1 год назад 918
Түмсүү – төлкө төрдө
Тоһуттар тымныылаах дойдуга өбүгэлэрбит дьукаахтаһан, бэйэ-бэйэҕэ хардарыта көмөлөсүһэн олорбут буолан, тыыннаах ордон кэллэхтэрэ.
Ол иһин түмсүүлээх буолуу сахаларга хааммытыгар баар. Ону оскуоланы биир кэмҥэ бүтэрбиттэр араас улуустартан сомоҕолоһо сатыыллара да туоһулуур. Маннык көстүү Арассыыйа ханнык да регионугар бу биһиэхэ, Саха Сиригэр курдук, киэҥник тэнийбитин, тэтимнээхтик тарҕанарын истэ-билэ иликпит.
Үчүгэйэ диэн, выпустар түмсэн, бэйэлэрин эйгэлэрин кэҥэтэллэрин, олохторун киэргэтэллэрин таһынан, өссө туох эрэ туһалааҕы дьоҥҥо, дойдуга оҥоро сатыырга дьулуһаллар.
Ол сиэринэн, быйыл оскуоланы бүтэрбиттэрэ 25 сылын туолбут 1998 сыллаахтар номнуо иккитэ кыһалҕалаахтарга харчынан көмөнү оҥордулар. Бастаан Кэриэйэҕэ эмтэнэ барар үөлээннээхтэригэр. Онтон иккиһин – аҕалара анал байыаннай дьайыыларга сылдьар кэмигэр дьиэлэрэ умайбыт Моякуновтар диэн эдэр ыалга.
Бу Моякуновтарга олунньуга алдьархай ааҥнаабыт күнүгэр “Биир Ньыгыл Арассыыйа” баартыйа эрэгийиэннээҕи салаатын салайааччыта Руслан Платонов, тута кэлэ охсон, балаһыанньаны сиһилии билсэн, үрдүкү салалтаҕа тиэрдибит. Ил Дархан СВО кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин бары күүһүнэн бу кыстыкка дьиэлиир соругу туруорбут.
Бу тутууну сүрүннүүр Руслан Платонов үтүө дьыалатыгар биһиги, 1998 сыллаах выпустар, кыттыһарга быһаарыммыппыт. Маныаха аһымал акцияҕа кыттар дьоҥҥо эмиэ туһалаах, интэриэһинэй уонна умнуллубат түгэн буоллун диэн, көмүс күһүн биир үтүө күнүгэр “Гирлянда киэһэтэ” диэн бэрт романтичнай ааттаах дьоро күнү тэрийэргэ санаммыппыт.
Үөскээбит идеяны тута олоххо киллэрэргэ кыһаллар 98-тар бу үһүс улахан тэрээһиммит Туризм күнү көрсө ыытыллыбыт буолан, ис хоһоонун Саха Сирин кэрэ сирдэригэр инфраструктура оҥоһуллан, туризм салаата сайдарын туһугар туһаайбыппыт.
Сирдээх хаһаайын Өлүөнэ эбэни өҥөйөн турар Табаҕа тумулун кэрэ көстүүлэрин көрдөрөн, бу ытык сир бастакы ыалдьыттарын сөхтөрбүтэ, дуоһуппута.
“Аны аҕыйах сылынан манна туркомплекс баар буоллун”, – диэн баҕа санаабытын этэн туран, билиҥҥитэ туох да тутулла илик тыытыллыбатах айылҕаҕа палаткалары туруоран, ону уотунан-күөһүнэн киэргэтэн, чахчы, Гирлянда киэһэтэ түстэнэр эйгэтин олохтообуппут.
Ол киэһэ күһүҥҥү ыас хараҥа халлаан анныгар, ойуур ортотугар 98-тар кинотеатр кытта тэрийэн, проекторынан бу сайын Орто Дойдуга ыытыллыбыт 25 сыллаах үбүлүөйбүт киинэтин көрбүппүт.
Аһымал лотереябытыгар бирииһин 98-тар бэйэбит дьоммут спонсордаабыттара кэрэхсэбиллээх: ким ытарҕа, ким мүөт, ким быһах набора, о.д.а.
Ол курдук, супер-бирииһи Горнайтан Сергей Кондаков “Kovкa-BERD” диэн тимиринэн араас сиэдэрэй оҥоһуктары оҥорор чааһынай тэрилтэтэ туруорда – 15 тыһыынча суммалаах сертификаты. Олус диэн махтанабыт Сергей Васильевичка!
Итини сэргэ Анна Афанасьева, Туймаада Константинова, Рена Старостина, Анастасия Федорова, Света Барахова, Галина Матвеева, Наталия Васильева, Федот Андросов, Мария Трофимова, Розалия Данилова, Эдуард Старостин, Анна Таркова, Анисия Иевлева, Николай Данилов, Динара бириис бэйэлэриттэн биэрбиттэригэр МАХТАНАБЫТ!
Лотереялаан, онно эбии 98-тар ватсап-бөлөхпүт үтүө санаалаахтара кыратык эбэн, балаҕан ыйын 29 күнүгэр 98 сыл выпустарын бэрэссэдээтэлэ Николай Данилов уонна солбуйааччылара Рена Старостина, Анисия Иевлева, итиэннэ Руслан Платонов буолан Мархаҕа тиийэн, ыал ийэтэ Татьяна Моякуноваҕа 45 тыһыынча солкуобайы уу харчынан туттардылар.
Аһымал акциялаах Гирляндабыт киэһэтигэр, күлүмнэс уоту оонньотон, фейерверк ытан, бэйэбитигэр оҕолуу үөрүүнү бэлэхтээбиппит.
Бары умайар ободок кэтэн, харыйа кыыспыт тула хороводтаабыппыт, дуоһуйа оонньообуппут.
Ырыаһыт Замир кэлэн эҕэрдэлээбитэ, Фекла Варламова оһуокай таһаарбыта, Руслан уонна быраата Юрий Платоновтар гитаранан ыллаабыттара.
Мандар Уус “Түмсүү – төлкө төрдө” диэн этиити тосхол оҥостон, 98-тар аны саргылаах Саҥа дьылга түмсүөхпүт, биир санаанан айар-тутар, үлэлиир кэскилбитин кэпсэтиэхпит.