- Блоги Якутии

1 год назад 152

Иһит сиэргэ-туомҥа суолтата

Былыргы сахалар сиэри-туому оҥорорго маһы, туоһу, сиэли, оҕус тириитин айыылары кытта ситимнээх матырыйаал быһыытынан тутталлара.

Ыһыаҕы аан бастаан Эллэй ыспыта диэн буолар. Толору кымыстаах чороону көтөҕөн баран айыыларга анаан туойбута үһү.

Кини улахан уола Лабыҥха Сүүрүк маҥнайгы үрүҥ ойуун буолар. Бу уол түһээтэҕинэ, маҥан тайахтаах, тугут саҕынньахтаах оҕонньор иһит эгэлгэтин көрдөрө-көрдөрө ааттарын этэттээбит уонна туохха туттулларын кэпсээбит. Кэлин улаатан баран бу иһити барытын оҥорон ыһыах ыспыт.

Тирии иһит. Таҥаска-сапка, иһиккэ, малга-салга туттуллар көҕүөр ойуу аатын кымыс кутар сылгы тириититтэн оҥоһуллар көҕүөр иһити кытта бииргэ туттуохха сөп. Ыһыахха айыылары кытта ситим биир сүрүн бэлиэтэ көҕүөр иһит буолар. Кэлбит ыалдьыкка барыларыгар бу иһиттэн айах туталлар. Маны тэҥэ ыһыахха туттуллар сири иhит «земля – чаша» диэн yy, сиик өппөт гына анаан таҥастаммыт, оҕус, тайах тириититтэн тигиллибит иһит туттуллар. Үрүҥ илгэнэн толоруллубут сир ийэни көрдөрөр иһит. Сир иччитэ Аан Алахчын Хотуну улахан иһит курдук көрүү кэпсэтэр тылга эмиэ хаалбыт: «Дьэ бу Сир ийэ быйаҥа таҕыста, күүгэннирдэ! Үчүгэй сыл буолсу! Сир иччитэ аһыттан бэлэмнээбит». Аан Алахчын баараҕай хатыҥҥа олорор быйаҥ иччитэ уонна сүөһүнү, оҕону биэрэр иччи-иһит (сосуд) эбит.

Сир таабырыҥҥа сиигэ көстүбэт, аҕыс иинэн туттарыллыбыт улахан тирии иһит диэн таайтарыллар. Халлаан эмиэ таҥнары ууруллубут иһит буолар: «Балаҕан үрдүгэр таҥнары быраҕыллыбыт ыаҕас сытар үһү». Онон Куйаар (Вселенная) саха итэҕэлигэр халлааны уонна сири көрдөрөр икки иһиттэн турар.

Көhүйэ «глиняный горшок». Күөсчүт, күөс охсооччү саастаах дьахталлар буолаллар. Эдэр дьахталлар уонна кыргыттар манан дьарыктаналлара бобуллара. Архыып матырыйаала көрдөрөрүнэн, бу идэтийбит дьарык буолар эбит, нэһилиэстибэ быһыытынан бэриллэн иһэрэ. Ким оҥорбутун оһуорунан уонна анал бэлиэтин көмөтүнэн билэллэрэ үһү.

Күөс иһит оҥоһуллуор диэри дьиҥнээх аатын этэр бобуллара. Харысхал тыл туттуллара: «Хайа буоргун төhөлөстүҥ, табыллыа дуо?». Уокка буспутун эрэ кэннэ саҥарыахха сөбө. Өскөтүн бобууну кэспит буоллахтарына, күөс иһит алдьанан хаалара. Онон көстүбэт эйгэни кытта ситимнээх дьарык быһыытынан сыаналанара.

Оҕо төрөөтөҕүнэ, киниэхэ анаан туой иһит оҥоттороллоро. Ылыахтарын иннинэ күөсчүттэн ыйыталлара: “Хайа бии кырабыт анала хайаата? Кэллэ дуу, суох дуу?». Онуоха алдьамматах, хайдыбатах буоллаҕына: “Ыбаахтаахха дылы!», – диэн хоруйдуура күөсчүт. Оччоҕо сакаастаабыт киһи үөрэрэ. Алдьаммыт, хайдыбыт буоллаҕына, куһаҕан бэлиэ буолара.

Туой иһит оҕо эрэ дьылҕатын билгэлиир буолбатах, сакаастаабыт хайа баҕарар киһи киэнин эмиэ көрдөрөр. Өскөтүн хайа бардаҕына бу ыалга: сүөһүтэ охтор, үүнүүнү кыайан ылбат, ким эрэ тыына быстар.

Онон көстүбэт эйгэни кытта күөсчүт хайдах алтыһарыттан киһи олоҕо тутулуктааҕа. Анараа дойду быраабылатын барытын билэрэ, тутуһара улахан суолталааҕа. Күөс иһит тапталлар кэмигэр таайар өссө маннык ньыма баара. Уокка туруорар кэмнэригэр үүттээх, сылгы саахтаах уунан толороллоро. Оччоҕо ол күүгэннирэн тахсан ынах эмиийин курдук уруһуйдары таһаарара. Ону сылгы уонна ынах эмиийдэрэ таҕыстылар диэн үөрэллэрэ. Элбэх буоллахтарына, быйаҥ тосхойоро.

Күөс иһити хатаран баран күөсчүт охсуолаан көрөрө. Чугдаар тыас оннугар бүтэҥи тыас иһиллэр буоллаҕына, куһаҕан бэлиэ диэн ботугуруура. Күөс иччитэ кыыһырбытын биллэрэр диэн буолара. Иһит иччитин нөҥүө иччилэр кэпсэтэллэр. Кинилэр дьылҕаны түстүүллэр.

Туос иһит. Киһи төрүөҕүттэн өлүөр диэри оҥоһуллар бары сиэргэ-туомҥа туттуллар. Ураһа сабыытыттан (дьиэл) саҕалаан, биһиккэ уонна эмсэххэ тиийэ бу иһит хайдах оҥоһуллара «Чабычах ырыатыгар» сиһилэнэр. Тигэргэ сылгы сиэлиттэн хатыллыбыт туос иһит ситиитэ туттуллар, быйаҥ уонна этэҥҥэ буолуу бэлиэтэ буолар.

Маллаах иһиккэ сир бэлиэтэ, хаппаҕар кириэс күн таҥараны уонна сир түөрт өттүн көрдөрөр бэлиэ быһыытынан түһэриллэр. Ынах ойуу сүөһү быйаҥын көрдөрөр. Маннык иһити туостан да, мастан да оҥороллор.

Мас иһит. Сиэргэ-туомҥа туттуллар иһиттэртэн биирдэстэрэ эбир хамыйах буолар. Түҥ былыргы көрүҥэ үс үүттээх, кэлин биэс, онтон да элбэх хайаҕастаах гына оҥорор буолбуттар. Бу аҕа уус сүгүрүйэр айыыларын ахсааныгар сөп түбэһиннэрэн оҥороллор. Кэлин өссө саҥа хамыйах баар буолбут – ойбонноох эбир хамыйах ‘букв: ложка эбир с прорубью’. Ол аата үс дойдуну ситимниир аналлаах. Үс салаалаах бэлиэни ойуулааһын ойуун эйгэтин кытта сибээһи көрдөрөр.

Түүр-монгуол омуктарыгар сиэргэ-туомҥа туттуллар хамыйахтара 9 хайаҕастаах (калмыктар, хакаастар). Хакаастар маннык хамыйаҕы «тоҕус харахтаах сиэр-туом хамыйаҕа» диэн ааттыыллар. Харах күҥҥэ холоонноох, күн Үрүҥ Аар Тойон айыы бэлиэтэ.

Күөсчүт туттар ытык хамыйаҕа ‘священная ложка’ чинчийээччилэр бэлиэтииллэринэн, күөс иһити ойуун дүҥүрэ, оттон хамыйаҕын былаайах солбуйбут буолуон сөптөөх. Күөсчүт ууска уонна ойууҥҥа аҕа инилэрэ буолуон сөп. Онон кинилэргэ кырыыс ыыттаҕына, хайалара да көтүрэр кыаҕа суох. Бу матриархат кэмиттэн кэлбит өйдөбүл буолара сабаҕаланар. Оччотооҕуга удаҕан эр киһитээҕэр быдан күүстээх дьайыылаах хомуһуннаах диэн итэҕэйэллэрэ.

Түөрэхбилгэлииргэ туттуллар хамыйах быһыытынан билэбит. Холобур, дьиэ туттарга сири түөрэх быраҕан билгэлииллэрэ.

Чороон– сиэр-туом толоруутугар уонна кымыс кутарга аналлаах иһит. 1965 сыллаахха археолог, этнограф Иван Васильевич Константинов Киин улуустарга 59 саха христианскай итэҕэлин ылымматах көмүүлэри археологическай хаһыыларга чинчийбитэ. Көстүбүт үс атахтаах чорооннору барыларын 1971 с. «Материальная культура якутов XVIII века (по материалам погребений)» диэн кинигэтигэр киллэрбит. Маска ойо быһан ойуулуур ньымалары чинчийэн үөрэтээччи И.А. Потапов былыр сахаларга уһуллар уонна кэтэрдиллэр үс атахтаах чороон баарын бэлиэтээбитэ: “Среди архаичных треногих чоронов встречаются экземпляры со вставными ножками” [Потапов, 1972, с. 73 ].

Икки ат төбөтө ойуу Сибиир былыргы култууратыгар тарҕаммыт ойуу буолар. Саха сиригэр б.э. I тыһ. сылын иккис аҥаарыгар Улахан Сэгэлээннээх хаһыытыгар уҥуохтан оҥоһуллубут моойго кэтиллэр ымыыга көстүбүтэ. XVII–XVIII үйэлэрдээҕи хаһыыларга итинник ымыылар таҥаска уонна иһиккэ көстөллөр. Түмэллэргэ баар эспэнээттэргэ көрөрбүтүнэн сири иһит киэргэлэ буолар. Бэлиэтээбиппит курдук, бу иһит айыылары тардарга уонна айах тутарга туттуллар. Бу маннык ымыылар ортолоругар сылгы төбөлөрө үүннэринэн төгүрүктэргэ сыстыбыт буолаллар. Чинчийээччилэр сабаҕалыылларынан, сылгыттан киһи төрүттээҕин көрдөрөр. Саха үһүйээннэригэр сылгы күнтэн төрөөбүтүн туһунан кэпсэнэр. Дьөһөгөй айыы күн сылгылара тарҕаммыттар, онтон дьон үөскээбиттэр. Ол аата сылгы киһи төрдө буолбут. Ол да иһин аҕатын туйаҕын хатарбыт диэн сомоҕо домох баар. Дьахтар курун уонна өттүгүн киэргэлигэр бааллар.

Тараах ойуу (тараах ‘гребень’). Ардыгар от ойуу (от ‘трава’) дииллэр. Тараах ойуу кэккэлэччи бөлөҕүнэн дуу, сыһыары дуу ойууламмыт кылгас-уһун эбэтэр тэҥ туруору сурааһыннар буолаллар. Ниэмэс этнограба Улла Йохансен оһуордар ааттарын уонна тугу бэлиэтииллэрин (символ) суруйбута: «Например, наверху у каждого чорона есть тарах ою (гребенчатый узор), который, оказывается, является символом плодородия во всех культурах. Треугольник – символ женской плодовитости» [4, с. 40]. Бу бэлиэлэр үс дойдуга нус-хас олоҕу уонна олох биир тэтимнээхтик салаллан иһэрин эмиэ көрдөрөллөр эбит.

Үс муннуктуу бэлиэлэр ураһаны көрдөрөллөр ураһа ойуу эбэтэр биэ эмиийэ диэн ааттаналлар. Дьахтар уонна элбэх төрүөх кэлиитин бэлиэтэ буолар.

Ыһыахха кымыһынан айах тутуу сиэригэр-туомугар чэчири илин диэки кэккэлэччи анньаллар. Сылгы маҥан сиэлин уонна тордуйаны иилэн ситии тардаллар уонна түмүгүн сири иһиккэ угаллар. Бу ситии устун айыылар үрүҥ илгэни түһэрэллэр. Ол ити иһиккэ таммалыыр. Оннук Аан Алахчын Хотуҥҥа сиэри-туому оҥорорго ситиигэ 7 сиэли ыйыыллар уонна 3 томторугу, үс тууйаһы. Бу дэлбиргэ эбэтэр салама ыйааһына диэн ааттанар. Алгыыллар, аал уоту арыынан айах туталлар. Ситии – айыыларга тахсар эбэтэр айыылар түһэр айыы суола буолар.

Ити курдук иһит-хомуос ханнык көрүҥэ сиэргэ-туомҥа уонна саха олоҕу көрүүтүгэр айыылары, иччилэри кытта ситимниир ытык тэрил буоларын, хайдах туттары көрдүбүт. Төрөөбүт тылгытын, култуураҕытын үөрэтиҥ, өбүгэҕит ситимин быһымаҥ диэн ыҥырыа этибит. Саха буолан сандаарыҥ, киһи буолан килбэйиҥ!

Литература

Алексеев А.Н., Крюбези Э. Археология, этнография и антропология Евразии Том 44, № 2, 2016. С. 91-101.

Васильев В.Е., Николаева А.М. ОСОБЕННОСТИ ОРНАМЕНТАЦИИ ЧОРОНА – РИТУАЛЬНОЙ ПОСУДЫ ЯКУТОВ // Международный научно-исследовательский журнал ▪ № 11 (53) ▪ Часть 2. С. 17-19.

Добавить комментарий