5 лет назад 97
Күннээҕи олохтон быһа тардыы…
Дьэ эрэ, доҕоттор, сахалыы суруйбатах ыраатта)) Куоракка сылдьыбыт күннээҕи тугэннэрбиттэн кыратык кэпсээн аһардыым ду)
бэйэм хаартыскам)
Кыһыммыт тыйыс тымныыта тоһугуратан тиийэн кэллэҕэ. Онон дьон даҕаны, мин даҕаны тоҥон өлүмээри халын таҥас кэтэн, үллүү бөҕөтө буоллахпыт. Истээх ыстаан, түүлээх саҕынньах, үтүлүк-бэргэһэ, хаатыҥка-этэрбэс – ким туох кыахтааҕынан, уп-харчы тиийэринэн таҥнан-симэнэн кыһыны туоруурга оҥостор буоллаҕа)
Биир күн даачабыттан автобус тохтобулугар ыксаан-кыараан аҕай кэллим. Автобустар барар санаалара суохха дылы курдук этэ, онон, таах тоҥо туруом дуо диэммин, аттынааҕы маҕаһыыҥҥа иттэ киирдим. Маҕаһыын түннүгүнэн автобустар баралларын-кэлэллэрин кэтии турдум.
Маҕаһыын иһигэр аҕыйах атыылаһааччылардаах, ол быыһыгар биир эмээхсин турара. Барар-кэлэр соруга суохха дылы курдук этэ, быһыыта, эмиэ бэйэбэр дылы иттэ киирбит дьүһүннэҕэ. Таах туруохтааҕар, аҕыйах тыл бырахсан, кэпсэтэн ыллыбыт. Онуоха кырдьаҕаһым:
– Кэпсэттинньэн баҕайы оҕо эбиккин дии, – диэтэ.
– Э, хантан оҕо буоллуохпунуй, – диэн күлэ-күлэ хардардым, – Ол кэпсэтэн туохпун былдьатыахпыный, кэпсэтэр киһини кытта кэпсэтимнэбин.
– Билигин оҕолор олох кэпсэппэттэрэ э, – диэн эмээхсин соньуйан ылар.
– Ити бэргэһэҕин бэрт баҕайытык толкуйдаабыккын ди, – эмээхсиним хайҕаан баран тохтоомоору гынна) Өссө кыламаҥҥа биэрэрдии эттэ, – стильнай баҕайыгын.
Бүттүбүт)) Баара суоҕа бейсболка таһынан былаат эрэ баана сылдьабын э)) Ол да буоллар, автобуһум кэлбитигэр, стильнай аатыран, үөрэ-көтө ыстаннаҕым дии)
Киһи хараҕа кырдьыбат диэн ол иһин мээнэҕэ эппэтэхтэрэ буолуо) Хаһан баҕарар, ханна баҕарар, хас да сааскын туол – киһи кэрэни, уратыны син биир бэлиэтии көрө сырыттаҕа)
Аны биир күн кыһалхалаах киһи налоговайга киирэ сырыттым. Хата, мин дьолбор, кэннибиттэн ким да суох буолан операционист дьахтар көрдүүр докумуоммун тута сип-билигин оҥоруом диэн үөртэ.
#дьолоохдьахтармин
)) Онон компьютерыгар умса туттан, клавиатуратынан тугу эрэ бэчээттээн хачыгыратан барда. Мин тугу да гынарым суох буолан көннөрү телефон хаһа олордум. Арай киһим өр-өтөр буолбата:
– Ити духиин ханныгый? – диэн эмискэ ыйытта.
– Уай, – соһуйаммын аллайа түстүм. – Ону тугуй?
– Наьаа үчүгэй сыттаах ди. Мин аллергиялаах буоламмын мээнэ духиинан туттубаппын э. Ону ити эйиэнин наһаа сөбүлээтим. Аата ким диэний?
Мин духиим аатын эттим, сып курдук гуугллаан хаартыскатын булан көрдөрдүм игин))
#ятакаяскораянапомощь
. Киһим кумааҕы сыыһыгар духи аатын сурунан ылла)
Сотору соҕус наадалаах докумуонум бэлэм буолан, иккиэн икки өттүттэн сыалбытын ситиспит дьон, астына-дуоһуйа покалааһан араҕыстахпыт))
Дьоллоох куорат Дьоккуускай!
Атын сахалыы кэпсээннэрим бу хештегтарынан бааллар:
#сахалыы
#Дьокуускай
#сахалыыТатыйык
#дьоллоохкуоратДьокуускай
Сөргутэн, суруйан иһиэх баар этэ… Чэ, өссө да суруйом буоллаҕа)