Саха норуотун оҕону иитэр үөрүйэхтэрэ - Блоги Якутии
Архив автора

3 года назад 270

Саха норуотун оҕону иитэр үөрүйэхтэрэ

Статья Константина Чиряева о якутских традиционных методах воспитания детей из книги “Этнопедагог Константин Спиридонович Чиряев”.

“Этнопедагог Константин Спиридонович Чиряев” диэн 2017 сыллаахха тахсыбыт хомуурунньуктан 1992 сылга “Ленин суола” хаһыакка тахсыбыт К.С.Чиряев ыстатыйата.


Это изображение имеет пустой атрибут alt; его имя файла - kniga-chirjaev.jpg



САХА НОРУОТУН ОҔОНУ ИИТЭР ҮӨРҮЙЭХТЭРЭ


(«Ленин суола», 05. 03.1992 с.)

Ороһутааҕы народнай педагогика музейа – бу көрдөруугэ эрэ туруорар экспонаттардаах музей буолбакка – үгүс элбэх ахтыыны, норуот муудараһын түмэр матырыйаалы сөҥөрүнэ сытар сүүнэ тэрилтэ. Музейга бу үлэни ис сүрэхтэриттэн өйдүүр, сөбүлүүр дьон үлэлииллэр: директор Ф.А. Васильева, музейы тэрийии идеятын өр кэмҥэ дууһатыгар иитиэхтээн олоххо киллэрбит К.С. Чиряев, кинилэри өйөөбүт уонна тэбис тэҥҥэ үлэлэспит музей советын председателэ Д.Г. Харахова. Эдэр үлэһиттэр эмиэ интэриэстээхтик, ис дууһаларыттан үлэлииллэр. Атын сиргэ курдук, директор суок буоллаҕына, музей сабыылаах буолбат. Эдэрдэр бэйэлэрэ кэлбит дьоҥҥо көрдөрбүтүнэн, кэпсээбитинэн бараллар.



Кыһыл оҕоҕо


Кыһыл оҕону сахалар биһиккэ сытыараллара… Биир оҕоҕо икки биһиги хаһан да оҥорбот үгэстээхтэрэ. Оҕону «абааһыттан» харыстаан, биһиги «оҕо уйата» дииллэрэ. Уйаны оҥорбут киһи онорон бүтээт, сылаас арыынан ибиирэрэ. Онтон оһоҕун уотун аһатан, уйатын уокка ууна-ууна оҕо туһугар алгыс тылларын этэрэ.

Биһик чараас хаптаһынтан оҥоһуллар, дьааһыкка маарынныыр. Илин өттө арыый үрдүк. Алын өттүгэр оҕо иигэ сүүрэр суолахтш ону «оҕо ыҥыыра» диэн ааттыыллара, туостан онороллоро. Төбөтүн диэкинэн талах чампарыктаах, онтон тутан уйаны хамсаталлара. Онно оҕо «эмэгэттэрин» ыйыыллара: саһыл муннун, улар эбэтэр атын көтөр атаҕын, эһэ тыҥыраҕын.


Сахалар оҕолорун абааһыттан харыстыыр ньымалара


Мэҥэ Ханалас оройуонун Дьабыыл оскуолатын директора И.Г.Сергучев суруйуутуттан:

Оҕону сэттэн-сэмэттэн, аньыыны оҥорууттан харыстыыр үгэстэр олохтоноллоро:

Киэһэ, сарсыарда хаһыытыыр, иһиирэр, кэҕэлиир, суордуур бобуллара.Абааһы истиэ диэн буолара.

Киһи уҥуоҕун, уус кыһатын, сэргэни, ойуун тэриллэрин, эргэ сэби тыытыы бобуллара (ойуун, удаҕан уҥуоҕун тумна хаамаллара).

Ытык дьонтон, ох тыллаахтан, ойуунтан, удаҕантан о.д.а, быһа этиллибэт инниттэн, сэмэйдик туттуу ирдэниллэрэ.

Сир-дойду иччилэрин көбүтүү оҕоҕо-урууга кутталлааҕа, ол иһин улуу сири аатын да этиппэт курдук үөрэтэллэрэ.



Сахалар дьиэ олоҕун буларга сылыктыыр, билгэлиир ньымалара


Тулалаан турар тиит мастар лабааларынан – мас мутуктара үөһэ диэкки өрө үүнэн, үмүрүччү, төбөлөрө биир дьөрбө буоллаҕына, бу «бүтэй сиринэн» ааҕыллара.

Мастар мутуктара туора сараччы үүнэн, төбөлөрө сатаҕай түбэлтэлэригэр бу «аһаҕас сир» (абааһы кэлэр-барар дойдута) табыллыбат дэнэрэ!

• Дьиэ олоҕо түһүөхтээх сиригэр эрдэ мас хатырыгын көпсөлүү быраҕаллара – онно хас эмэ хонон баран кэлэн көрдөххө, хомурдуос мустубут буоллаҕына сылаас, өҥ эркиннээх сир буолсу диэн сөбүлүуллэрэ; оттон мустубатах буоллаҕына, куһаҕан эркиннээх сир дэнэрэ.

• Дьиэни сирин-уотун талан, сөбүлээн тутар күннэригэр тумул-томтор сир үрдүгэр тута сатаабаттар. Наар намыһах, күлүк өртүн талаллара, ол («абааһы суолуттан») тыалтан-куустан саһыы ньымата этэ. Ол эрээри улахан баайдар киэҥ, ыраас, үрдүк, үктэллээх тумул үрдүгэр алгыс, сиэр-туом толорон, олохсуйалларын сөбүлүүллэрэ. Дьадаҥы киһи ол сиэри-туому тэринэр аһа-үөлэ о.д.а. суоҕа, ол иһин саһар сирин булунара.

Дьиэни урдүк Айыы – Күн араҥаччылыыр курдук илин диэкинэн аанныыллара, арҕаа, хоту өттүнэн ааннанар аньыы буолара («айан ойуунун», «абааһы суолун» туһаайыыта диэн сирэллэрэ).

Оҕо турбат, оҕо өлөр буоллаҕына ол сиртэн көһөн, атын кыстык эбэтэр сайылык сири булаллара («эмиэ абааһыттан куотар» ньыма). Ол иһин ойуур, тыа, систэр быыстарыгар олус элбэх өтөхтөр омоонноро бааллара.

Саха киһитии олоҕо, үлэтэ оҕолоох, ыччаттаах буолар туһугар ананара. Оҕо, ыччат баар буоларыгар баҕарыы улахан этэ.



Сахалар ааттара


Ономастика диэн анал ааттары үөрэтэр наука баар. Ономастика элбэх салаатыттан биирдэстэрэ – антропонимика, дьон анал аатын үөрэтэр.

Аан дойдуга сорохтор 3 тыһыынча, сорохтор 5-6 тыһыынча кэриҥэ араас норуоттар олороллор дииллэр. Оннооҕор Дагестаҥҥа 6 араас тыллаах, 33 наречиелаах омуктар бааллар. Олор ааттара бары туох эрэ ураты тутуллаах буолар. Ол эрээри аат уөскүүр тутулун түөрт сүрүн модельга араарыахха сөп.

Аҕатын аата суох, фамилиялаах уонна хас да хоһулаһар аат Франклин Делано Рузвельт, Уинстон Леонард Спенсер Черчилль.

Аата соҕотох, фамилията хоһулаһар: Фидель Кастро Рус, Долорес Ибаррури Гомес (иккис фамилиялара үксүн ийэлэрин киэнэ буолар).

Аата уонна аҕатын аата эрэ, фамилията суох: Хоролийн Чойболсан – Хорло уонна Чолболсан.

Аата, аҕатын аата, фамилията толору. Холобура, Советскай Союзка олорор норуоттарга. Нууччалар XI үйэттэн аҕаларын аата ыйыллара, XVI үйэттэн фамилиялаахтара биллэр. Революция инниттэн кинилэри кытта чугас алтыспыт омуктар эмиэ үс тыллаах ааттаммыттара. Холобур, Украина, Белоруссия о. д.а.

Сахаларга нуучча ааттара Россияҕа холбоммуттарын кэннэ киирэн барбыттара, ордук христианскай итэҕэл киириититтэн. Сүрэхтээн баран сахаҕа аҕабыт эбэтэр миссионер хайаан да нуучча аатын биэрэрэ.

Нуучча аата тарҕаныытын сэргэ сахалыы да ааттар сүтэн биэрбэтэхтэрэ. Холобур, Быкаанап, Туруйаарап, Чомчуойап, Чыычаахап.

Христианскай итэҕэл киириэн иннинэ сахаларга ааттар араастаан үөдүйэллэрэ.


Төрөөбүт айылгытынан көрөн:

Сайыҥҥы, Алтыс, Эрэл, Сэгэр.


Оҕо өлүүтүттэн күрэтэн:

Бөрө, Ыт, Күтэр, Бырдах.


Хаһаайыстыба дьарыгынан:

Оҕус, Отчут, Чокуур, Мунду.


Туттар сэп аатынан:

Бүргэс, Балта, Ох.


Дьон социальнай илгэлэринэн:

Дархан, Кулут, Дьэллик.


Айылҕа көстүүлэринэн, тыынар тыыннаах, от-мас ааттарынан

: Баҕа, Күөрэгэй, Туллук.


Саха итэҕэлин кытта сибээстээх ааттар:

Ойуун, Сата, Кэрэх,


Киһи тас көстүүтүнэн:

Быыкаан, Харах, Ырҕай, Тараҕай.


Киһи майгытынан-сигилитинэн, өйүнэн, хорсунунан корон:

Ньургун,

Тимнр, Мохсоҕол, Быһый, Хадаар, Киһиргэс.

Оччолорго сахалар ааттара биир эрэ тылтан турара. Ыырдара кыараҕас буолан, биир да аат сөп буолара.

Сахалыы аат сүтэн, нуучча аатыгар киирии кэмин норуоттар чугасаһыыларыгар дьайар кэскиллээх суолунан ааҕыллара. Оттон билигин, бэйэни омук быһыьггынан билинэр кэмҥэ, саха национальнай культуратын биир суолталаах бэлиэтин сүтэрии быһыытынан сыаналаныан сөп.



Итэҕэл иитиитэ


Аһаан бүтэн баран тыыллаҥныыр аньыы – абааһы махтанар.

Атаххынан оонньоомо – ыалы кэрийэээччи (кумалаан) буолуон.

Уоскун тэбэнимэ – абааһы үтүктүө (аллараа уоһу охсон «музыкалаатахха».

Киһи унуоҕун илиигинэн ыйыма – аньыы. Өскө алҕас ыйан кэбистэххинэ: «Тпу! (силлээ). Көмүс илиибин төннөр!», – диэ.

Былыргылар дьиэ туттар сирдэрин сайын, сырдык-харана былдьаһан эрдэҕинэ (киэһэ хойут) күөллэрин үс төгүл төгүрүйэн баран, итии салгын илгийэр сирин булан, онно олохсуйаллара. Оттон тымныы салгын анылыйар сиригэр олохсуйбут киһи «ыал буолбат, эстэр»,-дииллэрэ.

Биир иһиттэн хамыйаҕынан баһан аһыыр буоллахха, бэйэн өртүнээҕи кытыыттан баһан сиэ – иһит ортотуттан эбэтэр атын киһи баһа олорор сириттэн баһыма, киһи иҥсэтэ түһүө (ыстаныа).

Дьааһык киэһэҕэ (киһи өлбүт киэһэтэ) улаханнык санарсымаҥ, мээнэ күүгүнээмэҥ, күлсүмэҥ-салсымаҥ – чугас ыалбытыгар киһи өлбүт. Оннук кэмҥэ 2-3 хонукка кэри-куру сылдьаҕын, Ити сокуонунан бокуонньугу ытыктыыргын көрдөрүллэр,

Кырдьаҕас киһиэхэ көмөлөһөр буол – алгыһа тиийиэҕэ.



Айылҕа сиэрэ-туома


Улуу күөллэри, улуу үрэхтэри ааттарынан ааттаныллыбат – «эбэ» дэниллэр.

Аан бастаан үлэлии, бултуу, балыктыы кэлбит сиргэр сүгурүйэн, уот отто түһэн, ас кутан, сыт таһааран, алҕаан, көрдөһүллэр.

Отун-маһын алдьаппакка, айдаарбакка, чөкө оргууй сылдьыллар, Оччоҕо сир-дойду иччитэ сөбүлүүр.

• Улуу күөллэргэ, үрэхтэргэ, түһүүлэргэ-дабааннарга дьон ытыгылыыр саламалаах маһын тыытыллыбат. Киниэхэ тугу эмэ ыйааи, кыбытан, аһатан ааһыллар.



Хол этэ хойдор, буут этэ буһар


Сахалар оҕону, ол иһигэр уол оҕону, иитиигэ үс сүһүөх кэми араараллара.

Бастакы сүһүөх (5-8 сааһыгар) – уллуҥаҕа хараарыыта. Оҕо сайыны быһа атах сыгынньах сылдьан тинилэҕэ кытаатар, чэрдийэр. Оҕо (уол, кыыс) кыра үлэни толорор: оҕо көрөр, дьиэ харбыыр, муус түннүгү кырыатыыр, тымтык тутар. «Унуоҕа хаанырыа» диэн оҕоҕо ыарахан үлэни толорторботторо.

Киһи олоҕо айылҕа уларыйыыларыттан тутулуктааҕын оҕо кыратыттан бэйэтин этинэн-хаанынан билэрэ. Күөлү, ойууру, өтөҕү, хас биирдии маһы тыынар тыыннаах, киһилии дууһалаах курдук саныыллара.

Сири-дойдуну, уоту аһатыы, өтөххө салама ыйааһына, түөрэх быраҕыыта – өбүгэлэрбит үйэлэр тухары илдьэ кэлбит үгэстэрэ.

«Элиэ көтөр тоҕо кулун курдук кистиирий, билэҕит дуо? Уоруу – улахан буруй. Элиэ хаһан эрэ сылгыһыт этэ. Маныыр үөрүттэн уоран кулуну сиэбит. Ол иһин сааһыҥ тухары кулуннуу кистии сырыт, суолга охтубут собулҕаны тоҥсуйа сырыт диэн кыраабыттар».

Кыһынны уһун киэһэлэргэ оҕолор олоҥхоһут, остуоруйаһыт алыптаах кэпсээннэрин истэн, чуумпуран, бүтуннүу кулгаах-харах буолан олороллоро. Олор бары оҕону куһаҕан кэмэлдьиттэи туора турарга угуйаллара.

Иккнс сүһүөх кэм (8-11 саастарыгар) – «эрдэҕэс оҕолор» дэнэллэрэ. Уол, кыыс оҕо үлэтэ уратыланар. Дьоҕурунан, талаанынан керөн идэтитии салҕанар. Уол оҕо аҕатын утумнууругар тоҕоостоох сааһа,

Үһүс сүһүөх 14-18 сааһы хабар – «бөтөҕө киириитэ» дэнэр. Уол оҕо буутун этэ буһар, холун этэ хойдор. Эт-хаан өттүнэн сайдыыга илии-атах оонньуулара улахан оруоллаахтара. Былыргыта сахаларга да оонньуутугар 15, күүһү билсиигэ 4, үҥкүүгэ-көтүүгэ 7, көрдөөх оонньууларга 16 көрүҥнэр бааллар эбит.

Нууччалар кэлиэхтэрин иннинээҕи кэмҥэ уолу кыргыс үөрэҕэр уһуйаллара, эр диэн ааты иҥэрэллэрэ. Саха олоҥхотугар уол оҕону Үөһээ дойдуга Үрүн Аар тойоҥҥо, Кытай Бахсылаан оҕонньорго этин-хаанын эрчиттэрэ, улуу охсуһууга уһуйтара ыыталлара. Онтон эр бэрдэ Күн сирин көмүскүүр бухатыыр буолара.



Өс хоһоонноро


Ханнык баҕарар омук ыччатын, дьонун иитэригэр эгэлгэ өс хоһооннорун туһанар. Сахалар үйэ-саас тухары чочуйан уос номоҕо овостубут ох тыллара төрөппүккэ уонна ыччакка бэргэн сүбэлэринэн, эбэтэр сытыы кылыс сэмэлээһининэн, арыт модьуйуунан буолаллар. Кинилэр олоҕу, өйү-санааны, сиэри-майгыны араас өттүлэриттэн бэрт мындырдык, бэрт хотуулаахтык чобуо тыл күүһүнэн бүүрэ-хаайа тутан, чөмчөтөн көрдөрөр уратылаахтар. Ол иһин өс хоһоонноро ырытан, ыраҥалаан истэх аайы нарыннык чочуллубут күндү таастыы, эгэлгэ өйдөбүллэнэн иһэллэр. Ону тоҕоостоох түбэлтэҕэ үөрэтэрдии эбэтэр элэктиирдии, сэмэлиирдии эбэтэр модьуйардыы этэн кэбистэххинэ, оҕо өйүгэр үйэ-саас тухары хатанан хаалаллар. Олоҕун устатыгар сырдыкка, кэрэҕэ, үрдүккэ ынырар суолдьут буолаллар. Сахалар тыһыынчанан ахсааннаах өс хоһооннорун айбыттар.



Ааллахха оннооҕор тимиртэн арыы тахсар.

Аҕыйах тыл минньигэс, элбэх тыл сымсах.


Айан аргыһы таптыыр.

Албын тыла мүөттээҕэр минньигэс.

Атаҕастыыбын диэн атаххыттан ыллараайаххын.


Атас туһугар атах тостор, кэргэн туһугар кэтэх туллар.


Баай оҕото — бардам, тот оҕото — дохсун.

Биир бэйэҥ бэрт буолуоҥ суоҕа.

Биир тыл — минньигэс, биэс тыл — сымсах.

Кнһн киэнигэр ымсыырыма — бэйэҥ киэниттэн матыаҥ.


Тыл маастардара олох, дьон-сэргэ, үлэ-хамнас туһунан айымньыыларыгар бэргэнник, мындырдык этэн кэбиспит буолаллар, Оннук этиилэр өс хоһоонугар майгынныыллар.

«Дарбааннаах тыл бэрт түргэнник этиллэр даҕаны, ол курдук бэрт түргэнник күдэн кэриэтэ көтөр даҕаны» (Софрон Данилов).

«Куһаҕан киһи үтүөнү да холуннара, үрдүгү да намтата сатыы сылдьар идэлээх» (Амма Аччыгыйа).

«Үтүө киһи ылбычча да соҕуһу тупсара, киэргэтэ сылдьар идэлээх» (Амма Аччыгыйа).

«Ааспыты аанньа ахтыбат киһи — силиһэ быстыбыт үүнээйи» (Софрон Данилов).

«Киһи билиитэ төһө татым, чычаас даҕаны, соччонон ордук куолуһут, билээҕимсик буолар идэлээх» (Софрон Данилов).



Булчут алгыһа


Аал уотум иччитэ

Алтан сэбирэй эһэм,

Баай хара тыам иччитэ

Баай Барыылаах,

Алтан куолай айаххытыгар

Алҕаан аһатабын,

Көмүс күөмэйгитигэр

Күндүлээн эрэбин.

Куруҥ хара тыам иччитэ

Кураҕаччы Сүүрүк

Күрэһэ Бэргэн,

Үрүн сүүрүккүттэн

Өлүүлэрэ диэн

Сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэбин,

Хара сүүрүккүттэн

Харайаарай диэн

Хаалдьыктаах бэйэм

Хааҥкыйабын,

Эгэлгэ бэйэлээххиттэн

Эбээрэй диэн

Иэччэхтээх бэйэм

Иҥнэйэбин.


«Өлбөт үөстээх бөлүһүөк»


Ити курдук сүүстэн тахса сыллааҕыта академик Афанасий Обручев суруйбута. Кини Сибииргэ чинчийэр үлэни ыыта сылдьан, Германияҕа олорор ийэтигэр, немкаҕа, немецтии Сибиир норуоттарын туһунан элбэх суругу суруйбут. Ийэтэ, үөрэхтээх уонна улахан сабыдыаллаах дьахтар буолан, Германияҕа уолун суруктарын кинигэ быһыытынан таһаартарбыт.

Онно сахалар тустарынан суруйууларыгар кинилэри наһаа хайҕаабыт. Кини саха олоххо улахан дьоҕурдаах, чэ, холобура, былырыын быһахтаах, сүгэлээх уонна күөстэнэр иһиттээх саханы тараҕай таас хайа үөһээ өртүгэр таһааран кэбиспит буоллаххына, нөҥүө сылыгар тиийдэххинэ, кини, өлүөхтээҕэр буолуох, үчүгэй хаһаайыстыбалаах, астаах-үөллээх, үөрэ-көтө көрсүөҕэ. Саха оннук сатабыллаах, олоххо дьоҕурдаах, өлбөт үөстээх диэбит. Кини өссө саха уҥуоҕун силиитигэр тиийэ бөлүһүөк, этэр тыла боччумнаах, дириҥ ис иэйиилээх диэбит.

Сахалар ыллыктарын, суолларын-иистэрин батыһан, кинилэр көмөлөрунэн-өйөбүллэринэн кэлии атын омуктар дьонноро бу дойдуга олохсуйдахтара. Ол туһунан сыылкаҕа сылдьыбыт араас омуктар үөрэхтээх дьонноро улахан махталынан суруйбуттара элбэх.

Санаан көрүҥ, туох баар таҥнар, утуйар таҥаһы, дьиэ элбэх кэргэнигэр барытыгар кыһын-сайын кэтэр гына, сүөһү, кыыл тириитин имитэн тигии, дьиэ, булт тэрилин барытын бэйэ оностуута – төһөлөөх түбүгү, үлэни,сыраны-сылбаны, сатабылы эрэйэрэ буолуой!

Дьахтар барыта иистэнньэҥин үрдүнэн мааны таҥастарын тигэр көмүс тарбахтаах уус дьахталлар баар буолаллара үһү, Онтон эр дьон эмиэ олоххо-дьаһахха, булка-аска туттар тэриллэрии бары сатаан оҥостоллоро.

Ону таһынан тимир уустара бааллара. Тимир уустара бэрт былыргыттан, нууччалар кэлиэхтэрин инниттэи, тимир рудатыттан тимири уһааран ылаллара уонна тимиринэн үгүс элбэх сэби-сэбиргэли оҥороллоро. Бүлүүгэ, Лөкөчөөҥҥө Куба Саарбыттан тус хоту, көс кэриҥэ сиргэ, Тимирдээх диэн күөл баар. Ол күөлгэ тимир рудата баар үһү. Онно тнмир уустара былыыр-былыргыттан тимири уһаараллара дннллэр. Уустар сайын баран, сайылаан олорон тимир рудатын күөрдүнэн чох кыһыл уотугар үрдэрэ-үрдэрэ балталыыллара, Оччоҕо, рудаттан тааһа, чугууна, тимир сааҕа дэнээччитэ арахсан тохтор, тимир бэйэтэ эрэ хаалар. Оннук тимирдэри болгуо тимир дииллэрэ, Ол болгуоларын кыһын атынан, табанан тиэйэн ылаллара үһү.

Тимир уустара араас туттар тэриллэри оҥороллоро. Кинилэр оччотооҕуга тугу оҥороллорун таайар чэпчэки – сахалыы ааттара барыта нууччалар кэлиэхтэрин иннинэ саха бэйэтэ оҥосторун кэпсииллэр. Холобур, быһах (нож), сүгэ (топор), кыптыый (ножницы), быһах эрбии (ножовка), эрбии (пила), сүүтүк (наперсток), иннэ (иголка), солуур (ведро), хотуур (коса), устуруус (рубанок), күөбүл (скребок) уо.д.а. Оттон нууччаттан киирбиттэр нууччалыы ааттаналлар. Холобур, ньуоска (ложка), бииккэ (вилка), чаанньык (чайник) уо.д.а.

Итини таһынан тимир, көмүс уустара араас киэргэллэри наһаа сатабыллаахтык оҥороллоро.

Тыйыс айылҕалаах сиргэ сылгыны, ынаҕы иитиигэ, олоҕу оностууга саха сатабыла, дьоҕура, тулуура, мындыра улахан оруоллааҕа саарбаҕа суох.



Оһуокай


(Н.Е. Петров суруйуутуттан)

Оһуокай искусство үс көрүҥэ: поэзия, ырыа, үҥкүү – бииргэ силбэһэн-ситимнэһэн сылдьар кэрэ эйгэлээх норуот дьикти айымньыта. Ыччаты эстетическэй, эт-хаан өттүнэн иитэр-эрчийэр, ураанхай саха эриэккэс оонньуута.

Оһуокай – төрөөбүт тылы баһылааһын, ийэ тылга таптал, дьүөрэ тылынан сатаан саҥарыы, хомоҕойдук тута хоһуйуу уус-уран оскуолата. Норуот ырыаһыттара, тойуксуттара, олоҥхоһуттара, билиҥҥи поэттара даҕаны түһүлгэҕэ төрүүллэрэ, оһуокайтан уһуйуллаллара.

Оһуокай поэзията тема өттүнэн муҥура суох киэҥ. Кини хоһооно кэрэ куолаһынан, тойугунан-ырыанан коллективнайдык толоруллар буолан, киһи дууһатыгар ураты дьайар, быһаччы тиийэр, Айгыр-силик айылҕа эгэлгэ көстүүлэрин, иитиллибит ийэ эйгэ эҥин-дьикти сирин-уотун, уутун-тыатын, отун-маһын, көтөрүн-сүүрэрин, үчүгэйин-кэрэтин тыыннаах хартыына оҥорон, иэйиилээхтик, тапталлаахтык хоһуйан түһүлгэҕэ ыллааһын – ыччаты сири, төрөөбүт айылҕаны таптыырга, харыстыырга, ис-хаан экологическай культуралаах буоларга иитэр.

Оһуокай оҕо куолаһын сайыннарыыга, кылыһаҕы үөскэтиигэ, тойуксут. ырыаһыт, музыкальнай буоларга эрчийэр. Оһуокай түһүлгэтигэр кыра да, кырдьаҕас да бары түмсэн бииргэ үҥкүүлүүллэр, ыллыыллар, көлүөнэлэр көрсүһэллэр. Кыра оҕолор түһүлгэ ортотугар оонньуу сылдьан, оһуор-солко охсуллар, ойуу-дьэрэкээн иһиллэр улуу хоровод — оһуокай умсугутар тас кэрэтин, тойугун-ырыатын үйэ-саас тухары харахтан хаалбат хартыына гынан нҥэринэллэр.

Оһуокай үҥкүүтэ оҕо ,биэс сааһыттан, илиитин-атаҕын кыайа туттунан сүүрэр-көтөр кэмиттэн имиллэн-хомуллан, ритмиката сайдан үнкүүһүт буоларыгар көҕүтэр оскуола буолар, ырыа мелодиятын музыка курдук истэн, илиинэн-атаҕынан, этинэн-хаанынан бүтүннүү үҥкүүлүүр дьоҕуру үөскэтэр. Бытаан, түргэн хаамыы үҥкүүлэрэ, көтүүтэ эти-хааны эрчийэр, сайыннарар, чэбдигирдэр. Онон арҕааҥы ходуул культура дьан-дьаһах курдук тунуйуутуттан ыччаппытын араҥаччылыыр биир сүрүн маассабай оонньуубут буолар.

Оһуокайдааһын уопсай өрө көтөҕүллүүнү үөскэтэр, өйү-санааны уһугуннарар. Үҥкүү тылын кыра саастан этэ үөрэнии кими баҕарар публикаҕа тахсан, иҥнибэккэ-толлубакка этэн-тыынан, ыллаан-туойан барарга, самодеятельнай артыыс, импровизатор-хоһоонньут, айылҕаттан араатар, лектор буоларга үөрэтэр. Ол иһин оскуолаҕа сарсыарда уруок иннинэ уонна перемена аайы оһуокайдаан оонньооһун сүргэни көтөҕөр, оҕону активнай позицияҕа киллэрэр, кини өйүн-санаатын сытыырхатар, саҥарыах-иҥэриэх баҕатын үөскэтэр, уруокка ылламнык. эрчимнээхтик кыттарын хааччыйар.

Оһуокай. ритмическэй ноҕоруусканы биэрэр буолан, тыынар, саҥарар. ордук өрөһө, ойоҕос былчыҥнарын, тыҥа кыаҕын, куолас силгэлэрин уонна нсрвнэй система үлэлэрин күүһүрдэр, эрчийэр.

Оһуокай эргиччи иитэр-үорэтэр, сайыннарар кыахтарын оҕону иитиигэ туһаныы дьиэ кэргэнтэн саҕаланыахтаах. Көтөххө сылдьар кыра оҕо киһи түһэҕэр үҥкүүлүү сатыыр буоларын кытта кини эккириирнн эһиэкэй дэгэрэҥ ырыатынан доҕуһуоллаан, ритмическэй хамсаныытын сайыннарыахха сөп. Үҥкүү тылын этиини магнитофоҥҥа суруйтаран баран, оҕо бэрт кыратыттан дьиэтигэр, детсадка, оскуолаҕа элбэхтик истэрин хааччыйыахха.

Оһуокай сайын ыһыах кэмигэр эрэ үҥкүүлэнэр диэн сыыһа өйдөбүлтэн босхолонон, оһуокайынан оҕо, ыччат тиһигин быспакка уонна хайа кыалларынан улахан дьону кытта бииргэ дьарыктанар программата оноһуллуохтаах.



Былыргы уруу тэрээһинэ



Кэргэн кэпсэтии


Былыр кэргэн кэпсэтии оһуобай туспа бэрээдэктээх, үгэстээх. Уоллаах кыыс бэйэлэрэ сөбүлэһиилэринэн холбоһуулара аҕыйах этэ. Кинилэр оннуларыгар ону дьонноро быһаараллара.

Уоллаах ыал, сытыы-хотуу киһини суорумньу оностон, кыыстаах ыалга ыыталлар. Кини кыыс ийэлээх аҕатын кытары баран кэпсэтэр. Анарааҥҥылар сөбүлээтэхтэринэ, уол аҕатыныын кыыс көрө кыыстаах ыалга кэлэллэр. Кинилэр күнүнэн эбэтэр хонон төннөллөр.

Баай киһи буоллаҕына бэйэтэ барбат. Суорумньутун иккиһин ыытар: 10 киһилээх түһэ барабын диэн. Кыыстаах киһи итиннэ ас бэлэмниир: 3 буут арыыга 2 сылгы иһинэн саламаат. Саламааты буут 30 муунта киирэр кытыйатыгар куталлар уонна муунта истээх мас хомуоһу угаллар.

Онно халыымы быһаарсаллар.

Дьиэлээх: «Бастыҥ хамыйаҕы баһар киһитэ буол», – диир кынныгар. Кылын аһастаах киһилээх кэлэр. Былыр 20-30 (муунта) саламааты сиир дьон баар буолаллара үһү. Ол киһини «ас баһын быһааччы» дэнэрэ.

Кэпсэтии табылыннаҕына, уонча хонон баран уол ойоҕун хоонньоһо барар. Хоонньоһор кэһиилээх. Кыһыны быһа уол кэлэр-барар, күтүөттүүр. Муус устарга «көрдүүр кэһиилээх» кэлэн, сүгүннэрэн барар.



Харамдьы


Кыыс сыаната биллибэт, ол аата, сыанатын этиллибэт. Ол оннугар кыыстаах киһи сүөһү үүрэр киһилээх кэлэр. Уоллаахтартан төһө сүеһүнү үүрэн илдьэрэ көҥүлэ. Ол таһыгар күөн көрсүһэр дьоннордоох, аһас киһилээх. Дьахтарга кэлэр эмиэ халыымнаах, атыыттан атын.

Дьахтарга хара тыһаҕас тириитинэн мананынан (тирии) ойуулаан бүрүө оҥороллор. Тойон киһи дьиэҕэ көстөрүн кытта кыыһы онон бүрүйэллэр. Кимиэхэ да көрдөрбөккө, ханас диэки бэлэмнэммит миэстэҕэ илдьэллэр. Эдэр дьон итиннэ кимиэхэ да көстүбэккэ, сэттэ хонукка олороллор. Бу дойдуга Тааппаҥ диэн киһи кэргэнин итинник ылбыта үһү.



Халыым


Халным – сүөһүнэн энин атыылаһыы. Ол кыыстаах киһи төһө баайдааҕынан 3-5-7-9 төбө буолар. Ол аата 3 ат, 3 биэ, 3 ынах (оҕус) эбэтэр 9 ат, 9 биэ, 9 ынах. Итини таһынан кэһии сүөһү диэн биир улахан сүөһү. Олох дьаданы киһи 1 уһаат тар, 1 таҥыы (1 көлө тардыыта бэс субата).

Харамньыга да, халыымна да кийиит икки энньэ кулуттаах (уолаах кыыс), Кыыс аҕатын аахтан тахсарыгар кулут уол аттаан биэрэр. Кыыс онно салҕанан атын миинэр. Тойонун аахха тиийдэҕинэ, кулут кыыһа төҥкөйөн биэрэр. Кийиит кини көхсүгэр үктэнэн сиргэ түһэр.

Бу дойдуга Баһылайка уола Бөтүрүүнньэ ойоҕо Сүөдэркээн (Суөдэр Өлөксөндүрүөп) кыыһа энньэ кулуттардаах кэлбитэ үһү.


Атыы

Атыы диэн сыанатын ыйан атыылаһыы. Кыыс 50, 100, 150, 200 солкуобай уонна арыгы буолара үһү. Онно харчынан сыаналаан сүөһүнү да бэриллэр эбит.

Атыы таһынан уоллаах киһи сулуу биэрэр: 2 ыиах, I сылгы игин. Итини таһынан сыбаайба тэрийэр. Өссө кэһиилэнэр.

Кыыс сүктэн кэлэригэр уоллаах киһи оҕоҕут оннугар диэн үчүгэй баайтаһын биэни эбэтэр ааттаах аты, кур оҕуһу биэрэр. Ходоҕойго (кыыс ийэтигэр), түҥүргэ (кыыс бииргэ төрөөбүт убайыгар) эмиэ бэлэх оноһуллар.



Кийиит кэлиитэ


Кийиит буспут ас кэһиилээх кэлэр: 9 мас иһиккэ саҥыйахтаах алаадьы, сылгы чабычаҕар (биэ ыыр ыаҕас) буһуу арыы, муунта истээх мас чөнкөйгө «уокка кээһэрдээх», матаҕаҕа хааламмыт буспут сылгы иһэ уонна сылгы баһа. Сылгы баһа үс сиринэн очоҕоско кутуллубут харта, хаан уонна арыы моойторуктаах. «Маннык үчугэй аһылыктаах баай ыал буолуо» диэн санааттан итини онороллор.

Кийиит кэлэн тиэргэннэ түстэҕинэ, ходоҕой дьахтар чөнкөдөөх арыыны хоонньугар кыбынан, илин хайыһан туран, уоту аһатар. Ол аата Иэйиэхсити аһатар. (Айыыһыт арҕаа, Иэйиэхсит илин буолар).

Кийиити үс тымтыктаах сиэтэн киллэрэллэр, таҥаһын устан, оронун онорон, быыһын түһэрэн, оронугар олордоллор. Ходоҕой чох тардыбытыгар үс тымтыгы быраҕар, арыы кута-кута алгыыр. «Сыспай сиэллээҕи сыһыаҕырда, оҥой сэргэни сириэлитэ, хороҕор муостааҕы элбээтиннэрэ, алаһа дьиэ тэринэ, аймах дьону билсиһэ, уйалаах оҕо иитэ, нидьий бараан тиэргэни иччилии, тойбордун хотону тупсара кэллим». Онтон аһааһын-сиэһин саҕаланар. Кэһиини ыалдьыттарга түҥэтэллэр.



Хаа хостооһун


Кийиит кэлбитин сарсыныгар, сарсыардааҥны аһылык кэнниттэн, хаа хостооһун саҕаланар. Кийиит эрэ барыта хаа хостоппот, баай эрэ дьон итини тэрийэллэр. Онон хаа хостооһуннаах кийиит диэн сурах буолар.

Хаа хостуурга икки мааны үтүө дьахтары аныыллар. Кийиит дьааһыгын 4 муннугар күөх оҕуруо эбэтэр күөх оту кутан кэлэллэр, Ону хаҥас диэки ыһаллар. Маны кэлбит оҕо-дьахтар хомуйуон сөп. Таҥаһы тэниччи тутан, көрдөрө-көрдөрө дьаарыстыы уураллар. Хаа хостонор кийиитин таҥаһа 9-туу буолар: 9 истээх сон, 9 халтаҥ сон, 9 ырбаахы, 9 былаат, 9 этэрбэс, 9 үтүлүк, о.д.а. Таҥаһы көрөн бүтэн баран, дьааһык түгэҕин бүргэһинэн кириэстии охсоллор, 4 муннугун дьөлүтэ кэйэллэр уонна: «Олох туох да суох», – диэхтээхтэр. Кийиит хаа хостообуттарга ырбаахы дуу, былаат дуу бэлэхтэтэлиир.

10 бууттаах уһаакка кийиит сылгы иһитин уган аҕалар. Иһит арааһыттан эмиэ – тоҕустууну. Ону таһынан бүтэй көмүс ыныырдаах, көмүс номуордаах буолар. Оччоҕо кийиит тэриирдээх дьахтар диэн аатырар.

Ити курдук баайдар оҕолорун ыал оҥороллоругар, урууну аат-суол былдьаһар гына тэрийэллэр эбит. Бу туһунан Бордоҥ оскуолатын кыраайы чинчийэр үөрэнээччилэрэ сиһилии суруйбуттар.


К. Чиряев

Бэс ыйа, 1986 сыл

Мин блогпар Ороһу нэһилиэгин, Үөһэ Бүлүү Бүлүү улуустарыгар командировка туһунан постар:


Бүлүү улууһун Тааһаҕар нэһилиэгин олоҕуттан…


Үөһээ Бүлүүгэ иһирэх кэпсэтии…


Экскурсия по Музею Славы г. Вилюйска 07.12.2021 г.


Музей народной педагогики в с. Оросу Верхневилюйского улуса: как воспитать новое поколение в 21 веке


Үөһээ Бүлүү. Ороһу нэһилиэгэр.


Видео экскурсии по Вилюйскому краеведческому музею им. П.Х.Староватова


Бүлүү улууһун олоҕун туһунан кэпсэтии

Моя страница в Дневниках якт ру.:

https://nikbara.ykt.ru/

Мой сайт:

https://nikbara.ru/

Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии

Главная


Мой канал в «Яндекс Дзен» –

NikBara

Просьба подписаться на мой канал “Николай Барамыгин” на Ютуб!


https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин

И на мои аккаунты в социальных сетях!

Я в Инстаграме @nb2015p

Персональная страница в “Фейсбуке”:

https://www.facebook.com/nikbaramygin/

«Одноклассниках»

https://ok.ru/profile/500676253992

«В контакте»

https://vk.com/nbaramygin

“Твиттер”

https://twitter.com/NBaramygin

Добавить комментарий