уота дэлэгэй, оттуур ходуһа, мэччирэҥ киэҥ. Онтон билиҥҥи балаһыанньата бөрүкүтэ суох. Баар кыахтар ситэ туһаныллыбаттар эбит» – диэн санааҕа кэлбитэ уонна совхоһу сайыннарыыга, үлэһиттэри олохсутууга хара маҥнайгыттан күүскэ ылсыбыта. Элбэх көрсүһүүлэри, мунньахтары ыытан үлэһиттэр санааларын өрө көтөхпүтэ. Чуолкай чугастааҕы өр сыллаах былааны оҥостубута. Тыа хаһаайыстыбатын министерствотын салалтатыгар, отделларыгар сылдьан былааннарын билиһиннэрэн, сыллааҕы былааннарга киллэттэрэн элбэх техниканы бастакы көмө быһыытынан ситиспитэ. Совхоһугар дьоҕурдаах специалистары туруорбута, дьону кытары үлэлиир дьоҕурдаах биригэдьиирдэри анаталаабыта, «бу мин инники фронум саллааттара» – диэн санааларын күүһүрдэрэ. Икки сыл иһинэн 10-тан тахса трактор, 5-6 самосвал, 4-5 бөдөҥ таһаҕаһы таһар масыыналар, пилорама, 3 уу баһар массыына совхозка баар буола охсубутун олохтоохтор бүгүн даҕаны астына кэпсииллэр. Онтон кэнники сылларга совхозка техника өссө элбээбитэ. Үлэ-хамнас тигинии түспүтэ, дьон санаата өрө көтөҕүллүбүтэ. Дьиэ туттуон баҕалаах Күндээдэҕэ олохсуйар дьоҥҥо тутуу маһын босхо тиэйэн, пилорамаҕа эрбэтэн биэрэргэ дьаһайбыта. Совхоз хонтуоратын икки этээстээх дьиэтин бэрт түргэнник туттарбыта.

Оҥорон таһаарыы хас биирдии салаатын кыахтаах дьонунан салайтаран совхоз 3-4 сыл иһинэн сүһүөҕэр турбута. Балтараа сыл иһигэр 400 төбө киирэр толору механизацияламмыт уонна 500 төбө субай сүөһү киирэр икки хотону туттарбыт. Үс саҥа сайылык баар буолбута. Кыһыҥҥы даҕаны фермаларга, сайылыктарга сүөһү көрөөччүлэр олорор типовой дьиэлэрэ тутуллубуттара. Иван Васильевич бөһүөлэги сайыннарарга, дьон олорор усулуобуйатын тупсарарга ураты кыһамньытын уурара. Социальнай объектары тутууга күүскэ ылсыбыта. Амбулатория, культура киинин дьиэтэ тутуллан дьэндэйбиттэрэ. Ыччат сынньалаҥын тэрийиигэ анаан, аныгылыы спорт саалата тутуллан ыччат физкультуранан, спордунан кытары дьарыктанар миэстэтэ буолбута. Сүөһү иитиитин культуратын үрдэтиигэ ураты болҕомтону уурбута. Сири тупсаран оҥорууну ылсан ходуһалар кэҥээбиттэрэ, үүнүүлэрэр үрдээбитэ. Нүөлсүтэр системаны бырайыак быһыытынан ситэттэрэн оҥорбута. Элбэх сыллаах оттору ыстарбыта. Сайын аайы оттооһуҥҥа 4-5 толору механизированнай звенолары, сиилэстээһиҥҥэ анал биригээдэлэри тэрийэн үлэлэтэрэ. Сүөһү аһылыгын бөҕө баҕайытык тэрийэн, эти, үүтү оҥорууга бастыҥнар кэккэлэригэр киирбиттэрэ.

Мин 1985-88 сылларга Госагрокомитетка үлэлиир бириэмэбэр элбэхтик сылдьан боппуруостары туруорсара. Киирдэҕинэ өр ыаһахтаспакка, сып-сап туттан, туруорсар боппуруоһун чөкө сааһылаан, чуолкайдык быһаарсар буолара. Ол кини бэйэтин ис культуратын эрэ буолбакка, үлэһит киһи бириэмэтин сыаналыырын, үлэ кэмэ киниэхэ даҕаны суолталааҕын, таһаарыылаах буолуохтааҕын үгэс оҥосторо. Туохха барыгытгар саҥа сүүрээни, саҥа толкуйу өрө тутара. Ол кини туруорсар боппуруостарыттан даҕаны көстөрө. Бөдөҥ, үрдүк таһаарыылаах техникалары саҥалыы ирдэбилгэ эппиэттиир араас тутуулары туруорсара. Ону кини тылынан эрэ буолбакка, типовой проектарынан, оттон техникаҕа оҥорон таһаарыыларынан, эрдэттэн бэлэмнэммит докумуоннарга олоҕуран дакаастыыра, туруорсара. Онон кини турууорсар боппуруостара госагропром комитетын отделларыгар даҕаны, салалтаҕа даҕаны ылыннарыылаах буолара.

Бириэмэ түргэнник ааһар. Дойдуга уларыта тутуу кэмигэр Иван Васильевич тохтоон хаалбатаҕа. Үлэҕэ, общество сайдыытыгар уларыйыылар киирбиттэригэр тэҥҥэ хардыыласпыта.

XII ыҥырыылаах Үрдүкү Совет быыбарыгар куоталаһааччытын кыайан депутат буолбута. Ол куоталаһыылаах быыбардарга кандидаттар киирсиилэрин туһунан Ньурбаҕа биир көрдөөх кэпсээн баар: нэһилиэк киинигэр быыбардааччылары кытары көрсүһүү мунньаҕар эмиэ норуокка биллэр кандидаты кытары Николаев И.В. тыҥааһыннаах киирсиилэрэ буолбут. Утарсааччыта инники уоттаах-төлөөннөөх тылы этэн, быыбардааччылар сүргэлэрин көтөхпүт. Онтон трибунаҕа Иван Васильевич тахсан эппит: «Тыа сирин боппуруоһун быһааттарар уустук. Үп-харчы тиийбэт. Ону быһааттарага сатабыл наада. Холобура, мин туруорсар боппуруостаргытын ханнык даҕаны бүрүкүрээтийэни силэйэн, дьоһуннаахтык туруорсан быһааттарыам. Улахан сололоохтор кабинеттарын атахпынан аһыаҕым. Ааннарынан киллэрбэтэхтэринэ түннүгүнэн да киирэммин быһаатарыам» – диэн дьээбэлээхтик этэн дьону күллэртээбит уонна быыбарга эрэллээхтик кыайбыт. Кини трибунаттан саҥардаҕына тыла-өһө ылыннарыылаах буолара. Уустук түбэлтэлэргэ дьээбэлээн, көр-көрүдьүөс тылларынан даҕаны сатабыллаахтык туттан, истээччилэрин болҕомтотун тардара, тылын ылыннарара.

1992 сыл олунньу ыйыттан XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт бэрэсэдээтэлинэн талыллан үлэлээбитим. Альтернативнай төрүккэ олоҕуран талыллыбыт 165 депутат олус актыыбынайдар этэ. Көрүллэр сокуоннар бырайыактарыгар араас оспуорадар тахсаллара. Ону биир сүрүҥҥэ киллэрэн сокуону ылыннарыы уустук дьыала буолара. Онно миэхэ биир тирэх буолар депутат И.В. Николаев этэ. Кини дойдуга демократическай уларыта тутуулар буолалларын ис сүрэҕиттэн ылынара. Урукку өттүгэр аҥардастыы биир коммнистическай партия эрэ дьаһалынан олорорбутун, үлэлиирбитин сөбүлээбэтэ. Тыл, бэчээт көҥүлүн сөбүлүүрэ. Уонна бастакы президент Николаев М.Е. ыытар политикатын сөбүлүүр этэ. Суверинитет туһунан Декларацияны сөптөөҕүнэн ааҕара. Саҥа Конституцияны дьүүллэһиигэ активнайдык кыттыбыта, күүскэ өйөөбүтэ.

1991сыллаахха кулун тутар ыйга ылыллыбыт «Саха ССР бас билиитин» туһунан сокуону дьүүллэһиигэ активнайдык кыттыбыта, утарсааччылары сэмэлээн, сокуону ылынарга ыҥырбыта. Саха сирэ туһунан символлардаах буолуутун, Саха сирин былааҕын уонна гербэтин туһунан сокуоҥҥа элбэх мөккүһүү баара. Онно гербэбит, былаахпыт билигин туттуллар варианнарын көмүскээбитэ. Ол эрээри, Иван Васильевич, бэйэтин санаатын аһаҕастык этэн, сири чааһынай бас билиигэ биэриини утарбыта. Ол өйдөнөр буоллаҕа дии. Кини ол кэмҥэ 20-тэн тахса сыл устатыгар совхозтар дириэктэрдэринэн сүрэхтиин, ис дууһатыттан бэринэн туран үлэлээбит киһи буоллаҕа эбээт. Ити үйэлээх сааһыгар бэриниилээхтик үлэлээбит судаарыстыба бас билиитиигэр сылдьыбыт совхозтарыттан аккаастанарга киниэхэ уустуга өйдөнөр.

Кэлин Иван Васильевич тэрийбит «Күндээдэ» совхоһун ыспакка, агрофирмаҕа кубулутан үлэлээбитэ. Ол эмиэ үчүгэй түмүктэри биэрбитэ. Туох даҕаны бэлэмэ суох, дьоҥҥо өйдөтөр үлэни ыыппакка ыһыллыы бэрээдэгинэн реформа ыыппыт совхозтар улуустар салайааччылара улахан алҕаһы таһаарбыттар. Иван Васильевич сир реформатын, совхозтары уларыта тутууну сөптөөх суолунан ыыппыта.

1992 сыллаахха күһүн Ньурбаҕа командировкаҕа баран, Күндээдэҕэ тиийэн киэһэ быыбардааччылары кытары көрсүһүүгэ сырыттым. Культура киинин саалатыгар толору дьон муһунна. Иван Васильевич депутат отчуотун курдук кылгастык, чуолкайдык тыл эттэ. Депутат быһыытынан ыытар үлэтин кэпсээтэ. Саха Сирэ сайдыытыгар суверинитет улахан суолталааҕын, саҥа Конституция аныгы үйэҕэ уруккуттан атыннык саҥалыы олорорго суол аһыллыбытын ыйда. Сир баайа бэйэбит бас билиибитигэр киирдэ, онтон элбэх дохуоту ылыахпыт. Тыа сиригэр үөһэттэн ыйыыны кэтэспэккэ, бэйэбит өйбүтүнэн, баҕабытынан олоруохпут. Онно бары бэйэбитигэр интириэстээхтик күүскэ үлэлиэх тустаахпыт диэн дьонун ыҥырда. «Өр кэтэспит, нэһилиэкпитигэр биир тыын боппуруоспутун быһааттаран эрэбин: аныгылыы, типовой оскуола дьиэтин бырайыага оҥоһулунна, билигин туруорсаммын эһиилги республика бюджетыгар киллэттэрэргэ кэпсэтэн, үөрэх министерствотын сөбүлэҥин ыллым» – диэбитигэр саала иһэ ытыс тыаһынан хабылла түстэ.

Киэһээ Иван Васильевичтыын бөһүөлэк көрө сылдьан, 39 сыл анараа өттүгэр Бүлүү училищетыгар үөрэнэр кэммэр, өрүс уута олус намтаан Ньурбаҕа диэри суос-соҕотоҕун сатыы айаннаабыппын санаатым. Онно бу Күндээдэҕэ суос-соҕотох кыракый биир дьиэ эрэ турара, бөрөгүөсчүт эр киһи соҕотоҕун олорор эбит этэ. Онтон билигин? Бүлүү биэрэгин үрдүгэр тэнийэн, аныгылыы тутуулаах, чааһынай ыал дьиэлэрдээх, бөһүөлэги киэргэтэр нэһилиэнньэни социальнай өттүнэн толору хааччыйар тэрилтэлэр хонтуоралара, бөһүөлэк кыстыырыгар күөнтээн турар баараҕай производственнай тутуулардаах киһи дуоһуйа көрөр бөһүөлэгэ дьэндэйбит. Дьэ ол кэннэ миэхэ өйбөр көтөн түстэ: бириэмэ ааһар, олох сайдар. Ону кынаттыыр, түргэтитэр үтүө дьоннордоохпутуттан киһи астынар. Ити мин кэпсиир «Күндээдэ» совхоһа, бөһүөлэгэ аҕыйах сылга күүскэ сайдыытыгар сүрүн оруолу саха килбиэннээх киһитэ Иван Васильевич Николаев ылбыта мэлдьэҕэ суох.

Арай киһи хомойоро били Иван Васильевич «Күндээдэҕэ оскуола тутуутун туруорсан сылдьабын, бырайыактааһына бүттэ» – диэбитин кэннэ төһөлөөх өр бириэмэ ааста?! Бүрүкүрээтийэ диэн өйдөбүл билигин даҕаны тыыннааҕын көрөбүт. Оскуола тутуута араас буолар-буолбат биричиинэннэн билиҥҥэ диэри бүтэ илик. Туох үлүгэрэй, Николаев И.В. уонна Күндээдэ бары олохтоохторо 30 сыл анараа өттүгэр эрэммит эрэллэрэ, баҕарбыт баҕа санаалара сотору кэминэн туолар ини диэн баҕа санааны этиллэр.

Үтүөнү үчүгэйдик саныыр, кэрэни кэрэһэлиир Таатта Харбалааҕын уонна Ньурба Күндээдэтин үлэһит дьоно Николаев Иван Васильевич – Бытык Уйбаан күүрээннээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээн ааспыт кэмнэрин умнубаттар, уос номоҕо гынан кини аатын үйэтитэллэр. Дьон баҕатынан кини сырдык аатын кэриэстээн стеллалары оҥорбуттара кэрэхсибиллээх.

Аныгы салайар көлүөнэ дьонугар Николаев И.В. курдук сатабыллаах салайааччылар холобурдара салҕаннын! Кинилэр чаҕылхайдык үлэлээн ааспыт кэмнэрэ умнуллубатын, килбиэннээх ааттара сүппэтин!

К.Е.Иванов,

СР Бочуооттаах гражданина.

Атырдьах ыйа, 2021 сыл.

И.В.Николаевка Харбалаахха пааматынньык. Хаартыскалары С.М.Оготоев ыытта.





Статьи К.Е.Иванова в моем дневнике:


Как создавалась гранильная отрасль Якутии?


Взгляд ветерана на современное развитие республики


НЕСКОЛЬКО УТОЧНЕНИЙ ПОСЛЕ ПРАЗДНИЧНЫХ ФАНФАР


Журналистика любит правду! Климент Иванов о “Саханефтегазе”!


Евгения Исаевна Михайлова – яркий представитель якутской интеллигенции!


Что творится в ОАО «АЛРОСА»?


СОЗИДАТЕЛЬ НОВОЙ ЯКУТИИ.


Память о большом друге Республики Саха (Якутия)


Что нельзя упускать в Год патриотизма


Фрументий Сафронов – как пример для третьего возраста!


Статья Климента Иванова о выдающемся сыне Олёкминского улуса!


Боевые заслуги легендарного снайпера И.Н. Кульбертинова должны быть достойно оценены.


Николай Никитич Яковлев – ветеран, хозяйственник, руководитель!


Много сделал для своей республики!

о Ю.В.Кайдышеве


ИЗ СЛАВНОЙ ПЛЕЯДЫ КОМСОМОЛЬСКИХ ЛИДЕРОВ

о А.И.Михееве


Истинный патриот, славный сын народа Саха!

о П.Д.Осипове


Его труд – яркий пример служения своему народу!

о М.Н.Евсееве


Она была гордостью народа!

о А.Я. Овчинниковой


К 95-летию Гаврила Иосифовича Чиряева!


Начало пути Республики Саха (Якутия)

о М.Е.Николаеве


Климент Егорович Иванов о трудовом героизме ветеранов тыла


ПОСВЯТИЛ СЕБЯ СЛУЖЕНИЮ РОДИНЕ

об Е.Г.Егорове


Воспоминание о талантливом человеке.

об Н.И.Харитонове – Чуор


К 100-летию Героя Советского Союза Николая Кондакова!


“…Вы можете меня считать русским якутом!”

об И.И.Петрове


В трудные годы он вывел республику на путь развития!

о С.З.Борисове


Крестьянская философия: Руководитель должен чувствовать аромат  кумыса и вкус свежего мяса!

о Т.Г.Николаеве


Родом из Малой Мархи! 75 лет Василию Михайловичу Власову.


Городу Олекминску – 385!


Что нам дал государственный суверенитет Республики Саха (Якутия)?


С наступающим Днем Рождения Первого Президента Республики Саха (Якутия)!


Климент Иванов о родной школе


Третий век наслегу: продолжить развитие!


Когда начнем уважать свою историю? К истории аграрных отношений в РС (Я).


Соболезнование от ветеранов государственной службы семье и близким В.М.Членова


Соболезнование семье и близким В.Р.Дарбасова


Руководитель золотоносного Алдана!

о Ябловском Н.Р.


Якутский воин, укреплявший обороноспособность Родины

о Петрове А.Я.


Он внес большой вклад в технологию добычи алмазов

о Степанове А.Н.


Он защищал сердце нашей Родины – город Москву!

о Макарове Д.С.


Почетный гражданин республики Климент Иванов об истории создания АК “АЛРОСА”


Слово о Миллере К.А.

Моя страница в Дневниках якт ру.:

https://nikbara.ykt.ru/

Мой сайт:

https://nikbara.ru/

Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии

Главная


Мой канал в «Яндекс Дзен» –

NikBara

Просьба подписаться на мой канал “Николай Барамыгин” на Ютуб!


https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин

И на мои аккаунты в социальных сетях!

Я в Инстаграме @nb2015p

Персональная страница в “Фейсбуке”:

https://www.facebook.com/nikbaramygin/

«Одноклассниках»

https://ok.ru/profile/500676253992

«В контакте»

https://vk.com/nbaramygin

“Твиттер”

https://twitter.com/NBaramygin

Добавить комментарий