7 лет назад 213
Урайтус – Уруй! Айхал! Тускул! Лагерь, где воспитывают настоящих мужчин!
Как привить истинно мужские качества мальчикам, как вызвать интерес к родной культуре живущим в городе, как воспитать новое поколение якутских мужчин – на все эти вопросы пытаются ответить кузнецы – продолжатели древних традиций.
Фотографии предоставлены Надеждой Идэлги.
На фото: заточка якутских ножей, сделанных своими руками.
В июле 2017 года прошел Медиаполигон “Дальний Восток. Созидатели”
https://dnevniki.ykt.ru/NikBara/1070513
.
В рамках интернет-трансляции Медиаполигона (
https://dnevniki.ykt.ru/NikBara/1070353
) я опубликовал заметку и видео летнего лагеря “Урайтус”.
Мне очень понравилась идея создания лагеря для городских ребят в сельской местности.
Где ребята могут заниматься физическими упражнениями на свежем воздухе.
Настоящие якутские кузнецы учат ребят ковать настоящие якутские ножи.
Ножи, изготовленные своими руками.
Памятная фотография завершения лагеря.
В республике во многих районах открылись лагеря юных кузнецов. Но развитию этого почина мешает заорганизованность летнего отдыха детей, наличие множества ограничений и запретов, излишняя требовательность проверяющих органов.
5 июля 2017 года состоялся Круглый стол, посвященный вопросам летних лагерей народных промыслов Якутии.
Участники круглого стола.
Протокол Круглого Стола (на якутском языке).
Төгүрүк остуол боротокуола
05.07.2017 “Орто дойду” этнокомплекс Хаҥалас улууһа
Көтөҕүллэр темата:
«Уол о5ону өбүгэ үгэстэригэр угуйар уhуйааннар: бүгүҥҥүтэ уонна сарсыҥҥыта». (Республика таһымыгар 1 төгүрүк остуол).
Кыттыыны ыллылар:
Дор5оон Дохсун (этнопедагог), Егоров Николай –Баайаҕыын (Таатта улууһа «Мандар кыһата» уһуйаан), Надежда Идэлги (Хаҥалас улууһа «Урайтус” уһуйаан), Шевелев Василий (Хаҥалас улууһа «Урайтус” уһуйаан), Петров Спартак (Сунтаар улууһа «Уһуйаан»), Говоров Леонид, Сахайааана Соловьева (И.Е Винокуров аатынан Нам пед. коллеһын иһинэн үлэлиир «Ай-кут” уһуйаан), Баишев Михаил (Нам улууһа «Хатан Уус» уһуйаан), Румянцев Иван Иванович (Мэҥэ-Хаҥалас «Төлкө» уһуйаан), Захаров Рустам (Өктөм нэһилиэгин аҕаларын түмсүүтэ), Яковлев Владимир (Кэбээйи улууһуттан эрдэ лааҕыр арыйа сатаабыт урбаанньыт), Елена Потоцкая («Саха сирэ хаһыат» журналиһа) уо.д.а.
Уопсайа 17 киһи кыттыыны ылла.
Төгүрүк остуол саҕаланыытыгар хас биирдии лааҕыр бэйэтин үлэтин туһунан сырдатта, видеоматериал, хаартысканан слайд көрдөрдүлэр.
Сахаяна Соловьева:
Биһиги уһуйааммыт сайын ахсын 3-тэ үлэлээтэ. Нам пед коллеһын иһинэн арыллыбыт буолан оҕолор студеннар уопсайдарыгар олороллор, колледж преподователлэригэр уһуйуллаллар, 10 000 төлөбүрдээхпит 10 күн иһигэр, Республика бары муннугуттан кэлэллэр. Кыыс-куо, модельнай, декоративно-прикладное искусство курдук хайысханан оҕолору дьарыктыыбыт. Быйыл 40 оҕону хомуйдубут, 16 үлэлиир персоналлаахпыт, 2 сезон үлэлиир былааннаахпы. Докумуонунан суукканан үлэлиир лааҕырдарга киирсэбит. Олус элбэх докумуон ирдэнэр. Ол курдук мин 27 папкалаахпын, олорбун хас сырыы ахсын толоробун. Эрдэ уһун кэм Намнааҕы үөрэхтээһин салаатыгар өр кэм үлэлээбит буоламмын туох баар ирдэбили барытын билэбин, тутуһа сатыыбын. Начальник үлэтэ докумуон үлэтэ буоларынан сыаналыыбын.
Дорҕоон Дохсун
:
Мин уол оҕону иитиигэ хас да программалардаахпын. Ол курдук: «Тыл хоҺууна»- араатардар дебаттара, «Үрдүгү дабайыы»-уол оҕо саамай үрдүк чыпчаалга ыттан көдьүүстэри көрсөн санаатын бөҕөргөтүнэр сырыыта, «Ат айааһыыта», «Уус уһуйаана», «Төрүт хамсаныылар» диэн оҕону эргиччи сайыннарар программаларынан хаһыс да сылын үлэлэһэбин. Биһиги саха норуота күүстээх боотурдарынан, сымса мадьыныларынан хаһаан эрэ биллэрбит. Ол биһиги хааммытыгар билигин да баар, ону уһугуннарыахха эрэ наада эти- хааны эрчийэн, өйү –санааны сааһылаан. Хас биирдии киһи уус удьуордааҕын кэриэтэ, ол иһин биһи уол оҕолору уус идэтигэр уһуйабыт. Оҕо быдан бэйэтигэр эрэнэр, мин кыахтаахпын, мин сатыыбын, мин кыайабын диэн саха быһаҕын тутан туран бэйэтин ис күүһэ уһуктар.
Надежда Идэлги:
“Урайтус ” лаа5ыр быйыл 4-с сылын үлэлиир. Быйыл икки сезон үлэлээбиппит. Бу 4 сыл тухары 90 кэриҥэ уолаттар биһиги лааҕырбыт нөҥүө кэлэн бардылар. Сыл аайы кэлэр оҕо элбэх, бу аата оҕо интириэстээҕин. Биһиги лааҕырбытын сөбүлүүрүн көрдөрөр. Биҥиги төлөбүрбүт 3000 буолар 10 күҥҥэ. Оскуола базатыгар арыллар буоламмыт олус табыгастаах. Оскуола учууталлара, Үөрэҕирии салалтата куруук көмөлөһө сатыыллар, нэһилиэннэни, дьаһалтаны кытары кыттыһыннараччыбыт лааҕырбыт үлэтигэр. Бары куруук үөрэ-көтө көмөлөһө сатыыллар. Проблемабыт диэн аһары элбэх ирдэбил лааҕырдарга. СЭС ирдэбилэ таҥынан. Аны учууталлар эмиэ толлоллор СЭС-тартан. Сыл ахсын штрафтаабыт эрэ киһи диэн үлэлиир курдуктар. Дьиҥэ сыалбыт диэн оҕону иитии, сайыннарыы буоллаҕа. Киһи үлэлээбэтэҕэ ордук курдук буолан тахсар. Мин бэйэм төрөппүппүн уонна урбанньыппын, дьиҥэ ким да миигин соруйбат лааҕыр аһан үлэлэт диэн. Мин 3 уоллаахпын, уонна бу өйдөөн көрдөхпүнэ уол оҕону үлэҕэ уһуйар, санаатын сааһылыыр, эр киһи курдук быһыыланан таҺаарар лааҕыр суох. Бэйэм тылланан лааҕыр арыйбытым, билигин улахан уолум (6 кылаас) Урайтуска сыл ахсын сылдьар. Бэйэм кэтээн көрөрбүнэн олус сайынна, икки быҥах оҕуста бу кэмҥэ. Бэйэ кыаҕар эрэллээҕин, эт хаан өттүнэн сайда сатыырын бэлиэтии көрөбүн, кыраттан чаҕыйбакка үөрэннэ, үлэҕэ сыстыгас буолла. Тугу эмит ыараханы гынаары соруйдахха холкутук ылсар: «Мин манна5ар ыараханы Урайтуска сылдьан гыммытым» эрэ диэн кэбиһэр.
Баайаҕыын Николай:
Мин лааҕырбын 10 сыл тухары үлэлэтэн кэллим. Уопсайа 400 чэкэ оҕо биһи оскуолабытын нөҥүө ааста. «Мандар кыһата” уһуйаан Республика үрдүнэн киэҥник биллэр лааҕыр. Төһө да ыраах Баайаҕа курдук нэһилиэккэ баарын үрдүнэн, төрөппүттэр оҕолорун хамаҕатык ыыталлар, лааҕырга оҕолору суруйтарыы уочарата 5 сыл иннинэ суруллан саҕаланар! Бу көрдөрүү маннык лааҕырдар билиҥҥи олоххо олус наадалаахтарын туоһулуур. Уопсайа 25 эрэ миэстэлээхпит, төлөбүрэ 5000, уолаттары да кыргыттары да ылабыт. Бастакы 5 сыл докумуон толоруутугар, ирдэбиллэргэ эппиэттэһэргэ эрэй бөҕөтүн көрбүппүт. Бастаан лааҕыр арыйар баҕа санаа кэлбитигэр мин бэйэм оҕуспун миинэ сылдьан тимир ороннору таһар этим, онон «Мандар кыһата” уһуйаан үлэтин саҕалаабыта диэхпин сөп. Кэлин стационарнай база баар буолуоҕуттан олус табыгастаах буолла оҕолору кытта үлэлииргэ. Эрдэ кып кыра мастерскойбутугар, дьиэлэрбитинэн Мандар уустуун оҕолорбутун кытта үлэлиирбит. Санэпидемстанциялар ирдэбиллэрэ хас сыл ахсын үрдээн иһэр. Биһиэхэ сотору сотору кэлэн соһуталлар. Киһи дьиэтигэр тугу да гыммакка туһата суох сытар буоллаҕына ким да наадыбат, онтон үчүгэйи оҥорор сыаллах оҕолору кытта үлэлэһэн саҕалаатаххына туох баар инспекциялар, надзорнайдар кэлэн саба түһэллэр. Ол курдук СЭС, Пожарнай инспекция, ПДН, араас надзорнай, контрольнай уорганнар. Надзор үрдүнэн контроль, контроль үрдүнэн надзор, онтон проверка, отчет. Бюрократияҕа отой охтон хааллыбыт. Онтон Государстваҥ сүрүн сыала үлэһит, эппиэтинэстээх гражданнары иитэн таһаарыы, онтон биһи буолаҕына бюроктартия, докумуон сөпкө толорооһунугар, нормативка эппиэттээһиҥҥэ охтон хааллыбыт, түмүгэр оҕолору кытта ким да дьарыктаныан баҕарбат, арай Интернеппыт, телевизорбыт аныгы кэм гражданнарын туох да хонтуруола, надзора, кумааҕы дьыалатыгар охтубакка бэйэтэ хайдах талбытынан иитэн таһааран эрэр… Ол да буоллар ол ирдэбиллэри аһаран, абаран биһи хайаан да ыараханын да үрдүнэн, мэһэй баарын да таһынан оҕону иитиигэ үлэлэһэ сатыыбыт, тоҕо
диэтэххэ биһиги сахалар кэскилбит-уол оҕоҕо. Уол оҕону кыайан иипэтибит да мэлийэбит.
Уол оҕону сөпкө ииттэхпитинэ кыргыттарын да үчүгэйдик тута сылдьыахтара этэ. Уолаттартан саҕалыахха наада. Уол оҕо сайдарыгар биир да түгэн улахан оруоллаах. Биһиги лааҕырбыт нөҕүө ааспыт уол оҕо биһи омукпут элитата буолуохтаах. Биһиги оннук сыалы туруорабыт. Биһиги лааҕыры тоҕо тэрийбиппитий диэҥҥэ маннык эппиэт. Билиҥҥи уол оҕо кыыс курдук буолла, куоластыын синньигэс. Туох да такаарыйбыт дьоннор үөскээн бардылар. Уол оҕону быһыахха наада диэн санаанан тэрийэн саҕалаабыппыт. Аны билигин арахсыылар, дьахтар уол оҕону соҕотохтуу иитэр түгэннэрэ олус элбэхтэр. Билигин оҕо үлэттэн тэйэн эрэр кэмэ кэллэ. «Куорат о5ото-тыа сиригэр» диэн программаны Республикабытыгар хама5атык киллэриэхпин ба5арабын. НКО тэрийиэххэ наада диэн этии киллэрэбин, оҕону кытта үлэлиир энтузистар түмсүүлэрин холбоон. Соҕуруу культура содула улаханнык биллэр. Эдэр ыччаппыт чэпчэки олоҕу, чэпчэки харчыны эккирэтэ сылдьар буолан эрэллэр, ол иһин өбүгэлэрбит иитиилэрин сөргүтэн оҕону үлэҕэ, төрүт дьарыктарбытыгар сыһыарыахха наада. Бу проблеманан төгүрүк остуол тэрийиэххэ наада, Республика общественноһын болҕомтотун тардар наада оҕону иитии боппуруостарыгар. Куорат улуссаларыгар көрдөххүнэ уола кыыһа биллибэт оҕо сыл ахсын элбээн иһэргэ дылы.
Петров Спартак:
Былырыын лааҕырбыт кыра буолан 18 оҕону ылбыппыт, сорохторо детдомтан кэлбиттэрэ. Көрүүгэ истиигэ ыарахаттардааҕа. Былырыын преподователь да түүҥҥү баспытаатал курдук сылдьыбытым олус сылаалаах этэ. Биһиги быйыл лааҕырбытын Сунтаар оскуолатын базатыгар тэриммпиппит. Уопсайа 21 оҕо сырытта, 2 преподователлаах этибит, уопсайа 6 буолан үлэлээтибит. Быйыл Санаэпидемстанциялартан штафтаммыппыт, бородуктабыт нормаҕа эппиэттээбэтиттэн сылтаан. Биирдии преподователга 5-тии оҕо сөп түбэһэр. Муус устар ыйга түмсүөххэ наада, киэҥ хабааннаах төгүрүк остуол тэрийиэххэ тоҕоостоох.
Яковлев Владимир:
Оҕону хайаан да уһанарга үөрэтиэххэ наада, кини бэйэ оҥоһугун тутта да тыын ылар. Биһиги оҕолору үһүйээннэринэн, былыргы өбүгэлэрин тустарынан кэпсии улатыннарабыт. Миэхэ баҕалаах оҕолор кэлэн мастерскойбар бэйэлэрэ баҕа өттүнэн кэлэн уһанан бараллар, ону мин боппоппун, куруук үөрэтэбин, сүбэлиибин. Аҥардас үлэ эрэ өттүнэн буолбакка олоххо сыһыан туһунан эмиэ кэпсиибин. Билиҥҥи ФГОС быһыытынан төрөппүттэр баҕаларыгар эппиэттэһэн, ханнык баҕарар идэҕэ оҕону уһуйар киһини оскуолаҕа булан ФОТ харчытыттан үп көрөн, оҕолору эбии дьарыкка биэриээхэ сөбүн этэбин. Манна 4 элбэх төрөппүт баҕата буолуохтаах.
Румянцев И.И.:
НКО тэрийэр кэм кэллэ. Оҕо лааҕырдарын таһаарар хамсаһыннары өйүөххэ наада. Өбүгэ үгэстэригэр уһуйар маастардары статустуохха наада. Общественнай палатаҕа сурук түһэрэр киһи үчүгэй буолуо этэ. Республика үрдүнэн наставник, оҕолору кытта үлэлиир энтузиаст дьоҥҥо суол аһыахха наада. Туох эмит аат иҥэрбит киһи үчүгэй буолуо этэ. Манна оскуола директорын кытта ыкса үлэ наада. Директор бэйэтэ өйөөн маннык дьону кытта үлэлэһэ сатыыра олус үчүгэй буолуо этэ. Общественнай наставниктары өрө тутар аат, статус дуу баара буоллар. Биир улуустан саҕалаатахпытына, Республика улуустарынан цепной реакция курдук барыа этэ. Путин В.В. соторутааҕыта тахсыбыт укаһынан бэйэ оҥоһугу өйүүр хайысханы сайыннарыахха наада диэн эппитэ. Бу укаһы кытта биһиги үлэбитин ситимниэххэ наада.
Елена Потоцкая:
Үчүгэй саҕалааһын диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Сыл бүтүөр дылы өссө биир маннык түмсүү наада, бэчээт, радио, телевидение үлэһиттэрин хабан туран.Үөрэх, урбаан министерстволарын, Общественнай палатаны ыҥыран туран.
ТҮМҮК
1. Оҕону өбүгэ үгэстэригэр уһуйар Хамыһыйаны тэрийэргэ.
2. Оҕо лааҕырдарын бэрэбирэкэлиир надзор, хонтуруол кытаанах ирдэбили арыый намтатары туруорсарга. Бюрократическай өттүн сымнатарга.
3. Хамыһыйа бэрэссэдээтэлинэн Надежда Идэлгини таларга.
4. Общественнай палатаны кытта биир үлэни ыытан, общественность интириэһин оҕону өбүгэ үгэстэригэр угуйан иитиигэ болҕомто тардарга.
5. Норуот оскуолаларын сайыннарарга маҥнайгы хардыылары оҥорорго.
Перевод выводов и предложений
Круглого стола
на русский язык:
1. Предлагаем создание Комиссии по привлечению детей к традиционным промыслам.
2. Выйти с предложением о снижении требований к проверкам и надзору детских лагерей.
3. Предложить кандидатуру Надежды Идэлги на должность председателя Комиссии.
4. Совместно с Общественной Палатой провести работу по привлечению интереса детей к промыслам предков.
5. Начать работу по развитию школ народных промыслов.
О якутских кузнецах пишут:
https://xn--80aajiarnhp2aq6b5f.xn--p1ai/index.php/10-stati/31-stat-ja-14-saha-timirje-ili-jakutskoe-zhelezo
Первое сообщение о якутском железе относится к 1646 году, когда якутский воевода Василий Пушкин в донесении в Москву писал: «
У иноземцев якутов их якутское дело железо есть самое доброе, а плавят они то железо из каменьев не по многу, не на большое дело, а на свои якутские, вместо сабель делают пальмы и ножи.
» В 1660 году пленный поляк Каменский-Длужик писал, что якуты собирают железо по Ленским берегам кучками, и оно хорошее, как сталь, но в ремесленниках нехватка и потому они справляются с ним как могут. Российский исследователь Витус Беринг, по национальности датчанин, отмечал, что
по качеству якутское железо лучше самого хорошего сибирского
.Академик А.Ф. Мидендорф писал, что производство железа во второй половине 18-го века составляло до 2000 пудов, т.е. порядка 30 тонн.
В свете безудержной глобализации, опасности потери национальной идентичности и родного языка, нам народам Крайнего Севера необходимы якорные символы, которые связывали бы нас с нашими традициями, с нашими промыслами, с нашими предками.
Искусство якутских кузнецов, сохранившееся сквозь века, является ярким символом мужественности и силы.
И такие летние лагеря для городских детей (особенно) дают возможность нашим ребятам прочувствовать родную природу и стихию якутского лета, укрепиться физически и сделать себе настоящий якутский нож.
Моя страница в Дневниках якт ру.: https://nikbara.ykt.ru/
Мой канал “Николай Барамыгин” на Ютуб:
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
Я в Инстаграме @nb2015p
«Фейсбуке»
https://www.facebook.com/nikolai.baramygin?ref=bookmarks
Персональная страница в “Фейсбуке”:
https://www.facebook.com/nikbaramygin/
«Одноклассниках»
https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте»
https://vk.com/nbaramygin
“Твиттер”
https://twitter.com/NBaramygin