4 года назад 234
В трудные годы он вывел республику на путь развития!
В Год патриотизма жители Республики Саха (Якутия) должны вспоминать своих выдающихся земляков, внесших огромный вклад в развитие родной республики!
Вашему вниманию статьи Почетного гражданина Республики Саха (Якутия) Климента Егоровича Иванова об одном из выдающихся руководителей республики, 1 секретаре Якутского обкома КПСС Семене Захаровиче Борисове, возглавлявшем республику с 1951 по 1965 годы, “В трудные годы он вывел республику на путь развития!” (на якутском языке) и “Мудрость и мужество С.З. Борисова ускорили развитие алмазной промышленности” (на русском языке).
Фотографии из интернета.
О Семене Захаровиче Борисове в
Википедии
.
Семён Заха́рович Бори́сов
(
24 августа
1911
,
1-й Тыллыминский наслег
,
Восточно-Кангаласский улус
,
Якутская область
,
Российская империя
—
7 октября
1999
) — советский партийный и государственный деятель, первый секретарь
Якутского обкома КПСС
(1951—1965).В период работы С. З. Борисова были допущены ошибки в отношении якутской интеллгенции — в оценке литературного наследства якутского народа под влиянием внутренних и внешних факторов. В то время определённая часть партийного актива нагнетала идеологическую работу, выпячивая национальный вопрос. Ошибки в отношении
Георгия Прокопьевича Башарина
Семён Захарович всенародно признал в феврале 1962 года
[2]
.Несмотря на ошибки, отмечается значительная роль С. З. Борисова в становлении и развитии алмазной промышленности — в освоении месторождений алмазов в Якутии, строительстве города Мирного, алмазообогатительных фабрик и карьеров, автодороги
Ленск
—
Мирный
,
Вилюйской ГЭС
.C. З. Борисов — автор книги «Алмазы и вожди», посвящённой труду многих поколений алмазодобытчиков.
В 2016 году была издана
книга.
«О деятельности Семена Захаровича очень мало информации. Считаю, что это несправедливо по отношению к целым поколениям якутян, трудившихся в 50-60 годы прошлого столетия, поэтому решил написать книгу. Именно тогда, во многом благодаря деятельности Борисова, его коллег и сподвижников, был заложен фундамент многих отраслей народного хозяйства Якутской АССР, что стало основой для успешного развития республики»
, — отметил в предисловии автор издания
Афанасий Кириллин
.
«Семен Борисов внес бесспорный, во многом решающий вклад в превращение Якутии в индустриальную республику с надежной геологической, энергетической, минерально-сырьевой и научно-технической базами, тем самым определил
перспективы развития на многие десятилетия вперед»,
— подчеркнул председатель Госсобрания (Ил Тумэн)
Александр Жирков
.
Семен Борисов
во второй половине 40-х годов работал председателем правительства ЯАССР, а с 1951 по 1965 годы — первым секретарем Якутского обкома КПСС.В конце 40 — начале 50 годов Якутия представляла собой вотчину могущественного «Дальстроя», занимавшегося промышленным и дорожным строительством. Руководство республики неоднократно обращалось в центральные органы власти с настоятельными просьбами о выходе из системы «Дальстроя» и развитии автономии ЯАССР.
«Противостояние Борисова с авторитарной системой ведения хозяйства практически сразу вылилось в борьбу с планом, который зародился у высшего руководства страны, п
о объединению республики и Магаданской области в Северо-Восточный край. Основной упор в документе был сделан на добыче полезных ископаемых, без решения социальных проблем местного населения и коренных малочисленных народов Севера»
, —
отмечает автор.
«Мы в ЦК (КПСС — прим. ред.) поставили вопрос именно о создании рабочего класса Якутии, вооруженного интернациональным, патриотическим духом. И нам поверили, нас поддержали. Всемогущий ГУЛАГ не стал хозяином», —
приводятся в книге слова Семена Захаровича.
ЫАРАХАН КЭМНЭРТЭН РЕСПУБЛИКАНЫ САЙДЫЫ СУОЛУГАР ТАҺААРБЫТА
Бу бүгүҥҥү сайдыылаах олохпут элбэх көлүөнэ дьон үлүскэннээх үлэлэрин, сатабыллаах салалталарын түмүгэр, элбэх эриирдээх-моһуоктаах, дьон олоҕун ытыйахтыы даҕаны аймаабыт кэмнэрдээх күннэри-дьыллары уҥуордаан кэллэҕэ. Сыыһа салайыы, алҕас туттуу биһиги сайдыыбытын кэҕиннэрбит кэмнэрэ эмиэ бааллара. Ону сыаналааһыҥҥа, биирдиилээн салайааччы дьон оруолларын быһаарыыга үрдүттэн саба быраҕан сылыктааһын табыллыбат. Биһиги билигин бэлэмҥэ кэлбит, атын кэрдиис кэмҥэ олорор, үлэлиир дьон, биһиги иннибитигэр үлэлээн ааспыт дьон өҥөлөрүн уруккуну убаастаан туран, уолуйбакка, кыыһырбакка-тымтыбакка, наҕыллык ырытан, киэҥник толкуйдаан туран сыаналыхтаахпыт.
Остуоруйаны, салайааччылар оруолларын “саба быраҕан” сыаналааһын омсолооҕун туһунан былыргы даҕаны историктар этэллэрэ. Холобур, Францияҕа Людовик XVI император 18 сыл баһылаан олорон бэйэтин былааһын сиэрэ суох үрдэппитин норуот сөбүлээбэтэҕэ, Парижскай коммуна өрөгөйдөөбүтэ, революция феодализм былааһын суулларбыта. Император сууттаммыта уонна өлөрүллүбүтэ. Ол эрээри, французтар кини аатын сиргэ-буорга тэпсибэттэр. Император сэриитэ суох сатабыллаах политикатынан француз тылын уонна культуратын аан дойду үрдүнэн киэҥник тарҕаппытын өрө туталлар. Онтон кини кэнниттэн кэлбит Наполеон Бонапарт император сэриинэн тииһигирэн Франция империята ыһыллыбыта, бэйэтэ сэриигэ хотторон дойдутун түрмэтигэр хаайыллан олорон өлбүтэ. Ол эрээри, французтар, кини император быһыытынан оҥорбут сүдү дьайыылаах алҕастарын төһө да биллэллэр, Наполеон аатынан киэн тутталлар, киниэхэ сүгүрүйэллэр. “Тоҕо?” диэн боппуруоска французтар: “Наполеон Францияҕа саамай демократическай Конституцияны бэлэхтээбитэ, аныгылыы парламены тэрийбитэ, Франция государственноһын көтөхпүтэ”, – диэн эппиэттииллэр. Дьэ, оннук буолар эбит. Ити биһиги олохпутугар сыһыана суох эрээри, бэйэбит ааспыт олохпутугар сыһыаннаһыыга киһини толкуйга түһэрэр.
50-60-с сыллардаахха Н.С. Хрущев бэйэтин учууталын, бииргэ үлэлэспит киһитин И.В. Сталины бэйэтин аатыгар сүгүрүйүүгэ күһэйиитин уонна маассабай репрессиялары ыыппытын иһин саралаабыта. Ол кэнниттэн Н.С. Хрущеву бэйэтин эмиэ дорҕоонноохтук уһулбуттара, кириитикэҕэ, сэмэҕэ тарпыттара. Дойдубут салалтатыгар оннук сыһыан биһиги дойдубутугар В.В. Путин Россия Президенинэн талыллыар диэри бара турбута. Салалтаҕа итинник саба быраҕан сыһыан политикаттан, идеологияттан үөскээн тахсар. Ити Россияҕа эрэ баар көстүүнэн буолар диэтэххэ алҕас буолбат. Биһиги биири эрэ билинэ үөрэммиппит: үрүҥү эбэтэр кыһылы. Итинник быһыы демократияны утарар, авторитаризм эбэтэр унитаризм көстүүтэ буолар.
Итинэн сибээстээн, Саха сирин сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаах салайааччыбыт Семен Захарович Борисов туһунан бэйэм бүөм санаабын этэбин. Онно сөптөөх сыанабылы биэрэргэ С.З. Борисов үлэлээн ааспыт кэмин уратыларын учуоттуур наада. Кини биһиги дойдубутугар ураты уустук, ыарахан кэмҥэ үлэлээн ааспыта.
С.З. Борисов олох эдэриттэн эппиэттээх үлэҕэ таһаарыллыбыт эбит. 20 саастааҕар төрөөбүт оройуонугар Мэҥэ-Хаҥаласка үөрэҕирии салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Талааннаах ыччаты таба көрөн, салгыы үлэҕэ үүннэрэр сыаллаах ЯЦИК инструкторынан анаабыттар. Онтон 1934 сыл сэтинньитигэр Сунтаар оройуонугар райсовет депутатынан быыбарданар. 23 саастаах эдэр киһи С.З. Борисов Сунтаар райсоветын исполкомун бэрэссэдээтэлинэн талыллар.
С.З. Борисов олус уустук кэмҥэ Сунтаар райсоветын исполкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Историк А.А. Васильев архыып дьыалаларын сиһилии үөрэтэн баран суруйарынан, Саха сирин үрдүнэн, ол иһигэр Сунтаарга, 1933-34 сылларга дойду бүтүннүүтүн үрдүнэн партияны ыраастааһын – партия кэккэтигэр алҕас киирбиттэри, араас өстөөх сыдьааннарын, көлөөктөрү паартияттан үүртэлээһин ыытыллыбыт. 1934 сыл ахсынньы 1 күнүгэр С.М. Киров өлөрүллүбүтүн кэнниттэн, 1935-36 сылларга ити хампаанньа өссө күүһүрбүт.
1933-34 сылларга ыытыллыбыт “партияны ыраастааһын”, 1935-36 сылларга “партийнай докумуоннары бэрэбиэркэлээһин”, ону тэҥэ “сэбиэттэр чыыскаларын” хампаанньата элбэх үлэһиттэр, сулууспалаахтар үрдүлэринэн барбыттара биллэр.
Партия уобаластааҕы кэмитиэтиттэн, партийнай хонтуруоллуур комиссияттан, совнаркомтан, наркоматтартан сыл аайы, арыт сылга хаста даҕаны араас комиссиялар, биригээдэлэр, боломуочунайдар кэлэллэрэ, бэрэбиэркэ бөҕөнү ыыталлара уонна үөһээ салалтаҕа бэрт буолаары үлэһиттэри сиэрэ суох түүрэйдииллэрэ, олоҕо суох буруйдааһыннары оҥороллоро.
Историк А.А. Васильев бэйэтин историческай очеркатыгар холобур аҕалар: “1939 сыллаахха олунньу ыйга уочараттаах оройуон уопсай партийнай мунньаҕар хос дакылааты обком инструктора Карида оҥороругар оройуоҥҥа туох да үлэ барбатаҕын, хаһаайыстыбаларга аҥаардас ыһыллыы-тоҕуллуу ааҥнаабытын, холбоһуктааһын былаана тохтубутун, өстөөхтөр куорҕаллыыр үлэлэрин утары үлэ барбатын курдук көрдөрө сатаабыт. Урукку райком сэкирэтээрин Н.С. Максимовы, урукку райсовет бэрэссэдээтэлин С.З. Борисовы үлүннэриилээхтик, быдан үгүс өттүн олоҕо суохтук кириитикэлээбит. Саҥа салалтаны үлэттэн туораттарбыт, өссө дьыала тэрийэн прокуратураҕа киллэрбит. Дьолго республика прокуратурата ити дьыалаҕа холуобунай буруй састааба баарын булбатах. Дьыала сабыллыбыт. Дьэ итинник быһыы-майгы, үөһэнэн кэлэ-кэлэ оройуон үлэһиттэрин чүүччэтии, “өстөөхтөрү” көрдөөһүн ханнык баҕарар оройуон, нэһилиэк үлэһитин уйулҕатын көтүтэрэ, уйатыгар ууну киллэрэрэ, кырата буоллаҕына, чымыдаан үрдүгэр олордоро”. (А.А. Васильев. Сунтаар оройуона ХХ үйэ 30-с сылларыгар”. 16-18 с.).
Өскөтүн ити сымыйаннан күтүрээһин сыалын сиппитэ буоллар, оччотооҕуга эдэр салайааччы С.З. Борисов дьылҕатыгар атыннык да дьайыан сөп эбит диэн толкуйга кэлэҕин.
Хата, С.З. Борисов дьылҕатыгар Сунтаарга үлэлээбит сыллара үтүөнэн эрэ дьайбыттара. Ити курдук кини эппиэттээх салайар үлэтэ ыарахан, уустук политическай быһыыга-майгыга 1934 сыллаахтан Сунтаарга саҕаламмыта. Кини общество сайдар суолун тобулууга киэҥ толкуйа, ону олоххо киллэрэр ньымаларын көрдөөһүҥҥэ уонна толорорго сыал-сорук туруорунарга үөрүйэҕэ, үлэтэ түмүктээх буоларыгар туруммут аартыктаах суола Сунтаартан аһыллыбыта.
Туох билиэ баарай, баҕар, кэлин эмиэ син биир уустук кэмнэргэ алҕас быһаарыыларга күһэллэн кыттыһарыгар ол дьулаан дьылларга этигэр-хааныгар ылбыт охсуулара даҕаны дьайбыт буолуохтарын сөп. Биири өйдүөххэ наада: унитарнай государствоҕа политическай суолталаах боппуруостарга государственнай чиновниктарга быһаарыылары ыларга атын суолу талар быраап бэриллибэт этэ. Оннук дьулаан сыллар ааспыттара. Саҥа миэстэҕэ эдэр салайааччы ылыннарыылаах тыла-өһө, тэрийэр дьоҕура өтө көстүбүтэ. Ол саҕана Саха сирин үрдүнэн, ол иһигэр Сунтаар оройуонугар, үөрэхтээх киһи тарбахха баттанара. Дьон үгүс өттө кыайан аахпат даҕаны, суруйбат даҕаны этэ.
Эдэр салайааччы үлэтин суолун сайдыы саамай сүрүн хайысхаларыгар туһаайбыта. Доруобуйа харыстабылын, норуот үөрэҕириитин, культура сайдыытын, аныгы кадрдары иитэн таһаарыы боппуруостара уһугулаан туруоруллубуттара. Нэһилиэктэргэ типовой оскуола дьиэлэрин тутуу саҕаламмыта. 7 кылаастаах оскуолалар аһыллыбыттара. Бу иннинэ орто оскуола Сунтаарга эрэ баара, онтон атын наэһилиэктэргэ начаалынай эрэ оскуолалар үлэлииллэрэ.
Ити сылларга оройуон бөдөҥ нэһилиэктэригэр ааҕар балаҕаннар аһыллыбыттара, икки киинэ көрдөрөр кулууп, икки көһө сылдьар киноустановка тэриллибиттэрэ. Саха норуотун төрүт культуратын – ыһыаҕы, оһуохайы сайыннарыы харгыстамматаҕа, төттөрүтүн, салалта өттүттэн өйөбүл баар буолан, ити сылларга биллэрдик кэҥээбитэ. Нэһилиэнньэ ортотугар үөрэҕэ суохтары үөрэтии, олорор дьиэттэн хотону араарыы күүскэ барбыта.
Нэһилиэнньэни аһынан, таҥаһынан хааччыйыыга, оттук маһы бэлэмнээһиҥҥэ, түүлээҕи бултааһыҥҥа, оройуон бюджетын толорууга С.З. Борисов тус бэйэтинэн системалаахтык дьарыктаммытын көрдөрөр матырыйааллар архыыпка хараллан сыталларын кэрэһэлиир докумуоннар тустарынан историк А.А. Васильев суруйар. Ол түмүгэр, 1934-38 сылларга, төһө даҕаны кураан дьыллар турдаллар, өрүскэ уу суоҕунан таһаҕас кэлиитигэр ыарахаттар баалларын үрдүнэн, оройуоҥҥа аска-үөлгэ быстарыктааһын тахсыбатаҕа.
Сунтаарга 1937 сыллаахха иккис пятилетка түмүгүнэн (бэрэссэдээтэл С.З. Борисов) ынах сүөһү ахсаана 38,8 тыһ. төбөҕө, сылгы ахсаана 17,4 тыһ. төбөҕө тиийбит. Холкуостар ахсааннара 82, холкуостаахтар ахсаанара 6417 киһи буолбут, коллективизациялааһын былаана 55,5 % туолбут. Бааһына иэнэ 5550 гаҕа тиийбит. Сүөһү, сылгы ахсаанын аҥаара холкуостарга түмүллүбүт. Холкуостар салайааччыларынан оччотооҕунан кэм да үөрэхтээх, салайар дьоҕурдаах дьон тахсыбыттар. Холкуостар Устаабынан салаллалларын оройуон салалтата ирдиирэ. Онон оройуон нэһилиэктэригэр оччотооҕунан аныгылыы салаллар ньымаҕа тэтимнээхтик киирбиттэрэ. Кулаахтары утары охсуһуу, өстөөх сыдьааннарын көрдөөһүн улам уостубута. Онно оройуон салалтатын оруола, чуолаан С.З. Борисов оруола улахан этэ. Кырдьаҕас олохтоохтор С.З. Борисов былыргы хаалынньаҥ кыдьыктары: хаартылааһыны, арыгылааһыны утары күүскэ үлэлээбитин туһунан кэпсииллэрэ. Холобура, ону кэрэһилиир биир номох баар. Арай биирдэ Сунтаартан чугас дэриэбинэҕэ оройуон нэһилиэктэриттэн биллэр-көстөр, сураҕырбыт хаартыһыттар оонньоорулар мустарга болдьоспуттарын туһунан кистэлэҥ сураҕы оройуон милииссийэтэ билэн С.З. Борисовка тыллаабыт. Ону Семен Захарович бэйэтинэн тутаттыырга быһаарыммыт. Оччолорго кини 25 саастаах күүстээх-уохтаах киһи эр санааны ылыммыт уонна тулуубун тиэрэ кэтэн, таҥаһын атыннык таҥнан бодотун уларыппыт уонна болдьоммут кэмҥэ тиийэн хаартыласпыт. Таһырдьа милииссийэ дьоно көстүбэккэ кэлэннэр дьиэ иһиттэн сигналы кэтэһэн турбуттар. Хаартыһыттар ууларыгар-хаардарыгар киирэн оонньоон барбыттар, уксуу харчыта биллэрдик көппөйбүт. С.З. Борисов хаартытын түһэрэр уочарата кэлбит. “Саккай оонньуом, чэ, бэйэ, кыратык толкуйдуохха”, – диэн баран остуолуттан туран, ааҥҥа тиийэн милицияларыгар сигнал биэрбит. Кинилэр ыстанан киирэн хаартыһыттарын туппуттар. Акт оҥорон баран, сүүйтэрбиттэргэ харчыларын төттөрү биэртэлээбиттэр. Анал учуокка ылыллыбыттарын туһунан эппиттэр, аны тутуллар түбэлтэлэригэр эппиэккэ тардыллыахтаахтарын туһунан сэрэппиттэр уонна дьиэлэригэр ыыталаабыттар. Ити түбэлтэ туһунан сурах бириэмэтигэр оройуоҥҥа барытыгар тарҕаммыта үһү уонна хаартылааһыны утары үлэҕэ үчүгэй өттүнэн саамай дьайыылаах түгэн буолбута диэн кырдьаҕастар кэпсииллэр этэ.
Ити дьылларга Кэмпэндээйи туус собуотун үлэтин күүһүрдэр туһунан боппуруоһу райсовет исполкомугар үлэтин саҕалаабыт сылыгар биир бастакынан туруорбута. Өскөтүн 1934 сыллаахха Кэмпэндээйигэ 1982 т туус хостоммут буоллаҕына, үс сыл буолан баран, 1937 сыл түмүгүнэн 3143 т туус хостоммута.
Семен Захарович оройуоҥҥа суол оҥоһуутунан күүскэ дьарыктаммыт. Ол кэмҥэ оройуоҥҥа эдэр специалист А.Я. Овчинникова суол оҥоһуутун маастарынан үлэлии кэлбит. Бүлүү өрүһүттэн Кэмпэндээйигэ тиийэр 60 км усталаах суол оҥоһуута саҕаламмыт. Үс аҥаар сыл устатыгар анал графигынан оройуон холкуостарыттан 8-9 тыһыынча киһи, тыһыынчанан ат көлө мобилизация быһыытынан ыҥырыллан үлэлээбиттэр. Ити далааһыннаах үлэ түмүгэр Уустуйа-Кэмпэндээйи суолун тутуу 1937 сылга бүтэриллэн, 1937 сылтан тууһу массыынанан таһар буолбуттара.
С.З. Борисовы тус бэйэм комсомольскай үлэһит быһыытынан хаста да көрөн уонна истэн турардаахпын. Биирдэ, 1962 сыллаахха, ЫБСЛКС обкомун пленумугар Өймөкөөн райкомолун сэкирэтээрэ А. Рыбины обкомол иккис сэкирэтээринэн талар туһунан боппуруос киирдэ. Ол саҕана олус активнай, тыллаах-өстөөх уолаттар – Харитонов, Сысолятин, Кравченко тураннар Рыбин кандидатуратын: “Көҕө суох, комсомольскай актив ортотугар улаханнык биллибэт-көстүбэт, атын кандидатураны көрүөххэ”, – диэн утардылар. Куоластааһын буолбутугар, сөптөөх ахсааны ылбата. Обкомол I сэкирэтээрэ А.И. Михеев сынньалаҥ биллэрдэ.
Пленуммут салҕанан барда. Рыбин кандидатурата иккиһин дьүүлгэ турда. Обком I сэкирэтээрэ С.З. Борисов трибунаҕа бэйэтинэн таҕыста уонна Рыбин туһунан, комсомол обкома промышленность сайдыытыгар оруолун үрдэтиэхтээҕин, ол инниттэн промышленность араас салааларын үчүгэйдик билэр, онно үлэлиир специалистары, салайааччылары кытары дьыаланы билэн туран тэҥҥэ аахсар киһи наадатын туһунан, онно эппиэттэһэр кандидатуранан А. Рыбин буоларын туһунан итэҕэтиилээхтик кэпсээбитэ. Онон комсомол чилиэннэрин куоластарын баһыйар үгүс өттүн ылан, Рыбин обкомол II сэкирэтээринэн талыллан турар. С.З. Борисов ол кэмҥэ биһиэхэ ылыннарыылаах тыллаах киһи быһыытынан көстүбүтэ. Ити эрдэттэн кадрдары үүннэриигэ былааннаммыт дьыала быһыылааҕа – сыл аҥаара буолан баран Рыбины ЫБСЛКС КК аппаратын эппиэттээх үлэтигэр ылбыттара.
1961 сыллаахха Хабаровскай куоракка Уһук Илин уонна Сибиир хотугулуу-илиҥҥи уобаластарын, ол иһигэр Саха АССР-ы хабан партийнай-хаһаайыстыбаннай актыып мунньаҕа буолла. ССКП Политбюротун чилиэннэрэ Воронов уонна Полянскай салайан ыыттылар. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы боппуруоһа көрүлүннэ. Республика салалтата, бөдөҥ холкуостар, сопхуостар дириэктэрдэрэ састааптаах улахан делегация кытынна. Онно үс райкомол сэкирэтээрдэрэ Г. Сысолятин, М. Каратаев уонна мин делегация састаабыгар баар этибит. Мунньах олус ирдэбиллээхтик биир күн устатыгар барда. Мунньах кэнниттэн регионнар бастыҥ артыыстара кыттыылаах улахан кэнсиэр буолла. Программа быһыытынан саха артыыстарын бөлөҕө эмиэ кыттыахтааҕа. Айар бөлөххө Матвей Лобанов, Анастасия Лыткина о.д.а. бааллара. Арай, биһиги дьоммут нүөмэрдэрэ биллэриллибэтилэр. Онтон биһиги артыыстарбыт оҥостор хос биэрбэтэхтэрин бырачыастаан сыанаҕа тахсыбатахтарын туһунан сурах кэллэ. Ону истэн, биһиги, комсомолецтар, үс буолан залтан гостиницабытыгар бардыбыт. Артыыстарбыт фойеҕа мунньустан, санаалара түһэн, салалтаттан мөҕүллэрбит буолуо диэн олороллор этэ. Биһиги артыыстарбытын өйдөөтүбүт. Салайааччылара Надежда Шепелева эбит. Сотору соҕус буолаат, гостиницаҕа С.З. Борисов, обком сэкирэтээрэ И.П. Авдеев о.д.а. эппиэттээх үлэһиттэр тиийэн кэллилэр. С.З. Борисов бастаан сөбүлээбэтэхтии тутунна, онтун куолаһыгар биллэрдэ. Артыыстары салайан кэлбит Надежда Шепелева бастаан артыыстарга оҥостоллоругар диэн туһунан хос биэрбиттэрин уларытан, атын кытыы миэстэҕэ кыра хоһу биэрбиттэрэ биһиги артыыстарбытын тээҕилээһин курдук көстүбүтүн иһин кэнсиэргэ кыттартан аккаастаммыттарын хайдах баарынан быһааран эттэ. С.З. Борисов истэн баран уоскуйбутун быһыытыттан-таһаатыттан таайбыппыт. РСФСР культуратын министиэристибэтигэр өйдөнөр гына, ити түгэннэри ыйан туран, быһаарыы суруйалларыгар сорудахтаата. Ол түбэлтэ итинэн бүппүтэ. Семен Захарович боппуруоһу уустугурда барбатаҕа, ким да сэмэҕэ тардыллыбатаҕа. Ити оперативнай быһаарсыы кэнниттэн артыыстарбыт уоскуйан “һуу” гыммыттара. Онно С.З. Борисов быһымаҕа суоҕун, дьон санаатын истэрин уонна ылынарын көрдөрбүтэ.
Үһүс түбэлтэ. 1964 сыллаахха сааскы ый этэ. Покровскайга ССКП райкомун пленумугар иккис боппуруоһунан производствоҕа ыччат оруолун күүһүрдүү туһунан боппуруоһу көрдүлэр. Пленумҥа ССКП обкомун I сэкирэтээрэ С.З. Борисов уонна ЫБСЛКС обкомун I сэкирэтээрэ А.И. Михеев кытыннылар. Оччолорго мин райкомол I сэкирэтээрин быһыытынан ССКП райкомун бюротун чилиэнэ этим. Ол иһин президиум иккис эрээтигэр олорустум. Иккис боппуруоска балаһыанньа да быһыытынан дьүүллэһиллэр боппуруос сүнньүнэн тыл эттим. Онтон, сотору буолаат, сынньалаҥ биллэрилиннэ. Көрүдүөргэ тахсан иһэн, сэргэстэһэ түһээт, Семен Захарович эмискэ миигиттэн ыйытта: “Сунтаартан сылдьаҕын дуо?” – диэн. Ону тутатына: “Оннук, Сунтаартан”, – диэтим. Онуоха миигин санныбын таптайан ааспыта. Ону олох хойут толкуйдаатахпына, кини эдэр сылдьан Сунтаарга үлэлээбитин санаан ыйыттаҕа уонна пленумҥа тыл этэр бириэмэбэр райком I сэкирэтээрэ Д.С. Шепелевтан: “Бу хантан кэлбит ыччатый?”, – диэн ыйытан билбит буолуохтаах диэн таайабын. Онон Семен Захарович улахан салайар үлэҕэ туруммут сирин – Сунтаары кэлин даҕаны үчүгэйдик саныыр эбит диэн өйдөөбүтүм. Сынньалаҥ кэнниттэн С.З. Борисов тыл эттэ. Саала иһэ уу-чуумпу буолла, пленум кыттыылаахтара улаханнык болҕойон иһиттилэр. Республика тыатын хаһаайыстыбатын соруктарын туһунан этэн баран, быһаччы биһиги оройуоммут проблемаларыгар киэҥник тохтоото. Оройуоннааҕы партийнай тэрилтэ үлэтин үчүгэй өрүттэрин ааттаата, бастыҥ үлэһиттэрбитин холобур оҥоһунна. Дьэ, ол кэнниттэн элбэх итэҕэстэри аһаҕастык ааттаан туран сэмэлээтэ. Ааттаах-суоллаах, оройуоҥҥа “ытыс үрдүгэр” сылдьар сопхуостарбыт дириэктэрдэрин Т.Г. Николаевы (“Якутскай” сопхуос), П.С. Перебейносовы (“Хатас” сопхуос), Н.Е. Едисеевы (“Правда” холкуос) чопчу итэҕэстэрин ыйан туран кириитикэлээтэ уонна чуолкай соруктары туруорда. Дьон улаханнык астыннылар, түмүгэр, оннооҕор, ытыс таһыннылар.
Дьэ, мин онно С.З. Борисов тылын-өһүн чугастан эт кулгаахпынан истэн астыммытым. Эриэккэһэ диэн – уу сахалыы саҥарбыта, оттон “Хатас” сопхуос туһунан этэригэр (опхуос дириэктэрэ П.С. Перебейносов нуучча киһитэ буоларын учуоттаан) ыраастык, олус чобуотук, биллэр акцена суох, сөптөөх дикциянан нууччалыы саҥарбыта.
Мин С.З. Борисовы үчүгэй оратор, бэйэтин толкуйун тылынан чуолкайдык арыйар, санаабытын дьоҥҥо өйдөнүмтүөтүк тириэрдэр, ирдэбилин күүскэ уонна ылыннарыылаахтык туруорар киһи быһыытынан өйбөр хатаммыт.
Ити сыл обком секретариатын дьаһалынан Хабаровскайга Үрдүкү партийнай оскуолаҕа үөрэнэ барбытым.
С.З. Борисов Сунтаартан төрүттээх талааннаах специалистары республика таһымыгар эппиэттээх үлэлэргэ таһаарбыта олус сөптөөҕүн бириэмэ көрдөрбүтэ. Ол курдук В.Г. Павлов, И.А. Матвеев, Н.В. Шадринов, Я.А. Семенов уо.д.а. дьоҕурдара бириэмэтигэр таба көрүллэн, республикаларын сайдыытыгар кылааты киллэрбиттэрэ.
С.З. Борисов үс сылтан ордук кэмҥэ Совмин бэрэссэдээтэлинэн, 15 сыл устатыгар ССКП обкомун I сэкирэтээринэн үлэлээбит сылларыгар Аҕа дойду сэриитин ыарахан содулларын туоратыыга далааһыннаах үлэ барбыта. Ордук промышленность сайдыытыгар чопчу дьаһаллар ылыллыбыттара. Онон сибээстээн, энергетика, транспорт сайдыыта күүскэ барбыта. Дьэ, ити сайдыы хаамыыта республика норуотун хаһаайыстыбатын, ол иһигэр тыа сирин, атыы-эргиэн, капитальнай тутуу салааларын саҥалыы тэрийиигэ улахан үлэ саҕаламмыта.
1950-60 сылларга Саха сиригэр геологическай чинчийэр үлэ күүскэ барбыта. Ол түмүгэр республика минеральнай-сырьевой базата чопчуламмыта. Таас чох, хорҕолдьун, кыһыл көмүс, тимир рудатын, гаас бөдөҥ саппаастара бигэргэтиллибиттэрэ. Геологтар чулуу ситиһиилэринэн ити кэмҥэ “Мир”, “Удачнай” алмаастаах кимберлитовай трубкалары арыйыылара буолбута. Ити Саха сирин инники сайдыытын түстээбит арыйыылар ССКП обкомун дойду салалтатын иннигэр күүстээх туруорсуутун уонна миэстэтигэр тэрийэр үлэтин түмүгэ буолар.
С.З. Борисов тус бэйэтинэн республикаҕа промышленность салааларын сайыннарыынан күүскэ дьарыктаммытын архыып докумуоннара туоһулууллар. Ордук гааһы, алмааһы хостооһуну саҕалыырга, республика инники сайдыытын төрүтүнэн буолбут промышленность ити салаатын сайыннарыынан тус бэйэтэ дьарыктаммыта биллэр. Ол түмүгэр 1950-с сыллар иккис аҥаардарыгар алмааһы хостооһун, 1958 сыллаахха Мирнэй куораты, 1962 сылтан Таас Тумус-Мастаах-Дьокуускай гаас турбатын тутуулар саҕаламмыттара. Энергетиканы күүскэ сайыннарыыга эмиэ С.З. Борисов оруола улахан. Бүлүү ГЭҺ-ин тутуу алмаас промышленноһын сайыннарыы былаанын чэрчитинэн 1958 сыллаахтан, онтон салҕыы таас чоҕу хостооһун, гаас промышленноһын сайыннарыы былааннарын чэрчитинэн Чульманнааҕы ГЭҺ-и тутуу 1962, Дьокуускайдааҕы ГРЭҺ-и тутуу 1963 сыллаахха саҕаламмыттара. Онтон 1962 сыллаахха “Якутэнерго” холбоһук тэриллибитэ. Ити барыта ССКП обкомун туруорсуутунан оҥоһуллубут уонна сүрүннэммит промышленность саҥа салааларын сайыннарыы кэлим былааннарын олоххо киллэрии түмүгэ.
С.З. Борисов республикатын сайдыытыгар киллэрбит элбэх өрүттээх үлэтин сүрүн өттүн эрэ кылгастык аҕынным.
Аны билигитн кинини буруйдааһыннар тустарынан тус бэйэм санаам.
С.З. Борисовы Чурапчы оройуонун холкуостаахтарын ханнык да бэлэмнэнии үлэтин ыыппакка, бэрт ыксалынан, күүстэринэн кэриэтэ хотугу улуустарга балык бултааһыныгар көһөрбүттэригэр буруйдаах диэн сэмэлииллэрин истэбит. Дьиҥнээхтик боппуруоһу үөрэтэн көрөөччүлэр этэллэринэн, Чурапчы оройуонун холкуостаахтарын, онно кыттыһыннаран кыаммат кыра оҕолордуун, кырдьаҕастардыын кытары, олоҕо суох патриотизм тыынынан күөттээн, сүүһүнэн ахсааннаах көһөн кэлэр дьоннору көрсөргө, олохсутарга туох да бэлэмэ суох хотугу оройуоннарга көһөрүү – бу кырдьык төрдүттэн сыыһа дьаһал. Оттон ити көһөрүү содулугар аара суолга быстыбыттар, тиийэн баран быстар мөлтөх усулуобуйаттан бу олохтон хомолтолоохтук өлөн туораабыттар дьылҕаларын аахсар буоллахха, көһөрүү туһунан дьаһал – ыар буруйу оҥоруу.
Кэлиҥҥи дьылларга ити боппуруоска элбэх кэпсэтиилэр таҕыстылар. Мин онно сыһыаннаах кинигэлэри, ыстатыйалары болҕойон аахтым. Ол кэнниттэн бэйэм тус санаабын эттэхпинэ, ити иэдээҥҥэ сирэй буруйдаахтар чахчы бааллар эбит, оччотооҕу кэмҥэ ССКП обкомун бастакы сэкирэтээрэ Степаненкоттан саҕалаан, Чурапчы оройуонун салалтатыгар тиийэ. Сөптөөх усулуобуйаны көһөн кэлээччилэргэ бэлэмниэхтээх Кэбээйи, Эдьигээн оройуонун оччотооҕу салалтатын эппиэтинэһэ эмиэ баар буолуохтаах. Итини барытын ырытыы – туһунан боппуруос.
Оттон ити дьыалаҕа тус эппиэтинэһи С.З. Борисовка эрэ сүктэрии сыыһатын туһунан академиктар В.П. Ларионов, И.Е. Томскай, биллиилээх журналистар Х.Д. Ефремов, В.А. Алексеев, партийнай, судаарыстыбаннай үлэ бэтэрээннэрэ А.П. Кириллин,М.Н. Сибиряков, Г.М. Артемьев архыып дааннайдарыгар олоҕуран этиилэрэ сөптөөх дии саныыбын.
Государственнай, партийнай үлэһиттэргэ толорор эбээһинэстэрэ чопчу ыйыллар. Оннук дуоһунаһынан чопчу эппиэтинэс уруккуттан баар, билигин даҕаны оннук. Толоруллубатах, мөлтөхтүк толоруллубут үлэ эбэтэр сорудах иһин ирдэбил, эппиэтинэс эмиэ чопчу үлэһиттэн ыйытыллара. Билигин эмиэ оннук. Ити уопсай бириинсибинэн салайтарар буоллахпытына, Чурапчылары көһөрүү курдук иэдээннээх дьыалаҕа буруйдаахтар төрүт атын дьоннор. Биллиилээх журналист Д.Х. Ефремов суруйарынан, С.З. Борисов ССКП обкомун айдааннаах уурааҕа тахсыбытын туһунан командировкаҕа сылдьан туора дьонтон истибит уонна ол иннинэ чурапчылары көһөрөр туһунан биир да тылы кимтэн да истибэтэҕин эппит. Оччотооҕу тыйыс бэрээдэк саҕана С.З. Борисов хайдахтаах ыарахан балаһыанньаҕа киирбитин сэрэйиэххэ эрэ сөп. Кини бэйэтэ эппитинэн, оройуон салалталара, көһөрүүнү тэрийэр комиссия быстар мөлтөхтүк үлэлээбиттэр. Борисов С.З. сорудах быһыытынан Чурапчыттан дьону көһөрүүнү тэрийиигэ кыттыбыт, онтон Аллараа Бэстээххэ киирбитэ, дьоно өссө даҕаны биэрэккэ тоҥон-хатан олороохтууллар эбит. Ону Дьокуускайга киирэн пароходство начаалынньыгын Ивановы кытары кэпсэтэн, дьону көһөрүү саҕаламмытын туһунан этэр. Онтон салгыы көһөрүү дьонун көрсүү мөлтөхтүк тэриллибит Кэбээйи оройуонугар командировкаҕа балаҕан ыйын ортотугар барар. Төннөн кэлээт, көһөрүү тэрээһинэ быстах мөлтөҕүн туһунан ССКП обкомугар, Совнаркомҥа докладной сурук түһэрэр. Ол туһунан ССКП обкомун I сэкирэтээригэр Степаненкоҕа сирэй көрсөн кэпсиир. Ол түмүгэр ити этиллибит итэҕэстэри суһаллык туоратарга обком бюротун уурааҕа тахсар. Итэҕэһи суһаллык туоратыыга босхолонон үлэлиир анал республикатааҕы группа тэриллэр. Онон сылыктаатахха, ити кэмҥэ С.З. Борисов үөскээбит балаһыанньаны көннөрүүгэ бэйэтин дуоһунаһын чэрчитинэн дьаһаллары ылбыта көстөр. Дойду үрдүнэн бүрүүкээбит байыаннай балаһыанньа бириэмэтигэр фроҥҥа көмөлөһөргө диэн матыыптаан Чурапчы холкуостаахтарын көһөрүү туһунан обком хайыы-үйэ ылыммыт уурааҕын булгуччу толоруохтаах совнарком үлэһитэ аһаҕастык утарсар кыаҕа суоҕа. Аһаҕастык утарсыы саха норуотун чулуу дьонун Аммосовтааҕы репрессиялаабыттарын суоһа-суодала өссө даҕаны ааһа илик кэмэ этэ. Дойду үрдүнэн репрессивнай массыына “геройдара” өссө да былааска бааллара.
“Чурапчы оройуонун холкуостарын туһунан дьаһаллар” диэн 1942 сыл атырдьах ыйын 10 күнүгэр ССКП обкомун бюротугар ылыллыбыт уураах бэрт ыксалынан ылыллыбыт буолан, көһөрүү матыыптара ыйыллыбатах, көһөрүү нымалара, чуолкай графига, ороскуота, көһөрүү араас сүһүөхтэригэр эппиэттээх сирэйдэр ыйыллыбатахтар. Онон уураах төрдүттэн сыыһа. Кини экономическай, гуманитарнай, политическай өттүнэн содуллара ырытыллыбакка, валюнтаристскай ньыманан ылыллыбыт уураах Ити түмүгэр төһөлөөх элбэх Чурапчы дьоно, ол иһигэр кыра оҕолор, кыаммат кырдьаҕастар тоҥон-хатан, аччыктаан-хоргуйан эрэйдэммиттэрин-муҥнаммыттарын туһунан чуолкайданна, элбэхтик сурулунна.
Обком ити буортулаах уурааҕын көтүрүү туһунан Чурапчы оройуонун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Г.Д. Ефимов, райком урукку сэкирэтээрэ Г.М. Сысолятин, райсовет исполкомун бэрэссэдээтэлэ Е.А. Борисов күүскэ туруорсаллара. Ол түмүгэр үөһэ этиллэр обком уурааҕа 1991 сыллаахха көтүрүллүбүтэ. Мин совмин бэрэссэдээтэлин быһыытынан обеом бюротун мунньаҕар кыттыбытым. Аналлаах хамыыһыйа туһааннаах справканы эрдэттэн бэлэмнээбит буолан, боппуруоһу уонна уурааҕы ылыныы судургутук барбыта. Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ М.Е. Николаев аҥаардас уурааҕы сэмэлээһин тутах, онон Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии бириэмэтигэр Чурапчы оройуонуттан дьону көһөрүү түмүгэр эмсэҕэлээбиттэргэ моральнай уонна материальнай өйөбүл уонна оройуон социальнай-экономическай сайдыытыгар көмөлөһөр туһунан правительство анал уурааҕын бырайыагын бэлэмнииргэ уонна төһө кыалларынан түргэнник ылынарга дьаһайбыта.
Миниистирдэр Сэбиэттэрин уурааҕын бырайыагын киниэхэ дьүүллэһии кэнниттэн, биһиги тустаах уурааҕы ылыммыппыт. Онтон Чурапчы оройуонуттан көһөрүүгэ сылдьыбыттары Үрдүкү Сэбиэт мунньахтыыр саалатыгар мунньан ити уурааҕы билиһиннэрбиппит уонна көһөрүүгэ сылдьыбыттарга анал удостоверениелары туттартаабыппыт. Онон Чурапчы холкуостаахтарын хотугу оройуоннарга көһөрүү алҕаһын көннөрүү быһыытынан обком бюротун уурааҕа тахсыбыта, 49 сыл буолбутун кэннэ чопчу дьаһал ылыллыбыта.
С.З. Борисов Саха сирин революция иннинээҕи суруйааччыларын Кулаковскай, Софронов, Неустроев саха норуотун культуратын сайдыытыгар өҥөлөрүн сыаналааһыҥҥа алҕастарын иһин сэмэлэнэр. Ити кини таһаарбыт алҕаһын быһыытынан ахтыллыахтаах. Биллэн турар, ити дьыала оччотооҕу идеология ирдэбиллэриттэн төрүөттээх. Ол кэмҥэ идеология кулута буолбут партия КК сорох республикаларга “национализмы күөттээччилэри” утары охсуһарын саҥаттан күүһүрдүбүт кэмэ этэ. 1944 сыллаахха Г.П. Башарин “Саха үс реалистара-сырдатааччылара” диэн үлэтэ тахсыбыта уонна улахан мөккүөрү тарпыта: сэмэлээччилэр да, хайҕааччылар да бааллара. Онтон С.З. Борисов 1951 сыллаахха обком I сэкирэтээрэ буолаатын кытары, ССКП КК ыҥыраннар киниттэн олохтоох национализмы утары хайдах охсуһуохха сөбүн ыйыппыттар. Ити хайысхатынан үлэ мөлтөҕүн туһунан үҥсэн Саха сириттэн суруктар киирбиттэрин көрдөрбүттэр. Кэлин бэйэтэ быһаарбытынан, Киин Кэмитиэт Саха сиригэр анаан итиннэ сөптөөх уурааҕы таһаарабыт дуу, эбэтэр ити хайысханан үлэҕэ сыана биэрэн, сыал-сорук туруорунан “Правда” хаһыакка ыстатыйа суруйаҕыт дуу диэн талларбыттар. Ону кини ыстатыйа суруйарга илии баттаһарга сөбүлэспит. Арааһа, ССКП КК ити боппуруоска Саха сиригэр аналлаах уурааҕа таҕыстаҕына куһаҕан содула күүстээх буолуо диэн санааттан “Правда” хаһыакка эрдэттэн бэлэмнэммит ыстатыйаҕа илии баттаһан кыттыһарга сөбүлэспит буолуон сөп.
Ол кэнниттэн 1952 сыллаахха ити боппуруоска ССКП обкомун уурааҕа тахсыбыта. Биллэн турар, ити сыыһа культура, литература сайдыытыгар омсолоох уураах этэ диэҥҥэ сөбүлэһэбит. Ол туһунан С.З. Борисов 1996 сыллаахха Х.Д. Ефремовка интервью биэрэригэр эмиэ билинэр уонна алҕаһын обком I сэкирэтээринэн үлэлии олорон, 1962 сыллаахха суруйааччылар съезтэрин иннигэр аһаҕастык билиммит. 50-с сылларга, 60-с сыллар саҥаларыгар саха интеллигенцията сайдан, интеллигенция бэрэстэбиитэллэрэ аһаҕастык санааларын этинэн эрэр кэмнэрэ этэ. Биллиилээх учуонай Г.П. Башарин кырдьыга дакаастанан, интеллигенция ортотугар ССКП обкомун идеологическай үлэ хайысхатыгар тахсыбыт алҕастары кириитикэлиир буолбуттара. Ити бириэмэ С.З. Борисов ССКП обкомун I сэкирэтээриттэн босхолонор кэмин кытары сөп түбэспитэ. Онон кинини Кулаковскай, Софронов, Неустроев саха норуотун сайдыытыгар өҥөлөрүн сыаналааһыҥҥа таһаарбыт алҕаһын сэмэлээһин өссө күүһүрбүтэ.
Ол да буоллар, ыраҥалаан көрдөххө, С.З. Борисов обком I сэкирэтээринэн үлэлиир сылларыгар культура, искусство уонна литература сайдыытыгар күүстээх үлэ барбыта көстөр. Биһиэхэ биллиилээх суруйааччыларбыт, поэттарбыт айар талааннара ити кэмҥэ дойду үрдүнэн биллибитэ. Айар үлэһиттэр өрөгөйдөрө 1957 сыллаахха аан бастаан Москваҕа Саха литературатын уонна искусствотын күннэринэн бэлиэтэммитэ.
Саха сиригэр бөдөҥ салайааччыларбыт атын-атын бириэмэҕэ, тэҥэ суох политическай быһыы-майгы сатыылаабыт кэмигэр үлэлээн ааспыттара. Кинилэр үлэлэрин сыаналааһыҥҥа ити араастаһыы учуоттанара наада. Мин тус бэйэм сыаналыырбынан Саха сирин сайдыытын төрдүттэн уларытан, общество олоҕун сүүрээнин саҥа, ордук кэскиллээх суолунан туһаайбыт, бэйэтин норуотун омук быһыытынан билиниитигэр, духовнай, культурнай сайдыытыгар цивилизация саҥа кэрдииһигэр таһаарбыт М.К. Аммосовы кытары биһиги бастакы Президеммитин М.Е. Николаевы ааттыам этэ. . М.К. Аммосовы уонна М.Е. Николаевы республика уонна норуот сайдыытыгар киллэрбит өҥөлөрүн сыаналаан тураммын, кинилэри мин саха омук дьиҥнээх национальнай уонна духуобунай лидердарынан билинэбин. Саха сирин сайдыытыгар киллэрбит кылааттара онно тэҥнээх. Сайдыы эриирдээх-мускуурдаах кэмнэригэр бэйэлэрин күүстээх санааларынан, кимиилээх дьаһалларынан Саха сирин сайдыытыгар уһулуччу улахан оруоллаах республиканы салайбыт дьонунан И.Е. Винокуров, С.З. Борисов, Г.И. Чиряев этилэр диэн бигэтик саныыбын.
Билиҥҥи информационнай технология сайдыбыт кэмигэр биһиги дойдубутугар Россияҕа былааска үлэлиир дьон бэйэлэрин арбаныылара элбээтэ. Уруккуну тээҕилээһин, билиҥҥи кэми аҥардастыы кэрэтитэн көрдөрүү үгэскэ кубулуйуох курдук.
Хомойуох иһин, дьыллар-күннэр аастахтарын аайы, общество айаннаабыт суола көстүбэт, оттон үлэлээбит-хамсаабыт чулуу дьоннорбут ааттара иһиллибэт буолан иһэр. Ааспыты кэрэһэлээн кэпсиир дьоммут ахсааннара аҕыйаан иһэр. Бириэмэ бардаҕын аайы ааспыт кэмнэр аччаан көстөр курдуктар.
Урукку ааспыт олоҕу уонна норуот чаҕылхай бэрэстэбиитэллэрэ мүччүргэннээх олохторун, айан-тутан ааспыт үлэлэрин туһунан оччотооҕу кэми илэ харахтарынан көрбүт, эт кулгаахтарынан истибит дьон тыла-өһө, кэпсээннэрэ ыччат дьоҥҥо олус наадалар. “Бэҕэһээҥҥитэ суох – бүгүҥҥү суох, бүгүҥҥүтэ суох – сарсыҥҥы суох” диэн дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо.
Онон, ааспыт кэм биир чулуу киһитэ, биллиилээх государственнай, общественнай деятелэ С.З. Борисов туһунан тириэрдэр бүөм санаам итинник. Кини аата аныгы ыччакка киэҥник биллиэхтээх уонна дьиҥнээхтик үйэтитиллиэхтээх.
К.Е. Иванов,
СӨ бочуоттаах гражданина.
Мемориальная доска, г. Мирный.
Книга С.З.Борисова
Мудрость и мужество С.З. Борисова ускорили развитие алмазной промышленности
Оглянувшись на прожитые годы, часто замечаешь неполное или недостоверное освещение истории развития алмазной промышленности республики. Мы должны сегодня четко знать роль тех или иных личностей в создании и развитии новой отрасли промышленности в Якутии.
Внимательно ознакомившись с трудами некоторых авторитетных авторов-исследователей – П.И. Докторова, Г.М. Артемьева, И.Е Томского, А.П. Кириллина, а также с другими историческими материалами, можно уверенно заявить, что С.З. Борисов является одним из основателей алмазодобывающей промышленности. Будучи I секретарем Якутского ОК КПСС, он подробно изучил письма, статьи краеведа П.Х. Староватова, отчетные материалы геологических экспедиций В.С. Соболева и М.М. Одинцова, работавших в верховьях реки Вилюй. Убежденный в огромной перспективе открытия алмазных месторождений, несмотря на отрицательное отношение в этом вопросе ответработников министерства геологии СССР, С.З. Борисов неоднократно обращался к руководителям страны о нобходимости ускорения геологоразведочных работ в верховьях реки Вилюй. Благодаря этому, в начале 1950-х гг. значительно была усилена геологоразведочная работа. Амакинская экспедиция с центром в с. Нюрба увеличила количество геологических партий, расширила географию разведки.
Размах и смелость деятельности С.З. Борисова по развитию алмазной промышленности в глухой непроходимой тайге, вдали от транспортных узлов, в условиях вечной мерзлоты, жестоких морозов показывает его мудрость и дальнозоркость. В течение всего периода деятельности в качестве I секретаря обкома КПСС он приложил огромные усилия для становления отрасли – алмазной промышленности. Он считал, что эта новая отрасль народного хозяйства обеспечит быстрое превращение Якутии в мощный индустриальный регион страны.
Благодаря усилиям геологов Амакинской экспедиции, в 1954 году были открыто несколько крупных месторождений, которые позволяли приступить к промышленной добыче алмазов. К сожалению, ни министр геологии СССР П.Я. Антропов, ни министр цветной металлургии СССР П.Ф. Ломако не поддерживали идею начала промышленной добычи алмазов. С.З. Борисов в этом вопросе не увидел заинтересованности и со стороны Госэкономии СССР и Госплана СССР. С.З. Борисов считал, что нельзя упускать ни одного года в развертывании добычи алмазов. И в своей статье в газете «Правда» от 2 ноября 1956 года считает возможным промышленную добычу алмазов уже с 1957 года. Он утверждает, что Якутия может в ближайшие годы полностью обеспечить потребности страны в этом драгоценном минерале.
Не получив конкретной поддержки соответствующих министерств и ведомств СССР в начале освоения алмазных месторождений, С.З. Борисов решил выступить на декабрьском Пленуме ЦК КПСС. В своем выступлении он резко раскритиковал руководителей министерства цветной металлургии, Госэкономкомиссии СССР и Госплана СССР за затягивание рассмотрения мероприятий по разведыванию алмазодобывающей промышленности в Якутии. Выступление вызвало живой интерес участников Пленума и самого Н.С. Хрущева.
Предлагаю читателям отрывок из стенограммы его выступления на Пленуме ЦК КПСС 6 декабря 1956 года:
«Мы рады доложить Пленуму ЦК партии о том, что в Якутии открыты и разведаны богатейшие россыпи и крупные коренные месторождения алмазов. Об этом вчера на Пленуме говорили Н.С. Хрущев и министр геологии охраны недр Советского союза тов. Антропов. Эти богатейшие россыпи и коренные месторождения алмазов простираются на площади размером более 300 тыс. кв. км. Геологические запасы алмазов этих месторождений, по далеко не полным данным, оцениваются до 126 млн. каратов.
…Себестоимость промышленной добычи одного карата алмазов в Якутских месторождениях составит 149 рублей.
…Эти данные позволяют нам заявить на Пленуме, что на территории Якутии наша Родина имеет крупнейшую алмазоносную провинцию, не только не уступающую известным месторождениям, но и, безусловно, превосходящую их.
Таким образом, в Советском Союзе впервые выявлены богатейшие месторождения алмазов, позволяющие в кратчайшие сроки создать мощную отечественную алмазоносную промышленность.
…Уступить хотя бы один год в организации промышленной добычи этого жизненно нужного нашей стране драгоценного минерала – это значит затормозить повышение производительности труда во многих отраслях промышленности и, тем самым, задержать дальнейший технический прогресс.
Можем ли мы потерпеть такую задержку? Нет, не можем. Вот почему нам кажется очень странной позиция министра цветной металлургии тов. Ломако. Еще в 1954 году Якутский областной комитет обратился к тов. Ломако с предложением об ускорении промышленного освоения якутских алмазов. Тов. Ломако заявил тогда, что он Антропову не верит: «тов. Антропов – человек скользкий, поэтому наличию алмазов я не верю.». Тогда мы убеждали Ломако, что мы сами собственными глазами видели и собственными руками поднимали алмазы. Когда мы притиснули его к стенке фактическими данными, он говорит: «Это новая отрасль промышленности, этим нам заниматься еще рано». Таким образом, отказался в 1954 году категорически.
Тогда мы вынуждены были обратиться в Президиум ЦК партии. Тогда Президиум ЦК партии в июле 1954 года принял специальное решение о промышленном освоении алмазов Якутии. Было поручено тов. Байбакову разобраться и представить предложение ЦК партии о промышленном освоении якутских алмазов. Мы с тов. Байбаковым трижды собирались в присутствии тов. Ломако по выполнению решения Президиума ЦК партии. Тов. Ломако тогда заявил, сказал тов. Байбакову: «Денег нет, Якутия далеко, морозы большие, туда не могу». Всегда, все время тов. Байбаков с этим упорством тов. Ломако соглашался. После этого мы вынуждены были в начале 1956 года обратиться к председателю Совета Министров тов. Булганину Н.А. Тогда Совет Министров союза принял специальное постановление от 5 января 1956 года об ускорении промышленного освоения якутских алмазов.
…тов. Ломако 11 декабря этого года послал письмо Совету Министров союза. Он пишет – ввиду неясности капиталовложений прошу Совет Министров снять этот вопрос с обсуждения.
Хрущев: Надо строго наказывать за такие вещи, нельзя мириться с таким отношением к делу.
Голоса: Правильно.
Жуков: Позор.
Хрущев: И это говорит министр, кандидат в члены ЦК. Тов. Ломако должен дать объяснение.
Борисов: … Я вынужден задать ему такие вопросы. Тов. Ломако, вы, поскольку глубже занимаетесь перспективным развитием алмазной промышленности, ответьте мне на такой вопрос: сколько мы можем максимально потреблять в народном хозяйстве Советского Союза алмазов? Он говорит, это не мое дело. Я не знаю. Или задал вопрос: сколько мы покупаем алмазов за границей, сколько тратим золота на это дело? Не знаю. Разве это дело, когда министр не может ответить на такие вопросы?
Хрущев: Правильно. Он руководит добычей, он обеспечивает потребность страны и должен знать, а он не знает.
Борисов: …. Мне кажется, что Госплан (тов. Байбаков), Госэкономкомиссия (тт. Никитин, Силуянов), к тов. Сабурову, правда, мы не обращались, они должны были своевременно поправить тов. Ломако по этому вопросу, но пока с их стороны этого не чувствуется. Эти товарищи говорят, что они за алмазы, а фактически этого не делают. Я недавно перед Пленумом был у многих товарищей, в том числе был в ЦК у зав. отделом тяжелой промышленности тов. Рудакова. Он долго беседовал, выяснял, знакомился с этим материалом. Потом взял трубку, позвонил тов. Ломако: ну, Петр Фадеевич, как быть с якутскими алмазами? Говорили, говорили, а потом Рудаков мне отвечает: грошей нема (смех в зале). Потом я сказал Рудакову, что я дальше пойду, я не могу так оставить, гроши найдутся на алмазы, государство у нас богатое.
Хрущев: Деньги есть. Ума не хватает.
Голоса: Правильно.
Борисов: Если говорить о том, как мы поддерживаем низовых работников, то мы 4 года с этим вопросом возимся, и ни с места. Я докладывал Никите Сергеевичу перед Пленумом, рассказал обстоятельно все, как мы расходуем деньги в других отраслях народного хозяйства, что мы на покупку алмазов ежегодно тратим 5 млн руб. золотом, платим всяким иностранным спекулянтам. А могли бы за счет этого любое оборудование купить. Мы теряем 5 млн руб. за счет бесхозяйственности министерства, за счет того, что оно не организует освоение алмазов.
Поэтому мы просим ЦК партии, Совет Министров предусмотреть ассигнования для промышленного освоения алмазов Якутии в текущей пятилетке, начиная отпуск средств с 1957 года в объеме 76 млн руб. с тем, чтобы в 1958 году дать стране не менее 100 тысяч каратов и довести добычу алмазов в 1960 году не меньше, чем до 1 млн каратов».
Как видно из этих материалов, непререкаем и огромна заслуга С.З. Борисова в ускорении промышленного освоения алмазных месторождений. Он последовательно и настойчиво ставил этот вопрос перед руководителями страны, вплоть до Н.С. Хрущева. После жесткого выступления С.З. Борисова на декабрьском пленуме ЦК партии 1956 года было принято решение на том же пленуме об ускорении создания алмазной промышленности в Якутии. И дело сдвинулось с места: специальным постановлением Коллегии цветной металлургии СССР был создан трест «Якуталмаз», опытный хозяйственник, сильный организатор и умелый администратор В.И. Тихонов был утвержден управляющим трестом «Якуталмаз». Как видно из воспоминаний самого С.З. Борисова, министр Ломако П.Ф. на той исторической коллегии заявил: «Вот, товарищи, теперь наша задача номер один – алмазы». Вот так началась эпоха алмазной промышленности. Для этой цели были мобилизованы все возможные ресурсы страны и Якутской республики.
За исключительно короткий срок, за 10-15 лет, несмотря на то, что все началось с нуля, несмотря на отдаленность, жесточайший холод и бездорожье, несмотря на «пророчество» западных дельцов о неминуемой гибели геологов в якутских лесах и непроходимых болотах, настойчивостью, мужеством и самоотверженным трудом сплоченного интернационального коллектива «Якуталмаз» преодолены все преграды, и в Якутии в полную силу развивается алмазная промышленность.
Если в 1958 году на опушке леса в одной из палаток стояла вывеска «Трест Якуталмаз», то на глазах нашего поколения на месте тогдашнего палаточного поселка построен современный, благоустроенный город Мирный с красивыми проспектами, многоэтажными жилыми кварталами, Дворцами культуры, высшими учебными заведениями, промышленными предприятиями.
В стремительном развитии алмазной промышленности в Якутии неоценимый вклад внесли талантливейшие организаторы производства, крупные специалисты цветной металлургии В.И. Тихонов, Л.Л. Солдатов, Е.И. Батенчук и энергетики.
Алмазодобывающая промышленность создана героическим трудом, золотыми руками представителей многих национальностей нашей Родины, таких, как сепараторщица Коненкова, бригадир бурильщиков С.Ф. Фархиахметова, делегат ХХIV съезда КПСС В.И. Чернобай, делегат ХХV съезда КПСС Р.И. Томилина, делегат ХХVI съезда КПСС Медведева, Герой Советского Союза В.А. Колдунов, Герои Социалистического Труда С.М. Васильев, И.И. Серебряков, В.Г. Трофимов, Н.В. Трофимов, Н.В. Титов, М.П. Орлов и многих других.
Алмазная промышленность воспитала наряду с прославленными представителями русского и других народов и якутские кадры, она стала кузницей кадров местной национальности, таких, как Герой Социалистического Труда Т.Г. Десяткин, экскаваторщик, Герой Социалистического Труда С.М. Васильев, лауреат Ленинской премии А.Н. Степанов, депутат Верховного Совета нескольких созывов Е.Н. Яковлева и многих других.
Развитие алмазной промышленности поставило злободневный вопрос о создании отдельного промышленного района, и Указом Президиума Верховного Совета Якутской АССР в 1959 году образован Мирнинский горсовет и в административное подчинение новому району из состава Сунтарского района в 1960 году переданы два наслега: Чонский и Садынский. В том году, как второй секретарь Сунтарского райкома ВЛКСМ, по заданию обкома комсомола мне приходилось официально вручить секретарю Мирнинского горкома комсомола личные дела (учетные карточки) 64 члеова ВЛКСМ Чонского и Садынского первичных комсомольских организаций, ранее состоявших на учете Сунтарской районной комсомольской организации. Так что, мне посчастливилось быть свидетелем создания Мирнинской городской комсомольской организации.
К.Е.Иванов,
Почетный гражданин РС (Я)
Видео трубки “Мир” в 2019 году.
Статьи К.Е.Иванова в моем блоге:
Как создавалась гранильная отрасль Якутии?
Взгляд ветерана на современное развитие республики
НЕСКОЛЬКО УТОЧНЕНИЙ ПОСЛЕ ПРАЗДНИЧНЫХ ФАНФАР
Журналистика любит правду! Климент Иванов о “Саханефтегазе”!
Евгения Исаевна Михайлова – яркий представитель якутской интеллигенции!
Память о большом друге Республики Саха (Якутия)
Что нельзя упускать в Год патриотизма
Фрументий Сафронов – как пример для третьего возраста!
Статья Климента Иванова о выдающемся сыне Олёкминского улуса!
Боевые заслуги легендарного снайпера И.Н. Кульбертинова должны быть достойно оценены.
Николай Никитич Яковлев – ветеран, хозяйственник, руководитель!
Много сделал для своей республики!
О Ю.М.Кайдышеве
ИЗ СЛАВНОЙ ПЛЕЯДЫ КОМСОМОЛЬСКИХ ЛИДЕРОВ
О А.И.Михееве.
Истинный патриот, славный сын народа Саха!
О П.Д.Осипове.
Его труд – яркий пример служения своему народу!
О М.Н.Евсееве
Она была гордостью народа!
О А.Я.Овчинниковой
К 95-летию Гаврила Иосифовича Чиряева!
Начало пути Республики Саха (Якутия)
О роли личности М.Е.Николаева
Климент Егорович Иванов о трудовом героизме ветеранов тыла
ПОСВЯТИЛ СЕБЯ СЛУЖЕНИЮ РОДИНЕ
об Е.Г.Егорове
Воспоминание о талантливом человеке.
о Н.И.Харитонове – Чуор
К 100-летию Героя Советского Союза Николая Кондакова!
“…Вы можете меня считать русским якутом!”
о И.И.Петрове
Моя страница в Дневниках якт ру.:
https://nikbara.ykt.ru/
Мой сайт (в процессе строительства):
https://nikbara.ru/
Просьба подписаться на мой канал “Николай Барамыгин” на Ютуб!
https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин
И на мои аккаунты в социальных сетях!
Я в Инстаграме @nb2015p
Персональная страница в “Фейсбуке”:
https://www.facebook.com/nikbaramygin/
«Одноклассниках»
https://ok.ru/profile/500676253992
«В контакте»
https://vk.com/nbaramygin
“Твиттер”
https://twitter.com/NBaramygin