5 лет назад 111
Климент Егорович Иванов о трудовом героизме ветеранов тыла
В Год патриотизма жители Республики Саха (Якутия) должны вспоминать своих выдающихся земляков, внесших огромный вклад в развитие родной республики!
Вашему вниманию статья Почетного гражданина Республики Саха (Якутия) Климента Егоровича Иванова о ветеранах тыла, которые своим трудом в тяжелейших условиях приближали Победу!
На фото: Ветеран тыла из Кобяйского улуса – Саввинова Мария Алексеевна.
Ийэлэр,
аҕалар сэрии тыылыгар үлэҕэ албан ааттаах суоллара.
Дьыл-күн дохсун сүүрүктээх уу курдук иннин диэки тохтообокко устар. Аҕа дойдуну көмүскүүр кыырыктаах сэрии Улуу Кыайыынан түмүктэммитэ 75 сылын бэлиэтээтибит. Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх юбилейын санаабыт хоту уулуссаларынан халҕаһалыы хаамсан, болуоссаттарга тобус-толору мунньустан, хорсун буойуннары уруйдуур-айхаллыыр тыллары этэн, астына-дуоһуйа бырааһынньыктыахпытын, коронавирус пандемията мэһэйдээтэ. Ол да буоллар, хас биирдии Россия гражданиннара ити Улуу бырааһынньыгы дьиэлэригэр олорон, санаалара көтөҕүллэн туран, үөрэн-көтөн, дууһа иэйиитэ оҥоһуннулар. Ол уоттаах сэрии быһылааннарын, саа-сааҕас тутан кыр өстөөҕү утары киирсэн, сэрии толоонугар тыыннарын уурбут хорсун-хоодуот дьоммутун өйдөөн-санаан аастыбыт. Улуу Кыайыыны уһансыбыт сэрии уонна тыыл ветераннарын үйэтитиигэ куйаар ситимигэр элбэх этиилэр киирдилэр. Төһө даҕаны коронавируска кыһарыйтаран дьиэҕэ олордорбут, Улуу Кыайыы юбилейыгар бэйэбит кыттыбыт курдук сананныбыт. Дьэ билигин уруккаттан туттар лозуммутун кэҥэтэн этиэххэ: “Ханнык да түбэлтэҕэ, Улуу сэрии сылларын тыыннаахтар умнубат сыллара!”
Биллэрин курдук фашистскай Германия 1941 сыл бэс ыйын 21 күнүгэр Советскай Союзка саба түспүтэ. Онтон 1941 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр ССРС Верховнай Советын Президиумун укаһынан дойдуга байыаннай балаһыанньа биллэриллибитэ. Байыаннай балаһыанньа, үгэс буоларын курдук, ирдэбилэ олус кытаанах этэ. Онон сибээстээн, дойду олоҕор Ийэ дойдуну көмүскүүргэ иэһэ-соруга ыйыллыбыта, мобилизация биллэриллибитэ. Өстөөҕү утары кыргыһыыга фронт, тыыл соруктара ыйыллыбыта. Онтон ыла фроҥҥа эрэ буолбакка, тыылга эмиэ үлэ норматын толоруу, байыаннай нолуогу төлөөһүн Ийэ дойду бойобуой сорудаҕын быһыытынан ирдэммитэ.
Мин бүгүн сэрии тыылыгар балаһыанньаны, бэчээккэ сырдатыллыбыт холобурдарга сигэнэн, кылгастык ахтыам.
Кэлиҥҥи сылларга республикатааҕы ветераннар советтарын көҕүлээһининэн республикаҕа элбэх үлэ ыытылынна. Фроҥҥа сэрии кыттыылаахтарын туһунан эрэ буолбакка, тыылга хорсуннук үлэлээбит ветераннар тустарынан киэҥник сырдатылынна.
Ол эрээри, дойдубут алаастарыгар, үрэхтэрин баһыгар, киэҥ тайҕа быыһыгар, Хотугу муустаах муора кыталыгар өлө-мөхсө үлэлээн, кыайыыны уһансыбыттар тустарынан өссө киэҥник сырдатан, биһиги аҕаларбыт, ийэлэрбит үлэҕэ албан ааттаах суолларын ыччаттарга хайдах баарынан тириэдиэхтээхпит. Кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ, ол ыар кэмнэргэ олохтоох салалта таһаарбыт улахан содуллаах алҕастарын сымнатан көрдөрүү баар. Ол өйдөнөр – партия оруолун намтаппат туһуттан буоллаҕа. Кэнники сорох историктар, архив үлэһиттэрэ, В.В.Петров, А.А.Калашников, чуолкайдааһыннарынан аныгы дьон төбөтүгэр “батан киирбэт” уодаһыннаах дьыллар сэрии тыылыгар буолан ааспыттарын көрөбүт. Саха сирин киин оройуоннарыгар, Бүлүү сүнньүгэр 1939-40 сылларга уот кураан буолан балаһыанньаны ордук уустугурдубуттара. Улуу курааннар ойуур баһаардарын, аһыҥаны дэлэтэн, оттуур ходуһалары, бааһыналары, мэччирэҥнэри туһаныллар кыахтарын аччаппыта, үксүгэр суох оҥорбута. Ол балаһыанньа сэрии саҕаланыытыгар дьыаланы өссө тыҥааһыннаах оҥорбута, хас биирдии киһи олоҕун ытыйахтыы аймаабыта.
Саха сирин олохтоохторо Ийэ дойду көмүскэлигэр күүстээх санаалаахтарын, уһулуччу тулуурдаахтарын, түмсүүлээхтэрин көрдөрбүттэрэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии саҕаланаатын кытары тыа сирин олохтоохторо фашистскай халабырдьыттары самнарар иһин күүстээх үлэҕэ туруммуттара. Урут хаһан даҕаны буолбатах, үлэҕэ даҕаны олохторугар даҕаны дьиҥнээх героизмы көрдөрбүттэрэ. Колхозтаахтар үлэ үрдэтиллибит нуормаларын толорууга күүстэрэ тиийэринэн, сэниэлэрэ быстарынан, таһаарыылаахтык үлэлииллэрэ.
Бүлүү сүнньүгэр уонна киин оройуоннарга 1942 сыллаахха үлэһит илии ахсаана 41% аччаабыта. Фроҥҥа барбыт эр дьоммутун үгүс өттүн колхозтарга дьахталлар уонна оҕолор солбуйбуттара. Тыаҕа үлэһит күүс 75% дьахталлар этэ. Колхозтар фроҥҥа ыытар бородууксуйаларын кээмэйэ 2 төгүл үрдээбитэ. Оборона фронугар 12200 центнер бурдук туттарыллыбыта. Түүлээх булдугар күүстээх үлэ барбыта.
Саха сирин олохтоохторо ону таһынан фроҥҥа көмөлөһөн 32787 тыһ. солкуобайы харчынан, 56566 тыһ. солкуобай сууммалаах облигациянан, 2761 гр. кыһыл көмүһү, 523849 гр. үрүҥ көмүһү хомуйан ыыппыттара.
Өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы Саха сиригэр фроҥҥа эрэ буолбакка, тыылга сүдү улахан сүтүгүнэн ситиһиллибитэ. Сэрии сылларыгар ыарахан үлэ, аччыктааһын, хоргутуу 59 тыһ. биир дойдулаахтарбыт, ол иһигэр оҕолору, тыыннарын быспыта, суорума суоллаабыта. Онтон сэрии толоонугар 37965 Саха сириттэн барбыт саллааттар геройдуу охтубуттара. Онтон барыта сэрии сылларыгар Саха сирин сүтүгэ 96927 киһиэхэ тэҥнэһэр. Дьулаан сыыппара.
Таас чоҕу, кыһыл көмүһү хостооһуҥҥа, ойуур промышленноһын сайыннарыыга күүскэ ылсыбыттара. Фроҥҥа анаан балык бултааһынын инники туппуттара. Архив даннайдара этэллэринэн, сэрии бастакы үс сылыгар республика иһигэр үлэ фронугар диэн 10 тыһ., онтон республика таһыгар 3040 сэрииттэн доруобуйаларынан босхоломмут дьон мобилизацияламмыта.
1943 сыл атырдьах ыйыгар диэри Саха сиригэр Обком бастакы секретарынан И.Д.Степаненко, Совнарком бэрэсэдээтэлинэн В.А.Муратов үлэлээбиттэрэ. Кинилэр кэлии дьон буолан, Саха сирин тыйыс усулуобуйатын билбэккэ эрээри, байыаннай балаһыанньаҕа ирдэниллэр кытаанах дьаһаллары сиэри таһынан күүскэ туттубуттара сыыппараларга көстөр. Холобура, 1942 сыллаахха “Чурапчы оройуонун колхозтарын туһунан дьаһаллар” – диэн Обком бюротын уурааҕа үчүгэйдик бэлэмнэммэккэ, көһөрүү матыыптара ыйыллыбакка, көһөрүү ньымалара, чуолкай графига, ороскуота ыйыллыбакка валютаристскай ньыманан ылыллыбыта улахан содуллаах буолбута. Чурапчы дьоно 41 колхозтан ыал-ыалынан, кырдьаҕастыын-оҕолуун тоҥон-хатан, аччыктаан-хоргуйан, эрэйдэммиттэрин-муҥнаммыттарын, суорума суолламмыттарын туһунан чуолкайданна, элбэхтик сурулунна.
“Олох иһин” диэн Кыайыы 70 сылыгар аналлаах Сунтаарга тахсыбыт кинигэҕэ этиллэринэн, оройуоҥҥа 1941 бэс ыйыттан 1943 сыл күһүнүгэр диэри нэһилиэнньэ ахсаана саамай аҕыйаабыт кэмэ эбит. Маассабайдык аччыктааһынтан сылтаан ыарыы, хоргуйан өлүү сатыылаабыт. Аччыктааһын, хоргуйуу туһунан биллэриилэр нэһилиэктэртэн 1941 сыл бүтүүтүттэн элбэхтик киирбиттэр. Архивка көстүбүтүнэн, МТС рабочайа Павлов колхозтартан үлэ фронугар ыҥырыллан кэлбит үлэһиттэр маассабайдык хоргуйбуттарын уонна үлэлиир кыаҕа суох буолбуттарын туһунан киһи хараастар суруга кэпсиир. Үөһээ-Мэйик нэһилиэгиттэн колхоз председателя Татаканова 1942 сылга 30 колхозтаах хоргуйан үлэлиир кыаҕа суох буолбуттарын иһитиннэрэр. Ол иһитиннэрии иһин Татаканова үлэтиттэн уһуллубут, ону таһынан сууттаммыт.
Бүлүүчээн нэһилиэгин Маркс аатынан колхоз солбуйар бэрэсэдээтэлэ 1941 сылга суруйбутунан колхозка 10 киһи хоргуйан өлбүт. Кини суруйбутунан колхозка туох да дохуот суох. Хоргуйан эрэр дьоҥҥо көмө оҥорорго нэһилиэккэ этэ сатаабыт даҕаны, көмө оҥорор кыах көстүбэтэх. Төттөрүтүн өлөн эрэр дьоҥҥо колхозтан кыра бурдук биэрбиттэрин иһин, бэрэсэдээтэл Гуринов үлэтиттэн уһуллубут, дьыалата суукка көрүллүбүт. Ол курдук, архив докумуоннарыттан, ити кинигэҕэ суруллубутуттан көрдөххө, төһө даҕаны байыаннай балаһыанньа баарын үрдүнэн, олохтоох дьон кыһалҕатыгар болҕомто ууруллубатах түгэннэрэ олус элбэхтэр. Колхуос баайын ыскайдааһыҥҥа балыйан, норуоттарын туһугар кыһалла сатаабыт аһыныгас сүрэхтээх, үтүө дууһалаах уонунан колхозтар, нэһилиэктэр салайааччылара сууттаммыттарын туһунан ити матырыйааллар көрдөрөллөр. Сунтаар оройуонугар 1940 сыллаахха нэһилиэнньэ уопсай ахсаана 21431 киһи эбит буоллаҕына, 1943 сыл түмүгүнэн 13952 киһиэхэ тиийэ түһэр, эбэтэр 7479 киһинэн көҕүрүүр. Дьон аччыктааһынтан сылтаан ыалдьан, хоргуйан өлүүлэрэ ити сылларга Сунтаарга, Ньурбаҕа, Мэҥэ-Хаҥаласка, Уус Алдаҥҥа бэлиэтэммит. Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Таатта, Чурапчы бэйэтин сиригэр өлбүт дьон ахсаана киһини дьиксиннэрэр.
ВКП(б)КК 1943 сыл кулун тутар 13 күнүгэр “Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын салайыыга таһаарыллыбыт алҕастар” тустарынан уураах ылынар. Обком бастакы секретара Степаненко босхолонор. Обком бюротын састаабын саҥардыллар. Республика тыатын хаһаайыстыбатын туругун билэр дьоннор салалтаҕа киирэллэр. Совнарком бэрэсэдээтэлэ В.А.Муратов эмиэ босхолонор. Кини оннугар И.Е.Винокуров ананар. Салалта уларыйыаҕытан тыа сирин олоҕо көнөр суолга киирбитэ. Итиннэ Совнарком бэрэсэдээтэлэ, 1946 сылтан Обком бастакы секретара Илья Егорович Винокуров сүүнэ улахан оруола умнуллуо суохтаах.
Бу улахан теманы үмүрүтэн, биир чөкө холобурунан түмүктүөм.
Мин кэргэним ийэтэ Саввинова Мария Алексеевна сэрии уонна тыыл ветерана этэ. Кэбээйи оройуонун I Лүүчүн нэһилиэгэр олорон Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриини көрсүбүтэ. Сэрии ыар, кыһалҕалаах сылларын туһунан улаханнык сонньуйан олорон кэпсиир буолара. I Лүүчүн нэһилиэгиттэн 60-н тахса киһи фроҥҥа ыҥырыллыбыта. Ол иһигэр “Кыһыл Арыылаах” колхозтан 30 киһи армияҕа барбыта. Ол иһигэр колхоз председателэ Яковлев Кирилл Николаевич эмиэ. Кини үлэтин Саввинова Мария Алексеевна тутан хаалбыта. Атырдьах ыйын саҥатыгар райсовет исполкомун бэрэсэдээтэлэ колхозтаахтар уопсай мунньахтарын ыыппыт. Манна кырдьаҕастыын-эдэрдиин бары биир санаанан 30 саастаах Марияны бэрэсэдээтэлинэн талбыттар.
Сэрии ыар сылларыгар Кэбээйи оройуонугар “Буденнай” колхозка үлэлээбит сэрии уонна тыыл бэтэрээнэ Павлов С.И. ахтыытыгар маннык этиллибит: “Сэрии ыар кэмигэр ас-таҥас отой суоҕа, бары-барыта кырыымчык этэ. Аччык, муор-туор олох саҕаламмыта. Ким да кимиэхэ тугу да нолуоккун төлүөҥ иннигэр бэрсиэ суохтааҕа, барытын кытаанахтык боппуттара. Аны колхуоһу, хас биирдии ыалы ааҕан сиппэт араас нолуогунан-этинэн, харчынан түһээн оҥорбуттара. Хас биирдии ыал итии таҥас тигэн фроҥҥа ыытыахтааҕа. Ким эмэ нолуоктары кыайан төлөөбөтөҕүнэ сууттанара, хаайыыга ыытыллара”… “Умнуллубат Улуу Кыайыы” (стр 217.)
Онон бэл диэтэр бултаах-алтаах, балыктаах Кэбээйигэ уоттаах сэрии содула олус күүстээх этэ. Онтон толлубакка, эдэр үлэһит, үлэни тэрийэр дьоҕурдаах, Ийэ дойдутугар иэһин үрдүктүк тутар Мария Алексеевна Саввинова дьон итэҕэлин чиэстээхтик толорбута, Кыайыы күнэ кэлэригэр бэйэтин кылаатын киллэрбитэ.
Ону кэрэһэлиир оччолорго “Кыһыл Арыылаах” колхозка үлэлээбит колхозтаахтар ахтыыларын көрдөрөбүн. “Үс кыра оҕо ийэтэ, ыарыһах кэргэннээх Мария Алексеевна сэрии сылларыгар үлэҕэ кыанар эр дьон бары армияҕа барбыттарын кэннэ, сытыы-хотуу, бэйэтинэн кыайыгас үлэһит буолан, колхоз бэрэсэдээтэлинэн үчүгэйдик үлэлээбитэ. Мин эдэр сааспыттан уһуннук ыанньыксытынан үлэлээбитим. Арыылаах дьоно-сэргэтэ сэрии сылларыгар үтүөтүн хаһан да умнубаттар, киниэхэ махталлара улахан”, – диэн ахтар сэрии уонна үлэ ветерана М.С.Кычкина.
Онтон үлэ ветерана П.И.Саввинов колхоз бэрэсэдээтэлин туһунан маннык суруйбут: “Сэрии сылларыгар Арыылаахха барыта фронт туһугар: “Барыта Кыайыы туһугар” диэн сыаллаах үлэ-хамнас тэриллэрэ. Колхоз бэрэсэдээтэлэ М.А.Саввинова сүүрэн-көтөн, бириэмэтигэр дьаһайан, бэйэтэ үлэттэн хаалсыбакка холобур буолан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Аччык ааҥнаабатын туһугар бэйэтин аҕатын, байанайдаах Алексейы сорудахтыыра. Кини кустааһыны, балыктааһыны тэрийэн, колхозтаахтары хааччыйара. Алексей оҕонньор бэйэтин кыл муҥхатынан, нэһилиэк атын икки муҥхаһыттарын кытары кыттыһан муҥханнан Кучаҥы тарданнар элбэх балыгы таһаараллара. Арыылаахтар өлүү балыктарын, колхоз бэрэсэдээтэлэ Маарыйа дьаһалынан, Бүлүү куоратыгар киллэрэн атыылаан, аска-таҥаска эргитэн, колхоһун дьонугар буор-босхо түҥэттэрэрэ. Сэрии кэмигэр Маарыйа колхуоһу салайбыт сылларыгар дьон хоргуйан өлүүтэ тахсыбатаҕа”.
Онтон Мария Алексеевна кырдьан олорон сэрии сылларын туһунан маннык ахтара: “Сэриигэ өстөөхтөрү кыайарбыт, онно сэриигэ сылдьар дьоннорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаммакка үлэлиэҕиҥ! – диэн колхозтаахтарбытын ыҥырар-угуйар этибит. Хайдах үлэлээн-хамсаан, сордонон-муҥнанан оччотооҕу кэмнэри ааһаахтаабыппыт буолла. Колхоз бэрэсэдээтэлэбин диэн үс аҥаар сыл устатыгар биирдэ да өрөөбөтөҕүм, биир күн сынньанным диэн өйдөөбөппүн, сайыннары-кыһыннары үлэ араас көрүҥэр дьоммун кытары тэҥҥэ үлэлэһэрим. Барыта былдьаһык, тиэтэл буолара. Аҕам эрэйдээх бэйэтин курдук 2-3 оҕонньору кытары сылгыны барытын бэйэлэрэ көрөллөрө. Ол быыһыгар кустаан-балыктаан колхозка таһаллара. Кэлин олохпут арыый тупсан, кыралаан дохуоттанан, дьэ “һээ” дэспиппит. Итинник ыарахан сыллары өйөһөн-убаһан, көмөлөсүһэн уонна бэйэбитин харыстаммакка үлэлээн туораабыппыт. Сэрии сылларыгар үс аҥаар сыл колхоһу салайбыт, үлэлээбит кэмнэрбэр биир да киһини хоргуйууттан өлөрбөтөҕүм. Сүрүн ситиһиим биирдэрэ ол этэ” – диэн Мария Алексеевна улаханнык долгуйан олорон, киэн тутта кэпсиирэ.
Дьэ итинник уустук, кытаанах бириэмэҕэ колхозтары, нэһилиэктэри салайбыт, сэрии дьонугар күүс муҥунан көмөнү оҥорбут, дьон туһугар – кинилэр тыыннаах хаалалларын туһугар, үөһэттэн өҥөйөн турар оччотооҕу сокуон ирдэбилиттэн куттаммакка, үлэлээбит-хамсаабыт дьон ааттара сэрии ветераннарын кытары тэҥҥэ тутуллан кэнэҕэски ыччакка тириэрдиллэрэ наада. Ийэлэр, аҕалар сэрии тыылыгар үлэҕэ албан ааттаах суоллара умнуллубатын!
13.05.2020 сыл. К.Е.Иванов, СР Бочуоттаах гражданина.
На
сайте
Национального Архива РС (Я):
Героический труд якутян в годы Великой Отечественной войны
Героический труд якутян в тылу внес огромный вклад в победу в Великой Отечественной войне.
На IV пленуме Якутского областного комитета ВКП (б), проходившем 23-26 июня 1941 г., I секретарь Якутского ОК ВКП (б) И.Л. Степаненко выступил с речью о необходимости перестройки работы всех отраслей промышленности на военный лад и задачах трудящихся республики в условиях военного времени. И тыл на протяжении всей войны вкладывал героические усилия, чтобы помочь армии разгромить вероломного врага.
За много тысяч километров от линии фронта люди жили одной мыслью приблизить Победу, отдавая все силы и средства на помощь фронту. Смыслом жизни для них стал лозунг «Все для фронта! Все для Победы!».
Уже в конце 1941 г. Якутия направила для фронта: «наличными 10867 тыс. руб. Сдано облигаций госзаймов всего на сумму 26169 тыс. руб. Послано на строительство колонны танков 2173 тыс. руб., реализовано билетов денежно-вещевой лотереи 6668 тыс. руб., что составило 133,9 %. Натуральное поступление в фонд обороны составило: серебра -337,3 кг., золота-1971 г., продовольственного зерна-542,0 ц., фуража – 258,0 ц., рыбы – 293,0 ц, пушнины всего -338,0 шт.”.
Якутяне-колхозники в сельских районах трудились на сельскохозяйственных работах по уборке урожая, на сенокосе, на добыче рыбы, пушнины, ремонтировали дороги и мосты, выполняли и перевыполняли государственные поставки продуктов сельского хозяйства: мяса, масла. Широко развернулась кампания по сбору теплых вещей, цветных металлов в Фонд обороны и для Красной Армии, помощи семьям военнослужащих, населению территорий освобожденных от оккупации и др.
6 января 1942 г. вышло постановление СНК СССР и ЦК ВКП (б) «О развитии рыбных промыслов в бассейнах рек Сибири и на Дальнем Востоке» для нужд фронта. Реализация данного постановления должно было увеличить вылов рыб в этих регионах и, тем самым, быстро возместить прекращение рыбодобычи на территориях, попавших под оккупацию, обеспечить рыбой армию и население страны. С Якутский государственный рыбтрест был реорганизован в трест союзного значения, который в короткий срок организовал 240 рыболовецких бригад при колхозах с 2100 рыбаками. По всей Якутии прошла широкая трудовая мобилизация по добыче рыбы. Только в 1942 г. в республике было мобилизовано на добычу рыбы 7732 человек, организованы 14 рыбзаводов (9 из них на севере республики). Всего за годы войны было создано 34 специализированных рыболовецких колхоза.
11 августа 1942 г. вышло постановление бюро Якутского обкома ВКП (б) “О мероприятиях по колхозам Чурапчинского района”
о переселении 41 колхоза Чурапчинского района в северные районы для организации рыбодобычи. Одной из причин массового переселения колхозов были последствия страшной засухи в Якутии на протяжении 1939-1942 гг., от которой очень сильно пострадали центральные и вилюйские районы. Ко всем бедам сельского населения республики прибавились тяготы и страдания, связанные с началом Великой Отечественной войны. Однако, в результате этого поспешного и плохо организованного переселения (так переселенец должен был взять с собой не более 16 кг груза, включая продуты) произошла страшная трагедия. На севере от голода, холода, тяжелейших условий работы умерли тысячи чурапчинцев.Якутия явилась поставщиком олова, слюды, которые были ценнейшим сырьем для оборонной промышленности страны.
Якутия поставила на службу фронту свои лесные богатства, увеличив заготовку древесины до 1 млн. куб. м.
Возросла добыча золота, представлявшего собой один из источников увеличения валютного фонда нашей Родины.
После войны 59 тысяч тружеников тыла Якутии были награждены медалью «За доблестный труд в годы Великой Отечественной войны 1941—1945 гг».
Великая Отечественная война 1941-1945 гг. явилась для Якутии, как и для всей страны, тяжелым и жестоким испытанием. Якутия понесла самые тяжелые демографические потери. Война стала кульминацией демографического кризиса, разразившегося еще до ее начала в 1938 г. и в связи с продолжавшимися засухой до 1944 г.
За годы Великой Отечественной войны 1941-1945 гг. в тылу умерло по разным причинам 58962 человек, из них в сельской местности 43364.
Женщины на добыче золота. 1942 г.
Женщины на обработке рыбы.
На животноводческой ферме.
Вязка снопов.
Фронтовая бригада колхоза “Красная заря”.
Раскорчевка леса под пашню.
Обогащение угля при погрузке на баржи. п. Зырянка.
Мужской хор из Намского улуса исполняет песню “Хайыһар” (Лыжная)!
Статьи К.Е.Иванова в моем блоге:
Как создавалась гранильная отрасль Якутии?
Взгляд ветерана на современное развитие республики
НЕСКОЛЬКО УТОЧНЕНИЙ ПОСЛЕ ПРАЗДНИЧНЫХ ФАНФАР
Журналистика любит правду! Климент Иванов о “Саханефтегазе”!
Евгения Исаевна Михайлова – яркий представитель якутской интеллигенции!
Память о большом друге Республики Саха (Якутия)
Что нельзя упускать в Год патриотизма
Фрументий Сафронов – как пример для третьего возраста!
Статья Климента Иванова о выдающемся сыне Олёкминского улуса!
Боевые заслуги легендарного снайпера И.Н. Кульбертинова должны быть достойно оценены.
Николай Никитич Яковлев – ветеран, хозяйственник, руководитель!
Много сделал для своей республики!
О Ю.М.Кайдышеве
ИЗ СЛАВНОЙ ПЛЕЯДЫ КОМСОМОЛЬСКИХ ЛИДЕРОВ
О А.И.Михееве.
Истинный патриот, славный сын народа Саха!
О П.Д.Осипове.
Его труд – яркий пример служения своему народу!
О М.Н.Евсееве
Она была гордостью народа!
О А.Я.Овчинниковой
К 95-летию Гаврила Иосифовича Чиряева!
Начало пути Республики Саха (Якутия)
О роли личности М.Е.Николаева
Моя страница в Дневниках якт ру.:
https://nikbara.ykt.ru/
Мой сайт (в процессе строительства):
https://nikbara.ru/
Просьба подписаться на мой канал “Николай Барамыгин” на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
Я в Инстаграме @nb2015p
Персональная страница в “Фейсбуке”:
https://www.facebook.com/nikbaramygin/
«Одноклассниках»
https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте»
https://vk.com/nbaramygin
“Твиттер”
https://twitter.com/NBaramygin