2 месяца назад 512
Киһи киэнэ кэрэмэһэ этэ
Иннокентий Васильевич Степанов биһигини саха тылыгар, литературатыгар үөрэппитэ. Онно аан маҥнай айымньыга биһирэмнээх, омсолоох геройдар баалларын билбиппит. Ол иннинэ син эппиттэрэ буолуо да буоллар, иҥэн-хаһан долоҕойбутугар тохтоппотохпут быһыылаах. Хайа да уус-уран айымньы конфлига суох буолбатын чиҥник биллэрбитэ. Чахчы, киэҥ уонна дириҥ билиилээх учуутал эбит этэ.
Степановтар Далырга ананан учууталлыы кэлбиттэрэ. Иннокентий Васильевич завуч буолбута. Долгуннурар куудара хап-хара баттахтааҕа, бэйэтэ спортивнай көрүҥнээҕэ. Мин наһаа маанытын, ис-иһиттэн чэбэрин өйдөөн хаалбыппын.
Оччолорго учууталларбыт бары да үчүгэйдик таҥналлара, холкуостаахтартан олох уратылара. Кинилэртэн Иннокентий Васильевич ордук чорбойор курдуга: кырыылаах бүрүүкэлээҕэ, лакированнай түүппүлэлээҕэ уонна хайаан да маҥан ырбаахылаах, хаалтыстаах буолара. Оччотооҕу саха интеллигенциятын биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ. Кэргэнэ Тамара Егоровна олус кэрэ бэйэлээх сырдык далбар хотун этэ.
Саҥа учууталлар кэлэллэрэ да, Степановтар курдук балтыларын, бырааттарын батыһыннаран кэлбиттэрин өйдөөбөппүн. Бэйэлэрин 4 оҕолорун таһынан, тулаайах хаалбыт балтыларын, бырааттарын ииппиттэрэ. Катя, Люба уонна Гера диэн игирэлэр Тамара Егоровна бииргэ төрөөбүттэрэ быһыылааҕа. Коля Захаров диэн Иннокентий Васильевич быраата. Любалаах Гера биһигиттэн биир кылаас үрдүкү, Коля биһигини кытта бииргэ үөрэммиттэрэ. Люба спортсменка этэ, кинилиин бииргэ баскетболлуурбут. Коляны кытта биир паартаҕа олорбуппут. Наһаа үчүгэй буочардааҕа.
Катялара наһаа кэрэ дьүһүннээх кыыс балыыһаҕа сиэстэрэнэн үлэлээбитэ. Биирдэ амбулаторияҕа бара сылдьыбытым, онно Катя быысыбайдыы олороро. Наһаа үчүгэй чаҕылхай сабынан дьиктилээхэй оһуору маҥан таҥаска тиһэрэ. Ону наһаа сөхпүппүн өйдүүбүн.
Иннокентий Васильевич наһаа юмордаах эбит. Арай биирдэ уруокка Акимов Аркадийтан ыйытар: «Роман, кэпсээн диэн тугуй, туох уратылааҕый?». Уолбут мух-мах буолан баран: «Роман диэн кэпсээн буолан баран элбэх лиистээҕэ», – диэтэ. Учууталбыт мүчүк гынан баран: «Сыана буолан баран, аҕыйаҕын биэрэбин», – диэбиттээх. Биһиги күлсүү бөҕө. Аркадий оннугар биһиги түбэспэтибит диэтэхпит буолуо. Бэйэбит да билэрбит саарбах.
Биирдэ Ксенофонтов Виктор хоһоон хоһуйуу сорудаҕар хоһоон суруйан аҕалбыт, онтун ааҕар:
Күөх!
Күөх!
Тула өттүм тула күөх!
Тунаар туйгун солко күөх!
Күөх!
Уонна учууталын кытта мөккүһэр, бэйэм суруйбутум диэн. Онуоха Иннокентий Васильевич: «Архыып Абаҕыыныскай хоһоонун билбэтэ буолуо диэҥҥин ааҕа тураҕын дуо?” – диир. Онтубут оройуоннааҕы «Коммунизм сардаҥата» хаһыакка соторутааҕыта тахсыбыт хоһоон эбит. Оччотооҕу өйбүт сыыһынан сатаан да албыннаабат барахсаттар этибит буоллаҕа.
Өссө биир түгэн.
Эмиэ Аркадийбыт Сергей Васильев-Борогонскай хоһоонун өйтөн ааҕар:
Оҕо иннэ диэн,
Ийэ эмиийин ыанньытар,
Оҕо туһа диэн,
Аҕа тилэҕин илитэр…
Онуоха учууталбыт: «Илиппэт, элэтэр», – диэн көннөрбүттээх.
Дьэ, итинник араас көрүдьүөстээхтик үөрэммиппит. Ол тухары учууталбыт олох мөхпөт этэ.
Иннокентий Васильевич бэйэтэ хоһоон суруйара. Литературнай куруһуокка оҕолору дьарыктаабыт эбит. Мин онно сылдьыбатаҕым, оннук куруһуок баарын да өйдөөбөппүн. Элбэҕи иҥэриниэм хааллаҕа, улахан учууталтан, баҕар, дьылҕабын сурукка аныам эбитэ буолуо.
Бииргэ үөрэммит уолбут Степанов Пана ахтар: «Арай биирдэ Егоров Ванялыын туалекка бардыбыт. Ваням хаалан хаалла, мин киирэн олоробун. Киһи киирбитигэр: «Испиискэҕин аҕал эрэ», – диибин уонна көрбүтүм – лаахтаах түүппүлэ көстөр. Өрө көрөн таһаарбытым – завуһум Иннокентий Васильевич киирэн турар эбит! Соһуйдум аҕай. Киһим: «Табаахтыыгын дуу?”- диэн ыйытар. Мин уолуйан: «Э-э-ээ», – эрэ диибин. «Өссө ким табаахтыыр?” – диэн ыйытар. Ону: “Э-э-ээ, мин эрэ…” – диэччи буоллум”.
Аны биирдэ алтыс уруогунан саха тыла буолуохтааҕа. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, алтыс уруокка наһаа сылайарбыт, аччыктыырбыт. Ол саҕана оскуолаҕа оҕолору аһаппаттар этэ. Ол иһин 4, 5 уруоктаах күн дьоллоох күн буолара.
Уруок саҕаланыан иннинэ Иннокентий Васильевич киирэн, алтыс уруок буолбатын эттэ. Ол күн кэргэнэ оҕоломмут эбит. Егоров Ваня диэн уолбут наһаа үөрэн, паарта үрдүгэр ойон тахсан, илиитин өрө уунна уонна: «Саабыс ойоҕунаан туругурдуннар!» – диэн саайда. Учууталбыт аан кэннигэр турбут эбит, киирэн кэллэ. Биһиги соһуйан, олох «Ревизорга» курдук, “немая сцена” буолан ньимийэн, куттанан турдубут. «Тоҕо эмиэ ойохпун кытыннардыҥ?” – диэтэ.
Аны санаатахха, туох да мээнэҕэ буолбат. Ол саҥа төрөөбүт оҕо үтүө дьылҕаланарын Ваня түүйдэҕэ, түстээтэҕэ. Степановтар оҕолорун кэскиллэрин быһаардаҕа. Степановтар биир кыыстара Саргылаана Барахова-Ымыы кэлин өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа, тас дойдуларга кытта биллэр худуоһунньук, дизайнер, дьахтар киэргэлин, симэҕин оҥорооччу, өссө ымыы- харысхал, талисман айааччы сүдү киһи буола үүннэҕэ. Онон биһиги кылаас «Туругурдуннар!» диэн алгыспыт оҕолоругар, сиэннэригэр тиийдэҕэ дии саныыбын. Ваня, бэйэтэ да уһун уол, паарта үрдүгэр ойон тахсан, өссө илиитин өрө уунан, туох да кыраман үрдүгү ыйдаҕа, оҕолор барахсаттарга, кинилэр кэскиллэригэр. Оннук эрэ буоллун!!!
Оскуоланы бүтэрбиппит үйэ аҥаардаах үбүлүөйүгэр «Умуннахпыт аайы улуутуйар онус кылаас» кинигэбитин таһаарбыппыт. Онно Иннокентий Васильевич Степанов учууталбыт туһунан кимнээҕэр да элбэхтик махтанан ахтыбыт эбиппит. Биһигини биир-икки сыл эрэ үөрэппитэ. Оннук сырдык санаа оҕо бэйэбит өйбүтүгэр сөҥөн хаалбыт.
Иннокентий Васильевич үйэтин оҕо иитиитигэр анаабыта. Кини сүрдээх көнө сүрүннээх, чиэһинэй киһи быһыытынан биллэр. Ол курдук, хомуньуус аатыттан карьера туһугар хаһан да аккаастамматаҕа. Аны тулалыыр айылҕаны харыстыыр, экология туһугар харса суох үлэлээбитэ. Бүлүү өрүс ырааһырыытыгар элбэхтэ үлэлэспитэ, суруйбута. Улууһугар улахан аптарытыаттааҕа.
Мин кинини оскуола кэннэ көрбөтөҕүм. Арай биирдэ Президент дьаһалтатыгар үлэлии сылдьан, гардеробка турарын көрдүм. Тута биллим, улаханнык уларыйбатах. Чугаһаан дорооболоһон, киммин эттим. Учууталым наһаа үөрдэ, сүүспүттэн сыллаан ылла. Бэйэм да соһуйдум, үөрдүм. Оҕо улааппытын, өссө сааһыра быһыытыйбытын хантан билиэй?! Үөрэппит оҕото баһаам буоллаҕа, мин курдук барытыгар ортоһуор үөрэнээччини умуннаҕа.
Кыыһа Ымыы биһиэхэ үлэбитигэр кэлээччи, өссө таайар дьоҕурдааҕын билэн билгэлэтээччибит. Миэхэ эппитэ: “Наһаа элбэх араас маллаах сир көстөр, онтон барбыттар өбүгэлэриҥ”, – диэн. Эһэм Ньурбаттан, бэрт сэниэтик олорбут төрөөбүт дойдутуттан, дьиэтэ умайан, дьоно өлөн табыллыбакка, Үөһээ Бүлүүгэ көһөн олохсуйбутун өтө таайбыта.
Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина И.В. Степанов төрөөбүтэ 90 сыла туолбутун кэргэнэ Тамара Егоровна, оҕолоро, аймахтара Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын лабораторнай саалатыгар бэлиэтээтилэр.
Саха тыйаатырын кылаабынай режиссёра Р.И. Тараховскайтан саҕалаан, араас кэмҥэ үөрэппит үөрэнээччилэрэ, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ – элбэх киһи мустубут.
Былырыын Щепкин аатынан училищены бүтэрбит эдэр артыыстар кини хоһооннорун иэйэн-куойан аахтылар.
Аан маҥнай эдэркээн Тома, Кеша киирдилэр. Тамара мин сиэн балтым Сандаара, Кеша эдэр артыыс Василий буолан, таптал туһунан аахпыт хоһооннорун долгуйа иһиттибит. Бары сахалыы таҥастаахтар. Ол сөп ээ, Иннокентий Васильевич үйэтин тухары саханы, саха литературатын, искусствотын өрө тутан кэллэҕэ. Хас биирдии тыл этээччигэ бэлэх биэрэн, илии тутуурдаах буоллулар.
Тэрээһини биллэр суруналыыс Айталина Никифорова иилээн-саҕалаан, бэрт истиҥник ыытта.
Тыл бөҕө этилиннэ, хоһоон бөҕө ааҕылынна. Биллиилээх артыыстар Хатылаевтар кэлэн эҕэрдэлээн, ыллаан-туойан киэргэттилэр. Кыыһа Ымыы дьүөгэтэ, ырыаһыт Намыына Иннокентий Васильевич хоһоонугар ырыа айбытын ыллаан иһитиннэрдэ, онтон мэдиссиинэ дуоктара Наталья Махаровалыын дуэттаатылар.
Тэрээһин бэрт сэргэхтик барда. Онтон атын буолуох туһа суох, киһи киэнэ кэрэмэһэ этэ буоллаҕа, күндү учууталбыт Иннокентий Васильевич Степанов.
Мария Неймохова.
16.10.2024 с.
Дьокуускай к.