Бэйиэт, тылбаасчыт, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Илья Дорофеевич Винокуров — Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110 сыла - Блоги Якутии

4 месяца назад 302

Бэйиэт, тылбаасчыт, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Илья Дорофеевич Винокуров — Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110 сыла

От ыйын 31 күнүгэр бэйиэт, тылбаасчыт, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110 сылын көрсө, төрөөбүт дойдутугар Нам улууһугар олус таһымнаах тэрээһин буолан ааста.

      11.00 чаастан Чаҕылҕан паамытынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу буолбута. “Чаҕылҕаны ааҕабыт, Чаҕылҕаны туойабыт” уус-уран ааҕыыны мустубут ыалдьыттар, олохтоохтор  олус сэҥээрдилэр, биһирээтибит.

      Ол кэннэ салгыы Хатыҥ-Арыы “Чороон” сынньалаҥ киинигэр үбүлүөйдээх тэрэһиҥҥэ сырыттыбыт. Нам улуустааҕы библиотеката бэлэмнээбит Чаҕылҕаҥҥа анаан оҥорбут кинигэ выставкатын библиотекарь, кыраайы үөрэтээччи Раиса Николаевна Дьяконова  элбэх болҕомтону татта,  дьон сэҥээрэ көрдүлэр.
      Илья Дорофеевич Винокуров үбүлүөйдээх сылынан “И.Д.Винокуров -Чаҕылҕан. Талыллыбыт айымньылар” I -II туомнааах кинигэтэ сүрэхтэннилэр. П.И Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлин салайааччыта Копырин Александр Иванович иилээн саҕалаан ыытта.

 Саҥа тахсыбыт кинигэни ырыттылар, санааны үллэстэ ирэ-хоро кэпсэттилэр, араас этиилэр киирдилэр, 2 томнаах кинигэ Илья Дорофеевич суруйан хаалларбыт эриэккэс хоһоонноро, уруһуйдара урут бэчээккэ тахса илик айымньылара киирбиттэр. Кэпсэтии түмүгүнэн 3-с том тахсыа диэн илии тутустулар.

       Тэрээһин иккис чааһыгар уопсастыбыннас кыттыылаах үөрүүлээх мунньаҕа буолла. Онно документальнай киинэлэр сүрэхтэниилэригэр (премьера) П.И Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэл иһинэн киновидеоархив үлэһиттэрэ Вера Дмитриевна Попова салайыытынан  уһулбут Чаҕылҕан туһунан олус        кэрэхсэбиллээх, ураты  суолталаах  документальнай киинэни мустубут дьон көрөн сэҥээрдибит.

      И.С.Жараев аатынан Саха    өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын Аудиовизуальнай  нэһилиэстибэ Национальнай киинэ (салайаччы Степан Иванович Москвитин) ыҥырыылаах ыалдьыттартан биирдэстэрэ. 

      Быйыл тэрилтэ архивистара Москва куорат Красногорскайдааҕы хаартыска уонна киинэ архыыбыттан  “Ыһыах. 1944 сыл” диэн сэдэх киинэ докумуону булан, Аммаҕа тэриллибит  Олоҥхо ыһыаҕар сүрэхтээбитэ. Бу  сэдэх булумньу  дьоруойдарыттан биирдэрэ Илья Дорофеевич Винокуров -Чаҕылҕан буолар. Кини 1944 сыллаахха  Амма ыһыаҕар  сылдьара киинэ каадырдарыгар олус үчүгэйдик көстөр. Чаҕылҕан ити кэмҥэ аатырбыт “Хайыһар” диэн ырыаны  суруйан турар.

       Бу маннык сэдэх, бэлиэ каадыр буоларын, Нам сирин олохтоохторо бэлиэтээтилэр, хартыынаҕа тыыннаах Илья Дорофеевич -Чаҕылҕаны көрөн олус долгуйдулар, махталларын эттилэр.

Аны туран, Нам улууһун “Энсиэли” хаһыатыгар (от ыйа 25 күнэ, 2024 сыл, N29) маннык диэн суруйаллар: «Быйыл Илья Дорофеевич Винокуров – Чаҕылҕан тыыннаах мөссүөнэ, быйылгы үбүлүөйдээх сылыгар  көстөн кэлбитэ биһиэхэ барыбытыгар күндү бэлэх буолла. Ол курдук, 1944 сыллаахха Аммаҕа Кыайыыны түстүүр ыһыах уһуллубут, манна үгүс биллэр дьон ортотугар Чаҕылҕан тыыннаах мөссүөнэ көстөр. Маннык үйэтитиллэр үлэни Сахабыт сиригэр И.С. Жараев аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин национальнай киинэ,   биир дойдулаахпыт Степан Иванович Москвитин салайар тэрилтэтэ ыытар»

Анна Пшенникова, атырдьах ыйын 1 күнэ, 2024 сыл

Добавить комментарий