Третий век наслегу: продолжить развитие! - Блоги Якутии
Архив автора

4 года назад 172

Третий век наслегу: продолжить развитие!

В Год патриотизма жители Республики Саха (Якутия) должны вспоминать своих выдающихся земляков, внесших огромный вклад в развитие родной республики!

Вашему вниманию статья Почетного гражданина Республики Саха (Якутия) Климента Егоровича Иванова о перспективах развития Эльгяйского наслега Сунтарского улуса (на якутском языке).

В

Википедии

:


Эльгяй

(

якут.

Элгээйи) —

село

, центр Эльгяйского наслега

Сунтарского улуса


Республики Саха (Якутия)

.

Основано в

1771 году

.

В 1763 г. русский дворянин Алексей Данилов прибыл на эти земли с десятью казаками. Ими было начато строительство первых домов. Первые посевы ячменя, ржи приходятся на эти годы. Известно также, что предками эльгяйцев были 9 отцовских родов: Орох,Чакыр, Одуну, Тубэ Орох, Хатырык, Одуну-Суончу, Чуукаар, Илин Дьэпсэ. Первое одноклассное народное училище было открыто в 1875 г. И в тот же год было завершено строительство Православной церкви и началось богослужение.

С 1822 г. по 1897 г. Эльгяй был центром Сунтарского улуса. Гордостью улуса можно считать тот факт, что в 1900 г. улусный глава Г. П. Терешкин принял участие на всемирной выставке в Париже. В качестве его переводчика ездил учитель Д. Д. Сивцев. В Санкт-Петербурге Г. П. Терешкин был принят царём и из его рук получил орден.





Үһүс үйэтигэр үктэммит нэһилиэк сайдыытын салҕыахха!

Сунтаар улууһун сайдыытыгар күүс-уох, сэниэ биэрэр, атын нэһилиэктэр инники тардыһыыларыгар тирэх буолар бас-көс нэһилиэктэринэн былыр даҕаны, аныгы даҕаны бириэмэҕэ Элгээйи уонна Тойбохой нэһилиэктэрэ буолалларын умнуо суохтаахпыт. Тоҕо? Кинилэр тэнийэн сытар балаһыанньалара атын нэһилиэктэри суол-иис өттүнэн ситимнииллэр. Нэһилиэнньэ социальнай өттүнэн хааччыллыыларын дөҕөмсүтэллэр. Норуот үтүө традицияларын сайыннарыыга дьону түмэр оруоллаахтар. Элгээйи, Тойбохой барахсаттар былыр-былыргаттан улуу ыһыахтарынан суон сураҕырбыттара.

Оройуон социально-экономическай сайдыытын былаана оҥоһуллар буолуоҕуттан ыла ити балаһыанньа учуоттанар буолара.

Бүтүн Элгээйи нэһилиэгин туһунан, дьонун-сэргэтин кылгастык билиһиннэриэхпин сананным. Сыалым-соругум диэн бу историческай суолталаах нэһилиэк аныгы кэмҥэ сайдыы суолун былааннааһыҥҥа тарбах быыһынан түһэн хаалбатын наадатыгар туһуланар.

Элгээйи нэһилиэгэ кэрэ, дьикти айылҕатынан, дьоһун-мааны дьоннорунан, өбүгэлэрин үтүө үгэстэрин тутуһан, сахалыы сиэри-туому салгыырынан улууска эрэ буолбакка, Сахабыт сиригэр сураҕырар, Сунтаар улууһун биир сайдыылаах уонна кэскиллээх түбэтинэн буолар.

Элгээйи Саха сирин биир саамай кырдьаҕас нэһилиэгэ тэриллибитэ эһиил 250 сылын туолар. Онтон номоххо уонна быстах суруктарга этиллэринэн ити кэм быдан инниттэн Элгээйи киэҥ-куоҥ, өлгөм үүнүүлээх ходуһалардаах сиригэр сахалар киэҥник түөлбэлээн олорбуттара биллэр. Ричард Маак экспедицията 1859 сылга чуолкайдаабытынан Сунтаар улууһа 18089 киһи нэһилиэнньэлээҕиттэн Элгээйи нэһилиэгэр алаастарынан түөлбэлээн 2110 киһи олохсуйбут. Сүөһү иитиитэ биллэрдик сайдыбыт эбит. 1859 сыллаахха Сунтаар улууһугар 22728 сылгы, 33750 ынах сүөһү түһээн кинигэтигэр көстүбүт. Онтон Элгээйи түөлбэтигэр ити докүмүөҥҥэ 1480  ньирэй төрөөбүтэ бэлиэтэммитинэн сылыктаатахха, Элгээйигэ ынах сүөһү дэлэйдик үөскээбит эбит. Элгээйи сэлиэнньэтэ 18-с үйэ саҥатыгар үүнэн-сайдан тахсар уонна 75 сыл устатыгар Сунтаар улууһун киининэн буолбут.

Фото из интернета.



Бу нэһилиэк киэҥ остуоруйалаах, чулуу дьоннор үлэлээн-хамсаан олорбут, үөрэнэн тахсыбыт сирдэрэ. Элбэхтэн аҕыйаҕын эттэххэ, Элгээйиттэн оччолорго улуус кулубата Г.Терешкин, норуот училищетын директора Д.Сивцев 1898 сыллаахха Парижка буолбут Аан дойдутааҕы  норуот конгреһыгар кыттан сахалартан бастакыннан саха таҥаһын, культурнай экспонатын илдьэннэр быыстапкаҕа кыттыбыттара. Ол экспонаттар билигин Аан дойду биллэр музейдарыгар тиксибиттэрэ.

Фото из интернета.



Д.Д.Сивцев — представитель Якутской области на Парижской выставке 1900 г.





Өссө биир ураты түбэлтэннэн 1900 сыллар саҥаларыгар Элгээйитээҕи народнай училище дириэктэринэн биллиилээх краевед П.Х. Староватов дириэктэринэн үлэлээбитэ. Кини энтузиаст кыраайы үөрэтээччи быһыытынан Бүлүү өрүс үөһээ тардыыта алмаастааҕын, нефтээҕин туһунан аан бастакыннан билгэлээн, Санкт-Петербург нуучча географическай уопсастыбатыгар геологическай көрдүүр  үлэни ыытар туһунан аан маҥнайгыннан туруорсубута. Кэлин Бүлүү сүнньүгэр алмааһы көрдөөһүн үлэтэ ыытыллыбытыгар П.Х. Староватов Элгээйигэ олорон ыыппыт суруктара сүрүн оруолу ылбыттара.

1949 сыллаахха атырдьах ыйын 7 күнүгэр Сунтаар оройуонун Кириэстээҕэр алмааһы булбут геолог  Г. Файнштейн кыраайы үөрэтээччи П. Староватов алмаас арыллыытын төрүттээччиннэн ааттаабыта. Г. Файнштейн 1949 сыл сэтинньитигэр П.Х. Староватов сырдык аатыгар сүгүрүйэ, алмааһы арыйсыбыт геологтар биригээдэлэрин илдьэ Г.Х. Староватов  аатын сүгэр Элгээйи оскуолатыгар кэлэн, оскуола коллективын кытары көрсүбүтэ, Староватов кэриэһигэр барҕа махтал тыллары эппитэ. Алмаас баайын туһаҕа таһаарыы П.Х. Староватов мындыр, хоодуот санаатын биһигэ буолбут Элгээйи нэһилиэгэ үүнэр-сайдар кэскиллэммитин кэпсээбитэ.

Фото из интернета.



Дьэ кырдьык, алмаас промышленнаһын сайдыыта Элгээйигэ бэрт үчүгэйинэн сыдьаайбыта. Алмаас промышленнаһын үлэһиттэрин аһылыгынан хааччыйарга аналлаах  «Элгээйи» совхоһа ССКП обкомун бюротун анал уурааҕынан өрөспүүбүлүкэҕэ маҥнайгыннан 1957  сыллаахха кулун тутар 21 күнүгэр Элгээйитээҕи МТС уонна 4 бөдөҥ холкуос базатыгар тэриллибитэ. 14 сыл устатыгар чулуу тэрийээччи С.М. Журавлeв дириэктэринэн үлэлээбитэ. Бастыҥ үлэтин иһин «Элгээйи» совхоз Ленин орденынан наҕараадаламмыта. Совхоз киинэ буолан, Элгээйи нэһилиэгэ күүскэ сайдыбыта, үгүс тутуу  барбыта. Нэһилиэнньэ ахсаана Элгээйи бөһүөлэгэр 3000 киһиэхэ тиийбитэ, онтон билигин 1700-кэ диэри түстэ.

Саха чулуута, норуот биллиилээх ырыаһыта С.А. Зверев көҕүлээһининэн аатырбыт ырыа-үҥкүү ансаамбыла тэриллибитэ. «Оһуор үҥкүүтүн» туруоран, ансаамбыл ыччаттар уонна устудьуоннар Аан дойдутааҕы алтыс фестивалларыгар Элгээйилэр кыттар чиэстэммиттэрэ.

Былыргаттан үгэстэрин өрө туппут Элгээйи дьоно, ыһыах сиэрин-туомун сүтэрбэккэ, өссө сайыннаран Угут Күөл диэн алааска ыһыах ыһаллар. Саха төрүт культурата, фольклора Элгээйи ыһыахтарыгар көстөр. Тойук дуораана, оһуохай дорҕооно Элгээйигэ дьиэрэйэрэ.

Элгээйини туризм биир биллиилээх маршрута оҥорорго кыах баар. РСФСР үтүөлээх учуутала, ССРС үөрэҕириитин туйгуна Б.Н. Андреев көҕүлээһининэн тэриллибит айылҕа музейа 4000-н тахса экспонааттаах Сибииргэ, Дальняй Востокка биир бастыҥ айылҕа музейа буолар.

Е.К. Аввакумов төрүттээбит «Туойдаах алаас» музея 2005 сыллаахха Бүтүн Россиятааҕы куонкуруска 3-с миэстэҕэ тиксибитэ.

С.А. Зверев аатынан фольклорнай музей сылдьааччылар киэҥ биһирэбиллэрин ылар.

Фото из интернета.



Кырдьыгы аһаҕастык эттэххэ Элгээйи сэлиэнньэтэ экономическай реформа сылларыгар сайдыыта биллэ мөлтөөтө. 1991 сылга киин былаас сууллубута. Соҕуруу бюджеттан кэлтэгэй кэпиэйкэ кэлбэт буолбута. Сопхуостары судаарыстыба суотугар уруккуннан илдьэ олорор кыаллыбата биллибитэ. Ону таба өйдөөн, сопхуостары, кооперативтарга, бааһынай хаһаайыстыбаларга, фермердарга уларыта туппут, кинилэри өйөөбүт Саха Сирин элбэх улуустара, нэһилиэктэрэ күүскэ сайдыбыттарын илэ харахпытынан көрөбүт. Холобура, урукку «Элгээйи» сопхуос отделениялара Күндэйэ, Кутана, Күүкэй, Түбэ ньир бааччы олороллор, тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта иннин диэкки сыҕарыйар.  Онтон Элгээйигэ хайдаҕый?

Мин нэһилиэк баһылыгын  Гаврил Яковлевиһы сэмэлээбэппин. Түөлбэлэринэн араас көрүҥнээх үлэлэр, бөһүөлэк территориятын сэргэхситии, бюджекка олорор тэрилтэлэр үлэлэрэ сэргэхтик барар. Бааһынай хаһаайыстыбалара  кыах баарынан үлэлииллэр. Ол курдук, кэтэх хаһаайыстыбаларга 1000 ынах сүөһү, ол иһигэр 283 ыанар ынах, 190 сылгы  иитиллэн турар.

Оттон, биллэрин курдук, нэһилиэнньэ үлэлээх буолуутугар, дохуота үрдээһинигэр уонна тэрээһиннээх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга олохтоох нэһилиэк баһылыга үөһээттэн өйөммөтөҕүнэ тугу да гынар кыаҕа суох. Итиннэ кини оруола тустаах сокуоҥҥа көрүллүбэтэх.

Тыа сирэ сайдыытын үбүлээһин солкуобайыгар тиийэ үөһэттэн тыырыллара омсолооҕун бу холобурга көрөбүт.

Тыа сирин сайдыытын үбүлээһин уонна миэстэтигэр үп-харчы тиийиитин бэрээдэгэ уонна олохтоох бэйэни салайыныы сокуоннара салгыы көрүллэрэ, тупсарыллара наада буолла.

Дьэ,  онон оройуон социальнай- экономическай сайдыытын былааннааһыҥҥа, олоххо киллэриигэ биир даҕаны нэһилиэк тарбах быыһынан түһүө суохтаах, тэҥҥэ көрүллэн бириэмэтигэр сөптөөх үбү тиксэрэн, үөһээ турар салалтаттан тыыннаах салайар-дьаһайар үлэни тэрийэн, нэһилиэктэр олохтон хаалбакка сайдаллара хааччыллыахтаах. Ити тыа сиригэр нэһилиэнньэ олохсуйуутун сүрүн ирдэбилэ.

Элгээйи нэһилиэгэ тэриллибитэ 250 сылын көрсө ыытыллар үлэни быһаарыыга бырабыылыстыба солбуйар бэрэссэдээтэлэ Никифоров М.В. салайааччылаах хамыыһыйа тэрилиннэ. Бу саамай сөптөөх. Онно көмө бэрээдэгинэн бэйэм санаабын тириэрдэбин.

Нэһилиэнньэ үлэлээх буолуутун, бигэтик олохсуйуутун хааччыйарга тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга биллэр-көстөр көмө наада. Урут Ленин орденнаах «Элгээйи» сопхуос саҕана соҕотох «Дьуоҕалаах» племенной ферматыгар 600 ыанар ынах баара. Үһүс Бордоҥ учаастагар сылгы үөрдүүрэ, субай сүөһү тутуллара.

Оҕуруот аһын, хортуосканы дэлэйдик үүннэрэллэрэ. Хаппыыстаны тууһаан, үүтү арыылаан, сүөһүнү анал уотан тыа хаһаайыстыбатын бородууктатынан Мирнэй, Удачнай куораттары өлгөмнүк хааччыйаллара.

Нэһилиэккэ тыа хаһаайыстыбатын күүскэ сайыннарарга сир элбэх. 5300 гектар ходуһа уонна мэччирэҥ сирдээх ( үрэх бастарын, маардарын, оһорбо сирдэри аахпакка туран). Онон Элгээйигэ атын ыаллыы Күндэйэ, Кутана, Күүкэй, Түбэй курдук, тыа хаһаайыстыбатын аныгылыы сайыннарыыга турунуохха. Тэрээһиннээх бөдөҥ хаһаайыстыбаны, агроферманы тэрийэр тоҕоостоох буолуо этэ. Үүт переработкалыыр «Элгээйи» кооператива чугастааҕы кооперативтарга сабырыттаран үүтү тупсаран оҥорор кээмэйэ аччаата. Онон саҥа тэриллэр фермаҕа холбоһуон сөп. Аныгылыы рынок ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн үлэни тэрийэр наада. Үлүбүөй үлэлээһин, бэйэ наадатыгар идэһэ гынааһын аныгы кэмҥэ табыллыбат. Бородууксуйа харчыга кубулуйдаҕына эрэ киһи дохуотурар бородууксуйаны батарар сири кытары ыкса сыһыан, сөбүлэһии эбэтэр дуогабар баар буоллаҕына үлэлииргэ интэриэс уонна инникигэ эрэл үөскүүр. Онон Миирнэйи кытары ыкса сыһыан олохтуур наада.

Рынок эккэ наадыйар, онно хайысхалаах үһүс Бордоҥҥо субай сүөһүнү хомуйан, атын нэһилиэктэртэн кытары улаатыннарар, төлөһүтэр, уотар киин тэрийэр тоҕоостоох. Оччоҕуна Элгээйигэ бөдөҥ субай сүөһүнү, сылгыны өлөрөр уонна переработкалыыр улахан сыах агрофирма иһинэн тэриллэрэ барыыстаах бырайыак буолуон сөп.

Биэс сыллааҕыыта бэрт улахан эрийсииннэн оскуола дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Нэһилиэк күүһүнэн, олохтоохтор көмөлөрүнэн 6 сыллааҕыта сынньалаҥ дьиэтэ тутуллубута. Ол кэнниттэн, хотуурунан быспыт курдук, олорор дьиэлэри, социальнай обьектары тутуу төрүт ыытыллыбата. Оҕо саадтара, балыыһа дьиэтэ эргэрдилэр. Бөһүөлэк аныгылыы сайдар генеральнай былаана суох. Саамай көстүүлээх, киин кварталларга турар дьиэлэр эргэрэн, бөһүөлэк көрүҥүн алдьатар эрэ буолбакка, туһанарга кутталлаах туруктаннылар. Ол үрдүнэн, чааһынай дьоҥҥо, специалистарга анаан «Хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү» бырагырааматынан көрүллэр босхо, хааччахтаммат үбүнэн биир даҕаны обьект тутуллубата.

Республика киэн туттар киһитэ Б.Н. Андреев аатынан музей бырайыага оҥоһуллан, 4 сыл анараа өттүгэр Өрөспүүбүлүкэ президена кыттыылаах бу обьект бастакы сваятын үөрүүлээхтик түһэрбиттэрэ. Эмиэ ити кэмҥэ тыа сирин сайыннарыы бырагырааматынан бөһүөлэк көстүүлээх сиригэр ыччакка анаан агрокварталы  тутуутун саҕалааһын бэлиэтэ анньыллыбыта. Онтон ити обьектары тутуу туһунан олох даҕаны умнуллан, миэстэлэрэ кураанаҕынан көрөн тураллар.

Бөһүөлэк аттынан ааһар Сунтаар- Ньурба 220 кВ электрическай ситим үлэлээбитэ 10-ча сыл буолла. Оттон Элгээйигэ бөһүөлэк иһинээҕи электрическай ситимнэр уонна подстанциялар күүһүрдүллүбэккэ уруккуннан тураллар. Онон сибээстээн нэһилиэнньэҕэ олорор дьиэлэрин электричестванан сылытынар, итии уулаах, иһигэр туалеттаах аныгылыы көрүҥнээн олороллоругар кыах бэриллэ илик.

Остуоруйаҕа киирбит 250 сылын туолар Элгээйи нэһилиэгин сайдыытын иилиир-саҕалыыр кэм кэллэ.

Олохтоох нэһилиэнньэ Өрөспүүбүлүкэ правительствотыгар эрэлэ улахан. Күүстээх уонна чопчу дьаһаллары ылан Саха сирин биир ытык нэһилиэгин өрө тардар үлэ Өрөспүүбүлүкэ уопсай сайдыытыгар туһаны эрэ аҕалыаҕа.

Климент Иванов

СР бочуоттаах гражданина

24.11.2020 сыл

Посты К.Е.Иванова в моем блоге:


Как создавалась гранильная отрасль Якутии?


Взгляд ветерана на современное развитие республики


НЕСКОЛЬКО УТОЧНЕНИЙ ПОСЛЕ ПРАЗДНИЧНЫХ ФАНФАР


Журналистика любит правду! Климент Иванов о “Саханефтегазе”!


Евгения Исаевна Михайлова – яркий представитель якутской интеллигенции!


Что творится в ОАО «АЛРОСА»?


СОЗИДАТЕЛЬ НОВОЙ ЯКУТИИ.


Память о большом друге Республики Саха (Якутия)


Что нельзя упускать в Год патриотизма


Фрументий Сафронов – как пример для третьего возраста!


Статья Климента Иванова о выдающемся сыне Олёкминского улуса!


Боевые заслуги легендарного снайпера И.Н. Кульбертинова должны быть достойно оценены.


Николай Никитич Яковлев – ветеран, хозяйственник, руководитель!


Много сделал для своей республики!

о Ю.В.Кайдышеве


ИЗ СЛАВНОЙ ПЛЕЯДЫ КОМСОМОЛЬСКИХ ЛИДЕРОВ

о А.И.Михееве


Истинный патриот, славный сын народа Саха!

о П.Д.Осипове


Его труд – яркий пример служения своему народу!

о М.Н.Евсееве


Она была гордостью народа!

о А.Я. Овчинниковой


К 95-летию Гаврила Иосифовича Чиряева!


Начало пути Республики Саха (Якутия)

о М.Е.Николаеве


Климент Егорович Иванов о трудовом героизме ветеранов тыла


ПОСВЯТИЛ СЕБЯ СЛУЖЕНИЮ РОДИНЕ

об Е.Г.Егорове


Воспоминание о талантливом человеке.

об Н.И.Харитонове – Чуор


К 100-летию Героя Советского Союза Николая Кондакова!


“…Вы можете меня считать русским якутом!”

об И.И.Петрове


В трудные годы он вывел республику на путь развития!

о С.З.Борисове


Крестьянская философия: Руководитель должен чувствовать аромат  кумыса и вкус свежего мяса!

о Т.Г.Николаеве


Родом из Малой Мархи! 75 лет Василию Михайловичу Власову.


Городу Олекминску – 385!


Что нам дал государственный суверенитет Республики Саха (Якутия)?


С наступающим Днем Рождения Первого Президента Республики Саха (Якутия)!


Климент Иванов о родной школе

Моя страница в Дневниках якт ру.:

https://nikbara.ykt.ru/

Мой сайт:

https://nikbara.ru/

Мой канал в «Яндекс Дзен» –

NikBara

Просьба подписаться на мой канал “Николай Барамыгин” на Ютуб!


https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин

И на мои аккаунты в социальных сетях!

Я в Инстаграме @nb2015p

Персональная страница в “Фейсбуке”:

https://www.facebook.com/nikbaramygin/

«Одноклассниках»

https://ok.ru/profile/500676253992

«В контакте»

https://vk.com/nbaramygin

“Твиттер”

https://twitter.com/NBaramygin

Добавить комментарий