4 года назад 103
Николай Барамыгин о Японии
Под таким названием вышло
мое интервью в газете “Кыым”
, после появления информации о награждении иностранных граждан Грамотами Министра Иностранных дел Японии в 2020 году.
Вашему вниманию мое интервью на якутском языке и видео официальной церемонии вручения Почетной Грамоты Министра иностранных дел Японии в феврале 2020 года.
Николай Барамыгин Япония туһунан
ДЬОН
10.12.2020 16:21
Бүгүн биһиэхэ уопсастыбанньык, полиглот, тылбаасчыт, блогер, Уопсастыбаннай палаата экэнэмиичэскэй сайдыыга, экологияҕа уонна ДьУоХХ хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, Японияҕа элбэхтэ сылдьыбыт, онно олорбут, соторутааҕыта Япония Тас дьыалаҕа министиэристибэтиттэн кыраамата туппут Николай Барамыгин ыалдьыттыыр.
Эркээниттэн – байҕалга
– Николай Андреевич, бэйэҥ тускунан кыратык кэпсээ эрэ.
– 1964 сыл кулун тутар 11 күнүгэр Покровскайга төрөөбүтүм, Төхтүргэ улааппытым. Аҕам – Нам Көбөкөнө, ийэм – Хаҥалас 5-с Малдьаҕара. Аҕам – буҕаалтыр, ийэм алын кылаас учуутала этэ. Оскуолаҕа 6 сааспар барбытым. Математиканы, физиканы уонна аангылыйа тылын сөбүлүүр этим. Оччолорго билиҥҥи курдук омук тыла наадалаах эҥин диэн улахаҥҥа уурбат этилэр. Нуучча, саха, омук тылын учууталларыгар олус табыллыбыт буолан, тылга дьоҕурдаахпын. Эһэм Николай Ионович түүлээх факториятын тойоно эбит, аҕам – буҕаалтыр, онон ахсаан өттүгэр дьоҕурдааҕым. Бастаан Төхтүр алын кылааһыгар, онтон Өктөм оскуолатыгар, салгыы Төхтүргэ төннөн, онтон Покровскайга физмат кылааска 8-с кылаастан үөрэммитим. Оҕо эрдэхпиттэн тас дойдуга барар баҕалаах этим. Муора айанньыттарын, сир-дойду арыйааччыларын туһунан үлүһүйэн ааҕар этим. 9-с кылааска өрөспүүбүлүкэҕэ математика олимпиадатыгар 4-с миэстэ буолбутум, ол иһин Новосибирскайга Академгородуокка физмат сайыҥҥы оскуолатыгар үөрэххэ ыҥырбыттара. Ити – аан бастаан Саха сириттэн тахсыым этэ. Онно аан бастаан нууччалары кытары алтыспытым, үүнэн турар дьаабылыканы көрбүтүм… Уопсайынан, ол сырыы кэннэ бары өттүнэн сайдыбытым. Онно ядернай институкка баар тэриллэри көрөн, олус сэргээбитим, физикаҕа умсугуйуум өссө күүһүрбүтэ. Оскуоланы бүтэрэрбэр СГУга уонна Новосибирскайга быһа үөрэххэ ылабыт диэн ыҥырыы баара. Ол эрээри, муораҕа тардыһыым баһыйан, Владивосток куоракка адмирал Невельскэй аатынан Уһук Илиннээҕи муора инженернэй училищетыгар судоводитель-штурман идэтигэр туттарсан киирбитим. Биир өттүнэн, байыаннай аҥаардаах этэ, онон толору судаарыстыба көрүүтүгэр сылдьаҕын: ас-таҥас босхо, хаһаарымаҕа олороҕун. Үөрэххэ киирэрбэр саамай сүрүнэ доруобуйа туруга этэ. Уу аннынааҕы суудунаҕа устарга мээнэ киһини ылбат буоллахтара. Алта сыл үөрэммитим.
– Уһуна бэрт эбит дии…
– 18 ый муоранан уста бараҕын, ол иһин итиччэ уһун.
– Ханна тиийэ устубуккунуй?
– Бастаан Хотугу Муустаах байҕалынан Чукотка Певегэр, Камчаткаҕа, Сахалиҥҥа, Магадааҥҥа сылдьыбытым. 1983 сылтан омук сиринэн устар буолбутум: Кытайга, Хотугу Кэриэйэҕэ, Вьетнамҥа, Японияҕа, Сингапурга уонна Бангладешка. Сороҕор табаар тиэйэн, мотуруос быһыытынан сылдьарбыт, арыт быраактыка быһыытынан үөрэх суудунатынан устарбыт.
– Сэбиэскэй Сойуустан аан бастаан тас дойдуга тахсыбыт киһи, тугу сөҕө-махтайа көрбүккүнүй?
– Аан бастаан Вьетнамҥа тиийбитим. Онно норуот олус дьадаҥытык олороруттан саллыбытым, сөхпүтүм. Оччолорго кинилэр Кытайы кытары сэриилэһэн баран, дьэ, өрүттэ сылдьар кэмнэрэ этэ. Хамнастара 140 донг буоллаҕына, киилэ эт – 300 донг, биир киилэ банаан – 130 донг. Эрэйдээхтэр хамнастарынан тугу да кыайан ылбат эбиттэр. Биирдэ борохуот паалыбатын биир миэтэрэ кэриҥэ аһыҥа бүрүйбүтүн көрөн, үөрэ-көтө хомуйан, ону ыһаарылаан сиэбиттэрин көрөн сөхпүтүм. Хотугу Кэриэйэҕэ моряктарга аналлаах валютнай интеркулуупка илдьибиттэрэ. Онно тос курдук көрүҥнээх, ытыар диэри ыга киэргэммит, түөһүгэр кыһыл көмүс Ким Ир Сен значоктаах, “мерседескэ” олорон хотугу кэриэй ханнык эрэ тойоно кэллэ. Онуоха интеркулууп үлэһиттэрэ бары устуруойунан туран, тоҥхоҥноон көрсүбүттэрэ. Ону мин төһө да социалистическай дойдутун иһин, омук-омук отой туспа эбит диэн бигэтик өйдөөбүтүм. Аны туран, үлэлэригэр бары сэлэлии хааман, кыһыл былаахтарын күөрэҥнэппитинэн бараллар, оннук төннөллөр. Онно холоотоххо, биһиги көҥүллүк да олорор эбиппит. 1984 сыллаахха аан бастаан Японияҕа тиийэн баран, сымнатан эттэххэ, шок ылбытым. Японияҕа тиксэ иликкиттэн муннугар хиимийэ сыта саба биэрэр. Приморьеҕа Пластун диэн пуорка мас тиэммиппит. Онно үрдүк баҕайы хайа тобус-толору сытыйбыт маһынан бүрүллэн турара. Оттон Японияҕа тиксибиппит – кытыл барыта газон, талах күрүө, паарка курдук барыта күп-күөх мас. Мин “бу ханнык пааркаҕа кэллибит?” диибин. Онуоха мотуруостар “акаарыгын дуо, бу маһы таҥастыыр собуот дии” дэһэллэр. Табаар эҥин чааһыгар Японияны этэ да барыллыбат.
– Үөрэххин бүтэрэн баран, бастаан ханна үлэлээтиҥ?
– Тиксиигэ Саха сиринээҕи муора тырааныспарын производственнай холбоһугар үлэлээбитим. Оччолорго Тиксии силигилээн аҕай турар кэмэ этэ. Дьокуускай маҕаһыыннара кубус-кураанах эбит буоллахтарына, Тиксиигэ толуон диэн суох, эт 4 көрүҥэ, балык арааһа, табаар барыта импортнай этэ… Ону барытын Москуба хааччыйан олорбута. Онон олох таһыма онно быдан үрдүк этэ. Социалистическай дойду табаарын сирэн, бары арҕааҥҥы, хапыталыыстар табаардарын ыла сатыыллара.
Үксүн кэлиилэр, хамнас да ботуччу этэ. Тиксиигэ үлэлии сылдьан ыал буолбутум. Дьокуускайга кэлэн баран СГУга хомсомуол ячейкатын иһинэн хомсомуол тэрилтэтин тэрийэн онно үлэлээбитим.
“Кыбыстыбакка саҥаран иһиҥ”
– Ханнык омук тылларын билэҕин?
– Төрөөбүт сахам, судаарыстыбаннай нуучча тылларын таһынан холкутук аангылыйа, дьоппуон тылларын баһылаабытым. Муора тыла – аангылыйа тыла. Онон ити тылы кыһалҕаттан да баһылыыргар тиийэҕин. Оскуола эрдэхтэн аангылыйа тылын үчүгэйдик үөрэппит буолан, бэркэ билэр буолбутум. Дьоппуон тылын отой бэйэм баҕабынан, дьаныарбынан үөрэппитим. 1990 сыллаахха ахсынньыга Михаил Николаев Японияҕа дэлэгээссийэни салайан бара сылдьыбыта. Онно тиийэн кинилэри кытары “бииргэ үлэлэһэр тэрилтэни тэрийиэххэ наада” диэн кэлбит. “Дириэктэринэн киһитэ булуҥ” диэн Тарас Десяткиҥҥа, Василий Алексеевка сорудахтаабыт этэ. Оччолорго
Саха сиригэр дьоппуон тылын билэр үс киһи баар этибит:
МГУга Африка уонна Азия дойдуларын институтун бүтэрбит Анатолий Яковлев, Владивостокка биир кэмҥэ устудьуоннаабыт, Уһук Илиннээҕи университекка илиҥҥи факультеты бүтэрбит Петр Оконешников уонна дьоппуон тылын дьаныһан үөрэппит – мин. “Внешэкономическая ассоциация саха-японского сотрудничества” (АСЯС) диэн тэрилтэ баар буолбута. Онно миигин салайааччынан анаабыттара. 1995 сылтан Михаил Ефимович өйөбүлүнэн Японияны кытары быһаччы дьарыктана сылдьабын. Маны таһынан дьоппуон тылын 40 бырыһыана кытай тылыттан киирбит буолан, кытайдыы наадабын быһаарсабын.1991 сыллаахха Москубаҕа Тас эргиэн академиятыгар Саха сириттэн хас да буолан үөрэнэ барбыппыт. Миигин онно “аангылыйа тылын билииҥ таһыма таһыччы, онон дьоппуон тылын үөрэт” диэбиттэрэ. Ол иһин Василий Яковлевтыын иккиэн дьоппуон тылыгар бэрэпиэссэр Немзорга тиийэн үөрэммиппит. Кини:
“Саҥа тылы үөрэтэргэ бастаан киһи тылы билбэтиттэн кыбыстар, комплекстыыр. Оттон төрөөбүт тылын толору билэр киһи, эн хайдах да саҥардаххына, син биир өйдүөхтээх, ол иһин кыбыстыбакка, туох баарынан малтаччы саҥаран иһиҥ”
, – диэн такайбыта. АСЯСка үлэлии сылдьан 1992 сыллаахха бастакы дьоппуон тиэхиньикэтин быыстапкатын тэрийбиппит, манна бастакы бэрэпиэссэр Кацуки-сэнсэй дьоппуон тылын устудьуоннарга үөрэтэ кэлиитин, бастакы дьоппуон култууратын бэстибээлин тэрийиини уо.д.а. араас дьаһалы иилээн-саҕалаан ыыппыппыт. Ол эбэтэр, экэниэмикэттэн култуураҕа тиийэ, бары хайысханы хабан үлэлэспиппит. Бастакы алмааһы кырыылыыр собуот 1992 сыллаахха Сунтаарга арыллыбыта. Онно аан бастакы алмааһы эмиэ дьоппуон киһитэ кырыылаабыта.– Дьоппуоннуу билэр киһи ахсаана Саха сиригэр кэнникинэн улааппыта. Университекка 1991 сылтан үөрэппиттэрэ, 2000 сылтан кафедра арыллыбыта, онон отучча сыл иһигэр дьоппуон тылын билэр 100-чэ киһи баар буолла. Билигин, хомойуох иһин, дойдуларбыт икки ардыгар сыһыан ситэ сайдыбатах буолан, тылы билиилэрин толору туһаммакка сылдьаллар. Саха сириттэн Японияҕа олохсуйбут дьон бааллар. Оттон манна университет уһуйааччыта, устудьуоннар уонна бизнесменнэр бааллар, уонча дьоппуон олорор.
Күн тахсар дойдутугар
– Японияҕа 1993 сылтан баран олохсуйбутум. Анатолий Яковлевтыын Токиоҕа Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтин тэрийэн үлэлэппиппит. Олус киэҥ хабааннаах үлэни сүрүннээбиппит. Дьоппуоннары кытары ньиэпкэ-гааска сыһыаннаах бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэр баар буолбуттара. “Якутуголь” таас чоҕу Нерюнгриттан Японияҕа эскпортыыр этэ. Ол иннинэ дуогабара Москуба нөҥүө этэ, ону биһиги быһа эргинэргэ дуогабар түһэрсэргэ көмөлөспүппүт. Оччотооҕу “Саха-авиа” хампаанньа омук сиригэр көтөрүгэр, Японияҕа чартер эҥин оҥороругар сүүрбүппүт. Японияҕа биисинэс оскуолатыгар дьоппуон тылын үөрэтэр куурустарыгар кэлбитим. Онтум саҕалааччыларга аналлаах куурус суох этэ, “продвинутый уровень” эрэ баар эбит. Миигин “бэйэҥ таһымҥын билэргэ тургутугу туттар” диэбиттэрэ. Онтум дьоппуон тылын билиим университекка биэс сыл үөрэппит киһи таһымыттан туох да уратыта суоҕа бигэргэммитэ. Мин ити оскуолаҕа үрдүк истииллээх үөрэхтээхтэр тылларын баһылаабытым. Японияҕа боростуой дьон уонна үөрэхтээхтэр туһанар тыллара (кэйго) олох атын-атын. Иероглиф олус элбэх. Оскуолаҕа үөрэннэххэ, 2,5 тыһыынча иероглибы үөрэтэҕин. Оччоҕо, дьэ, хаһыат, кинигэ ааҕар кыахтанаҕын. Оттон үрдүк үөрэхтээх киһи 5 тыһыынча иероглибы билэр буолар. Онон дьоппуоннар саҥаларыттан ким ханнык үөрэхтээҕэ тута биллэр. Дьоппуон тыла икки иероглифтаах буоллаҕына, биир иероглиф – кытай тыла, ол аата икки иероглиф тэҥҥэ турар буоллаҕына, кытай тылын эмиэ удумаҕалатыаххын сөп. Кытай сайдыытынан Японияттан быдан хаалбыт буолан, дьоно экэнэмиичэскэй, бэлитиичэскэй тиэрминнэри барытын дьоппуон тылыттан иҥэриммиттэр. Ол иһин иероглифтара сөп түбэһэр, саҥараллара эрэ атын, интэнээссийэлэрин өйдөөтөххүнэ, экэниэмикэ тиэмэтигэр тугу кэпсэтэллэрин өйдүүгүн. Мин Японияҕа 7 төгүрүк сыл олорбутум. Бастаан кэргэмминиин уонна улахан кыыспыныын барбыппыт. Онтон Японияҕа иккис кыыспыт төрөөбүтэ. Онон 2000 сыллаахха Саха сиригэр төрдүө буолан төннүбүппүт.
– Оччоҕо оҕоҥ Япония уһуйааныгар сырыттаҕа дии…
– Улахан кыыһым Айталина уһуйааҥҥа, дьоппуон оскуолатыгар сылдьыбыта, онон дьоппуон тылын холкутук баһылаабыта, дьоппуоннар эйгэлэригэр түргэнник үөрэммитэ. Дьоппуон оскуолатыгар “4”, “5” сыанаҕа үөрэммитэ, оттон консульство иһинэн нуучча оскуолатыгар, төттөрүтүн, ыарырҕатар этэ. Арассыыйа уонна Япония үөрэҕин систиэмэтэ атын-атыттар. Алын кылаастан саҕалаан оскуоланы сууйууну-сотууну оҕолор бэйэлэрэ оҥороллор. Кинилэргэ күрэстэһии олус күүстээх буолан, үчүгэй үөрэх кыһатын бүтэрбит киһи үчүгэй үлэҕэ киирэр кыаҕа үрдүк. Онон дьоппуон оҕолорун сорохторо 2,5 саастарыгар үчүгэй ньээҥкэҕэ киирэллэригэр эксээмэн туттараллар.
Дьоппуоннар оҕону атын дьоҥҥо мэһэй буолбат гына иитэллэр.
Атын оҕолорго мэһэйдэстэхтэринэ, күүскэ таһыйаллар. Ол оннугар бадарааҥҥа суулуннахтарына да, мөхпөттөр. Кэргэним Чээрэ бастаан утаа Япония олоҕун ыарырҕаппыта. Дьиэҕэ оҕолорун көрөн олорбут буолан, муунтуйар этэ. Онуоха биир дьоппуон табаарыһым кэргэнэ күүс-көмө буолан үөрэммитэ. Кыыспыт уһуйааҥҥа тиийэн баран, олус түргэнник тылы баһылаабыта, үөрэммитэ. Дьоппуон тылын кырамаатыката саха тылыгар майгынныыр буолан, саҥарарга түргэнник үөрэммитэ.Саха сиригэр төннөн баран, Хаҥалас улууһун дьаһалтатыгар 3 сыл үлэлээбитим. Онтон 2003 сылтан Тас сибээс министиэристибэтигэр 2008 сылга диэри үлэлээбитим, миниистир солбуйааччытыгар тиийэ. Онно үлэлии сылдьан эмиэ Японияны кытары элбэхтэ үлэлэспитим. 2005 сыллаахха Японияҕа ЭКСПОҕа Саха сириттэн сэлии төбөтө сүрүн эспэнээт буолан “былааһы ылбытын” өйдүүр буолуохтааххыт. ЭКСПО арыллыытыгар Штырову ыҥыра сылдьыбыттара.
– Оччо сайдыылаах дойдуга 7 сыл олорон баран, Саха сиригэр төннөргөр муунтуйбутуҥ дуу?
– Ээ суох. Төрөөбүт дойдубар төнүннэҕим дии. Аны туран, үлэбинэн син кэлэ-бара сырыттаҕым. Оччолорго Дьокуускай аэропордун иннигэр куруук чалбах тахсар этэ. Японияттан көтөн кэлэн баран, ол чалбахпын көрөөт, “аата үчүгэйин, дойдубар эргилинним” диэн испэр оҕолуу үөрэр этим (күлэр). Киһини төрөөбүт бадараана син биир тардар. Оччолорго Саха сиригэр сайдыы таһыма Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр да холоотоххо, арыый намыһах этэ буоллаҕа. Японияны кытары тэҥнээбэккин даҕаны. Аны үчүгэй, сайдыылаах усулуобуйаҕа олорон, киһи холкутук үөрэнэн хаалыан сөп. Төһөнөн өр олороҕун да, соччонон төннөргөр ыарахан буолар. Онон биһиги 7 сыл олорбуппут уһун да соҕус курдук эбит. Холобур, Арассыыйа посольствотыгар дипломаттары 3 сыл буола-буола солбуйаллар – үөрэнэн хаалбатыннар диэн. Ити – олус сөптөөх быһаарыныы.
Дьоппуон дьоно саха хараҕынан
– Эйигин дьоппуоннар бэйэлэрин киһилэрин курдук ылынар буоллахтара? Билбэт киһи “бу саха сылдьар” диэбэтэ буолуо…
– Саҥарбакка сырыттаххына, биллэн турар, дьоппуон дии саныыллар, соччо араарбаттар, сирэйбит оҥоһуута син тэҥ буоллаҕа. Ол эрээри хаамаргыттан тута билэллэр.
– Бай, ол хайдах?
– Дьоппуоннар олох атыннык хаамаллар. Биһиги, киэҥ сир оҕолоро, илиибитинэн далбаатаан, уопсайынан, холкутук туттан, көҥүллүк хаамабыт. Оттон кинилэр кыараҕас сиргэ симиллэн олорор буолан, атын киһини таарыйбат гына хаамаллар.
– Эн көрүүгэр, дьоппуоннар хайдах дьонуй?
– Дьоппуоннар сытар ынаҕы туруорбат, атын киһини тыыппат, ордугу-хоһу саҥарбат, айылҕаны аймаабат гына чуумпутук саҥарар дьон. Былыргы саха оҕонньотторун мин дьиҥнээх дьоппуоннарга маарыннатабын. Анатолий Яковлев этэринэн, култуура таһымыгар диэри сахалар дьоппуоннары кытары эппит-хааммыт, толкуйбут тэҥ. Оттон биһиги култуурабыт син биир христианныы итэҕэл сабыдыаллаах, оттон дьоппуоннарга – кытайдар буддизмнара. Онон култуура таһымыттан таҕыстыҥ да, биһиги дьоппуоннартан уратыбыт көстөн кэлэр.
– Дьоппуоннар сайдыыларын кистэлэҥэ тугуй?
– Дьоппуоннар олус түмсүүлээхтэр. Хас биирдии омукка син биир элиитэ диэн баар буолар. Бэйэмсэҕэ суох, омугун кэскилин толкуйдуур чулуу дьон син биир баар буолаллар. Япония чунуобунньуктарынан урут-уруккуттан оннук чулуу дьоннорун олордор. Кинилэр бэйэлэрин эрэ иннилэрин көрүммэккэ, норуот туһа диэн толкуйдууллар, сүрдээх патриот дьон эбиттэр. Дьоппуоннар төрүччүлэрин 1603 сыллаахтан, ол эбэтэр Японияҕа Сёгунат Токугава диэн байыаннай феодальнай бырабыыталыстыба киириэҕиттэн ыла, барытын эндэппэккэ билэллэр. Ол барыта кумааҕыга хатанан сылдьар. Оттон суруллубут – суоруллубат, ол иһин бу киһи өбүгэтэ урут тугу гыммыта, туох-хайдах олорбута барыта ырылхайдык көстө, биллэ сылдьар. Онон дьоппуоннар бэйэлэрин иннин олус көрүнэллэр, төрүттэрин киртитимээри бэйэ бодотун тардынан сылдьаллар. Биир дьоппуон киһитэ миэхэ манныгы этэн турардаах: “Үрүҥнэр (европейскай) цивилизациялара олох хойут сайдыбыта, холобур, Эмиэрикэ үөскээбитэ баара-суоҕа 200 эрэ сыл буолла. Оттон илиҥҥи цивилизация, холобур, Япония цивилизацията үөскээбитэ, кырата, 2000 сыл буолла. Онон кинилэр төһө өр бараллара биллибэт, оттон былыргы үгэспитин баччааҥҥа диэри тута сылдьар норуот син биир тыыннаах ордуохпут”, – диэн.
– Дьоппуоннар бэйэлэрин истэригэр хайдыһаллар дуу?
– Ынырык буоллаҕа дии. “Тыгын Дархан” киинэ кэнниттэн “бу киһини маннык көрдөрдүлэр, оннук эттилэр” диэн аймалҕан бөҕө буоллулар дии. Оттон дьоппуоннарга үйэ хаамыытын көрдөрөр дзидайгэки диэн сыалай жанр баар. Онтуларын тэлэбиисэринэн уһун күнү быһа эргитэн тахсаллар. Онно ким кимниин сэриилэспитин, ниндзялары наймылаһан өлөртөрбүтүн эҥин, чэ, уопсайынан, кинилэр устуоруйаларыгар буолбуту барытын көрдөрөллөр. Онтон ким да улаханнык өһүргэммэт. Буолуох буолбутун кэннэ туох диэхтэрэй? Иккиһинэн, өбүгэлэринэн киэн тутталлар. Биһиэхэ манна “Масамунэ рамен” диэн дьоппуон куукуната арыллыбыта дии. Ити Масамунэ диэн дьоппуон былыргы кинээһин аата. Кини рамен үөскээбит Сендай куоратыгар олохсуйбут киһи, аттаах аармыйатынан атын биистэри сэриилээн, кырган ылбытынан биллэр. Маны таһынан дьоппуон тылыгар күн бүгүҥҥэ диэри хас да диалект баар. Онон ити диалектарынан уонна өбүгэлэринэн хайдыһаллар. Сүрүн хайдыһыылара: илиҥҥилэр – Токио өттө, арҕаа – Осако өттө. Икки сүрүн диалект баар. Онон бу киһи хантан сылдьарын тута өйдүүгүн.
– Бэйэ-бэйэлэрин саҥаларын өйдөһөллөр дуу?
– Өйдөһөллөр, ол эрээри сорох говоры ыарырҕаталлар. Холобур, биһиги Дьокуускайбыт бырааттыы куората – Мураяма куорат – турар Ямагата префектуратын диалега саамай ыарахан уонна Хоккайдо уонна Хонсю икки ардыгар турар саамай уһук префектура – Аомори – диалега ыарахан. Саамай соҕуруу Окинава префектуратыгар олорор дьоппуоннар диалектара олох туспа тыл курдук.
– Эн алтыһар дьоппуоннарыҥ Курил арыытын туһунан туох санаалаахтарый?
– Култууралаах дьон, биллэн турар, ити боппуруоһу көтөхпөттөр. Ыйыттахтарына “хайа баҕарар сир сэрии түмүгүнэн быһаарыллар” диибин. Дьээбэлээн “оччотугар сэриилэһиэххэ, биһиги эһигиннээҕэр дьадаҥытык олоробут, ол да буоллар аптамааппытын туттубут да, манна кэлиэхпит” диибин. Ол кэннэ саҥата суох бараллар.
– Японияҕа аҕыйах ахсааннаах айналар диэн норуот баар. Кинилэргэ сыһыаннара хайдаҕый?
– Айналарга 1988 сыллаахха биирдэ гражданство биэрбиттэрэ. Ол иннигэр былыр сахалары “инородец” дииллэрин курдук, кинилэри “туземец” диэн туспа ыстаатыстаах сырытыннарбыттара. Итинтэн да көстөр дьоппуоннар атын омукка сыһыаннара. Кэриэйдэр Япония импиэрийэтигэр 1910 сыллаахха киирбиттэрэ, ол кэмтэн олохсуйа хаалбыт кэриэйдэргэ 1995 сыллаахха биирдэ гражданство биэрбиттэрэ.
– Дьоппуоннары кырдьан иһэр омук дииллэр дии…
– Кырдьык, дьоппуоннар күүстээх сайдыыны батыһан, үлэҕэ олус умса түһэн, оҕоломмот да турукка киирэн хаалбыттар. Ити – сайдыы биир омсолоох өрүтэ. Билигин нэһилиэнньэ 25 бырыһыана – 65 саастарын ааспыт дьон, ыччат аҕыйах.
– Билигин тугу дьарыктанаҕын?
– Уопсастыбаннай палаатаҕа чилиэммин, “Арассыыйа-Япония” уопсастыба Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэбин. Маны таһынан бэйэм блогпун толоробун, саайпын арыйан, үлэлэтэн эрэбин.
“Алмазэргиэнбааҥҥа” үлэлии сырыттахпына, эдэр кэллиэгэлэрим социальнай ситимнэри хайдах туһанарга үөрэппиттэрэ. Онтон Павел Иванов диэн ЯКТ.руга үлэлии сылдьыбыт уол “Николай, саайка диниэбинньиктэ арын” диэн эппитэ. Онтон ыла Дневники.якт бэйэм блогпун арыйан бичийэбин. Билигин Яндекс.дзен диэҥҥэ ылсан эрэбин уонна
https://nikbara.ru/
саайпын саҕалаатым.Хамсык
– Эһиил Токиоҕа Олимпиада буолуохтаах. Оттон хамсык туруга билигин хайдаҕый?
– Токио үрдүнэн 60 киһи ыараханнык ыалдьа сытар диэн дьоппуон сонуннарыгар кэпсээбиттэрэ. Ол 60 киһи реанимация куойкатын ахсааныттан 40 бырыһыанын ылар эбит. Ол аата, 13 мөл. нэһилиэнньэлээх Токиоҕа быһа холоон 140 эрэ реанимация куойката баар. 150 киһи биирдэ ыараханнык ыарыйда да, баппат үлүгэрэ буолаллар. Дьоппуоннар балыыһаҕа сыталларын сөбүлээбэттэр, тастан эмтэнэллэрин ордороллор. Аны туран, кинилэргэ эмп дьайыылаах, күүстээх буолан, балыыһаҕа сыта сатаабаттар, түргэнник өрүттэллэр. Арассыыйаҕа “оптимизацияны” омук дойдуларыттан үүт-маас түһэрэн ыытар үгэстээхтэр. Онтон Токио балаһыанньатыгар доруобуйа харыстабылыгар оптимизацияны ыытыы туохха тиэрдибитин ырылхайдык көрдүбүт.
Дмитрий ИВАНОВ
сэһэргэстэ.
Эта награда отмечает вклад всего Общества «Россия — Япония», его Якутского регионального отделения, организаторов и участников Фестивалей Японской культуры в Якутске и других мероприятий в развитие российско-японских связей.
Благодарю Министра иностранных дел Японии МОТЭГИ Тосимицу и Генерального консула Японии в Хабаровске г-на ФУКУСИМА Масанори за высокую оценку моего скромного вклада.
Фото с генеральным консулом Японии в Хабаровске г-ном Масанори Фукусима.
Вашему вниманию видео официальной церемонии приема в честь Его Величества Императора Японии: исполнение генеральным консулом Японии г-ном Масанори Фукусима гимнов Японии и России, речь генерального консула Японии и церемония вручения Почетной Грамоты Министра иностранных дел Японии в феврале 2020 года.
Открытый урок в начальной школе Higashi-Kurihara Sho Gakko октябрь 1997 года.
Презентация окинавского каратэ. Октябрь 2018 года.
Мои посты о жизни в Японии:
Встреча с премьер-министром Японии Кэйдзо Обути. 1998 г.
“Туймаада” в Японии! Концерт в г. Мураяма 30 сентября 1994 г.!!!
Новогодний утренник Школы имени Рихарда Зорге в Токио!
Видео цветения сакуры (ханами) в парке Уэно. 1998 год
Праздник лета — Нацу-мацури или Бон-одори в Токио!
Парк Хаккейдзима Си Парадайс в июле 2000 года! 八景島シーパラダイス!
Японские народные песни «минъё»!
Зоопарк Уэно весной 1999 года!
Воспоминания о японском детсаде Adachi Tsukushi Yochien
О японской начальной школе Higashi-Kurihara Shogakko
Пляж Кудзюкури в июне 1998 года! 九十九里浜 in 平成10年6月。
Университет Чиба в 1998 году. Встреча со студентами из Якутии
Ленинская комната в Японии – 24 года спустя!
Ностальжи в Токио! Сакура в парке Синдзюку Гёэн в марте 2019 года!
Моя страница в Дневниках якт ру.:
https://nikbara.ykt.ru/
Мой сайт:
https://nikbara.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» –
NikBara
Просьба подписаться на мой канал “Николай Барамыгин” на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
Я в Инстаграме @nb2015p
Персональная страница в “Фейсбуке”:
https://www.facebook.com/nikbaramygin/
«Одноклассниках»
https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте»
https://vk.com/nbaramygin
“Твиттер”
https://twitter.com/NBaramygin