4 года назад 82
Он защищал сердце нашей Родины – город Москву!
В преддверии 100-летия родной республики, жители Республики Саха (Якутия) должны вспоминать своих выдающихся земляков, внесших огромный вклад в развитие родной республики!
Вашему вниманию статья Почетного гражданина Республики Саха (Якутия) Климента Егоровича Иванова о ветеране Великой Отечественной войны Даниле Семеновиче Макарове родом из Кюндяйинского наслега Сунтарского улуса (на якутском языке).
Публикуется впервые, фото предоставлены автором.
Дойду тэбэр сүрэҕин Москва куораты көмүскэспитэ
Биһиги олохпут устатыгар Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сыллара хаьан да өлбөөдүйбэт, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга кэлэр көлүөнэ ыччаты иитиигэ хорсун-ходуот буойуттар өстөөҕү утары геройдуу кыргыһыылара холобур буолан сандаара туруоҕа. Үгэс быһыытынан Улуу Кыайыы үбүлүөйдэрэ өрөгөйдөөхтүк бэлиэтэнэллэр. Биһиги биир дойдулаахтарбыт уоттаах сэрии толоонугар Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр геройдуу охтубуттар ааттара,кыырыктаах сэрии ортотунан ааьан, кыайыы үктэллээх дойдуларыгар төннүбүттэр ааттара үйэтитиллэр.
Сунтаар оройуонуттан Улуу сэриигэ барыта 2756 киһи кыттыбытын, онтон 1664 саллаат сэрии толоонугар охтубутун,1092 киһи кыайыы-хотуу аргыстаах дойдуларыгар эргиллибиттэрин архив докумуоннара кэпсииллэр. Ол иһигэр Күндэйэттэн 146 киһи ыҥырыллыбытыттан 84 саллаат Ийэ дойду иһин кыргыһыыга олохторун биэрбиттэрэ, 62 саллаат тыыннаах эргиллибитэ.
Ити ыарахан сыллары тыылга хаалбыттар, үксүлэрэ дьахталлар, кырдьаҕас дьон, эмиэ геройдуу, олох иһин туруулаһан, кыайыыны уһансыбыттара. Дьэ ити курдук, сэрии толоонун ортотунан дойдутун-дьонун иһин кыырыктаах хапсыһыыларга сылдьыбыт саха буойуна Макаров Данил Семенович туһунан ахтан-санаан ааһыаҕыҥ.
Данил Семенович уһун, сындылҕаннаах сыллары олорон ааспыта. Кини Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаланыытын 25 саастаах, сытыы-хотуу, барбыт-кэлбит уол оҕо бэрдэ “Калинин” холкуоска биригэдьииринэн үлэлии сылдьан көрсүбүтэ. Немецкай фашистар Советскай Союзка эмискэ, сэриини биллэрбэккэ эрэ саба түспүттэрин улаханнык соһуйа истибитэ. Дойду көмүскэлигэр иэһин төлүөхтээҕин эрдэттэн билбит эдэр киһи, улаханнык долгуйбакка эрэ атырдьах ыйын бүтүүтэ илиитигэр сэриигэ ыҥырылларын туһунан биллэриини ылбыта. Кэлин нэһилиэнньэни кытары көрсүүтүгэр кэпсииригэр сэриигэ барыы аймалҕанын ,түбүгүн, дьон алгыһын чуолкайдык өйдүүр эбит этэ. Онно кэпсээбитинэн, сэрии буолбутун эрдэ истибит дьон, дойдуну көмүскүүр иэстээхтэрин өйдүүр буолан, улахан айманыы суох этэ диирэ. Хомуна охсон, чугас дьонун кытары истиҥник быраһаайдаһан, хайаан да эргиллиэм диэн санаалаах, Күндэйэттэн 40-ча киһи маҥнайгы хомуурга хабыллан Сунтаарга киирбиттэр. Онно доруобуйаларын туругар хамыыһыйаны ааһан Сунтаар оройуонуттан маҥнайгы хомуурга тиксибиттэр 700-чэ киһи сэриигэ айанныырга оскуола былаһааккатыгар мунньустубуттар. Онтон линейкаҕа туруоран сыалларын-соруктарын быһаарбыттар. Онтон Сунтаартан Туруктаҕа тиийэ сатыы айаҥҥа туруммуттар. Сатыы айанныыр, оччотооҕу хаама-сиимэ, улэлии уөрэммит эдэр дьоҥҥо олус саллыылаах айан этэ диэбэппин диэн кэпсиирэ. Аһылыкпытын, туттар сэппитин 90-ча ат ыҥырдара. 700-чэ киһи, 90-ча ат биир күдьүс суолунан айанныыра тыа дьоно көрөрбүтүгэр сөҕүмэр этэ. 6-ыс хонукпутугар Туруктаҕа бороҕуот тиксэр сиригэр тиийбиппит диэн этэрэ. Туруктааттан борохуотунан, онтон массыынанан айаннаан Иркутскайга тиийбиттэр. Онтон поеһынан Москва куорат таһыгар тиийэн, сэрии толоонугар киирсэргэ бэлэмнэммиттэр. Онон саха уолаттара Ийэ дойдубутун саа- саадах тутан көмүскүүр сэриигэ туруммуппут диэн кэпсиирэ.
Данил Семенович Арҕаа фронт сэриитин инники кирбиитигэр түбэспит 1941 сыл күһүнүгэр Москва куораты көмүскээһин уоттаах кыргыһыытыгар кыттыбыта. Өстөөхтөр армиялара Москваны ылаары харса-хабыра суох киирэллэрэ. Сэптэрэ-сэбиргэллэрэ даҕаны күүстээҕэ. Онно Данил Семенович снайпер идэтин баһылаан элбэх өстөөҕү хаптаппытын, Москваны көмүскээһиҥҥэ дьиҥ бэйэтинэн кыттыбытын, Улуу кыайыыга кылаатын киллэрбититтэн астынара. Улуу Кыайыы 40 сылыгар Данил Семенович Москваны көмүскээһиҥҥэ геройдуу быһыытын учуоттаан “Аҕа дойду сэриитин” 1 степеннээх уордьанынан наҕараадаламмыта.
1943 сыл кулун тутар ыйыгар Смоленскай куораты босхолооһуҥҥа өстөөхтөрү кытары кыырыктаах киирсиһиигэ харса суох, хоодуотук киирсибитэ.Онно Данил Семенович ыараханнык бааһырбыта. Онтон госпиталга киирэн эмтэнэн, салгыы сэриилэргэ доруобуйаҥ көҥүллээбэт диэн инвалид докумуонун туттаран дойдутугар төттөрү ыыппыттара.
Дьэ ити курдук дьонум, дойдум туһугар икки сыл устатыгар сэрии толооннуттан тахсыбакка, өлөр өлүүнү утары көрсөн,элбэх өстөөҕү кыдыйан, саха саллаатын аатын үрдүктүк тута сылдьыбытым диэн хараҕа уоттанан, сирэйдиин сырдаан олорон кэпсиирэ.
Сэрии 2 группалаах инвалида даҕаны буоллар, дойдутугар кэлээт үлэ үөһүгэр түспүтэ. Кини төрөөбүт нэһилиэгэр холкуоска ааҕар-суоттуур үлэни толорбута, биригэдьиирдэр, ыанньыксыттар улэлэрин көрдөрүүлэрин түмэрэ. Ол саҕана ити эппиэттээх үлэ этэ. Онтон доруобуйата арыый көнөн биригэдьиирдээбитэ.
Мин Аҕа дойду сэриитэ бүтэригэр Күндэйэ начаалынай оскуолатыгар үөрэнэр этим. Улуу Кыайыы өрөгөйүн онно билбитим. Ол дьыл бэс ыйыгар Кыайыыга аналлаах ыһыах Күндэйэҕэ оскуола былаһааккатыгар буолла Нэһилиэк бары кырыытыттан мунньустан, дьон бөҕө үмүөрүстэ.Тула олорон ыһыах аһыллыытын сиэрэ-туома, онтон кымыс иһиитэ буолла. Биһиги оҕолор улахан дьону кытары тэҥҥэ үөрдүбүт-көттүбүт. Ыһыах дьонноро оһуохайдаан дуораттылар. Дьэ онтон күрэхтэһиилэр буоллулар.Дьон ордук биир биэрэстэ устатыгар сүүрүүнү сэҥээрэн, суол икки өттүгэр уһун кэккэнэн сэлэлээн турдулар. Биһиги оҕолор дьон хонноҕун аннынан анньыалаһан киирэммит эмиэ көрдүбүт. 10-ча сүүрээччи испииһэгин аахтылар, бөһүөлэк ‘’Кутар’’ диэки өттүттэн сүүрүү саҕаланарын эттилэр. Дьэ, доҕор, күрэхтэһээччилэрбит арыы тумулуттан сүүрэн кылабачыһан киирдилэр. Дьэ, оҕолорго даҕаны, улахан даҕаны дьоҥҥо онно быһыйдар сүүрэн быыппастан иһэллэрин көрөргө үчүгэйэ бэрдиэн! Билиҥҥэ диэри өйдүүбүн. Дьэ, доҕоор, биэтэккэ чугаһаан кэллилэр. Онно биир барыларыттан үрдүк уҥуохтаах, маҥан баккылаах, ырбааҕыта суох, атах сыгыньах, аҥар илиитинэн эрэ эрчимнээхтик дайбанан, киэҥ- киэҥник хардыылаан, сиһин кэдэччи, түөһүн мөтөччү туттан, сүүрэн чаҕылыҥнатан инники иһэр уонна мустубут дьон ыһыытын-хаһыытын ортотунан күрэхтэһиигэ бастаан таҕыста. Ыһыах дьоно астыннылар, хайҕаатылар уонна “дьэ ити Данил Макаров чахчы кыанар киһи эбит. Бэл ити сэрииттэн аҥаар илиитэ суох кэлэн баран…”-дэстилэр, сөхтүлэр-махтайдылар. Ону мин чуолкайдык өйдөөн хаалбыппын.
Данил Семенович кэлин сылларга продавеһынан үлэлээбитэ. Түргэн туттуулаах эйэҕэс,көрдөөх-нардаах атыыһыт диэн дьоҥҥо сөбүлэтэрэ. Олоххо активнай көрүүлээх буолан, мунньахтарга тыл эттэҕинэ дьон ылынара. Бэйэтэ үчүгэй куоластаах тойуксутунан биллэрэ. Кылыһахтаах куолаһынан доргуччу туойар буолара.
Данил Семенович кэргэнэ Татьяна Михайловналыын уһун үйэлээхтик, дьоллоохтук олорон ааспыттара. Элбэх оҕолоох, амарах, ыалдьытымсах буолан, нэһилиэк дьоно киэн туттар, ытыктыыр, холобур оҥостор ыаллара этэ. Кинилэр 11-дэ оҕоломмуттарыттан, 8-һа улаатан, үөрэхтэнэн, бэйэлэрэ бары ыал буолан, норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үлэлииллэр. Дьонноругар элбэх сиэннэри, хос сиэннэри бэлэхтээтилэр.
Аҕаларын утумнаан бары ырыаҕа дьоҕурдаахтар. Улахан уол Анатолий Макаров республикаҕа бастыҥ токседермист идэлээх. Элгээйигэ биллиилээх кыраайы үөрэтээччи Б.Н.Андреевка чугас көмөлөһөөччү буолан, суон сурахтаммыт Элгээйи айылҕа үөрэтэр музейыгар өр сылларга улэлээбитэ. Билигин СВФУ музейын салайан байытар, үлэлэтэр. Атын оҕолоро норуот үөрэҕириитин культура эйгэтигэр улэлииллэр. Орто уол Владимир “Якутэнерго” хампаанньа эппиэттээх үлэһитэ.
Данил Семенович 96 сыл устата орто дойдуга олорон ааспыта. Бу күннэргэ чугас дьоно, аймахтара айбыт аҕаларын Макаров Данил Семенович төрөөбүтэ 105 сыла туолбутунан, хорсун буойун олорбут олоҕун ахтан-санаан аастылар. Кини Сунтаартан Лена өрүс кытылыгар турар Туруктаҕа диэри Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ сатыы барбытыттан саҕаламмыт бойобуой суолун ырыттылар. Данил Семенович Москва куоратын хорсуннук көмүскэспитин туоһулуур Киин куораппыт мэрдэрэ Юрий Лужков уонна Сергей Собянин Махтал суруктарын астына көрдүлэр.
Дьэ, кырдьык даҕаны, Улуу Кыайыы бырааһынньыгар сэрии бэтэрээннэригэр туһаайыллыбыт бүттүүн Россия норуотун “Ким даҕаны умнуллубат, туох даҕаны мнуллубат!” – диэн кэс тыллара дорҕоонноохтук дуорайар.
Онон Данил Семенович саа-саадах тутан Ийэ дойдутун көмускэспитэ, Сахатын сирэ сайдарын туһугар, төһө кыалларынан, уһун сылларга дьаныардаахтык үлэлээн кылаатын киллэрсибитэ. Күүскэ таптыыр аналлааҕын булан, ыал буолан, үс уол оҕону, биэс кыыс оҕону төрөтөн, олоххо бэлэмнээн, дьон оҥортоон, саха норуотун ахсаан өртүнэн элбэтиигэ, олох-дьаһах өттүнэн сайыннарыыга кылаатын киллэрэн, айылҕаттан ылбыт аналын чиэстээхтик толорон ааста.
Иванов К.Е.
СР бочуоттаах гражданина.
Ыам ыйа, 2021 сыл. Дьокуускай к.
Саха буойуттарын таптыыр ырыалара “Хайыһар”
Статьи К.Е.Иванова в моем дневнике:
Как создавалась гранильная отрасль Якутии?
Взгляд ветерана на современное развитие республики
НЕСКОЛЬКО УТОЧНЕНИЙ ПОСЛЕ ПРАЗДНИЧНЫХ ФАНФАР
Журналистика любит правду! Климент Иванов о “Саханефтегазе”!
Евгения Исаевна Михайлова – яркий представитель якутской интеллигенции!
Память о большом друге Республики Саха (Якутия)
Что нельзя упускать в Год патриотизма
Фрументий Сафронов – как пример для третьего возраста!
Статья Климента Иванова о выдающемся сыне Олёкминского улуса!
Боевые заслуги легендарного снайпера И.Н. Кульбертинова должны быть достойно оценены.
Николай Никитич Яковлев – ветеран, хозяйственник, руководитель!
Много сделал для своей республики!
о Ю.В.Кайдышеве
ИЗ СЛАВНОЙ ПЛЕЯДЫ КОМСОМОЛЬСКИХ ЛИДЕРОВ
о А.И.Михееве
Истинный патриот, славный сын народа Саха!
о П.Д.Осипове
Его труд – яркий пример служения своему народу!
о М.Н.Евсееве
Она была гордостью народа!
о А.Я. Овчинниковой
К 95-летию Гаврила Иосифовича Чиряева!
Начало пути Республики Саха (Якутия)
о М.Е.Николаеве
Климент Егорович Иванов о трудовом героизме ветеранов тыла
ПОСВЯТИЛ СЕБЯ СЛУЖЕНИЮ РОДИНЕ
об Е.Г.Егорове
Воспоминание о талантливом человеке.
об Н.И.Харитонове – Чуор
К 100-летию Героя Советского Союза Николая Кондакова!
“…Вы можете меня считать русским якутом!”
об И.И.Петрове
В трудные годы он вывел республику на путь развития!
о С.З.Борисове
Крестьянская философия: Руководитель должен чувствовать аромат кумыса и вкус свежего мяса!
о Т.Г.Николаеве
Родом из Малой Мархи! 75 лет Василию Михайловичу Власову.
Что нам дал государственный суверенитет Республики Саха (Якутия)?
С наступающим Днем Рождения Первого Президента Республики Саха (Якутия)!
Третий век наслегу: продолжить развитие!
Когда начнем уважать свою историю? К истории аграрных отношений в РС (Я).
Соболезнование от ветеранов государственной службы семье и близким В.М.Членова
Соболезнование семье и близким В.Р.Дарбасова
Руководитель золотоносного Алдана!
о Ябловском Н.Р.
Якутский воин, укреплявший обороноспособность Родины
о Петрове А.Я.
Он внес большой вклад в технологию добычи алмазов
о Степанове А.Н.
Моя страница в Дневниках якт ру.:
https://nikbara.ykt.ru/
Мой сайт:
https://nikbara.ru/
Мой канал в «Яндекс Дзен» –
NikBara
Просьба подписаться на мой канал “Николай Барамыгин” на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
Я в Инстаграме @nb2015p
Персональная страница в “Фейсбуке”:
https://www.facebook.com/nikbaramygin/
«Одноклассниках»
https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте»
https://vk.com/nbaramygin
“Твиттер”
https://twitter.com/NBaramygin