5 лет назад 198
Николай Никитич Яковлев – ветеран, хозяйственник, руководитель!
В Год патриотизма жители Республики Саха (Якутия) должны вспоминать своих выдающихся земляков, внесших огромный вклад в развитие родной республики!
Вашему вниманию статья Почетного гражданина Республики Саха (Якутия) Климента Егоровича Иванова о своем старшем товарище, ветеране Великой Отечественной Войны – Николае Никитиче Яковлеве “КИҺИ КИЭН ТУТТАР, ХОЛОБУР ОҤОСТОР ОЛОҔО”.
Жизнь Николая Никитича Яковлева является примером для нового поколения руководителей улусов и республики!
Фотографии предоставлены К.Е.Ивановым.
КИҺИ КИЭН ТУТТАР, ХОЛОБУР ОҤОСТОР ОЛОҔО
Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, арҕаа фроҥҥа кыдьыктаах кыргыһыылар ортолорунан ааһан, Улуу Кыайыы күнүн Чехословакия хайаларыгар көрсүбүт, Саха сирин биир ытык киһитэ, государственнай сулууспа бэтэрээнэ, республика социальнай-экономическай сайдыыттыгар туох баар үлэлиир дьоҕурун, сатабылын, билиитин-көрүүтүн анаабыт Николай Никитич Яковлев сотору кэминэн төрөөбүтэ 94 сылын туолар. Онон сибээстээн кини туһунан ахтыы суруйарга сананным.
Яковлев Николай Никитич Үөһээ Бүлүүгэ I Күүлэт нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1944 сыл саҥатыгар сэриигэ ыҥырыллан, I Украинскай фроҥҥа 21-с армия 120-с стрелковай дивизиятын 543-с гвардейскай полкатын пулеметчигынан кыырыктаах кыргыһыыларга кыттыбыта.
Кыайыы кэннититтэн түөрт аҥар сыл устата Чехословакияҕа, Австрияҕа, Венгрияҕа, онтон Белоруссияҕа десантнай чаастарга сулууспалаабыта. Власов армиятын тобоҕун ыраастааһыҥҥа Судет хайаларыгар киирсибитэ. Ити кэмнэргэ кини бойобуой сорудаҕы толорон 33 төгүл парашютунан ыстаммыта.
Онон Николай Никитич Яковлев Иккис Аан дойдутааҕы уоттаах сэриитин ортотунан асспыта. Аҕа дойдутун көмүскээн кыырыктаах кыргыһыыларга кыттыбыта. Кини Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии 2-с степеннээх орденынан, бойобуой мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Армияҕа сылдьан киэһээҥҥи дивизионнай партийнай оскуоланы туйгунунан бүтэрбитэ.
1953 сыл күһүнүгэр Бүлүүтээҕи педучилище иккис курсугар үөрэнэ сылдьан мин комсомол кэккэтигэр киирбитим. Онно комсомол Бүлүүтээҕи райкомун бюротугар көрүллэрбэр уһун остуол баһыгар олорор эдэр киһи бастакы сүһүөх комсомольскай тэрилтэ миигин комсомолга ылар туһунан уурааҕын билиһиннэрэн баран, чилиэннэриттэн миэхэ боппуруоһу биэрэллэригэр эттэ. Дьэ, боппуруос бөҕөнү симтилэр, ордук райкомол бастакы сэкирэтээрэ Николай Яковлев. Кыалларынан эппиэттэһэ сатаатым. Ол түмүгэр дьэ миигин комсомол кэккэтигэр ылар туһунан уурааҕы ылыннылар. Мин, дьэ, санаам чэпчии түстэ. Ол курдук общественнай дьыалаҕа маҥнайгы улахан сүрэхтэниибин баран турабын.
Педучилище оччотооҕуга олус көхтөөҕүнэн биллэрэ. Комсомолга киирээппин кытта, педучилище комсомольскай уонна профсоюзнай тэрилтэлэрин салайааччылара Николай Ноттосов, Варвара Петрова, Иван Иванов, Афанасий Акимов, онтон да атыттар миигин үлэ үөһүгэр киллэрэн барбыттара. Ити сыл отчуоттуур-быыбардыыр мунньахха райкомол бастакы сэкирэтээрэ Николай Яковлев сырытта уонна трибунаҕа тахсан тыл этэн чаҕылытта. Оччотооҕу санаабар кини туттара хаптара, этэрэ-тыынара киһи эрэ сэргиэх, астыныах курдук этэ. Онон мин Николай Никитич туһунан бастакы үтүө өйдөбүлүм онтон ыла саҕаламмыта.
Онтон ыла күннэр-дьыллар ааһан истилэр. Мин Хабаровскайдааҕы партийнай оскуоланы бүтэрэр дьылбар, 1968 сыл кулун тутар ыйыгар обком тэрийэр отделын сэбиэдиссэйэ В.Г. Лыглаев ССКП Абыйдааҕы райомун иккис сэкирэтээринэн талылларым туһунан былааннаабыттарын билиһиннэрдэ.
Райком бастакы сэкирэтээринэн райсовет бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорбут А.Н. Степанова рекомендацияланарын туһунан уонна кини оннугар райсовет бэрэссэдээтэлинэн Яковлев Николай Никитич талыллыахтааҕын туһунан билиһиннэрдэ. Мин быһаарыныыбын толкуйдаан баран сарсын биллэриэх буоллум. Кэргэммин кытары сүбэлэһэн барна, сөбүлэһэргэ быһаарынным.
Пленум үчүгэйдик ааста, мин олохпор улахан уларыйыы буолла – партийнай үлэһит буолан хааллым. Анастасия Никифоровна Степанова ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутата эбит этэ, партия райкомун бастакы сэкирэтээринэн биир санаанан талыллыбыт.
Сотору кэминэн, эбии быыбар кэнниттэн Николай Никитич Яковлев райсовет исполкомун бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Дьэ, ол курдук, Николай Никитичтыын бииргэ үлэлээһиммит саҕаламмыта. Оройуон актива биһигини үчүгэйдик көрсүбүтэ, түмүктэрдээх үлэни эрэйэллэрин туһунан этэллэрэ. А.Н. Степанова оройуону үчүгэйдик билэрэ, кинини партийнай-хаһаайыстыбаннай актив ытыктыыра, нэһилиэнньэҕэ улахан авторитеттаах этэ. Оройуон саҥа талыллыбыт салалтата каадырдары уларыппатаҕа . “Абый” сопхуос директорынан урут оройуоҥҥа үлэлээбит В.П. Петров буолбута. Онтон атын салайааччылар бары миэстэлэригэр хаалбыттара.
Н.Н. Яковлев өр сылларга сэбиэскэй үлэҕэ буспут-хаппыт опыттаах, кыахтаах үлэһит этэ. Кини хаһаайыстыбаннай үлэ уонна үп-харчы дьыалатын ымпыгын-чымпыгын үчүгэйдик билэрэ, үлэһиттэргэ кытаанах ирдэбиллээҕэ. Ардыгар кини ирдэбилэ олус үрдүк кэрдиискэ тахсан хаалара. Ол эрээри кини киһи, салайааччы чиэһин уонна суобаһын хаһан да таарыйбат буолара. Үрдүк ирдэбил түмүгэр өһүргэммит, хоргуппут салайааччы суоҕа.
Оччолорго миэхэ, эдэр салайааччыга, кини үлэлиир стилэ уонна ньымата үтүө холобур буолара. Кэлин үрдүк дуоһунастарга үлэлиир дьоҕурум Николай Никитичкэ уһуйуллан, уһаарыллан тахсыбыта диир кыахтаахпын. Ол эрээри, айылҕа киһини араастыыр дииллэрэ кырдьык – эмоциябыт, үлэһиттэртэн ирдэбилбит ньымалара араастаһара.
Биһиги Абый оройуонугар алта аҥаар сыл устатыгар уопсай тылы булан, олус тапсан, өйдөһөн, биир санаанан үлэлээбиппит. Икки аҥаар сыл үлэлээбитим кэннэ Анастасия Никифоровнаны республика Үрдүкү Сэбиэтин аппаратыгар үлэҕэ анаабыттара, мин партия райкомун бастакы сэкирэтээринэн талыллыбытым. Ол кэннэ Николай Никитичтыын биһиги сыһыаммыт уларыйбатаҕа, иккиэн үлэҕэ эппиэтинэспит өссө күүһүрбүтэ, бииргэ үлэлииргэ былааммыт кэҥээбитэ.
“Абый” оройуонугар үлэлиир сылларбытыгар бэрт үгүс үлэни-хамнаһы тэрийээччи үтүөкэннээх дьоннору кытары бииргэ үлэлээбит дьоллоохпут. Кинилэртэн туспа тутан ааттыыр буоллахха: көһө сылдьар механизированнай тутар-монтажтыыр колонна начальнига Илья Николаевич Ефимов, “Абый” сопхуос дириэктэрдэрэ В.П. Петров, П.Г. Корякин, кэли оройуон салайааччылара буолбут Б.Д. Слепцов, К.Н. Хабаров, Индигир пароходствотын начальнига А.И. Кубышевскай, авиапорт начальнига Ю.Г. Кульневскай, сопхуос отделениетын управляющайдара Н.С. Ребров, П.К. Ефимов, сельсовет бэрэссэдээтэлэ Е.Н. Ильяхова буолаллар.
Ол сылларга биһиги оройуоммутугар икки уһулуччу суолталаах боппуруостары быһаарар соруктаах этибит.
Бастакытынан, тыа хаһаайыстыбатын атаҕар туруоруохтаахпыт. Ол иһин мелиоративнай үлэни киэҥник тэрийбиппит, сүөһүттэн ылыллар бородууксуйаны үрдэппиппит, саҥа хотоннору туппуппут. Племенной сүөһүнү дэлэтэн, үүттээх ынахтары элбэтэр сорук турбута. Ол туруоруммут сыалбытын толорбуппут. Түмүгэр, аҕыйах сылынан Абый оройуона сүөһү иитиитигэр бастыҥнар кэккэлэригэр киирбитэ. Сылгы, таба ахсаана эмиэ элбэтиллибитэ.
Иккис сорукпут: капитальнай тутууну күүһүрдүү, оройуон саҥа киинин тутууну ситиһии.
Дьэ, бу икки соругу толорууга райсовет бэрэссэдээтэлэ Н.Н. Яковлев оруола олус улахан. Ол туһунан чопчу этэр буоллахха, маннык: ССКП райкомун, райсовет исполкомун хайысхаларынан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарга чопчу боппуруостар көрүллэллэрэ, аналлаах уураахтар ылыллаллара. Уратыта диэн – уураахтар дьаһаллара толоруллар болдьохтоох буолаллара, эппиэтттиир дьоннор ыйыллаллара. Дьэ, ол кэннэ толорууга киириллэрэ. Министерстволарынан сыльдьан үп-харчы эккирэтиитигэр Николай Никитич тыла-өһө, дакаастыыр дьоҕура олус оруоллаах буолара. Миэстэтигэр толотторуу дьыалатыгар кини эмиэ үлэлээн-хамсаан үлүмнэтэрэ. Сыалы-соругу чуолкайдык туруорарын сөбүлүүрэ, итэҕэһи-быһаҕаһы аһаҕастык этэрэ. Ити барыта миэстэтигэр оройуон салалтатын оройуон салалтатын дьаһайар оруола күүһүрүүтүн, тэрээһин үлэтэ түмүктээх буолуутун хааччыйара.
Николай Никитич аппаратын үлэһиттэриттэн дьыалаҕа эппиэттээхтик сыһыаннаһалларын кытаанахтык ирдиир буолара, ээл-дээл буолууну таһааттарбат этэ, тус бэйэтин үлэтинэн-хамнаһынан холобур буолара. Кини үлэтин күнэ сарсыарда 8 чаастан саҕаланан, киэһэ хойукка дылы барара. Сарсыарда 8 чааска, эбэтэр киэһэ 7 чааска райсовет бэрэссэдээтэлин кабинетын түннүгэр уот тыкпат буоллаҕына: “Хайа, Николай Никитич бүгүн тоҕо суоҕуй, командировкаҕа бардаҕа буолуо”, – дэһии буолара.
Кини үлэһитинэн, көнө сүрүннээҕинэн, чөл куттааҕынан дьоҥҥо сөбүлэппитэ.
Оройуоҥҥа итьи сылларга ыытыллыбыт улахан суолталаах үлэттэн ойуччу туттан оройуон киинин тутуу туһунан ахта түһүөм. Урут оройуон киинэ Дружина бөһүөлэгэ саас аайы кэриэтэ ууга баран, эрэй, ороскуот бөҕө буолара. Оччотооҕу дьиэлэр бука бары синньигэс бэрэбинэнэн тутуллубут буоланнар тымныы курдаттыы ааһан, сииктээх сыбахтара хайыта бараллара, олус тымныйаллара. Бөһүөлэги уулаах көлүйэлэр төгүрүйэн сыталлара. Саҥа тутуулары ыытар миэстэ суоҕа. Инньэ гынан, оройуон киинин атын сиргэ көһөрүү боппуруоһа араас таһымҥа туруоруллубута ырааппыт этэ. Ол гынан баран, ити оройуон сайдыытыгар төһүү боппуруос миэстэтиттэн сыҕарыйбатах этэ.
Оройуон киинин көһөрүү туһунан райсовет исполкомун саҥа бэрэссэдээтэлэ Н.Н. Яковлев турууласпыта. Оройуон актива, партия райкомун сэкирэтээрдэрэ, биллэн турар, ити идеяны сөбүлээбиппит. Правительствоҕа, партия обкомугар тиийэ боппуруоһу күүскэ туруорбуппут. Сайыныгар республика Миниистирдэри Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ И.И. Петров салайааччылаах комиссия кэлбитэ. Комиссия састаабыгар партия обкомун иккис сэкирэтээрэ А.В. Власов эмиэ баара. Комиссия оройуон киинэ тутуллуон сөптөөх сирин көрө оройуону кэрийэ көппүтэ. Сутуруоха бөһүөлэгин утары Үрүҥ Хайа диэн дэлэгэй соҕус сирдээх миэстэни Ефимов Илья Николаевич уонна Яковлев Николай Никитич көрдөрбүттэрэ. Дружинаҕа киэһэ райкомҥа буолбут мунньахха оройуон киинин Үрүҥ Хайаҕа тутарга диэн олохтоохтор этиилэрин комиссия ылыммыта. Сотору кэминэн Абый оройуонун киинин Үрүҥ Хайаҕа көһөрөр уонна тутуутун саҕалыыр туһунан партия обкомун бюротун уурааҕа тахсыбыта. Сатабыллаах салайааччы, тэрийээччи, туруоруммут соругун хайаан да толорон тэйэр Илья Николаевич Ефимов ьэрт кылгас кэмҥэ коллективы, базаны тэрийэ охсон , тутууну тэтимнээхтик ыыппытынан барбыта.
Биһиги Николай Никитичтыын бырайыактыыр тэрилтэҕэ, министерстволарга элбэхтик сылдьыбыппыт. Үбүлээһин, бырайыактааһын үлэтин тэтимэ кинилэртэн быһаччы тутулукттааҕа. Совмин капитальнай тутуутун управлениетын кытары үчүгэй сибээс олохтоммута. Управление салайааччыта Ч.С. Миколаюнаһы, “Якутсельстрой” трест управляющайа Д.М. Силантьевы кытары чугастыы дьыалабыай сыһыан баар буолбута. Үрүҥ хайа тутуутугар Совмин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Н.С. Охлопков көмөтө олус улахан этэ. Совмин бэрэссэдээтэлэ И.И. Петров туруорсуубутун, көрдөһүүбүтүн өйүүр буолара. Онно барытыгар Николай Никитич эрдэттэн бэлэмнээбит расчеттара, аргуменнара кыайыылаах-хотуулаах буолара. Биирдэ Петров И.И кабинетыгар приемҥа киирээри уочараппытын кэтэһэ олордохпутуна биллиилээх фотограф Виктор Яковлев көтөн түстэ, биһигини хаартыскаҕа түһэрдэ уонна “сельские ходоки” диэн ааттыам диэтэ. Ол хаартыскабыт Николай Никитич альбомугар баар этэ. Дьэ, кырдьык, Николай Никитичтыын элбэх министерстволар, ведомстволар, республика салайааччыларын кабинеттарын кэрийбит буолуохтаахпыт, ону ааҕан сиппэккин. Онно барытыгар эрдэттэн бэлэмнэнии, туһааннаах докумуоннары оҥоруу, дакаастааһын, тылы ылыннарарга кыһаллыы, кэпсэтии түмүгүнэн көмө биэрии туһунан туһааннаах докумуону оҥотторуу, отделлары, толорооччулары кытта кэпсэтии, туолуутун хонтуруоллааһын ирдэнэр. Дьэ ити бэйэтэ киһиттэн туһунан дьоҕуру көрдүүр. Ити салайааччыттан күннээҕинэн эрэ олорботу ирдиир, киниттэн уһуну киэҥи толкуйдууру, ырааҕы анаарары эрэйэр. Н.Н. Яковлев салайааччы быһыытынан итиннэ толору эппиэттиирэ.
Оройуон киинин Үрүҥ Хайаҕа тутуу бэйэтэ туһунан остуоруйалаах. Бу үлэҕэ биһигини кытта тэбис-тэҥҥэ “оргуйан олорбуттара”, оччолорго өссө эдэр, Абый оройуонун үүнэн иһэр үлэһиттэрэ Б.Д. Слепцов, Н.Н. Хабаров, А.А. Чирков уонна да атыттар.
Ити кэмҥэ Н.Н. Яковлев күөгэйэр күнүгэр сылдьара. Оччотооҕу салайааччылар партия ыытар политикатыгар бэриниилээх буолаллара, кини туһаайыытыттан тахсарыҥ табыллыбат этэ. Партия райкомун бюроту, райком даһалларын халбаҥнаабакка толороллоро. Биһиги үлэбитигэр кинилиин уопсай тылы булан, биир санаанан улэлээбиппит. Дьон ортотугар хаһан даҕаны саҥарсыбат, мөккүспэт этибит. Оттон иккиэйэх буоллахпытына, сороҕор добуочча дорҕоонноох кэпсэтиилэр буолуталаан ылаллара. Ол эрээри, үксүн биир тылга киирсэр этибит, ол кэнниттэн, дьэ, сүбэлэһэн бииргэ үлэлиирбит.
Билигин санаатахха, оччолорго эдэр да эбиппит: Кини 40-тан саҥа тахсыбыт оттон мин киниттэн оруобуна 10 сыл балыс этим. Дьиктитэ диэн, кини толору сиппит-хоппут, олох муударастарын баһылаабыт туруу үлэһит киһи этэ, оттон мин олоҕум дьоһуннаах суолугар саҥа үктэммит, бэйэм кыахпын, өйбүн-санаабын, киниэхэ холоотоххо, саҥа туппут киһи этим.
Николай Никитич, төһө даҕаны күөгэйэр күнүгэр сырыттар, наар бэйэтин эрэ санаатын өрө туппат этэ. Атыттар этиилэрин болҕойор, ону кытары аахсар үтүө үгэстээҕэ.
Уустук, эппиэттээх үлэҕэ сылдьар киһи олоҕор кэлэн ааһар түбэлтэлэр аата-ахсаана биллибэт элбэхтэр. Онно киһи буолан баран биирдэ эмит сыыһа туттара баар буолар. Ону сөпкө уонна бириэмэтигэр сыаналааһын олус наада, ол инники өттүгэр алҕас хатыламматын мэктиэтэ буолар. Николай Никитич биирдэ эмит быһымах быһыыны оҥордоҕуна, онтун иһигэр билинэр буолара.
Биирдэ маннык түбэлтэ буолбуттаах. 1974 сыл саҕаланыытыгар оройуон киинин көһөрүү туһунан обком бюротун уурааҕа тахсыахтааҕа тардылынна.
Ол уураахха кэккэ объектар тутуллууларын түргэтэтэргэ эбии үп көрүллэрин туһунан суруллуохтаах этэ. Уураах тахсыытын түргэтэтэр сыалтан биһиги обком бастакы сэкирэтээригэр Г.И. Чиряевка болдьоммут кэмҥэ приемҥа киирдибит. Оройуоҥҥа баар балаһыанньаны кылгастык мин информациялаатым. Онтон Үрүҥ Хайа тутуутун хаамыытын Николай Никитичтан кэпсииригэр эттэ. Иккиэн бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн сөпкө эттибит-тыынныбыт. Онтон уураах проегын туһунан кэпсэтиигэ, арай, Николай Никитич эмоцията улам күүһүрэн барда. Киһим укаас тахсыытын мэһэйдэһээччилэр бааллар, ону эн аахсыа суохтааххын диэн обком бастакы сэкирэтээрин кытта бочооттоһон киирэн барда. Гавриил Иосифович ону, биллэн турар, сөбүлээбэтэ. Мин дьыала уустугураары гынна диэн испэр дьахсына санаатым, киһибэр атахпынан имнэнэн сигнал биэрдим. Дьэ, онно уҕарыйан, кэпсэтии улам сымнаата, көрсүһүүбүт үчүгэйдик түмүктэннэ. Тахсан баран, киһим Гавриил Иосифовиһы кытары армияҕа бииргэ сулууспалаабыттарын, онтон Бүлүү райкомугар бииргэ үлэлээбиттэрин, урукку өттүгэр үтүө сыһыаннаахтарын, чугастык санаһалларын туһунан кэпсээтэ уонна: “Ол эрээри, субординацияны кэһэ сыһан баран, хата, туттуннум”, – диэтэ.
Сотору кэминэн кэтэһиилээх уураахпыт тахсыбыта, оройуон киинэ көһүүтүн түргэтэтиигэ улахан көмө буолбута.
Николай Никитич биһикки олохтоох кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ болҕомтобутун уурар этибит. Биһиги инникитин оройуону бары өттүнэн бэлэмнээхтэринэн Б.Д. Слепцов уонна К.Н. Хабаров салайыахтарын сөбүн чопчу билэрбит. Ол иһин да буолуо, оройуон киинин көһөрүү былаанын биһиги анал сорудах быһыытынан кинилэргэ сүктэрбиппит. 1974 сыл муус устар ыйга Үрүҥ Хайаҕа оройоуоннааҕы партивнай актив мунньаҕын ыыппыппыт. Онно республика Үрдүкү сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ А.Я. Овчинникова, министерстволар, ведомстволар салайааччылара кыттыыны ылбыттара.
Дружинаттан оройуон киинин көһөрөр туһунан быһаарыы ылыммыппыт, онуоха бэлэмнэнии үлэ графигын бигэргэппиппит. Ол уураах туолбута: ол сайын атырдьах ыйыгар оройуон бары тэрилтэлэрэ, үлэһиттэрэ уу суолунан көһөрүллүбүттэрэ. Оттон ити дьыл алтынньы ыйыгар Үрүҥ Хайа бөһүөлэгэ Абый оройуонун киинэ буоларын туһунан РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун уурааҕа тахсыбыта.
Ол дьыл, бэйэтин үрдүк миссиятын толорон баран, Н.Н. Яковлев Уус-Майа оройуонугар, райсовет исполкомун бэрэссэдээтэлинэн талыллан, көспүтэ.
Дьэ, ити курдук хотугу Абый оройуонугар 6,5 сыл устатыгар Николай Никитиһи кытары үлэлээн, тэрийэр-салайар үлэ мындырыгар үөрэммитим, салайааччы быһыытынан буспутум-хаппытым диир кыахтаахпын.
Николай Никитич Яковлев салайааччы, тэрийээччи быһыытынан миэхэ үтүө өйдөбүлү хаалларбыта.
Кэлин, араас үлэлэргэ үлэлээн баран, 1988 сылга “Север” агропромышленнай комбинат генеральнай директорынан анаммытым.
1989 сыл муус устар ыйга ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан талыллыбытым, бастайааннай төрүөккэ олоҕуран үлэлиирим быһыытынан Москваҕа көһөр буолбутум. Республика проблемаларын үчүгэйдик билэр, үлэни-хамнаһы анализтыыр дьоҕурдаах, бэртээхэй суруксут аҕа табаарыспын Николай Никитиһи көмөлөһөөччү быһыытынан үлэлэс диэн көрдөспүппүн быһа гымматаҕа, эмиэ бииргэ үлэлиир буолбуппут.
Оччолорго депутат үлэтэ Үрдүкү Сэбиэт иһинэн ыытыллар сессияларынан эрэ муҥурдаммата, бүтүн быыбардыыр уокуругуҥ территориятын барытын хабан барара. Союз Сэбиэтин састаабыгар республикаттан иккиэ буолан киирбиппит. Онон, уокурукпут киэҥ буолан, араас хаһаайыстыбаннай боппуруостар, нэһилиэнньэттэн киирэр этиилэр, көрдөһүүлэр олус элбэх этилэр. Ону барытын учуоттаан, иилээн-саҕалаан, дойду араас министерстволарыгар, республика салалтатыгар, туһааннаах государственнай органнарга үгүс элбэх суруктары бэлэмнээн, туһааннаах аадырыстарыгар ыыталаан, араас ис хоһоонноох көрдөһүүлэр, этиилэр буолууларын хонтуруоллаан, онтон быыбардааччыларга эппиэт ыыталаан, олус да элбэх үлэни толороро. Миэхэ киирбит элбэх ахсааннаах накаастар туолууларын туруорсара уонна учуоттуура, быыбардааччылары кытары көрсүһүүлэри бэлэмниирэ. Уопуттаах, кыахтаах көмөлөһөөччүлээх буоламмын депутат быһыытынан үлэм түмүктэрэ көстөрө. Николай Никитич оччотооҕуга бэлэмнээбит докумуоннара, быыбардааччылары кытары сибээстэспит олус элбэх суруктара хас даҕаны папкаҕа тиһиллэн билигин архивпар хараллан сыталлар.
Николай Никитич Яковлев өссө Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан тапталын Мария Алексеевна Черепанованы көрсүбүтэ. 1944 сыллаахха сайын Николай сэбиэскэй армия кэккэтигэр ыҥырыллан, тапталлаах кыыһа Маруся Бүлүү биэрэгэр “быраһаай, көрсүөххэ диэри” диэн далбаатыы хаалбыта. Икки таптаһар сүрэхтэри кыырай ыраах тэйсии даҕаны, уоттаах сэрии уодаһына даҕаны сөҕөрүппэтэҕэ. Төттөрүтүн тапталлара күүһүрэн, ахтылҕаннара улаатан, көрсүһэр күннэрин ааҕаллара, уостубат тапталларын тиһигэ быстыбат суругунан кэпсэтэллэрэ. Биирдэ Мария Николайга сылаас тапталы биллэрэн, күүстээх ахтылҕанын, кэтэһиилээх көрсүһүүтүн кэрэһэлээн бэйэтин илиитинэн оһуордаан-бичиктээн былатыак ыыппытын почтанан илиитигэр тутан улаханнык долгуйбутун, үөрбүтүн-көппүтүн туһунан Николай Никитич кэпсээччи. Дьэ, ити таптаһар сүрэхтэр бэйэ-бэйэлэригэр суруйсубут суруктара ханна да быраҕыллыбакка, уонан сыллары уҥуордаан Яковлевтар дьиэ кэргэннэрин анал альбомнарыгар тиһиллэн сылдьаллар. Ол суруктар дьиҥнээх таптал кэрэһиттэрэ.
Армияттан төннөн кэлээт, 1950 сыллаахха кинилэр ыал буолаллар. Икки оҕону төрөтөн, иитэн-үөрэттэрэн үлэһит дьон оҥортообуттара. Уола Леня эдэр эрдэҕиттэн ыарыһах этэ. Ол да буоллар, ыал буолан, оҕо төрөтөн баран 61 сааһыгар суох буолаахтаабыта. Кыыстара Юлия үс оҕо иһирэх ийэтэ, икки сиэн тапталлаах эбэтэ.
Николай Никитич уонна Мария Алексеевна 44 сыл устатыгар өйдөһөн, өйөһөн дьоллоохтук олорбуттара. Мария Алексеевна үтүөкэн учуутал этэ.
Кэргэҥҥэ айылҕаттан ананар ыал ийэтин бочуоттаах эбээһинэһин Мария Алексеевна норуокка этиллэрин курдук “чиэстээхтик толорон” 1994 сыллаахха ыарахан ыарыыттан орто дойдуттан бараахтаабыта.
Билигин доруобуйатынан Николай Никитич I группалаах инвалид буолбута 10-тан тахса сыл буолла. Ол эрээри, дьиҥнээх буойун, уоттаах сэрии толоонугар буһан-хатан, кэлин дойдутун, норуотун сайдарын туһугар күүһүн-уоҕун харыстаабакка, муҥутуур кыаҕын биэрэн туран үлэлээбит буолан, дьиҥнээх эр киһилии модун санаалаах. Олох иһин, сарсыҥҥы күн туһугар, дойдутун туһугар үтүө санаатын үллэстэ сытар. Ыарыыга, кырдьыы моһоллоругар бэриммэт.
Киниэхэ ыарахан күннэригэр тапталлаах кыыһа Юлия, сиэннэрэ, чугас дьонноро күүс-көмө буолаллар.
Аҕыйах ыйынан 94 сааскын туолуоҥ. Бойобуой саллаат, сэрии уонна үлэ бэтэрээнэ Николай Никитич, уруккуҥ курдук олоххо тардыһыыгын уҕарытыма. Доруобай буол.
Саха Өрөспүүьүлүкэтин бочуоттаах олохтооҕо
К.Е.Иванов
Илья Винокуров – Чаҕылҕан “Хайыһар”!
Статьи К.Е.Иванова в моем блоге:
Как создавалась гранильная отрасль Якутии?
Взгляд ветерана на современное развитие республики
НЕСКОЛЬКО УТОЧНЕНИЙ ПОСЛЕ ПРАЗДНИЧНЫХ ФАНФАР
Журналистика любит правду! Климент Иванов о “Саханефтегазе”!
Евгения Исаевна Михайлова – яркий представитель якутской интеллигенции!
Память о большом друге Республики Саха (Якутия)
Что нельзя упускать в Год патриотизма
Фрументий Сафронов – как пример для третьего возраста!
Статья Климента Иванова о выдающемся сыне Олёкминского улуса!
Боевые заслуги легендарного снайпера И.Н. Кульбертинова должны быть достойно оценены.
Мои посты о ветеранах Великой Отечественной Войны:
Один из “Бессмертного полка”. Воспоминания ветерана.
Как генерал Балдынов помог своей малой родине. Воспоминания якутского солдата.
Агдаакы – край с уникальной историей!
“Мария”. Книга о Марии Егоровне Алексеевой (Тереховой).
Моя страница в Дневниках якт ру.:
https://nikbara.ykt.ru/
Мой сайт (в процессе строительства):
https://nikbara.ru/
Просьба подписаться на мой канал “Николай Барамыгин” на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
Я в Инстаграме @nb2015p
Персональная страница в “Фейсбуке”:
https://www.facebook.com/nikbaramygin/
«Одноклассниках»
https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте»
https://vk.com/nbaramygin
“Твиттер”
https://twitter.com/NBaramygin