5 лет назад 105
Она была гордостью народа!
В Год патриотизма жители Республики Саха (Якутия) должны вспоминать своих выдающихся земляков, внесших огромный вклад в развитие родной республики!
Вашему вниманию статья Почетного гражданина Республики Саха (Якутия) Климента Егоровича Иванова о славной дочери народа саха, Председателе Президиума Верховного Совета Якутской АССР с 1963 по 1979 годы, кавалере Ордена Ленина, Почетном гражданине г. Якутска Александре Яковлевне Овчинниковой.
Фото из интернет.
НОРУОТ КИЭН ТУТТАР САЛАЙААЧЧЫТА ЭТЭ
Билэрим устатыгар Саха сиригэр үрдүкү салалтаҕа үлэлээбит дьоннор биир чаҕылхай бэрэстэбиитэллэринэн А.Я. Овчинникова буолар. Мин кини салалтатынан советскай үлэҕэ син өр кэмҥэ үлэлээбит , кинилиин элбэхтик алтыспыт, сирэй көрсөн кэпсэппит буоламмын, итинник сыанабыл биэрэр кыахтаахпын. Кини үрдүк культуралаах, дириҥ билиилээх, ол иһин интеллектуальнай таһымынан, эрудициятынан, билиитэ-көрүүтэ киэҥинэн ханнык баҕарар оҕонньору-эмээхсини, боростуой үлэһити, ыччаты, учуонайы, государственнай да деятеллэри кытары хайа баҕарар боппуруоска ирэ-хоро, үрдүк таһымнаахтык кэпсэтэр дьоҕурдаах салайааччы этэ. Кини биир уратытынан Саха сирин бары уһугар: тыа сиригэр, тус хоту туундараҕа, промышленность сайдыбыт туоналарыгар кини аата киэҥник биллэрэ, ытыктабыллаахтык ааттанара.
Бүтүн Саха сирин олохтоохторо билиниилэрин, убаастабылларын республикатын сайдыытын иннигэр өр сылларга туруулаһан үлэлээн ситиспитэ.
Александра Яковлевна бэйэтэ кэпсииринэн, элбэх оҕолоох ыалга кыһалҕалаахтык улааппыта. Аас-туор олоҕу оҕо эрдэҕиттэн билбит буолан, боростуой, материальнай өттүнэн кыаммат дьон кыһалҕаларын үчүгэйдик өйдүүрэ, аһыныгас дууһалаах этэ. Дьон олоҕо чөл туруктаах буоларыгар кыһаллыы – кини олоҕун устатыгар үлэтин биир сүрүн хайысхата этэ.
Эдэр эрдэҕиттэн, суол тутуутун техникумугар үөрэниэҕиттэн, общественнай үлэҕэ актыыбынайдык кыттыбыт, бөдөҥ комсомольскай тэрилтэ секретарыгар тиийэ үүммүт . Ол эрээри, оччотооҕуттан көҥүл санаалаах буолан, оччолорго ыччакка көҥүллэммэт литератураны үлүһүйэн ааҕан, ол иһигэр Сергей Есенин айымньытын, комсомолтан улаханнык сэмэлэммит түбэлтэлээх эбит. Ити түмүгэр олоҕор улаханнык оҕустара сыспыттаах: сэмэлэммит киһи быһыытынан китнини үрдүк үөрэххэ киирэрин аккаастаабыттар. Ол эрээри, күүстээх санаалаах, инникигэ дьулуурдаах эдэр кыыс итинтэн санаата булгуруйбатаҕа. 1934 сыллаахха техникуму бүтэрэн баран, 1000 биэрэстэни сатыы уһун кэмҥэ айаннаан, Сунтаарга тиийэн, райисполкомҥа суол тутуутугар специалист буолар. Ол кэмҥэ Сунтаарга райсовет исполкомун бэрэссэдээтэлинэн кэлин обком бастакы сэкирэтээригэр тиийэ үүммүт С.З. Борисов үлэлиир кэмэ эбит. Эдэр Александра Яковлевнаҕа олус эппиэттээх үлэни сүктэрэллэр, Сунтаар – Кэмпэндээйи суолун тутууга сүрүн специалист оруолун толорор, күргүөмнээх үлэ үөһүгэр түһэр. Эдэр киһиэхэ олус киэҥ далааһыннаах үлэ этэ. Эрдэттэн бэйэлэрэ суоттаан оҥорбут графиктарынан оройуон холкуостарыттан үлэһиттэри уонна ат көлөнү мобилизациялыыллара. Докумуоннар этэллэринэн ити суол тутуутугар үс аҥаар сыл устатыгар график быһыытынан быстах-быстах кэмнэргэ, уопсайа 7 тыһ. тахса киһи, 1 тыһ. тахса ат көлө үлэлээбитэ биллэр. Дьэ, итиччэ үлүгэр күүһү тиһигин быспакка хомуйан, сөптөөх усулуобуйаны тэрийэн, көхтөөхтүк үлэлэтии – дьэ бу улахан далааһыннаах үлэ. Үрүйэлэри туоруур икки улахан муостаны уонна 30-тан тахса суол муостатынбырайыактаан туттарбыттара биллэр. Суол тутуутун 1937 сыл түмүгүнэн бүтэрэн, Кэмпэндээйиттэн тууһу массыынанан таһар буолбуттара. Дьэ, ити үлэҕэ соҕотох сүрүннүүр специалист эдэркээн Александра Яковлевна этэ. Сунтаарга суол оҥоһуутун бастакынан саҕаласпыт үтүөтүн дьон билиҥҥэ диэри умнубат.
Сунтаарга кини 4 сыл устатыгар үлэлээн, Сунтаар-Тойбохой, Сунтаар-Сиэйэ-Ньурба суолларын кыһыннары-сайыннары туһаныллар республикатааҕы суолталаах суол таһымыгар таһаарарга маҥнайгынан үлэлэспит өлбөөдүйбэт өҥөлөөх.
1935 сыллаахха Сунтаар гидропоһун технигэ эдэр уол Алексей Тимшинниин холбоһон ыал буолаллар. Онтон Дьокуускайга көһөн суол управлениетыгар үлэлиир.
Куоракка хаһаайыстыбаннай, партийнай үлэлэргэ эриллэн, үүнэр-сайдар. Ордук Дьокуускайга партия горкомун иккис сэжкирэтээринэн үлэлээбит сыллара үрдүк таһаарыылаах этэ диэн кинини үчүгэйдик билэр дьон кэпсииллэрэ. Ити дуоһунаска 9 сыл үлэлээбитэ үһү. Онно кини сүрүннээн промышленность сайдыытын куратордаабыт. Ити бириэмэҕэ Хаҥаласка таас чоҕу хостуур тэрилтэ аһыллан күүскэ сайдар, Жатайга судноны онорор уонна өрөмүөннүүр собуот кэҥэтиллэр, өрүс пордун тутан үлэҕэ киллэрэллэр, куораты гаазтааһын үлэтэ саҕаланар. Александра Яковлевна Дьокуускай куоракка үлэлии олорон бөдөҥ салайааччы быһыытынан ситэр-хотор.
Александра Яковлевна Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир кэмигэр олохтоох сэбиэттэр республика социальнай-экономичсескай, культурнай сайдыытыгар оруоллара биллэрдик үдээбитэ. Ол саҕана үлэ сыанабылынан биэс сыллаах былааннары толоруу этэ. А.Я. Овчинникова VIII, IX, X пятилеткалар ситиһиилээхтик туолууларыгар тус бэйэтин оруола олус улахан. Үрдүкү Сэбиэт Президиумун ирдэбилинэн Миниистирдэр Сэбиэттэрэ государственнай былааннар туолан иһиилэрин туһунан нэһилиэнньэ иннигэр отчуоттааһыннара олохтоммута. Онтон Үрдүкү Сэбиэт Президиума бэйэтин сыллааҕы үлэтин отчуотун сыл аайы Үрдүкү Сэбиэт сессияларыгар дьүүллэһии оҥоһуллар буолбута. Онон республика олохтоохторо Сэбиэттэр үлэлэрин, государственнай былааннар туолууларын туһунан информацияны куруутун истэр-билэр буолбуттара.
Олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыы, коммунальнай хаһаайыстыба, суол-иис салаата сайдыытыгар Сэбиэттэр эппиэтинэстэрэ биллэ үрдээбитэ.
А.Я. Овчинникова тус бэйэтин туруорсуутунан Сэбиэттэр бары таһымнарыгар салайар кадрдара уопуттаах, дьоҕурдаах дьонунан саҥардыллыбыта. Үрдүкү Сэбиэт сессиятыгар кадрдары аттарыы боппуруоһа турбутугар: “Олохтоох сэбиэттэр үлэлэрэ тупсуохтаах, атын кэрдиискэ тахсыахтаах. Кадрдар барытын быһаараллар, онон каадырдарбытын саҥардыаҕыҥ, эдэр, эрчимнээх, дьоҥҥо убаастанар, ытыктанар дьону туруоруоҕуҥ”, – диэн эппитин-тыыммытын олох күн бүгүннэ дылы өйдүүбүн. Сотору кэминэн онтун олоххо киллэттэрбитэ.
РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин сессиятыгар тыл этэн, онтон үрдүкү салайар уорганнарга туруорсан, Сэбиэттэр үлэһиттэрин хамнастара үрдүүрүн ситиспитэ. Сэбиэт үлэтигэр үрдүк үөрэхтээх эдэр дьон аттарыллан туруоруллубуттара.
Александра Яковлевна Сэбиэттэр үлэлиир усулуобуйаларын тупсарыыга Миниистирдэр Сэбиэттэрин күүскэ үлэлэппитэ. Ол түмүгэр, 1965-1975 сыллар усталарыгар нэһилиэктэр сэбиэттэрэ бары кэриэтэ саҥа типовой дьиэлээх буолбуттара, итиэннэ үлэ чэрчитинэн кэлэр-барар көлөлөммүттэрэ – мотоцикл хас биирдии сэбиэт аайы баар буолбута. Сорох бөдөҥ сэбиэттэргэ массыына бэрдэттэрбитэ. Кини олохтоох сэбиэттэри мэлдьи: “Эһиги хонтуораҕа олорумаҥ, нэһилиэнньэни кытта үлэлээҥ, учаастактаргытыгар, нэһилиэктэргитигэр куруутун сылдьыҥ, практическай көмө оҥорорго дьулуһуҥ, аныгы сэбиэттэр оннук үлэлиэхтээхтэр”, – диэн ыҥырара.
1968 сыллаахха мин Абый райкомун II секретарынан үлэлиир кэммэр Индигир өрүс халааннаан, оройуон киинэ Дружина бөһүөлэк бүтүннүү ууга барбыта. Онно А.Я. Овчинникова баһылыктаах правительство хамыыһыйата кэлбитэ уонна баар балаһыанньаны өйдөөн, ССКП обкомугар сөптөөх докумуон түһэрбит этэ. Ол кэлин, оройуон киинин саҥа сиргэ тутууну быһаарарга улахан көмө буолбута.
5 сыл устатыгар оройуон киинэ Үрүҥ Хайаҕа түргэн тэтимнээхтик тутуллан бүтэн эрдэҕинэ, 1974 сыл муус устарыгар оройуон партийнай активын мунньаҕын анаабыппыт. Оччолорго мин райком бастакы сэкирэтээрэ этим. Республикаттан бэрэстэбиитэллэри ыҥырбыппыт. Онно Александра Яковлевна Овчинникова баһылыктаах улахан биригээдэ кэлбитэ. Дружинаҕа эбиэккэ Александра Яковлевнаны дьиэбэр ыҥырдым. Кини киһи быһыытынан боростуойун, кэпсэтинньэҥин онно билбитим. Кэргэним ийэтэ Мария Алексеевнаны кытары тэҥнээх киһитин курдук аһаҕастык, уу сахалыы кэпсэппитэ. Онтон кэргэним Татьяна Ивановна аҕатын өттүнэн Орто Бүлүүгэ олорон ааспыт Никифор кулуба хос сиэнэ буоларын истэн сэҥээрбитэ, Николай Якутскай “Төлкө” диэн айымньытыгар Никифор кулуба туһунан суруллубутун истибит уонна өйдүүр эбит. Онон саха литературатын айымньыларын интэриэһиргиирин, элбэҕи билэрин көрдөрбүтэ. Ол көрсүһүүттэн ийэбит эмээхсин улаханнык дуоһуйбута уонна саха дьахтарын маанылааҕа, улахан дьоһуннаах киһи эбит диэбиттээх. Тыа киһитэ улаханнык астына көрбүтэ, хойукка диэри ол көрсүһүүтүн үөрэ-көтө саныыр этэ.
Сарсыныгар Үрүҥ Хайаҕа тиийэн тутулла турар бөһүөлэк объектарын көрбүтэ. Сүнньүнэн астыммыта, ситэ илик объектарын түргэнник ситэрэргэ, социальнай инфраструктуратын толору хааччыйарга республикаттан кэлбит бэрэстэбиитэллэргэ сорудах биэрбитэ уонна оройуон киинин көһөрүүнү быйыл сайын тэрээһиннээхтик саҕалыахха диэн түмүккэ кэлбитэ. Ол санаатын толору уонна чуолкайдык актив мунньаҕар эппитэ. Онон 1974 сыл сайыныгар оройуон киинин Дружинаттан Үрүҥ Хайаҕа көһөрөргө диэн уураах ылыммыппыт.
Кырдьык, оройуон салалтата ити соругу ситиһиилээхтик толорбута, атырдьах ыйыгар Индигир устун теплоходтарынан тэрээһиннээхтик бары тэрилтэлэр, нэһилиэнньэ үгүс өттө көһөрүллүбүттэрэ. Оройуон киинэ саҥа благоустроеннай бөһүөлэккэ олохсуйбута. Үрүҥ Хайа бөһүөлэгэ Абый оройуонун киинэ буоларын туһунан РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун ыйааҕа тахсыбыта. Онон, Абый оройуонугар ити боппуруос быһаарыллыытыгар Александра Яковлевна Овчинникова улахан кылаата эмиэ баар.
1978 сыллаахха Совмин бэрэссэдээтэлэ Петров Иван Иванович Сунтаарга командировкаҕа кэлэ сырыттаҕына райсовет дьиэтэ эргэрбитин көрдөрөн, кэпсээн баран саҥа административнай дьиэни тутарга көрдөстүм. Онно киһим хап-сабар сөбүлэһэрин эттэ уонна дьыала түргэтиирин наадатыгар Александра Яковлевнаҕа эмиэ туруорус диэтэ.
Онтон сотору Дьокуускайга А.Я. Овчинниковаҕа приемҥа киирэммин ити боппуруоспун эмиэ туруорустум. Александра Яковлевна болҕойон иһиттэ, ыйыталаста. Онно мин эбэн: “1934 сыллаахха Эһиги бэйэҕит үлэлээбит дьиэҕит. Мин эһиги үлэлээбит хоскутугар кабинеттаахпын. Дьиэбит олус эргэрдэ, түннүкпүт сиргэ тиийэрэ чугаһаата”, – диэтим. Онуоха: “Оо, оччолорго саҥатык соҕус этэ. Бэйи эрэ, мин эһиэхэ үлэлээбитим 40-тан тахса сыл буолла дии, конечно, эргэрбит!” – диэтэ. Онтон киниттэн чугас олорон үлэлиир УКС салайааччытыни Ч.С. Миколаюнаһы ыҥыран ылан, дьиэни проектатарга, тутуутун 1980 сылы ааспакка түргэнник бюджекка киллэрэн саҕалыырга дьаһайда. Ол курдук сүрдээх судургутук Сунтаар райсоветын администрациятын дьиэтин тутууну быһааран турардаах.
А.Я. Овчинникова Үрдүкү Сэбиэт Президиумун үлэтин саҥа таһымҥа таһаарбыта, кини сессияларыгар ылыллар быһаарыылар уопсастыба олоҕор суолталара муҥутуурдук үрдээбитэ.
Кэмиттэн кэмигэр олохтоох Сэбиэттэр бэрэссэдээтэллэрин семинардара ыытыллар буолбуттара, сэбиэт сэкирэтээрдэригэр туспа семинар барара.
Ити кэмҥэ Сэбиэттэр быыбардааччыларын кытары сибээстэрин бөҕөргөтүүгэ элбэх үлэ барбыта. Быыбардааччылар накаастарын учуоттааһыҥҥа уонна толорууга улахан суолта бэриллэр этэ.
Александра Яковлевна пенсияҕа да олорон общественнай үлэҕэ актыыбынайдык кыттара. Республика бастакы президенэ М.Е. Николаев Саха сиригэр алмаз промышленноһа сайдыытыгар олохтоох нэһилиэнньэ кыттыытын үөрэтэргэ комиссияны тэрийбитэ, онно салайааччынан А.Я. Овчинникованы анаабыта. Сылтан ордук кэмҥэ кичэллээхтик үөрэтии түмүгэр геологтар алмааһы көрдүүр ыарахан үлэлэригэр, алмаас промышленноһын аан бастаан саҕалааһын улахан суолталаах, быһаарыылаах кэмнэригэр олохтоох нэһилиэнньэ актыыбынай кыттыытын итэҕэтиилээхтик көрдөрөр дьоһуннаах докумуону оҥорбуттара. Ол докумуон Саха Республиката АЛРОСА биир сокуоннай төрүттээччитэ буоларын көрдөрбүтэ уонна билигин дьоһуннаах докумуон буолан харалла сытар.
Ол эрээри, Александра Яковлевна бэйэтин бириэмэтин геройа этэ. Олох үөһүттэн тахсыбытын кэннэ аныгы үйэ уларыйыылара буолбуттарын өйдөөбөтөҕө уонна ылымматаҕа. Онно кинини буруйдуур сатаммат. Ол кэмҥэ кини государственнай сулууспаттан уурайбыть кэмэ этэ. Онон кини көҥүл толкуйун сүөргүлүүр табыллыбат.
2000 сыл кулун тутар 8 күнүгэр Дьокуускайга олорор дьиэтигэр сылдьан Александра Яковлевнаны 85 сааһа туолар ытык-бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээбитим. Олус үөрэ-көтө көрсүбүтэ. Санаата күүстээх этэ. Олорбут олоҕунан астынарын эппитэ. Олорор усулуобуйатыгар үҥсэргээбэтэҕэ, пенсиятынан, киниэхэ оҥоһуллар болҕомтонон астынара. Инникигэ эрэнэрин, дьон олоҕо сыыйа сайдан, Саха сирэ сайдыы суолун тутуһарыттан санаата көтөҕүллэрин эппитэ.
Дьэ, ити курдук уһун сылларга норуотун туһугар таһаарыылаахтык үлэлээбит, республика сайдыытыгар бөдөҥ кылаатын киллэрбит, саха омук дьиҥ-чахчы чаҕылхай кыыһа Александра Яковлевна Овчинникова аата норуот киэн туттуута буолар, кини аата республика остуоруйатыгар умнуллубаттык, бигэтик хаалыа.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах Гражданина К.Е.Иванов.
Статьи К.Е.Иванова в моем блоге:
Как создавалась гранильная отрасль Якутии?
Взгляд ветерана на современное развитие республики
НЕСКОЛЬКО УТОЧНЕНИЙ ПОСЛЕ ПРАЗДНИЧНЫХ ФАНФАР
Журналистика любит правду! Климент Иванов о “Саханефтегазе”!
Евгения Исаевна Михайлова – яркий представитель якутской интеллигенции!
Память о большом друге Республики Саха (Якутия)
Что нельзя упускать в Год патриотизма
Фрументий Сафронов – как пример для третьего возраста!
Статья Климента Иванова о выдающемся сыне Олёкминского улуса!
Боевые заслуги легендарного снайпера И.Н. Кульбертинова должны быть достойно оценены.
Николай Никитич Яковлев – ветеран, хозяйственник, руководитель!
Много сделал для своей республики!
О Ю.М.Кайдышеве
ИЗ СЛАВНОЙ ПЛЕЯДЫ КОМСОМОЛЬСКИХ ЛИДЕРОВ
О А.И.Михееве.
Истинный патриот, славный сын народа Саха!
О П.Д.Осипове.
Его труд – яркий пример служения своему народу!
О М.Н.Евсееве
Моя страница в Дневниках якт ру.:
https://nikbara.ykt.ru/
Мой сайт (в процессе строительства):
https://nikbara.ru/
Просьба подписаться на мой канал “Николай Барамыгин” на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
Я в Инстаграме @nb2015p
Персональная страница в “Фейсбуке”:
https://www.facebook.com/nikbaramygin/
«Одноклассниках»
https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте»
https://vk.com/nbaramygin
“Твиттер”
https://twitter.com/NBaramygin