7 лет назад 70
Олимпия кэнсиэригэр сырыттым
миэнэ, кэм буолуо, кыратык хойутааһыннаах игин…
тиийбитим, до5о-ооор, олох “в женское царство” кэллим ду диэтим э))) эр киһи онон-манан эрэ көстөр, көрөөччүлэрэ үксэ кэрэ аҥардар эбит) фан-клуб Олимпии, дьэ, биллим хайдаҕын)) баҕар, 8-таахха атын хартыына буолуо, билбэппин, мин 5-тээххэ сылдьыбытым. арай көрдөхпүнэ, театр тобус толору барыта “кыЙгыттар”))
дьиҥэр, тус бэйэм Олимпия айар үлэтин соччо сэҥээрбэппин э. кини туһунан хоп-сип, үһүйээн хомуйбаппын. баар да баар, ыллыыр да ыллыыр. онон бүттэ. ону ити дьүөгэлэрим “бардыбыт” да “бардыбыт” диэн “хайытаннар” барсыстаҕым дьи.
уонна сылдьыбыппын олох кэмсиммэтим! дьэ, доҕоттор, аны мантан ыла Сахабыт сирин эстрадата саҥа суолга үктэннэ диэххэ наада эбит! биитэр, мин атын кэнсиэрдэри көрбөтөҕүм эбитэ ду)) билбэппин) оол гынан баран, ааспыкка олох атын, үрдүк таһымнаах кэнсиэр буолан ааста диэххэ наада. кэнсиэр да буолбатах – шоу! дьиҥнээх “шоу-концерт”!
Олимпия, маладьыасс, бу бэйэтин кэнсиэринэн саха ырыаһыттарыгар, саха эстрадатыгар үрдүк “планка” биэрдэ диэхпин баҕардым) бу кэнниттэн, дьэ эрэ, тыалыы, штора кэниттэн тахса-тахса ыллаатыбыт эрэ… норуот оннугу ылыммата буолуо, э, аны))
холурук курдук Хоту кыыһа Олимпия дьиҥ чахчы хас биирдии ырыатыгар ис дууһатыттан ылларан, олох туспа турукка киирэн хаалар ду диэтим… сөхтөрдө… ырыа аптаах ыллыгар ылларан, музыка кэрэ дорҕоонугар дабайан, Олимпия тэбис тэҥҥэ онно өрө көтөн тахсар эбит ду диэн көрдум… уонна ити чааһыгар олох артыыс быһыытынан Лаананы убаастаатым! сөхтүм, махтанным, ытыктаатым.
бэртээхэй кэнсиэр буолла! ким сырытта?
ps. арба уонна биири кэтээн көрдүм: ити курдук шоу оҥорор буоллахха, манна Дьоккуускайга онно эппиэттэһэр сцена да, зал да суох эбит ди… син биир штора кэнниттэн, микрофоннарын туппутунан тахсан ыллыр буолахтара дьи) чэ, ничАбо) олох сайдан иһэр, тугу эрэ саҥаны айыахтара-тутуохтара диэн бигэ эрэнэбин!
#сахалыы
#сахалыыТатыйык
#Олимпия
#концертОлимпии
#сахаэстрада