4 года назад 92
Климент Иванов о родной школе
Вашему вниманию статья Почетного гражданина Республики Саха (Якутия) К.Е.Иванова “Колыбель знаний – Кюндяинская школа” о Кюндяинской СОШ Сунтарского улуса на якутском языке и видео о школе, автор – директор школы Маргарита Иванова, видеосъемки – завуч Таисия Андреева.
Фото из интернета.
Билии-көрүү кыһата – Күндэйэ оскуолата.
Бэрт өрдөөҕүтэ өбүгэлэрбит этэллэрин курдук, күн-дьыл түргэнник элэгэлдьийэн ааһар эбит. Олоҥхо дойдута Сунтаарбыт биир кэрэ айылҕалаах, уйгу-быйаҥ сирдээх үтүө-мааны дьоннордоох Күндэйэ нэһилиэгин оскуолата төрүттэммитэ 100 сыла буолан ааста. Смн билигин уыпдьаҕас киһи толкуйдуурбунан, сир үрдүгэр төрөөн-үөскээн, үлэлээн-хамсаан кэлэр көлүөнэ ыччакка кэскиллээх суолу-ииһи хаалларыы – бу хас биирдии киһи айылҕаттан бэриллибит анала.
Суруйааччы Николай Островскай бэргэн тыллары эппиттээх Кэлин сааһфран баран, туох да туһата суох, кэнэҕэски ыччакка кэскили хаалларбакка олорон ааспытыттан кэмсинэн, сүрэх бааһа гыммакка, аан маҥнайгыттан дойдуҥ, дьонуҥ-сэргэҥ туһугар сыал-сорук туруорунан олоруохха, үлэлиэххэ – диэн. Дьэ кырдьык да оннук. Хас биирдии киһи бэйэтэ оҥорон ааспыт сылларын туоһутунан эрэ буолбакка, ол кэмҥэ буолар араас уларыйыыларга актыыбынай кыттааччыннан буоллаҕына, кини олоҕун ис хоһооно баай буолар. Өссө онно эбии дойдутун, бар дьонун инники сайдыыларыгар кыттыспыт буоллаҕына, кырдьар сааһыгар ааспыт олоҕуттан дуоһуйууну ылар кыахтанар.
Онно барытыгар төрүт усулуобуйанан оскуолаҕа үөрэнии, иитиллии буолар. Осмкуола диэн үөрэх-билии эрэ кыһата буолбакка, киһи инники кэскилин акылаатын түһэрэр. Ону тэҥэ киһи быһыыта-майгыта, санаатын күүһэ, дууһатын кэтитэ оскуолаҕа чочуллан тахсар. Күн бүгүҥҥэ диэри Күндэйэ оскуолатыгар үөрэммит сылларбын олус күндүтүк саныыбын, олоҕум биир саамай бэлиэ кэминэн ааҕабын.
Миэхэ, үрэх баһыгар Харыйалаахха үөскээбит киһиэхэ, Күндэйэ оскуолатыгар үөрэнэ киириим, улахан дьиэ аанын арыйан, киэҥ, сырдык хоско киирии курдук, саҥа, киэҥ суолга үктэнии этэ. Онно аан бастаан сарайдаах, устуруустаах хаптаһын муосталаах, кирпиччэ улахан оһохтоох, киэҥ өстүөкүлэ түннүктээх оскуолам дьиэтин көрөммүн санаам дуоһуйбутун, кэрэни-үтүөнү сыаналыыр өйүм уһуктубутун өйдүүбүн. Оскуола аанын арыйыым – барыта дьикти, саҥа, кэрэ буолбута. Мин бастакы учууталым Екатерина Дмитриевна Старостина – үтүөкэннээх киһи, кыһамньылаах учуутал этэ. Биһиэхэ, оҕолорго билиигэ дьулуур кыымын саҕаакры кыһаллан-мүһэллэн уруоктарын ыытарын өйдөөн хаалбыппын. Үөрэнээччилэрин ааҕарга, суруйарга, суоттуурга үөрэтээри такайарын өйдүүбүн. Кыһамньылаах учуутал Екатерина Дмитриевна туһунан үтүө өйдөбүллэри сүрэхпэр-быарбар күн бүгүҥҥэ диэри илдбэ сылдьабын. Биирдэ Екатерина Дмитриевна үөрэн-көтөн кылааска киирэн, советскай сэбилэниилээх күүстэр кыырыктаах өстөөҕү кыдыйан, кыайыы былааҕын Германия киин куоратыгар тэлимнэппиттэрин туһунан ис иһиттэн долгуйан туран дорҕоонноохтук иһитиннэрбитин хаһан да умнубаппын. Онно биһиги Ураа диэн хаһыытаспытынан оскуола тиэргэнигэр ойон тахсыбыппытын өйдүүбүн. Онно оскуола таһыгар кыһыҥҥы оттуллар маһы бэлэмнии сылдьар холкуостаахтар, тэлгэһэҕэ баар атын да дьон кыралыын-улаханныын өрөгөй үөрүүтүн үллэстибиттэрэ.
1944-1945 үөрэх дьылыгар 40-тан тахса оҕо үөрэнэрэ. Бары эмдэй-сэмдэй оҕолор билсэн-көрсөн биир эйэлээх коллектив буолбуппут. 3-4 кылаастарга Георгий Петрович Дмитриев үөрэппитэ. Кини оскуолабыт директора этэ. Учуутал быһыытынан, билигин өйдөөтөхпүнэ, олус талааннаах киһи эбит.
Билии-көрүү суолугар сирдээбит, үчүгэйгэ-кэрэҕэ тардыһарга өйбүн-санаабын уһугуннарбыт, инники кэскил туһунан толкуйдуурга, көнө сиэрдээх-майгылаах буоларга такайбыт учууталым Георгий Петрович туһунан үтүө өйдөбүлүм уҕараабат. Кини ол саҕана миэхэ улахан дьонтон бастакынан идеал буолбута.Биһиги улааттахпытына директорбыт курдук буолуохпутун баҕарарбыт. Оҕо баҕа санаата олоххо көрөн сөбүлээбит түгэннэригэр олоҕурар. Сөпкө иитиллибит киһи туох эрэ үчүгэйгэ, кэрэҕэ тардыһар. Онтон улаатан истэҕиҥ аайы баҕарар баҕаҥ өссө кэҥээн иһэр. Күндэйэм оскуолатыгар тапталым кээмэйэ суох күүстээх, махталым муҥура суох дириҥ. Биллиилээх поэттар сөпкө хоһуйалларын курдук, киһиэхэ ыал дьиэтэ-уота, олбуора, төрөөбүт-үөскээбит сирэ дойдута, бииргэ улааппыт дьоно-сэргэтэ, үөрэммит оскуолата – кэлин ситэн-хотон жайдах дбоҕурдаах киһи, үлэһит буоларыгар суолтата үүнээйигэ силис-мутук кэриэтэ буолаллар.
Кэлин араас оройуоннарга эппиэттээх үлэлэргэ үлэлии сылдьан, республика салалтатыгар үлэлиир да кэмнэрбэр Күндэйэни, кини дьонун кытары сибээспин сүтэрбэтэҕим.
Күндэйэ нэһилиэгин олохтоохторо күүскэ туруорсууларынан 165 миэстэлээх аныгылыы таас оскуола тутуллан үлэҕэ киирбитэ 9 сыл буолла. Оскуола тутуллуутун туруорсуу, үбүлээһин үлэтигэр кыттыһыыны ылбыппын айылҕаттан бэриллибит иэспин толоруу курдук саныыбын. Оччотооҕу улуус баһылыга М.В. Никифоров, нэһилиэк баһылыга А.В. Никитин, Күндэйэ оскуолатын директора М.Н.Иванова күүскэ үлэлээбиттэрэ, оскуола тутуутун, үлэҕэ киириитин хааччыйбыттара.
Билигин Күндэйэ оскуолатын үлэтэ-хамнаһа салгыы тупсан, республикаҕа биллэр үөрэх кыһата буолбутуттан үөрэбит. Оскуолабыт барахсан 102 сыллаах сааһа кинини кырытыннарбат, төттөрүтүн эдэригэр түһэрэр. Күндэйэ орто оскуолата агротехнологическай хайысхалаах ЮНЕСКО ситимин оскуолата. Билигин 138 оҕо үөрэнэр, 3 оҕо быйыл саас кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. 1-кы кылааска үөрэнэ киирэр оҕолор ахсааннара сыл аайы элбээн иһэрэ күүтүллэр. Оҕолору үөрэтэр-ииитэр улахан дьоҕурдаах учууталлар көлүөнэлэрэ салгыы сайдан, профессиональнай таһымнара, оҕолору үөрэтэр ньымалара үрдээн иһэр. Күн сөтүөлүүр Күндэйэтигэр оҕо төрөөһүнэ үрдээн иһэр. Ол иһин оскуола сырдык таһаата инники даҕаны үүнэр көлүөнэ ыччатын билии-көрүү кыһатыгар ыҥыра туруоҕа.
Иванов К.Е.,
Күндэйэ оскуолатын иитиллээччитэ,
Саха Өрөспүүбулукэтин бочуоттаах олохтооҕо.
Моя страница в Дневниках якт ру.:
https://nikbara.ykt.ru/
Мой сайт:
https://nikbara.ru/
Мой канал в “Яндекс Дзен” –
NikBara
Просьба подписаться на мой канал “Николай Барамыгин” на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
Я в Инстаграме @nb2015p
Персональная страница в “Фейсбуке”:
https://www.facebook.com/nikbaramygin/
«Одноклассниках»
https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте»
https://vk.com/nbaramygin
“Твиттер”
https://twitter.com/NBaramygin