биир автограф туһунан - Блоги Якутии
Архив автора

5 лет назад 89

биир автограф туһунан


бүгүн сарсыарда ватсаабынан Дьоккуускайга

буолаары турар кылгас киинэ фестивальын

туһунан биллэрии ыыппытарыгар, биир түгэни санаан кэллим…







источник фото



“Айыы уола” диэн киинэни

2013 сыл сайыныгар

уһуллулар этэ ду? ол сайын үлэтэ суох хаалан, дьиэбэр быстах олорор түгэннээх этим. оҕолорум кыра буоланнар, сарсыарда эрдэ туран, күммүн-дьылбын дьиэни-уоту сууйартан саҕалыыр идэлэҕим) дьиэ үлэтэ хаһаан бүтүө буоллаҕай) күн аайы сууйуу-сотуу, күнү быһа ас айдаана) онон сарсыардаттан, дьиэ сөрүүнүгэр, күннээҕи аспын игин астаан кэбиһэрим.


биир сарсыарда күн чаҕылыччы тыган, куйаас күнү биктэнэн, саҥа күүһүн-уоҕун ылынан эрдэҕинэ, мин кухням түннүгүн тааһын сууйарга саннаммытым.


арай аттынааҕы подъезд таһыгар хара джип турара. бастаан олох да өйдөөн көрбөтөҕүм – ол куорат хас дьоно хара сарсыардаттан түбүгүрэн, кэлэллэрэ-бараллара мин кыһалҕам буолуо дуо)) ол да буоллар, харахпын ханна гыныахпыный, син биир түннүкпүн сото сылдьан кэтээн көрдөҕүм) эр киһи уо.дьахтар дьиэ малын таһа сылдьаллара. көһө сылдьаллара биллэр этэ. бутэһигэр туох эрэ кыра малы таһааран массына кэннигэр уурбуттара – олоппос быһыылааҕа. арай дьахтарын өйдөөн көрбүтүм, бай, Марианна Скрыбыкина илэ бэйэтинэн сылдьар эбит бытта! уааай, мин ыксалбыттан уулуссаны биир гына:


– баһаалыста, кыратык кэтэһин эриэ-эээ! – диэн хаһытаабыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалла)) дьонум бастаан соһуйбуттуу эргичиҥнээн баран, массыына иһигэр киирэн олорунан кэбистилэр.


– тьууйсана, бардылар быһылаах, – диэн испэр абара саныы-саныы, суруйарга ручка уонна туох эмит кумаа5ы сыыһын көрдөөтүм. дьэ, куһаҕан  хамсаныы буолбута, доҕор, онно)) туҥ-таҥ түһүү)) хата, дьолбор, барытын сып курдук булан, хайдах баарбынан, халааттаах-тапочкалаах кирилиэһинэн төкүнүйэн түһэн, массыына аттыгар биирдэ баар буола түстүм))


дьонум хата холку баҕайытык кэпсэтэ, миигин кэтэһэ олороллор эбит) һуу! бу дьолун дии, да)


– эн Марианна Скрыбыкинаҕын бытта? – диэн тута ыйыттым. – миэхэ, баһаалыста,  автограф биэриэн дуо, – диэн баран ручкалаах блокноппун ууннум.


илии баттыыр кэмигэр таах саҥата суох туруом дуо диэммин:


– манна олороҕут да? – диэн ыйыттым.


– нет, мы переезжаем. здесь у нас офис был, – диэн Марианна хардарда.


онтон дьонум ол курдук хара джипка олорон, оргуйа турар куорат уулуссатыгар атын массыыналар быыстарыгар суурайыллан баран хаалбыттара. мин буоллаҕына махталы кытта, автограф тутан хаалбыт дьолбор, массыына таһаарбыт быылыгар туран хааллаҕым)


дьоллоох куорат Дьоккуускай!


бүгүн бэнидьиэнник буолбатар даҕаны, тоҕо эрэ

#сахалыы

суруйарга сананным) уонна бу буолаары турар кинофестивальга барыахпын наһаа баҕардым) барабыт, да, давай?))





ps. атын сахалыы суруйууларбын бу хэштегтарынан булан ааҕыаххытын сөп:

#Дьоккуускай


#сахалыыТатыйык



#Скрыбыкина

Добавить комментарий